Төрөппүттэрим туһунан ахтыы

Мин аҕам, Рахлеев Дмитрий Ильич, 1907 сыллаах төрүөх этэ, үөрэҕэ суох, ол гынан баран ликбезкэ, улахан дьону үөрэтэр үөрэххэ үөрэнэн ааҕар, суруйар, суоттуур этэ.

Онтон ийэм Рахлеева Прасковья Иннокентьевна диэн Байаарин Лэгэнтэй уус улахан кыыһа этэ.

Төрөппүттэрим аҕам дойдутугар Соҕуйга ыал буолан олорбуттара, «Ньургуһун» колхоз чилиэннэрэ этилэр. Ийэм колхозка дояркалаан, аҕам хонууга биригэдьиирдэринэн үлэлээбиттэрэ. Дьонум биэс оҕону төрөтөн улаатыннарбыттара.

Аҕам коммунистическай партия чилиэнэ этэ. Сэриигэ бэбиэскэ тутан хомуурга Ытык Күөлгэ тахсыбыт. Онон сэриигэ барбатаҕым диэн кэпсиирэ. Соҕуйга олордохпутуна, эһэм Лэгэнтэй быраатын уонна эбэм Мотуруона эмээхсин тиийэн олоро сылдьыбыттара. Эһэм наар уһанар этэ, ону өйдүүбүн. Эбэм Мотуруона Григорий Бабанов кыыһа эбит.

Егор Дмитриевич Андросов «Оруоһуттар» диэн кинигэтигэр сыыһа суруйбут этэ. Онно Рахлеев Дмитрий Ильич кэргэнэ Чөкөт кыыһа диэбит этэ, букатын сыыһа. Винокуров Лэгэнтэй Байаарын кыыһыттан түөрт оҕолоох этэ. Дьонум кырдьан баран, ийэм дойдутугар Төрүккэ хаайыллан сытар.

Байаарын оҕонньор туһунан бу соторутааҕыта тахсыбыт «Таатта Харбалааҕа мин дойдум»  диэн кинигэҕэ Төрүккэ ким олорбутун туһунан суруйууга кылгастык суруйбуттар да,  мин ийэм туһунан суруллубатах, киһи хомойор. Байаарын оҕонньор төрөппүт уола кустуу сылдьан сааҕа дэҥнэнэн өлбүтэ диэн кэпсииллэрэ. Ол иһин Нелтановтартан Павел диэн уолу ылан ииппит, ол сэриигэ баран өлбүт. Байаарын, эһэм Нелтановтар таайдара эбит. Ол иһин Нелтанов Павел Егоровиһы ылан ииппит эбит.

Ийэм Байаарын уус улахан кыыһа буолан, үрүҥ көмүһүнэн оҥоһуллубут илин-кэлин кэбиһэрдээх этэ, былыргылыы тигиллибит солко курдаах сонноох уонна чомпой бэргэһэлээх, ону таһынан үтүлүктээх этэ. Оҕотун көтөҕөн олорораһыллар-сабыллар икона баара. Ити барыта ампаарга турбута. Ийэм уонна аҕам сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэлэринһ иһин Сталин төбөлөөх мэтээллээх этилэр. Ийэбэр эбии ийэҕэ бэриллэр мэтээл баара. Аҕам кэлин1975 с. Кыайыы 30 сылынан  мэтээл ылбыта.

1950-1960 сс. икки ардыларыгар “Ньургуһун” колхоз “Уодай күүһүн” кытары холбоһон, онтон “Труд” колхоһу холбоон, бөдөҥсүйбүт “Труд” колхоз буолбуттар. Соҕуй учаастак буолбута. Аҕам биригэдьиирдиир уонна ларекка атыыһыттыыр этэ. Биригэдьиир үлэтэ элбэх, ол курдук ото охсуллубут сири кээмэйдиир үс сиринэн, кэбиһиллибит оту кээмэйдиир, тутуллубут күрүөнү кээмэйдиир, онон көлөһүн күнэ ааҕыллар. Төрүккэ көһөн кэлэн баран аҕам ларекка продавецтаабыта. Аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Рахлеев Михаил Ильич диэн, эдьиийэ Мавра диэн.Рахлеев Михаил Ильич дьоппуоннары утары сэриигэ сылдьыбыта. Ытык Күөлгэ араас үлэҕэ үлэлээбитэ.Маҥнайгы кэргэниттэн икки кыыстаахэтэ.Билигин баар кыыһа куоракка олорор.Иккис кэргэниттэн кыыстаах уол төрөөбүттэрэ. Кыыһа Жиганскайга олорор, уола өлбүтэ. Эдьиийэ Мавра икки уоллаах этэ: Гаврил Павлович, Илья Павлович Большаковтар, куоракка олорбуттара, билигин суохтар. Мавра кыыһын аатын билбэппин, Дэбдиргэҕэ Кычкин Николай диэҥҥэ кэргэн тахсыбыт. Онтон биир кыыһа Света Ытык Күөлгэ олорор, киномеханик этэ. Эдьиийбит Мавра Большаков Павел Егоровичка кэргэн тахсан, Төрүккэ, кэлин Чымынаайыга олохсуйан олорбуттара.

Аныгы дьон төрүттэрин туһунан кинигэ суруйар, онно чуолкайын билбэккэ, ыйыталаспакка суруйан сыыһалар тахсааччылар. Ону көннөрөөрү төрөппүттэрим уонна кинилэр аймахтарын туһунан бэйэм тугу билэрбин сурукка тистим.

Спартак Рахлеев, сэрии сылын оҕото, үлэ бэтэрээнэ.

Читайте дальше