Дайар Суһум диэн аатынан айар суол аартыгар кимиэллээхтик киирбит Маргарита Ивановна Иванова бастакы хараҥаччытын «Тохсунньуга тыллабын » кинигэтин сүрэхтэниитэ Таатта улууһугар «Сарыал» кииҥҥэ,бэҕэһээ, муус устар биэс күнүгэр буолан ааста. Толору киһи мустубут саалатыгар буолбут тэрээһини уус тыл сүмэтин уу курдук суккуйар уран тыллаах Андросова Оксана Прокопьевна-Сандаара салайан ыытта.

Таатта телевидениетын сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлээх кийиит кыыспыт Дайар Суһум олоҕун үтүө күннэрэ, телевидение эйгэтигэр үлэлээбит бастакы хардыылара Таатта сириттэн саҕаламмыта. Мантан тирэҕин булунан киэҥ эйгэҕэ көппүтэ. Тэрээһин бастакыттан өрө көтөҕүллүүлээхтик ытыс таһыныытын аннынан саҕаламмыта да кыыспытын Ытык Тааттатын дьоно, билигин да кини үтүөтүн умнубатын, киниэхэ махталлааҕын, кини айар-тутар үлэтигэр сүгүрүйэрин көрдөрдө. Ол да иһин урукку телевидение дириэктэрэ, билигин тэрээһин буола турар Сарыал киин дириэктэрэ, Дайар Суһум дьүөгэтэ Галина Романовна Гаврильева кыыһын илии үрдүгэр түһэрэн ыллаҕа.

Манна поэзия эйгэтигэр сүгүрүйэр араас талааннаах дьон түмсэн ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар. Куорат курдук ыраах сиртэн чугастык саныыр дьүөгэлэрэ Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах, Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо, Вячеслав Хон, поэт, «Хоһоон суһума » телевизионнай барыл кыттыылааҕа, тута хоһуйуу кыайыылааҕа уонна Мария Гаврильева-Мааны Маайыс, документалист суруйааччы Д.Н.Гаврильев кыыһа кэлэн күндү ыалдьыт буоллулар. Тыыннаах бэйиэттэри кытта сэргэстэһэн, кинилэр ыллыктаах тылларын, баҕа санааларын, кэпсээннэрин сэргээн иһиттибит.

Трибуна сирэйиттэн кинигэ хаһаайкатыгар туһуланан тыл үтүөтэ сааһыланна. Кинигэ дириҥник ырытыллан, хас биирдии түһүмэх айымньытын ис хоһооно илдьиритиллэн суруйааччы дириҥ хорутуулаах, тыыппалаах хоһооннордооҕун бэлиэтээн этилиннэ. Бэйиэт сиппит-хоппут иэйиилэрэ дорҕоонноохтук ааҕыллан дьон сүрэҕэр уйаланна диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Оскуола оҕолоро кэлэн хоһоон ис кутун иҥэринэн, кыһаллан-мүһэллэн туран Дайар Суһум хоһооннорун аахпыттара кэлбит дьон сүргэтин көтөхтө. Суруллубут иэйиилэр ыччат сүрэҕин долгутар тыыннаахтарын, оҕолорбут төрөөбүт тылларын сэргииллэрин тухары Ийэ тыл сүппэт үөстээҕин бигэргэттилэр. Бэйиэт бэйэтин кутун ырыатын, иэйэн-куойан туран, өйүттэн аахпыта барыбыт уйан сүрэхпит  кылын таарыйда,долгутта. Ол икки ардыгар хоһоонньут оҕолор тыл эйгэтигэр уһуйар учууталларыгар, Оксана Прокопьевна-Сандаараҕа, бэйэлэрин махталларын, сибэкки дьөрбөтүн уунан биллэрдилэр. Үөрүү биир кэрдииһин бэлэхтээтилэр.

Бу киэһэ Дайар Суһум элбэх хоһооно ааҕыллан тэрээһин кыттыылаахтарын сэҥээриитин ылла. Тыл сүмэлээх сүүрүгэ барыларын биир ситимҥэ, сиэтэн,киллэрэн хоһоон уйгулаах ыллыгар, хомолоох хонуутугар күүлэйдэттэ. Санаа истиҥэ, тыл кэрэтэ анаммыт долгутуулаах киэһэ хаартыскаҕа түһүүнэн,ыҥырыылаах ыалдьыттарын дьиэ аһа хотойорунан тардыллыбыт, истиҥ сыһыан, доҕоттор тапталлара тоҕуоруйбут сандалытын тула түмүктэннэ. Уран тыл уутуйан үөскээбит түөлбэтин үрдүнэн саҥа бэйиэт үөскээн тахсыбыт үөрүүтэ,уйаҕас хоһоон тыллара түбүлэммит күнүн баарыһа буолан аргыый киэһээҥҥи саҕах кыымыгар олорсон күөгэйэ уһунна.

Хас сыл тохсунньутун томороон тымныытын сымната ис кутуҥ ырыата, иэйииҥ хомуллан, түмүллэн,кинигэ буолан бар дьоҥҥун, ааҕааччыларгын, сэҥээрээччилэргин бэйэҥ тула мунньа, уран тыл сүүрүгэр уһуннара, олох тыытыгар олордон күүлэйдэтэ, кэрэ эйгэҕэ угуйа турдун диэн баҕа санаабын, алгыспын тиэрдэбин.!

Валентина Пинигина-Арылы.