Биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Л.Н.Григорьева төрөөбүтэ 80 сыла
Быйыл саас Чөркөөх түмэлин бастакы сэбиэдиссэйэ Людмила Николаевна Григорьева төрөөбүтэ 80 сылын туолбута. Кини бэлиэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Чөркөөх түмэлин үлэһиттэрэ, сэбиэдиссэй Михаил Протодьяконов көҕүлээһиннэринэн Ытык Күөлгэ Былатыан Ойуунускай аатынан народнай театр сырдык уораҕайыгар «Чөркөөх музейын тэрийии уонна сайдыы саҥа хайысхалара» диэн ааттаах тэрээһин ыытыллыбыта. Тэрээһин Людмила Николаевна олоҕун кэрчик кэмнэрин сырдатар, кини хомуйбут сэдэх былыргы хаартыскаларын, кинигэлэрин, малын-салын көрдөрөр быыстапкаттан саҕаламмыта.
Тэрээһинҥэ ыраахтан-чугастан аймахтара, бииргэ алтыспыт дьоно-сэргэтэ кэлбиттэрэ. Түмэл сана сүһүөҕэр турар кэмигэр оройуоммутун салайбыт оччотооҕу райсовет председателэ Г.М.Артемьев ытыктаан, ахтан-санаан ааһаары Мэҥэ Хаҥаластан кэлэн кыттыбыта. Маны сэргэ чугас дьүөгэлэрэ, аймахтара истин иһирэх тылы анаабыттара.
Улууспут баһылыга А.С.Бурцев бэйэтин киирии тылыгар, улууспутун ааттатар дьону бэлиэтиэхтээхпитин, кинилэргэ сөптөөх болҕомто баар буолуохтааҕын тоһоҕолоон эппитэ. Төгүрүк остуол үлэтигэр, үлэ быыһыгар, истиэхпин, билиэхпин-көрүөхпүн баҕаран кэллим диэбитэ.
Быдан дьыллар уораҕайдарыгар кистэммит үтүө биир дойдулаахтарбыт олохторун-дьаһахтарын үөрэтиинэн Людмила Григорьева студент эрдэҕиттэн ылсыбыта. Эргэ, историческай суолталаах хаартыскалары сонордьут кэриэтэ эккирэтиһэн булара. Дэлэҕэ дьон «Ити муода идэлээх оҕо, эргэ хаартыскалары хомуйар», — диэхтэрэ дуо?! Таатта сис баайа Балапаат Силэпсиэп сыдьаанын Михаил Григорьевич Слепцовка дьиэтигэр үгүстүк сылдьар эбит. Ол туһунан төрөппүт кыыһа, улууспут кыраайы үөрэтээччилэриттэн биирдэстэрэ Федора Михайловна Харитонова бу курдук кэпсээбитэ: «Людмила Николаевналыын улаханнык алтыспатахпыт. Ол эрээри кинини үлэһит киһи быһыытынан наһаа үрдүктүк сыаналыыбын. Билэрим диэн, биһиги аҕабытыгар куруутун сылдьар этэ. Аҕам суох буолбутун кэннэ, блокнотугар бэлиэтэммитин көрбүтүм онно: «Людмила кэлэн барда. Киниэхэ 92 хаартыскабын биэрэн ыыттым», — диэн. Төһөлөөх элбэх кинигэни, хаартыскалары биэрбитэ буолуой?! Миэхэ биирдэ Людмила Николаевна дьиэбэр кэлэ сылдьыбыта. Эйиэхэ паапаҕыттан туох эмэ тиксибитэ буолуо диэн. Онно: «Сундуук уонна хаартыскалар улахан убайбар хаалбыттара», — диэбитим.
Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын салайбыт, икки улуус бочуоттаах гражданина, сэбиэскэй-партийнай үлэһит Георгий Артемьев бу курдук ахтан-санаан эппитэ: «Оччолорго, музей саҥа тутуллан үлэгэ киирэригэр Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Людмила Николаевнаны сиэтэн райсовекка киллэрбитэ. Онно кып кыһыл имнээх эдэр кыыһы батыһыннара сылдьара. «Музейга директорынан аҕаллым, билэр оҕом, үлэлиэҕэ, бу кыыска көмөлөһөөрүн, өйдөөтүгүт дуо», — диэбитэ кытаанахтык. Биирдэ Чөркөөххө хойутаан таарыйбыппытыгар, кыыспыт үлэлии аҕай сылдьар эбит. Биэрбит экспонаттарын сууйан-сотон, аны барытын сааһылаан, кээмэйдээн, эридьиэстээн хайдах туруктааҕын быһааран суруйа сылдьара, бу хаһан утуйара буолла дии санаабыттаахпын. Киһи сөҕөр үлэһит киһи этэ, иккиһэ, элбэх таһымнаах тойон-хотун, суруналыыс бөҕө кэлэр этэ. Оччолорго Суорун Омоллоон Суотту музейын тутуутун саҕалаабыта. Онон Чөркөөххө Людмила Николаевна эрэ баара. Кини Суоруну суохтаппакка, кэлэр ыалдьыттары үрдүк таһымҥа көрсөрө.
Людмила Николаевна олоҕун бүүс бүтүннүү музейга анаабыта, этэргэ диэри ити сиртэн харыс да халбарыйбакка онно олорон, үлэлээн олоҕо ааспыта. Дьахтар киһи быһыытынан оҕоломмокко, кэргэннэммэккэ, дьиэ-уот тэриммэккэ туох баар олоҕун үлэтигэр анаабыта. Урут да билигин да туруорсубутум Чөркөөх музейыгар кини аатын иҥэриэххэ диэн. Этиибин ылыммакка, быыстапка саалатыгар анаатылар. Людмила Николаевна курдук киһи кэлбэтэҕэ буоллар, түмэл сүһүөҕэр турара сүрдээх уустуктардаах буолуо этэ».
Түмэл сэбиэдиссэйэ Михаил Протодьяконов: «Людмила Николаевна улууспутугар музей культурата, кыраайы үөрэтии сайдыыта туругурарын туһугар туох баар сыратын, олоҕун анаабыт киһи. Бэлиэ сылыгар чугас аймах-билэ дьонноро, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, урукку салалтаҕа кинини кытта алтыспыт дьон мустан ахтыы, төгүрүк остуол киэбинэн оҥордубут.
Чөркөөх музейа төрүттэниитигэр музейы тэрийии, олохтооһун идеята Суорун Омоллоон, онтон кини уҥа илиитэ, толорооччута, сүүрээччитэ-көтөөччүтэ, тэрийээччитэ Людмила Николаевна этэ. Бу дьон ырааҕы өтө көрөн, үйэлээҕи оҥорбуттар эбит. Бачча мустубучча сүрэхтэрин сылааһын анаабыт тэрилтэлэрэ, кыраайы үөрэтии улууспутугар салгыы ханнык хайысханан салаллан барарыгар тохтоон ыллыктаах кэпсэтии тахсарыгар баҕарабын. Людмила Николаевна аатын үйэтитиигэ кини аатынан куонкурус тэрийэн, анал стипендия олохтооһуну тэрийэргэ барыл суруйан бэлэмнээтибит. Улууспутугар кыраайы үөрэтээччилэр, музейнай дьыалаҕа таһаарыылаахтык үлэлээбит дьоҥҥо анал бириэмийэ, стипендия туттаран үлэни көҕүлээһин быһыытынан бэриллиэн наада. Таатта курдук баай историялаах улуус аҕыйах диэххэ наадалаах. Дьэ, ону үөрэтэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэргэ, үйэтитиргэ, биһиги иннинээҕи дьон чөмчөппүттэрин салҕаан, тупсаран иһэр ытык эбээһинэспит. Ол иһин биһиги маннык тэрээһиннэри ыытан кинилэр үлэлээбит үлэлэрэ сүппэтин, айбыттара-туппуттара умнуллубакка, сайда-үүнэ турдун диэн оҥоробут.
Д.К.Осипов, кыраайы үөрэтээччи Л.Н.Григорьева сиэн быраата: «Алаас ааттаах, дойду сурахтаах» дииллэр. Ыраахтан-чугастан эдьиийбитин санаан аймах-билэ дьоммут бука бары кэлбиккитигэр улахан махталбын тиэрдэбин. Михаил Александрович улуус баһылыгынан үлэлии олорон эдьиийбит туһунан «Удьуор кэрэ дьон» диэн кинигэни улууспут төрүттэммитэ 100 сылынан үбүлээн таһаартарбыта. Бу кини туһунан бастакы кинигэ буолар. Онон улаханнык киниэхэ махтанабыт. Биһиги аймах биир этиилээхпит: эдьиийбит муспут хаартыскалара наһаа тарҕаннылар. Киһи хомойуох, чинчийээччилэр, кыраайы үөрэтээччилэр туһаналлар уонна хантан ылбыт источниктарын ыйбаттар, суруйбаттар. Ол иһин Людмила Николаевна фондатын музей үлэһиттэрэ кимиэхэ да биэрбэккитигэр диэн резолюцияҕа киллэрэргэ этии киллэрэбит. Иккиһинэн, Боотуруускай улууһун төрүччүтүн оҥорбут Федот Захаров уруубут, Люсяҕа таайа буолар. Эдьиийбит көрдөһүүтүнэн, пенсияҕа тахсыбыт, авиатор идэлээх киһини ыган-хаайан ити төрүччү күн сирин көрбүтэ. Кэнники Ф.Ф.Захаров аата ааттаммат буолла. Билигин «Бичиккэ» кинигэ тахсыан наада, онон эрэнэ күүтэбит.
Эдьиийбит аатынан анал стипендияны улуустааҕы культура управлениета, Дьокуускай куораттан Ярославскай аатынан музей, Тыараһа, Октябрьскай нэһилиэктэр дьаһалталара уонна аймахтар ааттарыттан олохтуурга диэн балаһыанньаҕа кыттыһабыт. Стипендия кыраайы үөрэтээччилэргэ, музей үлэһиттэригэр ананан туттарыллыаҕа. Балаһыанньа быһыытынан уонна биһиги аймахтар баҕа санаабытынан, бу салааҕа дьиҥнээхтик ылсан үлэлиир, кинигэлээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ, кэнчээри ыччакка элбэхтик бэйэтин билиитин тарҕаппыт дьоҥҥо ананара буоллар. Людмила Николаевна төрөөбүт күнүгэр кулун тутар ыйга үгэс быһыытынан үөрүүлээхтик туттарыы тэрээһинэ олохтонорун курдук. Улууспут өйөөбүтүгэр, өйдөөбүтүгэр чуолаан М.А.Протодьяконовка тыл көтөхпүккэр махтанабыт. Дипломнай үлэбин эдьиийим үлэтигэр суруйбутум. Кэлин ити үлэбинэн тэттик «О, Родина – души моей основа» кинигэни бэчээттэппитим. Манна кинигэ торумун быһыытынан Өксөкүлээхтэн саҕалаан хаартыскалардаах, барытыгар быһаарыы киирэн биэриэхтээх этилэр. Чөркөөх музейын үлэһиттэрэ И.Я.Жерготова, Е.И.Ущницкая хаартыскалары наардаан, ылсан көмөлөспүттэригэр махтанабын. Билигин эдьиийбит бэлиэ сылынан аймахтар кыттыһан үлэлээбит музейыгар мемориальнай дуоска астыбыт. Музей ыалдьыттара бастакы сэбиэдиссэйи көрдүннэр, биллиннэр диэн. Эдьиийбит сырдык аатын үйэтитэргитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Г.Г.Вырдылин, Таатта улууһун норуот Айымньытын дьиэтин директора: Бүгүҥҥү төгүрүк остуол сылаас, истин ахтыылаах уонна музей үлэтигэр чопчу этиилэрдээх ыытыллыбытыттан астынным. Людмила Николаевна курдук дьон олоҕу хамсаталлар дииллэр. Людмила Николаевна туһунан этэр буоллахха, кини үлэтэ-хамнаһа Чөркөөххө тахсыбыта, олоҕун сүрүн соруга — музейы сүһүөҕэр туруоруу буолбута. Күүстээх санаалаах, үлэтигэр бэриниилээх киһи этэ. Ол иһин үлэтэ-хамнаһа тахсыбыт сирин Чөркөөҕү дойдутунан ааттыыбын.
Чөркөөх музейын инники сайдыытыгар бу курдук көрүүлээхпин: Правительство дьаһала баар. Тэрилтэ 15 киһиттэн кыра штаттаах буоллаҕына филиал буолар диэн. Билигин Чөркөөххө Ярославскай музейын икки филиала: П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас уонна политсыылка, история музейдара. Бу филиал үлэһиттэрин холбоотоххо 15 киһиттэн тахсар. Ааспыт күһүн «Иис-уус фест» кэмигэр Чөркөөххө Уһук Илин уонна Сибиир «ВООПИиК-Восточный вектор» дойду иһинээҕи культура уонна пааматынньыктарын председателэ Артем Демидов кэлэ сылдьыбыта. Кини этэринэн, музейдары сайыннарыахпытын баҕарар буоллахпытына, музей-заповедник юридическай сирэйдээх буолуохтаах диир. Тоҕо диэтэххэ, биир ситимҥэ сервис, гостиница, гараж, аһыыр сир барыта киириэхтээх диэн. Бу икки музейы холбоотоххо, туспа сирэйдээх музей-заповедник буолуон сөп. Демидовы кытта Уһук Илин, Сибиир куораттарын музейдарын үлэһиттэрэ кэлсибиттэрэ. Онно музейы көрөн баран архитектура уонна манна хараллар баай экспонаттар ситэри туһаныллыбакка тураллар диэн сыаналаабыттара. Ол иһин музей-заповедник буоллахха эрэ гостиница тэриниититтэн саҕалаан өҥөнү сайыннарыыга, Гранҥа кыттыыга барытыгар кыах үөскүүр. Биһиги Ярославскай музейыгар филиал быһыытынан үчүгэйдик үлэлии сылдьабыт, ол гынан баран бастакытынан, музей сайдарын көрүөхтээхпит. Музей-заповедник буоллаҕына эрэ, инники сайдыы онно сытар дии саныыбын. Людмила Николаевнаны үйэтитии боппуруоһугар сөбүлэһэбин.
И.А.Сивцева, кыраайы үөрэтээччи, Ытык Күөл лицейин директора: «Биир интэриэстээх, эйгэлээх биир кыһалҕаҕа ылларан үлэлии сылдьар дьоммут. Биһиги кыраайы үөрэтээччилэр биир дьиэ кэргэн курдук нэдиэлэ аайы кинигэ биһирэмигэр көрсөбүт. Кыраайы үөрэтиигэ кыһалҕа наһаа элбэх. Таатталар Өксөкүлээх Өлөксөйтөн кыраайы үөрэтии саҕаламмыта диэн билинэбит, үөрэтэбит. Биир саамай улахан кыһалҕабыт бу саастаах дьону салгыыр ыччат тахсыыта ыарахан дьыала буолан турар. Билигин чөмчөппүт үлэлэрбитин тутан хаалар, дьоммутун-сэргэбитин биирдии ааттаан туран илдьэ барар ыччаты таһаарыы кыһалҕата турар. Таатта улууһугар 9 сыл баһылыгы социальнай боппуруоска солбуйааччынан үлэлээбитим. Ол кэмҥэ репрессия, гражданскай, Аҕа дойду улуу сэриилэрин кыттыылаахтарын чопчу испииһэктээн оҥорбуппут. Соторутааҕыта улуус мунньаҕын сэбиэтин председателэ П.П.Максимов ыҥыран кэпсэтэ сырытта. Таатта культуратын, фольклорун, историятын көрдөрөр кинигэ тула. Атын улуустарга ити сериянан кинигэлэр тахсыбыттара, биһиэнэ ситэ хомуллубакка туран баран дьэ чөмчөтүллэн хамсыах курдук. Үлэбит араас хайысхата элбэх, ону общественнай түмсүү эрэ хамсатара уустук.
Төгүрүк остуолга этиллибит Чөркөөх музейын заповедник оҥоруохха диэн этиини сайыннардахха, Москва анныгар баар биир чөкө куорат былыргытынан олорор. Онно былыргы дьиэ-уот, тутуу барыта баар. Аны ол сиргэ массыына киирбэт. Чөркөөх эмиэ оннук буолуон сөп. Бу музей эрэ сиригэр буолбакка, нэһилиэк барыта бүтүннүүтэ хабыллыан наада. Оччоҕуна дьэ, чахчы, Саха сиригэр улахан хамсааһын буолуо этэ. Биһиги дьоммут Суорун Омоллоон, Людмила Николаевна хамсаппыт, үлэлээбит музейдара өссө сайдыы суолугар киирдэ диэхтэрэ этэ.
Аны Людмила Николаевна аатынан стипендияҕа тохтоотоххо, кыраайы үөрэтээччилэр наар харчыга наадыйабыт, кинигэ таһаарыытыттан саҕалаан. Фонда тэриллиитэ диэн үчүгэй саҕалааһын. Чөркөөххө бу иккис фонда тэриллэр. Чахчы итини хайҕыахха эрэ сөп. Биһиги итиннэ хайдах кыттыһабыт диэн боппуруос. Кыраайы үөрэтэр киһи стипендияҕа хапсан үлэлииригэр стимул буолуоҕа, биһиги онно үөрэбит эрэ. Гранҥа киирсиэххэ наада уонна ыччаты, оҕолору кытыннарарга үлэлэһиэҕин диэн ыҥырабын.
Дмитрий Таппыров, «Хадаайы» литературнай түмэл салайааччыта: Музейга үлэлээбитим 25 сыл буолла. Үөрэхпин бүтэрээппин кытары Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон үлэҕэ ылбыта. Чөркөөххө дьиэм музейы кытта силлиһэ турар буруолаах буолан, Людмила Николаевнаны оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Кини экскурсияларын батыһа сылдьан көрөрүм, үгүстүк истибитим. Бэл, таҥара дьиэтигэр таспытыттан хатыахтарыгар диэри көрөрбүт. Быыстапкаҕа туруоруллубут хаартыскалары кини остуолугар тэлгэнэ сыталларын элбэхтик түбэһэн көрбүтүм. Оччолорго кыра оҕо да буолларбын, бу хаартыскалар суолталарын, кимнээхтэрин олус умсугутуулаахтык кэпсиирэ.
Чөркөөх түмэлэ дириҥ суолталаах.Өбүгэлэрбит тутан кэлбит ситимнэрин быспакка турар, салгыыр. Саха культуратын историята мунньуллан сытар баай хаһаастаах ампаара буолар. Омук быһыытынан олорон кэлбит сүрүн суолталаах духуобунай баайбыт. Онон улууспут дьаһалтата маны инники өттүгэр дьин-чахчы ылынан көмөлөстөҕүнэ эрэ түмэл сайдар кыахтаах. Билигин үпкэ-харчыга сүрдээх уустук, бюджет харчытын ханна да бычыгыраппаккын. Барыта хонтуруол, онон эбии үбү-аһы булууга атыннык толкуйдуохха наада. Россия киин регионнарыгар музей-заповедниктарга олоҕуран регион сайдыыта торумнанар, оҥоһуллар. Суолун-ииһин, тастан киирии экономиканы саҥа тыынныыр. Сайдыылаах дойдулар артефактарын мунньан дьон көрөр, сылдьар сирдэрэ оҥороллор. Биһиэхэ дьиҥинэ оннук системаны оҥоруохха сөп.
А.Ховров, Е.Ярославскай аатынан бас музей директорын солбуйааччы: Мин кылгастык тохтоон ааһыам, Людмила Николаевна аатын үйэтитиигэ. Бу кэпсэтиигэ өр сылларга Чөркөөх түмэлин салайбыт Николай Ефимович Попов баҕатын тириэрдэбин: быыстапкалыыр саалаҕа киирээти кытта Людмила Николаевна бюһа баар буолуохтаах. Таатта культуратын үлэһиттэрэ үбүлээн бу бюст оҥоһуллара буоллар диир. Иккиһинэн, стипендияҕа тохтоотоххо, Людмила Николаевна 18-с сааһыттан саха суруйааччыларын хаартыскаларын хомуйууттан кэллиэксийэтэ саҕаламмыта. Стипендия эдэр кыраайы үөрэтээччилэргэ, кинилэри көҕүлүүр сыалтан ананара буоллар диэн этэр Николай Ефимович.
Чөркөөх түмэлин норуот туппута. Түмэл тэриллибитэ 50 сылыгар республика таһымнаах хамыыһыйаны улууспут салалтата тэрийтэрэрэ буоллар диир. Биллэн туран, түмэли көрөргө-харайарга үп-харчы кырыымчык, онон күүстээх попечительскэй сэбиэт олохтонуон наада. Сэбиэккэ «АЛРОСА» АК саҕалаан таһымнаах дьон попечительскэй сэбиэккэ киириэхтэрин наада диэн эппитин тиэрдэбин.
Төгүрүк остуол үлэтин түмүктээн М.А.Протодьяконов: «2027 сыллаахха Чөркөөх музейа төрүттэммитэ 50 сыла буолар. Манна тэритиннэрэн түмэл 50 сылын көрсө хамыыһыйаны тэрийии соруга турар. Түмэли тутууга оччотооҕу оройуон, райком, райсовет, государственнай тэрилтэлэр, совхозтар, отделениелар бүтүннүү ылсан туппуттара. Онон биһиги түмэлбит 50 сылыгар улуус баһылыгын дьаһалын таһаартаран, хамсааһын тахсан музей сайдыытыгар иккис тыын киириэ этэ. Бу этиибин улууспут баһылыга Айаал Семеновичка туһаайан этэбин. Улууспутугар кыраайы үөрэтиини сүрүннүүр общественнай тэрилтэ наада. Бу улууспут историятын, кини үтүө дьонун үйэтитэргэ көмөлөөх буолуо этэ.
Бүгүҥҥү төгүрүк остуолга түмэл салгыы ханнык хайысханан барыан сөбүн туһунан санаалары иһиттибит. Түмэлгэ бастатан туран үбү-аһы буларга, саҥа тутууну ыытырга күүстээх попечительскэй сэбиэт тэриллэрэ кэм ирдэбилэ. Духуобунай ейү-санааны кытары үптээх-харчылаах инвестордар кыттыстахтарына эрэ түмэл инники сайдыыта торумнанар. Биһиги нэһилиэнньэҕэ өҥө биир өттүн оҥоробут, бу хайысхаҕа ити этиллибит гостиница, аһыыр сир барыта комплекснай курдук киирэн биэриэхтээх. Оччоҕуна эрэ түмэл билиҥҥи кэм көрдөбүлүн толуйар кыахтанар. Төгүрүк остуол түмүгүнэн резолюция ылыныахпыт. Түмсүү мээнэ тыаһа-ууһа суох хаалыа суохтаах, хайаан да өйбүтүн-санаабытын түмэр буоллубут даҕаны дьон-сэргэ билиэхтээх, кыттыһыахтаах. Биһиги санаабыт иһиллиэн-көстүөн наада, — диэн бэлиэтээн эттэ.
С.Халгаева.
Хаартыскаларга төгүрүк остуол түгэннэриттэн.