Быйыл Попов Иван Васильевич 150 юбилейдаах сылынан Дьокуускайга, Тааттаҕа элбэх выставкалар, араас үчүгэй интириэһинэй тэрээһиннэр буолан аастылар. Барыта хаһыакка, “Чолбон” сурунаалга, ватсааптарынан сырдатыллыбыта.
Мин бугун ахтан ааһыахпын баҕарабын Попов Иван Васильевич бастакы кэргэниттэн, Лукия Никитинаттан (Лүөнчүктэн) кыыһа Фомаида Ивановна (1911-1981) соҕотох уола Сидоров Иван Александрович туһунан. Норуокка биллэр аата Сиидэрэп. Тыыннааҕа буоллар от ыйын 19 күнүгэр 85 сааһын туолуохтаах этэ. 2005 сылга ыарахан ыарыыттан соһуччу бу олохтон туораабыта. Ваняны Иван Васильевич Попов сиэнэ диэн билэр киһи соччо элбэҕэ суох буолуо. И.В. Попов юбилейдарыгар Ваня аата ахтыллара ахсааннаах этэ. Үксүн художник эрэ өттүлэрэ ахтыллара.
Сидоров Иван Александрович 1939 сыллаахха Покровскайга төрөөбүтэ. Ытык Күөл орто оскуолатын бүтэрбитэ. Радиолюбитель этэ. Ростов на Дону радиотехник идэтигэр үөрэммитэ. Онтон Саратовка цветной телевизоры ремоннуурга үөрэнэн кэлбитэ.
Биир сөбүлүүр дьарыга хааартыскаҕа түһэрии этэ, кэлин видеокамераҕа түһэрэр буолбута. Айылҕаны наһаа сөбүлүүрэ, үксүн соҕотоҕун айылҕаҕа сылдьара. Сири-уоту билэрэ сүрдээх этэ. Айылҕаҕа наһаа чуумпутук сылдьара. Биирдэ шелкопряд сиэбит тыатыгар дьэдьэннээтибит. Оо, онно наһаа да бөдөҥ, икки-үс төбөлөөх дьэдьэннэри үргээбиппит. Мин эмоциальнай киһи бөдөҥ дьэдьэҥҥэ түбэһэн баран, букатын клубника курдук дии-дии оҕонньорбор, Ваняҕа хаһытыыбын, көрдөрөбүн. Ону Ваня бастаан буойбута, онтон бэйэтэ ордук бөдөҥ дьэдьэҥҥэ түбэстэҕинэ көрүн клубника диэн көрдөрөр буолбута.
Биһиги 1979 сыллаахха Жегусова уулуссаҕа дьоммут дьиэтин көһөрөн, көһөн тиийбиппит, Фомаида Ивановналаахтан чугас олорбуппут. Кэргэним куруутун Ваняҕа диэн барара да үксүн Фомаидалыын кэпсэтэрэ. Наһаа тапсан кэпсэтэллэрэ. Уһуннук сылдьыбатаҕына Фомаида наһаа суохтуур этэ үһү, бу уол ханна сүттэ диэн. Кэлин өлбүтүн кэннэ Ванялыын бэйэлэрэ эрэ сир астыыр буолбуттара. Биирдэ да кураанах кэлбэт этилэр, ол Ваня үтүөтүнэн этэ. Ханна ханнык сир аһа үүнүөн сөбүн эрдэттэн билэн, ол диэки бараллара. Сир ааттарын үчүгэйдик ыйытан, сурунан хаалбатахпын диэн билигин кэмсинэбин. Миэстэтигэр сылдьан сир аатын мээнэ ааттаабат этэ, дьиэбитигэр кэлэн эрэ баран ыйытыахха сөп этэ.
Ваня наһаа коммунистары, сэбиэскэй былааһы көмүскэһэр этэ. Биирдэ, быыбар саҕана, туохтан эрэ сылтаан оҕонньорбунаан оспуордаспыттар. Оҕонньорум онно эппит:”Эн бирдэ да быыбарга сылдьыбаккын, үтүлүк иһигэр кокуоскалаах сылдьаҕын. Баран быыбарга открыто мнениеҕын эт, коммунистаргар баран куоластаа ээ”,- диэн. Онно кырдьык куоластыы барбыта. Куоластыы киирэрин кытта телестудиялар тутан интервью ылбыттар. Төһө эрэ онно соһуйда, долгуйда. Билбитэ буоллар, арааһа быыбарга барыа суоҕа этэ. Киһи быһыыиынан наһаа холку, аҕыйах саҥалаах этэ.
Сиэн быраатын Попов Васяны, мин убайбын Слепцов Артуру радиотехникаҕа сыһыарбыта, үөрэппитэ. Күн аайы, сороҕор күҥҥэ хаста да көрсөллөрө.
Убайым Артур Михайлович Слепцов маннык ахтар:”Ваню Сидорова, внука первого профессионального художника Якутии и нашего дядю по матери И.В. Попова я знал с детства. Но до 5-го класса Ваню знал как дальнего родственника. Но потом на почве общего увлечения радио мы начали встречаться с ним почти каждый день, если не по 2-3 раза. Сначала Ваня с матерью жили в балагане И.В. Попова. Потом, построив маленький домик, переехали ближе к нам. Домик их был за рекой Таттой рядом с домом Николая и Ивана Поповых .
Мое увлечение началось с того, что мой старший брат Григорий видя, что приходя к нему я не отрывался от одной книги, подарил мне эту книгу. Это довольно толстая книга называлась “Техническое творчество”. С этого и началось мое увлечение радио. Окончательно утвердив меня в этом увлечении Григорий подарил мне книгу “Юный радиолюбитель”.
Когда я начал собирать первый радиоприемник, у меня возникли трудности с пайкой. Я вспомнил, что Ваня Сидоров, когда я приходил к ним, обычно что-то паял. Я сходил к нему и он быстро и доходчиво посвятил меня в секреты пайки. И с этого дня завязалась наша дружба. Он помог мне собрать мой первый радиоприемник. С ним мы собирали разную радиоаппаратуру. Собирали радиостанции на связь до 5 км.., магнитофон который тогда был редкостью и другие радиоподелки. Собирали радиоприемники посложнее. Монтируя свои радиоаппараты Ваня был очень аккуратен. Собранные им аппараты были похожи на заводские. С самого начала моих занятий радио он был для меня наставником. Со всеми затруднениями по технической части я обращался к нему и всегда получал помощь. Когда поступил в Омское летно-техническое училище по р/оборудованию самолетов, всегда с благодарностью вспоминал Ваню т.к. мне училось легко благодаря своей радиолюбительской практики.
Кроме радио Ваня зимой и летом любил бывать на природе. Весной и осенью мы с ним охотились, осенью ходили на сбор ягод. Зимой совершали лыжные переходы. Вообще с ним было очень интересно. Он был начитан и увлекательно рассказывал о прочитанном и услышанном от людей.
Я не помню, чтобы мы с ним когда-нибудь поссорились. Он был спокоен и сдержан. До самой последней встречи он был очень рад, когда я приходил к нему. И всегда оставался наставником. Когда появились импортные телевизоры и другая импортная техника он научил меня их ремонту. Когда здесь, в Крест-Халдьжаи не смог починить такой телевизор знакомому, мы с ним съездили в Ытык-Кюель к Ване Сидорову, который за 20 минут отремонтировал этот телевизо”.
Иван оскуолаҕа, балыыһаҕа, тутууларга, РЭС-кэ электригынан үлэлээбитэ. Атын да тэрилтэлэргэ элэктрик быһыытынан үгүстэ көмөлөһөр этэ. Таас оскуола туталларыгар бастакы башеннай кран кэлбитигэр, уотун-күөһүн холбуурга киһи көстүбэккэ үлэлэппэккэ туруорбуттар. Онтон Сидоровы истэн, Варламов Т.П. уонна Керемясов А.Н. дьиэтигэр кэлэн көрдөспүттэр. Ону баран холбоон биэрбит этэ. Дьоҥҥо телевизор, радиоприемник, магнитофон, бытовой техника оҥорбутун ааҕан сиппэккин. Мин оҕонньорбор мотоциклын, массыынатын оҥорорго көмөлөһөрө, уот өттүн барытын кини оҥороро. Наһаа миинимсэх этэ. Ол иһин биһиэхэ массыына, мотоцикл оҥоро, проводкабытын уларыта кэлэригэр хайаан да миин буһарарым. Астына астына үстүү тэриэлкэ миини иһэрэ.
Иван биир улахан үтүөтэ ийэтинээн Фомаида Ивановналыын оҥорбут Ытык Күөл картата буолар. Бу карта дьон улахан интириэһин, болҕомтотун ылан илииттэн илиигэ сылдьыбыта, копиялаан ылбыппыт, билигин оригинала ханна баара биллибэт. Карта үс вариана баара. Мин уһуөннэрин көрбүтүм, бииригэр 1974 сыл диэн суруктааҕа. Онон картабыт оҥоһуллубута 50 сыла буолла.
Наһаа убаастыыр, сөбүлүүр киһибитин, аймахпытын Ваняны куруук санааччыбыт, ахтабыт, наһаа суохтуубут.
Федора Харитонова, үлэ бэтэрээнэ.