Таатта улууһа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустартан биирдэстэрэ. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Гаврил Кычкины кытары сэһэргэстим.
— Гаврил Сергеевич, бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт саҥа стратегическай суолталаах ыйаахха илии баттаата ол туһунан санааҥ.
— Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыытыгар аналлаах ыйааҕа кэмигэр таҕыста дии санаатым. Бу олус суолталаах докумуон буоларын, манна аҥардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ салаата үлэлэспэккэ, улуус сүрүн управлениелара, тэрилтэлэрэ бука бары кыттыһан, төбөлөрүн холбоон үлэлиэхтээхпитин бэлиэтиибин. Аҥардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ сайдыыта буолбакка, бүтүн нэһилиэк, онон сиэттэрэн улуус сайдыыта буолар.
Маны таһынан кулун тутар 28-29 күннэригэр тыа хаһаайыстыбатын кэпирэтииптэрин сийиэһин чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатын кэпирээссийэтин сайыннарыыга мунньах ыытыллыбыта. Сүрүн соругунан бородууксуйаны элбэтиигэ, кэпирэтииптэргэ технологическай саҥардыыны ыытар үлэ күүтэр. Саҥа сыыппара технологиятын (цифровизация) туһаныы кэм ирдэбилэ буолар. Бэйэ аһын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга болҕомто уурулунна, онон ыйаах төһүү өйөбүл буолуо.
— Улууска тыа хаһаайыстыбатын туруга хайдаҕый?
— Билигин хотон, сайылык, база тутуута да буоллун, модернизациялааһын да буоллун – сирдээх-уоттаах хаһаайыстыбыларга ыытыллар буолла. Бэйэлэрин кыахтарын хас да сыл дакаастаабыт хаһаайыстыбалары өйүүр ордук көдьүүстээҕэ көһүннэ. Кистэл буолбатах, биирдиилээн чааһынай киһи табаар, бородууксуйа оҥороро, батарара уустук. Киһи кырдьан, сылайан сүөһүтүн эһэрэ эмиэ баар. Онон олохтоох бородууксуйа биир киһи туругуттан тутулуктамматын курдук, элбэх үлэһиттээх хаһаайыстыбалары сайыннарыахтаахпыт. Дойду үрдүнэн тэриллиилээх хаһаайыстыбалары, кэпирээссийэлэри өйүүр үлэ күүһүрдэ. Былааннаахтык үлэлииргэ, инникини көрөргө бэрт бириэмэ буолла, араас граннар олохтоннулар. Улууска бырагыраамаларынан, бырайыактардарынан үлэлэһэр дирекция (МАУ «Дирекция сельских инициатив») тэрилиннэ, ол сүнньүнэн үлэ ыытыллыахтаах.
Кэнники кэмҥэ ынах сүөһү ахсаана аччаан иһэрэ бэлиэтэнэр. Бу көстүү төрүөттэринэн сүөһү иитиитигэр өр сылларга үлэлээн кэлбит көлүөнэ сааһырыыта, ааспыт сылларга кураан дьыллар буолаллар.
«Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ биирдэм урбаан көҕүлээһинин өйөөһүн» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2019 сылтан үлэлиир «Агростартап» граҥҥа кыттыыбыт мөлтөх. Былырыын 2023 сылга биир хаһаайыстыба тиксибитэ. Ол иннинэ түөрт сылгы базатыгар ылбыппыт. Быйылгы кыттыы ыам ыйын бүтүүтэ саҕаланар, «Дьиэ кэргэн фермата» граҥҥа эмиэ үлэлэһэбит. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕар олоҕуран, 2024 сылтан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көрүллэр туох баар судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан ыытыллар куонкурустарга «Электронный бюджет» диэн биир кэлим систиэмэнэн үлэлиир булгуччулаах буолла. Ол эбэтэр, холобур «Агростартап» куонкурсугар кыттааччы «Электронный бюджет» (ЭБ) порталга регистрацияланан сайаапкатын биэрэр. Быйылгы куонкурустар сайаапкаларын урукку курдук кумааҕынан илдьэн туттарыы буолбат.
Быйылгыттан хаһаайыстыбаннай кинигэ электроннай бырагыраамаҕа киирдэ, бу үлэ бэс ыйыгар бүтүөхтээх. Хас биирдии чааһынай дьон кэтэх хаһаайыстыбаларын туһунан дааннайдар (ол эбэтэр кинилэр сирдэрэ, сүөһүлэрэ, сылгылара, техникалара) хаһаайыстыбаннай эрэ кинигэҕэ учуоттанар биир систиэмэҕа холбонор, сүөһү ахсаана чопчуланар, бу систиэмэ сылга иккитэ саҥардыллар. Маннык систиэмэ биир ордук төрүөтэ диэн өрөспүүбүлүкэҕэ 2020 сыллаахтан бэтэринэриийэ Департамена RegAgro систиэмэни туһанан, сүөһүнү чииптээһини, маркировканы ыыппыта, сыыппара учуотугар киллэрбитэ, өссө быйылгыттан сылгыга чиптээһин киириэхтээх.
Улуус биэс сыл иһигэр үүтү туттарыы-га былаана туолан испит буоллаҕына, былырыын 2023 сылга 123 туоннанан туолбатаҕа. Быйыл субсидия үүккэ, сылгы төбөтүгэр, ыанар ынахха, оҕуруот аһыгар, хортуопуйга өрөспүүбүлүкэҕэ үрдээбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сөбүлэһиитинэн 3801 туонна үүт харчыта 247 мөл.солк. тэҥнэһэр, онтон үүтү ыан туттарар хаһаайыстыбаларга бу күннэргэ 25 бырыһыан субсидия төлөнөн турар. Ынах төрөөһүнэ саҕаламмыта эрээри, былырыыҥҥы көрдөрүүттэн мөлтөх, мантан саас ситиһиллэр ини диэн эрэнэбит. Улууска атыыр оҕус, сиэмэлээһин боппуруоһа турар, манна үлэ күүскэ ыытыллар.
— Ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар, тыа сиригэр үлэлиэн баҕарбат. Манна туох санаалааххын?
— Ханнык баҕарар эйгэҕэ ыччат уонна каадыр тиийбэтэ бэлиэтэнэр буолла. Онтон тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаан этэр буоллахха дэриэби-нэҕэ миэстэтигэр усулуобуйа, хааччыллыы, интернет сибээс ситэтэ суоҕун бэйэҕит билэҕит. Билигин бэдэрээлинэй да, өрөспүүбүлүкэ даҕаны бырагыраамалар тыа сирин сайдыытыгар туһаайыллар буоллулар. Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыныллыбыта. Тыа сиригэр эт-үүт эрэ буолбакка араас бородууксуйаны, өҥөнү оҥорууга үлэ барар. Тыа сирэ да сайдыа, саҥа технологиялар күүскэ киирдэхтэринэ ыччат тыа сиригэр төннүө, дойдутун сайыннарыа диэн санаа үөскүүр.
Түгэнинэн туһанан Дойдубут бэрэси-дьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка сөптөөх бэлиитикэни ыытаннар, тыа сирэ сайдар кэскиллэммитинэн махтанабыт.
— Гаврил Сергеевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Елена Слепцова.