Тырахтарыыс, булчут, саахыматчыт Семен Потапов

(Портретнай очерк)

Кыракый Сиэнньэ оҕо сылдьан, тулалыыр эйгэтиттэн, айылҕатыттан, тулатыттан сөҕөрө-махтайара олус элбэх буолара. Ити күн сырдыга тоҕо балаҕан түннүктэрин кэрийэ сылдьан тыгарый? Кыһын тоҕо ардах түспэтий? Ити курдук сүүһүнэн боппуруос кыракый Сиэнньэ төбөтүн толору киэптиирэ. Ийэтиттэн, аҕатыттан мээрилээн ыйыттаҕына, «улааттаххына, үөрэхтээх киһи буоллаххына, билиэҥ-көрүөҥ турдаҕа» дииллэрэ.

Оскуолаҕа учууталлартан ыйытыыларыгар «хоруй көрдөөн ыйыттаҕына, бу Сеня Потапов соруйан, үтэн-анньан ыйытар, мэнигэ батарбат» диэн эппиэттии да сатаабаттара эбэтэр «бэйэҥ аах» дииллэрэ. Кыра сааһыттан ии курдук эргийбит ыйытыыларыгар физика, химия, астрономия, география уруоктарыттан толору эппиэти ылбыта, нуучча, саха суруйааччыларын кинигэлэрин кыбына сылдьан аахпыта.

Сеня оскуолаҕа ахсааны кытта сибээстээх биридимиэттэргэ олус үчүгэйдик үөрэммитэ. Иннокентий Васильевич Таскин ахсаан уруогар өйүнэн суоттуурга ыытар куоталаһыытыгар кини күннүүрэ. Баайаҕа оскуолатыгар Иннокентий Власьевич Андросов дуобат куруһуогун тэрийбитигэр, Сеня биир бастакынан суруйтаран, сөбүлээн дьарыктаммыта. Дуобаты сэргэ саахымат умсулҕаннаах эйгэтэ ахсаанньыт уолу курдары тардыбыта. Ити умсулҕан Семен Иосифович Потапов олоҕун устата эрэллээх аргыс буолбута.
60-с сыллар ортолоругар үлэлээбит физрук Владимир Петрович Неустроев уолаттар куттарын туппута. Дэгиттэр спортсмен-учуутал оҕолору сүүрүүгэ, хайыһарга, теннискэ дьарыктаабыта. Сеня Потапов теннискэ тиритэ-хорута дьарыктаммыта, эбиитин байааҥҥа оонньуу үөрэммитэ.
Оччолорго Баайаҕа аҕыс кылаастаах буолан, Туора Күөлгэ тохсус, Уус Тааттаҕа онус кылаастарга үөрэнэн, ситии-хотуу аттестатын туппута.

Оскуола, үөрэх сыллара түргэнник ааспыттара. Кыракый Сиэнньэттэн курбуу көрүҥнээх, олоххо ураты көрүүлээх, эппитин туруулаһар, өһөстүҥү майгылаах эрээри, ис-искэ киирдэххэ, сымнаҕас, кыргыттар сэҥээрэ көрөр уоллара буолан тахсыбыта. Үөрэҕэр хоп курдук уолу учууталлара үрдүк үөрэххэ ыытаары, кэпсэтэ, көрдөһө сатаабыттарын, Сеня кыккыраччы аккаастанан кэбиспитэ: «Дойдубар хаалабын, үлэлиибин, бары бардахпытына, ким тыа сиригэр үлэлиир?» — диэн барбатаҕа, П.Алексеев аатынан сопхуоска оробуочайынан үлэлии тахсыбыта.
Баайаҕа отделениетын салалтата үлэҕэ-хамнаска кыайыгас-хотугас уолу гарааска үлэлэтэ ыыппыта. Көрүүчэй, мазут сытынан аҥылыйар, килэрийбит сонноох тыраахтарыыс уолаттар көрдөрө-нардара, үлэлээн тиҥийэр тимир көлөлөр Семены курдаттыы тарпыттара. Ити курдук, Семен Потапов үлэтин биографията саҕаламмыта.
Кини дойдутуттан Сэбиэскэй аармыйаҕа эрэ сулууспалыыр сылларыгар тэйэ сылдьыбыта. Оччолорго сулууспалыыр хас биирдии уолга чиэс, бочуот буолара. Саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн, ытык иэһин төлөөн, ахтылҕаннаах Баайаҕатыгар кэлбитэ.

Семен тута ДТ-75 тыраахтарга үлэлээбитинэн барбыта. Убайа Николайдыын тимир көлөнү доҕор-атас оҥостон, үлэ бөҕөнү үлэлээбиттэрэ, элбэх тутуу маһа соһуллубута, от тиэйиллибитэ. Кинилэр кэннилэриттэн бырааттара Георгий-I, Иосиф, Георгий-II, Василий, Юрий бары тырахтарыыс буолан, отделение төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара. Онон, икки улахан уол – Николай, Семен – Потаповтар механизатор династияларын саҕалааччыларынан буолбуттара. Онуоха эбэн, аҕалара Уоһук уолаттарын батыһыннара сылдьан үөрэппитэ-такайбыта, кэпсээбитэ улахан суолу-ииһи хааллардаҕа.

70-с сылларга отделениеҕа, сопхуоска, оройуоҥҥа социалистическай куоталаһыы күргүөмнээхтик тэриллэрэ. 1976 сыллаахха Семен Иосифович тиһиликтээх тыраахтарга сыл устата 3612 условнай эталоннай гектардаах үлэни толорон, Алексеевскай оройуоҥҥа үлэ саҥа рекордун олохтообута уонна «Чөмпүйүөн-тыраахтарыыс» аалай лиэнтэтин кэппитэ. Ити сыл 2704 кг уматыгы кэмчилээн I-кы миэстэни ылан, «Москвич» массыына фондатынан наҕараадаламмыта. Семен көмүс көлөһүнэ тиллэн, дьиэ кэргэн, нэһилиэк үөрүүтэ, киэн туттуута буолбута.
Киһи сороҕор идэтин тосту уларытар түгэнэ баар буолааччы. Аар айылҕа Семены ыҥырар курдуга. Биир үтүө күн кини тимир көлө уруулун булчут туут хайыһарыгар уларыппыта. Семен Потапов сопхуос кадровай булчута буолан, үрэхтэри сыыйбыта, алаастары кэрийбитэ, ыйы-ыйынан аар тайҕатыгар сылдьара. Манна да, кини бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара, били, оҕо сааһын уустук ыйытыыларын түмүгүн олох, булт мөккүөрүгэр сүөрэн үөрэрэ. 1990 сыллаахха дойдуга күндү түүлээҕи бултаан туттарыыга бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэн, «Чөмпүйүөн-булчут» үрдүк аатын сүкпүтэ.


Үлэһит киһи хаһан да соло булбат идэлээх. Сайынын «Эбэ» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар настаабынньыгынан үлэлиир, охсооччу уолаттар хотуурдарын оҥорон, сытыылаан биэрэр, оту охсорго уһуйар. Кэргэнэ Парасковья Михайловна пуобарынан тахсан, дьиэ кэргэнинэн лааҕырга көһөллөр, оҕолоро Миша, Катя, Сеня «Эбэ» лааҕырга үлэлииллэрэ.
Семен Иосифович оҕо эрдэҕиттэн сэҥээрбит саахыматынан лааҕыр оҕолорунуун тэҥнэ оонньуур, араас комбинациялары быһаарар, ити түгэҥҥэ саахымат дуоската өй тургутуутун хонуутунан буолара. Табаарыһа Иван Николаевич Карбаканов саас, күһүн Семен тыаттан киирэрин кэтээн олорон, саахыматын дуоскатын кыбыммытынан киирэн кэлэрэ. Манна баара дьиҥнээх өй киирсиитэ, истиҥ мөккүөр, кэрэ сэһэн…
Семен Иосифович Баайаҕа бэтэрээннэрин спортивнай хамаандатын чилиэнэ, куруутун хамаандатыгар кыайыыны аҕалан үөрдээччи. Кинини батыһааччы эдэр дьон элбэх. Саахымакка Иван Сыромятников, Анна Николаева, Светлана Сивцева, Ольга Неустроева, Николай Христофоров, Яков Трофимов уо.д.а. түөлбэ, нэһилиэк чиэһин элбэхтик көмүскүүллэр.

С.И.Потапов ыытар турнирдарыттан эдэр саахыматчыттар тахсан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх, ол курдук Уйгун Баайкут, Кирилл Петров, Валера Филиппов, Артур Андросов, Тускун Колосов, Ай-Хаан Хартек, Сулустаан Романов, Айарсаан Кустуров, Олимпий Николаев, Сергей Сметанин куруутун ситиһиилээхтик кытталлар.
Эдэр саахыматчыттар Милана, Аман Афанасьевтар Хабаровскайынан, Дьокуускайынан, улуустарынан күрэхтэһиилэргэ кыттан, үгүһү билэн кэлэллэриттэн, ситиһиилэриттэн кырдьаҕас саахыматчыт Семен Иосифович олус үөрэр.


Тыраахтарыыс, булчут, саахыматчыт Семен Иосифович Потапов 75 сааһын туолла. Бу тухары үлэтинэн-хамнаһынан, общественнай көҕүнэн дойдутун ааттата сылдьарыттан үөрэбит уонна ыраас санаа, истиҥ иэйии, күүстээх таптал арыаллаатын диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Маргарита Егорова, хаһыат общ.корр.

 

 

Читайте дальше