Хас биирдии чыычаах уйалааҕын, кыыл хорооннооҕун кэриэтэ киһи дьиэтэ — кини уйата, сынньанар, эмтэнэр, алгыстанар сирэ буолар дииллэрэ чахчы оруннаах этии. Былыр былыргыттан саха киһитэ сахалыы сиэри-туому тутуһан, сирин аһатан, айыылартан көрдөһөн, күрүө-хаһаа оҥостон, балаҕанын туттар.
Кэлин олохпут сайдан хас эмэ мэндиэмэннээх, үрдүк, аныгылыы тутуулаах, кырасыабай, таас дьиэ сылын аайы эбиллэ турар. Ол да буоллар дьон кэлин толору хааччыллыылаах чааһынай дьиэҕэ талаһар буолла. Дьиэ туттан киирии киһи олоҕун биир улахан суолтата, ситиһиитэ, хардыыта буолар. Билигин олох хаамыытынан дьон анал бырагыраамалары тутуһан, толору хааччыллыылаах, саҥалыы оҥоһуулаах дьиэлэри анал хампаанньаларга туттарара үгүс. Бу дьиэбин туттуом иннинэ тугу тутуһабыт? Туох албастар баалларый? ыал бэйэтин кыаҕынан, баҕатынан ханнык хампаанньа өҥөтүн туһаныан сөбүй? Бу ыйытыкка анаан, бүгүн, эдэр кэскиллээх тэрилтэни сырдатыам.
Ол курдук бүгүҥҥү дьоруойум — Александр Баснаев буолар. Кини дьон үөрүүтүн үллэстэн, хас биирдии ыал алаһа дьиэтэ сылаас тыынынан иэйэрин туһугар, дьол-соргу уйатын тутар сыаллаах. Александр Таатта улууһун, Дьохсоҕон нэһилиэгиттэн төрүттээх. Баснаевтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон айыллан, томороон тымныыга, олунньу ыйга, кэрэни кэрэхсии, дьолу түстүү күн сирин көрбүт.
Ыал мурун бүөтэ 2008 сыллаахха оскуолатын бүтэрэн, үрдүк үөрэх кыһатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, олоҥхоҕо кэпсэнэр Сунтаар кэрэ куотун сүрэҕинэн таптаан, ыал буолан, оҕолонон, үс кута түмүллэн, сүргэтэ көтөҕүллэн үлэни сырсан саҕалыыр. Сахабыт сирин биир кэрэ сирин үөрэтэ, кэргэнин дойдутугар Сунтаар улууһугар көһөн тахсар. Манна биир сиргэ олорбокко, биир кэм үлэ толкуйугар түһэр. Ол сылдьан маһы үөрэтэн саҕалыыр, биэс сыл тухары пиломатериалынан дьарыктанан, ону тэҥэ улахан массыыналары сүүрдэн, тэҥинэн хас эмэ дьарыктаах буолар. Бу курдук түүннэри-күнүстэри үлэлээн-хамсаан, атаҕар туран, биир үтүө күн дьоллоох Дьокуускай куоракка дьонун көһөрөн аҕалар. Сыыйа сыалын ситиһэн, баҕатын толорон, саха ыалыгар үчүгэй хаачыстыбалаах дьиэ тутар туһугар «ТУТУНСТРОЙ» — диэн бэйэ тэрилтэтин арынан, тутууга сыһыаннаах чугас доҕотторун, бырааттарын, убайдарын түмэн, эрэллээх хамаанда тэринэр.
Александр майгыта, үлэҕэ бэриниилээҕэ, дьонун, доҕотторун өрө тутара аатын суолтатыгар көстөр: дьиэни-уоту харыстааччы, араҥаччылааччы аналлаах. Ол иһин да буолуо, олох кыра сааһыттан дьонун көрөн-истэн, күн бүгүн барыларын бииргэ түмэн, үлэни сырсан, кэлэр кэнчээри ыччакка холобур буолар. Билигин номнуо үс биригээдэ тэринэн 10 тахса ыалы дьиэлээн дьон махталынан кынаттанар.
Биир күүстээх хамаандатын, төрөөбүт дойдутугар — Тааттаҕа, бииргэ төрөөбүт убайа — Семен Баснаев салайан, иилээн-саҕалаан, биир дойдулаахтарыгар сылаас дьиэни тутар туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу курдук уолаттар бииргэ тутуспутунан, эйэлээх, эрэллээх хамаанда буолан, дьиэ тутуутунан сөбүлээн дьарыктаналлар. Иллэҥ кэмҥэ ыал аҕалара дьиэ кэргэни кытары бириэмэ атааран, спорду өрө тутан, айылҕаҕа сылдьан, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөн, эйэлээх, дьоллоох, чэгиэн олоҕу сырсаллар. Уолаттар бүттүүн «этэҥҥэ буолуохха, дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруохха» — диэн бэргэн этиигэ олоҕуран сиэрдээх олоҕу тутуһаллар.
Билиҥҥи үйэҕэ анал бырагыраамалары тутуһан сылаас, бэлэм дьиэҕэ киириэн баҕалаах күннэтэ элбии турар. Ол эрэн баҕалаах дьиэбин туттарарбар эрэллээх хампаанньаны булар эмиэ уустуктардаах. Оттон «ТУТУНСТРОЙ» тэрилтэ уолаттара биир дойдулаахтарыгар, Саха сирин олохтоохторугар сүбэлээн-амалаан, этиллибит чааһын, бириэмэтин тутуһан, хаачыстыбалаах, дьон сыалын толору ситиһэр дьиэни тутан биэрэргэ дьулуһаллар. Маны тэҥэ хайаатар даҕаны дьиэ тутуутугар саха сиэрин-туомун тутуһан үлэлэһэллэр. Ол курдук акылаат түһүүтүгэр, түннүк баайыытыгар, өһүө түһүүтүгэр сирдэрин-уоттарын хайаатар да аһатан, сиэри-туому тутуһаллар. Тэрилтэ хас биирдии сакаасчыкка смета көрдөрөн, кини баҕатынан дьиэ бырайыагын оҥорон, сокуону тутуһан, сир учаастагын көрдөһөн, бааҥҥа докумуоннарын хомуйан, болҕомто ууран туран ылсаллар. Ол кэннэ илии тутуһан, дьиэлэрин туттаран, үтүөнү түстүү, дьон кэрэхсэбилин, махталын тутан сарсыҥҥы күҥҥэ саҥалыы күүс ылынан, күүстээх үлэҕэ түһүнэллэр.
Инникитин «ТУТУНСТРОЙ» сайыҥҥы кэмҥэ, үлэ чааһыттан көрөн, Таатта эдэр ыччатын түмэн, үөрэтэн, бииргэ үлэлэһэр сыаллаахтар. Онон дьолу бэлэхтиир, дьон үөрүүтүн үксэтэр биир дойдулаахтарбытыгар, оҥорбуккут уруйдана, айбыккыт айхаллана турдун диэн, баҕа санаа алгыһын тиэрдэбит.
Уруйана.