Тыараһаҕа баай Дабыыдап сыдьааннарын кытта көрсүһүү

Кулун тутар 13 күнүгэр, күнүс 12ч, Дьокуускай куораттан баай Дабыыдап хаан-уруу сиэнэ, 85 саастаах Будникова Виктория Николаевна, кыыһынаан Марина Александровналыын Кыйыга кэлэн баһылык Турнин П.П. кытта көрсүһэн, Өксөкүлээх Өлөксөй скверигэр сырыттылар. Манна диэн эттэххэ, сквер турар сирин олохтоох краеведтар ыйбыт сирдэрин кини сөбүлэһэн, өссө сквергэ Пушкинскай ыскамыайкалары оҥорорго сүбэлээбит.

Онтон эһэтэ Дмитрий Давыдов туппут 100 сылын ааспыт уораҕайыгар, билигин оскуола-интернат остолобуойугар «Айылгы» түмсүү астаабыт астарынан мааны ыалдьыттарын күндүлээтилэр.

Бу дьоро күҥҥэ ыҥырыыбытын ылынан Тааттатааҕы НВК- тан Ж.Г. Бурмистрова операторынаан, улуустааҕыгы Албан аат музей салайааччыта М.А.Попова, Чөркөөх музейыттан специалист И.Я.Жерготова, орто оскуола 10,11 кылаас үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк олохтоохторо кэлэн кыттыыны ыллылар.

Виктория Николаевна намыын-наҕыл куолаһынан Давыдовтар, Оросиннар уонна Саха бастакы композиторын, племяннигын Адам Скрябин туһунан сэдэх хаартыскаларын көрдөрөн истээччилэрин олус умсугутан интэриэстэрин тардан кэпсээбититтэн бары да астынныбыт, билбэтэхпитин билэн, араас сонуннары истэн, боппуруостарбыт ыгар толору эппиэти ылан, өссө бэйэтиттэн оскуола оҕолоро, нвк-лар интервью ылан билиилэрин хаҥаттылар.

Виктория Николаевна Адам Скрябин туһунан таһааттарбыт брошюратын олохтоох библиотекаҕа бэлэх уунна. Салгыы ытык саастаах ыалдьыппыт бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрдэ, наадалаах сүбэлэри биэрдэ. Өссө да салгыы билсиһиэх, сибээһи тутуһуох буолан, төрүттэрэ олохсуйбут сирдэригэр Тыараһаҕа кэлиэх буолан бардылар.

Тыараһа нэһилиэгинээҕи «Айылгы» түмсүү.

Читайте дальше