С. ХАЛГАЕВА.
Саҥа дьыл кэнниттэн уһун өрөбүл биллэриллэн дьон-сэргэ төһө кыалларынан дьонугар-сэргэтигэр ыалдьыттыы, сорохтор атын сиргэ күүлэйдии, туристыы бараллар.
Аһаҕас халлаан анныгар турар кырдьаҕас Чөркөөх музейа уһун өрөбүллэргэ ыраахтан-чугастан кэлэр ыалдьыттары, үгэс быһыытынан үөрэ-көтө көрүстэ. Туристар сүрүннээн аан дойдуга тымныы полюһунан ааттанар Өймөкөөҥҥө айаннаан иһэн, саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын көрө-истэ Чөркөөх музейыгар тохтоон ааһаллар. Музей хаһыс да сылын Дьокуускайтан “Визит Якутия” ХЭО уонна “Чучуна” туристары көрсөр тэрилтэлэри кытта үлэлииллэр. Ол курдук, бу сылга үктэнээт даҕаны музей бастакы ыалдьыттарынан Австралия, Таиланд уонна дойдубут киин сирдэриттэн Москваттан, Санкт Петербургтан, Тверь, Воронеж куораттартан кэлэн аастылар. Саха сиригэр тымныыны эккирэтэн, тоҥоору-хатаары анаан-минээн кэлэллэр эбит. Холобура, Воронежтан кэлбит кэргэнниилэр Саха сиригэр кэлиэхтэрин өр сылларга ыра санаа оҥостон, үтүлүктэригэр, халыҥ таҥастарыгар тиийэ хааччынан кэлбиттэр. Омуктуун, бэйэ дьоннуун ыалдьыттарбыт хаатыҥкаларын кыбына сылдьаллар. Чөркөөх музейа 12 га сиргэ турар, манна уопсайа 20 эбийиэккэ өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторо-дьаһахтара, этнография көрдөрүллэр. Биллэн туран, быйыл Таиландтан кэлбит 6 турист төһө да хаатыҥка кэттэр, аҕыйах мүнүүтэ буолаат, биир сиргэ таба турбат гына тоҥон-хатан иттэр сир диэки дьулуһаллар. Дойду киин куоратыттан кэлбит ыалдьыттар, төһө да тоҥноллор-хатталлар кыалларынан көрө-истэ, тулуктаһа сатыыллар. Кинилэри Таатта үрэххэ ылыллыбыт муус хороһон туралларыттан саҕалаан, барыта интириэһиргэтэр.
Улуу Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон аһаҕас халлаан анныгар турар саха олоҕун көрдөрөр музейы улахан айан аартыгар, төрөөбүт Чөркөөҕөр тэрийэн, ыраахтан-чугастан туристары умсугутар. Саха олоҕо-дьаһаҕа манна эрэ киэҥник көрдөрүллэр.
Саҥа сыл саҕаланан, үлэ-хамнас саҥалыы салаллар. Түгэнинэн туһанан, Чөркөөх музейын коллектива өр сылларга бииргэ үлэлиир “Визит Якутия” уонна саҥа бииргэ үлэлиир “Чучуна” туристическай тэрилтэлэргэ махталын биллэрэр.
Айар ВАРЛАМОВ хаартыскаларыгар: сылаас дойдулаах Таиланд туристара музей ыалдьыттарын кытары.