Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Түмсүү — төлкө төрдө» диэн нэһилиэктэр икки ардыларыгар дириҥ ис хоһоонноох фестиваль буолан ааста. Бары билэрбит курдук, Ойуунускай дойдубут сайдыытыгар улахан олугу уурбут чулуу киһибитинэн буолар. Норуот уолун үбүлүөйдээх сыла Таатта улууһугар биллэриллибит Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылын кытта бииргэ дьүөрэлэһэн, Былатыан Ойуунускай уобараһын, кини тус олоҕун, айар үлэтин, Ийэ дойдуга, дьиэ кэргэҥҥэ, ийэтигэр, төрөөбүт алааһыгар тапталын кытта ыкса ситимнэнэн, дириҥ суолталыыр. Иккиһинэн, «Сүүс сыллаах былаан» биһиэхэ саха норуотугар эрэли биэрбитэ, саха итэҕэлэ бүтүннүү олоҥхоҕо суруллан, хоһуллан тиһиллэ сылдьар. Ол курдук, Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун сурукка-бичиккэ киллэрэн, саха норуотун итэҕэлин тыыннаах хаалларан, үйэлэри уҥуордаан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэн кэллэ.

Быйылгы фестиваль уратыта диэн улахан дьон уонна оҕо бииргэ кыттыыта буолар. Бу биһиги кэлэр көлүөнэ ыччаппытын биир ситимҥэ киллэрэн үөрэтиибитин бэлиэтиир. Таатта улууһугар культурнай-образовательнай кылаастарбыт биир улахан бырайыага, ол эбэтэр култуура эйгэтэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ үлэлэһиитин үтүө түмүгүн көрдөрдө. Бу фестивальга киллэрбит аныгылыы сонун ньыманан БРЕНД уобарастары оҥоруу, киэҥ эйгэҕэ көрдөрүү уонна сувенир оҥоһуктар быыстапкаларын тэрийии буолла.

Фестивальга уопсайа икки бөлөҕүнэн 3278 киһи көхтөөх кыттыыны ылла. Фестиваль түмүгүнэн маҥнайгы миэстэҕэ Баайаҕа, иккис Алдан  уонна үһүс миэстэҕэ Таатта нэһилиэгэ таҕыстылар. Иккис бөлөххө бастакы миэстэни Дьүлэй, иккис Уолба, үһүс Чымынаайы ыллылар.

Улууспут Ытык сирдэрин, үрэхтэрин, култуурунай нэһилиэстибэтин сырдатар сыалтан Бренд уобарастары инникитин аныгылыы сурунаал оҥорор былаантан хаартыскаҕа түһэрии тэрилиннэ. «Манчаары оонньууларын» түһүлгэтигэр «Таатта Бренд» уобарастара мааны, уус-уран өттүнэн биир ситимнээх үтүөкэннээх көстүүнү тэрийиэхтэрэ. Ону таһынан сувенир бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга күүстээх үлэ ыытыллыаҕа. Дьүһүйүүгэ көстүбүт видео үлэлэр куйаар ситимигэр тахсыахтара. Фестивальга норуот уус-уран айымньытын жанырдара үрдүк таһымы көрдөрдүлэр. Буолаары турар Олоҥхо Ыһыаҕар улахан бэлэмнэнии ыытыллан, ыһыаҕы тэрийэр былааннаахпыт.

Дьоммут-сэргэбит бэлэмэ, таһыма үрдүк диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын, онон бу тэтими ыһыктыбакка тута сылдьарбыт туһугар үлэлэһиэхпит. Оҕолор хордарыгар Таатта өрөгөйүн ырыатын толордулар, бу патриотическай иитиигэ улахан кылааты киллэрэр. Улахан дьон хора 3-4 куолаһынан арахсан, көрөөччү кэрэхсэбилин ылбыта, биллэн турар, улахан ситиһии. Онон хас биирдии дьоммут-сэргэбит, бэйэтин түмсүүтүнэн, айар үлэтинэн Тааттабыт сайдыытыгар олук уурбутугар олус диэн үөрэн, махталбытын тиэрдэбит. Хас биирдии кыттыыны ылбыт нэһилиэккэ, дьону-сэргэни түмэн үлэлээбит дьоммутугар, хамыыһыйа үлэтигэр, дьүүллүүр сүбэҕэ, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Гаврил Вырдылиҥҥа, фестиваль тэрийиитигэр улахан болҕомтону ууран, бэлэмнэнии үлэтин эрдэттэн ыытан, тэҥҥэ сылдьыһан үлэлэспитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Тааттабыт улууһун аҕа баһылыга Айаал Бурцев сыал-сорук туруорбут үлэтигэр ылсан, улууспут туһугар тутуспутунан түмсүүлээхтик үлэлиэххэ, айыахха-тутуохха.

Бу барыта буолаары турар «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэниибит биир түһүмэҕинэн буолар. Хас биирдии нэһилиэк бэйэтэ баай ис хоһоонноох БРЕНД уобараһынан ыалдьыттары көрсүөҕэ. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Изабелла Иннокентьевна Элякова — Илгийээнэ тобулбут толкуйунан хас биирдии нэһилиэк иитэн-аһатан олорор үрэҕин, айылҕатын, ону тэҥэ киһи уонна айылҕа биир ситимэ буолуутун туоһулуур уобарастарын арыйда.  Фестиваль аата  даҕаны Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус эппитинии «Түмсүү — төлкө төрдө» дириҥ ис хоһоонунан, дьону-сэргэни түмэн, нэһилиэгинэн тапталлаах Тааттабытын айхаллаата. Онон бары түмсүүлээхтик айымньылаах үлэбитинэн, или-эйэни олохтоон, дьоллоох олоҕу уруйдаан, дьоллоох түһүлгэни тэрийэн, эбиллэ, кэҥии, сайда туруоҕуҥ!

 

Марианна Степанова.

Хаартыскаҕа Яна Винокурова түһэриитэ.

Читайте дальше