Саха омугу харыстаһар ханыылаах үөрэх-билии сайдыытын туруулаһар архыыптан таҥыллан, түөрт сыл устата түүннээх-күнү тилэри мунньан, суруйан, илии иминэн оччотооҕу кэми дьэрэлитэн, ситэрэн-хоторон дьаарыстаан, хомуйан, Изабелла Сивцева “Туруулаһыы. Тупсуу” кинигэни бэчээттэтэн таһаарда. Талыы сиргэ олорбут Таатта улууһа түһүүлээх-тахсыылаах дьылы-күнү ааспытын да иһин, уруккуну-хойуккуну сырдатар устуоруйаны өйдүү-саныы сылдьабыт. Олох-дьаһах оргуйар долгунугар, ахсынньы тымныытыттан иҥнибэккэ Чычымахтан, Уолбаттан, Баайаҕаттан тиийэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Светлана Игнатьева иҥэн-тоҥон, бэртээхэйдик ыытта.

Святослав Сунхалыров кинигэни уларсан ааҕан баран, аймах дьоно гражданскай сэриигэ ырылыччы көстүбүтүн лоп-бааччы эттэ. Гаврил Вырдылин аны 100 сылынан Таатта улууһун дьонун өйө-санаата хайдах буолуохтааҕын сылыктаата, Таатта олоҕо тупсарыгар эрэнэрин иһитиннэрдэ. Таатта лиссиэйин үлэһиттэрин ааттарыттан Ольга Корякина хорутуулаахтык тыл эттэ.

Кинигэ корректора Оксана Андросова салайар “Умсулҕан” бөлөҕө ааптарга анабыл хоһоону бэлэх уунна.

Нэһилиэк Далбар Хотуна Мария Бондарева кинигэ ааптара Изабелла Александровна уу-чуумпу эйгэлээх төрөппүттэрин махтана аҕынна.

Талааннаах литература кириитигэ Ольга Макарова кинигэҕэ тэттик бэлиэтээһиннэри оҥордо: “киһи-аймах олорон кэлбит кэмэ, (сир ийэ оҥоһуллубут историятыгар олоҕуран) сыччах, кыччыгый кэрчик. Ол эрээри, ол дьоҕус кэрчик хара саҕаланыаҕыттан охсуһуулаах ойоҕостоох, иирээннэээх эҥэрдээҕин бэлиэтээтэ. Дэлэҕэ даҕаны, норуот үйэлэргэ үөскэппит өркөн өйө төрөппүт улуу олоҥхотугар этиллэр… Кинигэ икки чаастаах. Бастакы чааһа аҕыс олуктаах… Изабелла Александровна төрөөбүт улууһугар “Таатта сайдар эйгэтэ” культура уонна үөрэхтээһин эйгэтин наука өттүнэн тирэҕин, республикаҕа бастакынан үлэлэтэ олорор…”.

Галина Неустроева ырытыытыттан И.А. Сивцева Таатта улууһун сорох нэһилиэктэрин гражданскай сэрии будулҕанын кытта ситимнээх түгэннэрин, биирдиилээн дьон туһунан ахтыылары үйэтитэн, суруйан хаалларбыттарын биир сиргэ түмпүтэ билигиҥҥи кэмҥэ бэрт тоҕоостоох, кэлэр көлүөнэ ыччакка “Кэс тыл” тэҥэ  диэн сыаналаата.

Маргарита Попова түмэл үлэһитэ иэйэн-куойан Чөркөөххө буолбут чахчыны харах уулаах аҕынна.

Кинигэ ааптарын улуустааҕы үөрэҕирии салалтатыттан Мира Луковцева уонна дириэктэрдэр куорпустарын аатыттан Иннокентий Дягилев олус иһирэхтик эҕэрдэлээтилэр.

 

Чычымах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Лилия Кычкина “Следы гражданской войны на территории Амгинского наслега” дакылаатыгар Охуоскай муораҕа тахсыылаах Чычымах нэһилиэгэр сибээс уонна үрүҥ диэки санаалаах дьон баар буолан, гражданскай сэрии киинэ буолбут диэн быһаарда. “100 сыл ааспытын кэннэ Чычымахха” тургутукка 31 киһи кыттыбыт: 14 — “Путин көлүөнэтэ”, 14-дэ “90 сыллар”, 13 — “Сэбиэскэй көлүөнэ”. 87,5%  гражданскай сэриини истибиттэр. 14,3% билбэттэр.

Уолбаттан Анна Боппосова Никифор, Прокопий Андросовтар матырыйааллара хайдах баарынан толору киирбиттэриттэн үөрбүтүн, Александровна сорудаҕын инникитин да экчи толоруом диэн эрннэрдэ.

Нэһилиэк ытыктанар “Айылҕаана” бөлөҕө Александровна иистэнньэҥин, олус үлэһитин, суруксутун, үөрүнньэҥ майгылааҕын, “баардаах баппатын” бэлиэтээтилэр.

Зоя Оконешникова көрдөөх түгэннэри кэпсээтэ, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарда. Саргылаана Матвеева оҕо эрдэҕиттэн Комсомольскай уулусса саҕаттан маннык сэрбэйбит кыысчаан, ситэн-хотон, улахан киһи буолбутунан киэн тутунна.

Иккис алаас олохтооҕо Егор Петров, ох саа тириэньэрэ Галина Павлова иккиэн холбоон-илбээн, өрө көтөҕүллэн Изабелла прожектор уотун кэриэтэ дьону сырдата, түмэ сылдьарын хайҕаатылар.

Лицей уонна маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолаттан история учууталлара кинигэ бастарынан ырытыы оҥорбуттара дьон сэҥээриитин ылла.

Тыл эппэтэх сэргэх истээччилэр Ксения Анисимова, Маргарита Николаева, Лариса Слепцова, Розалия Докторова, Феврония Андросова, Аэлита Постникова, Николай Слепцов, эдэр ыччат о.д.а. баалларыттан киһи үөрэр эрэ.

Историяны сырдатар тэрээһини арыылаах саламаат, саха маанылаах аһа үрүмэ, туустаах балык сиэдэрэй сандалыттан киһи барыта тииһинэн, сүрэҕэ-быара сылаанньыйда.

Саалаҕа баппат элбэх киһи тоҕуоруһан, дьон санаата кэлэн, кэпсэтиигэ кыттыбыта ааптар сүдү өйдөөҕүн, утумнаах үлэһитин көрдөрөр.

Кинигэ хабар тиэмэтэ сүрүннээн Тааттаҕа гражданскай сэрии содула үрүҥ кэллэҕинэ үрүҥ, кыһыл кэллэҕинэ кыһыл буолбатах дьоруой дьон сырдык кэриэһигэр улахан болҕомто ууруллан, салгыы кинигэ үһүс чааһа тахсарыгар эрэнэбит. Харах уулаах хара күннэр халбарыйдыннар, сырдык, үтүө күннэргэ ыччат дьоммут устуоруйаны биллиннэр, үөрэттиннэр!

Сандаара – Оксана Андросова.

 

Читайте дальше