Уҕараабат үтүө санаа

Махталым, тапталым, эһиэхэ, Эдьиийдэр,

Сып-сылаас, сымнаҕас бу «көмүс илиилэр!»

(СВО кыттыылааҕын анабыл хоһооно).

Орто туруу бараан дойдуга үтүө санаалаах, аһыныгас майгылаах саха аймаҕа баарын тухары, дьон-сэргэ туһугар туруулаһар ытык дьоммутун киэн тутта ааттыырбыт тухары, норуот инникитэ сырдык кэскиллээх, бигэ туруктаах буолуоҕа. Норуокка «ойуурдаах куобах охтубат, дойдулаах киһи тутайбат» диэн уос номоҕор этиллэринии, көлүөнэ-көлүөнэни сахалыы сиэринэн, өбүгэ үтүө үгэһинэн, бэйэ үтүө холобурунан уһуйан, сайдыы суолугар сирдиир.

Билиҥҥи уустук кэмҥэ ө р ө с п ү ү бүл ү к э ү рд ү н э н «Илии сылааһа» сыах үлэтин саҕалаан, Ийэ дойдубутун көмүскүүр, дурда-хахха буолар эр хоһууттарбытын хаачыстыбалаах таҥаһынан-сабынан хааччыйарга эйэҕэс эбэлэр, күн күбэй ийэлэр, эдьиийдэр, волонтердаан, үтүө санааны үксэтэн, илиилэрин утары уунан, улахан хамсааһыны саҕалаабыттара. Та а т т а Б о р о б ул у т т а н төрүттээх, Мэҥэ Алдаҥҥа улааппыт, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайката, «Илии сылааһа» иис сыаҕын салайааччыта Ирина Егоровна Саввина үрдүк маастарыстыбатынан иис үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ тиһиктээхтик ыытыллар. Сыах үлэтин бастыҥ салайааччыта, илиитин араарбакка сыах солбуллубат таҥас быһааччытынан, үгүс дьону түмэ тардан, волонтердары салайан, үтүө сүбэнэн үөрэтэнтакайан, хамсааһын кыттыылаахтара хорсун-хоодуот дьоммутугар аналлаах үлэни кыайа-хото туталлар. Иис сыаҕа арыллыаҕыттан, соҕотох киһи кыайбат үлэтигэр, күүстээх санааны ылынан, үтүө дьыаланы үксэн, үгүс волонтер үлэлээн ааста. Ол курдук тиһигин быспакка, Дьааҥы улууһун чулуу кыргыттара Айталина Рожина бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ уонна биир дойдулаахтара, аҕам саастаах ытык дьоммут сүбэлэрин холбоон, араас улуустартан Ис дьыала уорганын бэтэрээниттэн, мэдиссиинэ билимин дуоктарыгар, хандьыдаатыгар тиийэ үтүө сүрэхтээх ийэлэр, 20 тахса кэрэ аҥар биир дьиэ кэргэн курдук сомоҕолоһон, түмсүүлээхтик үлэлииллэр. Уран тарбахтаах ийэлэр тигэр миэтэрэнэн таҥастарын, салайааччы бэйэтэ сүүрэнкөтөн, норуот күүһүнэн хаачыстыбалаах таҥаһы-сабы Новосибирскай куораттан аҕалтаран, илии сылааһын иҥэрэллэр.

Иис сыаҕын биир бэриниилээх волонтерунан Таатта улууһун Алдан нэһилиэгиттэн төрүттээх, Тыараһа нэһилиэгин олохтооҕо, биэс оҕо күн күбэй ийэтэ, уон алта сиэн эйэҕэс эбэтэ Сусанна Николаевна Нахова буолар. Кини дьоллоох Дьокуускай куоракка сиэннэрин көрө олорон, сыахха волонтердары ыҥырбыттарыгар амарах санаатынан, аһыныгас сүрэҕин этиитинэн, туора турбакка, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» сыахха үлэлиир бигэ санааны ылыммыта. Улахан дьиэ кэргэн ытык киһитэ, 7 ый устата үтүө санааны ыһыктыбакка, ийэлии истиҥ иэйиитинэн Дзержинского 76 аадырыс «С» куорпус иистэнэр сыаҕын биир төһүү иистэнньэҥинэн буолар.

Сусанна Николаевна Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэр кэмигэр иискэ Лия Захаровна Коркинаҕа уһуйуллубута, учуутала Зинаида Михайловна Колодезникова бастыҥ сатабылы иҥэрбитэ. Ол кэмтэн саҕалаан, иискэ дьоҕурдаах ийэ кыралаан иистэнэрэ. «Илии сылааһа» иис сыаҕар үлэлии сылдьан тус бэйэтигэр сыал-сорук туруорунан биир күҥҥэ үөһэ, аллараа өттүлээх толору кэмпилиэк таҥаһы, эбэтэр 20 футболканы тигэн бүтэрэрэ. Сыахха илиилэрин ыһыктыбакка тохтоло суох үлэлиир иистэнньэҥнэр көмөлөрүнэн үгүс таҥас тигиллэр. Ол курдук, араас көрүҥ таҥастан турар «Эр Хоһуун» кэмпилиэктэрэ киэҥ биһирэбили ылар. Манна хаачыстыбалаах матырыйаалтан тигиллибит х/б көстүүм (куурка, бүрүүкэ), искэ кэтиллэр таҥас кэмпилиэгэ, футболка, мөһөөччүктээх ардахха кэтиллэр көстүүм, флис таҥаһынан тигиллибит толстовка, тактическай ырбаахы, куллуку, снуд, төбөҕө кэтиллэр панама, балаклава, ДЮСПО куурка, рюкзак киирэр. Үрдүкү салалта уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын быһаччы өйөбүлүнэн үлэлиир «Илии сылааһа» иистэнэр сыах волонтердара, өрөбүл күнү аахсыбакка, тохтоло суох үлэлииллэр. Иистэнэр сыах Далбар Хотуттара дойдубутун көмүскүүр хорсунхоодуот дьоммутугар ийэлии истиҥ сыһыаннарынан арчылыыр, сөҕүрүйбэт тапталларынан араҥаччылыыр илиилэрин сылааһынан угуттаммыт үтүө дьыала хамсааһыныгар анабыл хоһооннор тохтор тойук буолан кутуллаллар, сүрэх кылын таарыйар, кэскили түстүүр ырыалар айыллаллар.

Иистэнэр сыах көмүс илиилээхтэригэр Дьокуускайдааҕы РБ-2 балыыһа үрүҥ халааттаах аанньалларын «Айылҕаана» ырыа ансамбыла Вероника Ксенофонтова — Сардаҥа тылыгар, Анна Рожина матыыбыгар «Илии сылааһа» истиҥ иэйиилээх ырыаны бэлэх ууммуттара:

…Эн илииҥ сылааһа

Харысхал кэриэтэ

Буор куппун угуттаан,

Санаабын күүһүрдэр…

А н а л д ь а й ы ы г а ыҥырыллыбыт саха эр хоһууна илии сылааһын иҥэрбит ийэлии истиҥ иис сыаҕын волонтердарыгар махтал тыллаах хоһоонун анаабыта:

…Махталым бэлиэтин ыксары кууһуоҕум,

Сибэкки дьөрбөтүн эһиэхэ бэлэхтиэм!

Эһиги сүрэххит, илиигит сылааһын

Мин өрү ү махталлаах күннэтэ кэтиэҕим,

Кыайыы көтөллөөх эһиэхэ кэлиэҕим…

Талаан норуокка дииллэринии дойду үрдүнэн норуот талааннаахтара санааларын холбоон, волонтердар сомоҕолоһо түмсэн, хорсун дьоммутугар сыаналаммат сүрэх сылааһын иҥэрэллэрэ махталлаах дьыала.

СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үтүө санаалаах Далбар Хотуттар көмөлөрүнэн үгүс маастар-кылаас ыытыллар. Биһиги биир дойдулаахпыт, айылҕаттан бэриллибит иистэнэр дьоҕурдаах Сусанна Николаевна «Илии сылааһа» иис сыаҕын биир барыны сатыыр сатабыллаах маастарынан буолар. СӨ Бырабыыталыстыбата тырааныспарынан хааччыйан, иис сыаҕын бастыҥ иистэнньэҥнэрин кытта элбэх оҕо ийэтэ, үгүс сиэн эбэтэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар маастар-кылаас ыыппыта. Ол курдук сыах маастара, «норуот киһитэ» сайаҕас, элэккэй майгытынан, бастыҥ сатабылынан Амма (Амма, Мээндиги), Мэҥэ Хаҥалас (Төҥүлү), Кэбээйи (Мукучу), Мэҥэ  Хаҥалас (Майа), Уус Алдан (Дүпсүн), Нам, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай улуустарыгар нэһилиэнньэ дьонун иис сатабылыгар уһуйарга сэмэй кылаатын киллэрсибитэ. Модун санаалаах иистэнньэҥ сылдьыбыт улуустарыгар баһылык солбуйааччылара, тэрилтэ салайааччылара уонна эр дьон кылгас кэм иһигэр иистэнэр маастарыстыбаҕа үөрэнэн, уһуйуллуу оскуолатын ааһан, истиҥ махталларын анаабыттара. Дьон-сэргэ махталын ылбыт иис маастардара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҥорор үтүө дьыалаларынан сыаналаммат кылааты киллэрэллэр.

Үрдүкү салалта уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, куттал суох буолуутун хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков өйөбүллэринэн маҥнайгы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үлэ иис ыһыаҕа» күрэс Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр тэриллибитэ. Күрэскэ сэттэлии иистэнньэҥнээх 11 хамаанда көхтөөх кыттыыны ылбыта. Иккис улахан күрэскэ уонтан тахса хамаанда кэтэхтэн кыттан, «Илии сылааһа» сыах үлэтин-хамнаһын эйгэтэ кэҥээбитэ. Үлэ үтүө түмүгүнэн нэһилиэнньэ дьоно-сэргэтэ иис сатабылыгар уһуйуллан, маастарыстыбалары баһылаан, билигин өрөспүүбүлүкэ 13 улууһугар уҕараабат үтүө санаанан салайтаран, уон биэс «Илии сылааһа» сыах филиала аһыллан, тиһигин быспакка тигинэччи үлэлии турар. Төһүү күүс көмөтүнэн илии сылааһын иҥэрэр туһугар көдьүүстээх үлэ салҕана турара кэрэхсэбиллээх.

 

Сусанна Нахова: «Эр Хоһуун» көхсүгэ сүгүллэр суумка хаачыстыбалаах таҥастан-саптан тигиллибит кэмпилиэк ураты күн-дьыл туругар эппиэттэһэр, саха киһитигэр харысхал быһыытынан үрдүктүк сыаналанар», — диэн санаатын үллэстэр. «Илии сылааһа» сыах волонтера төрөппүт оҕолоро ылсыбыт үтүө дьыалатын өйөөбүттэригэр муҥура суох махтанар. Улахан хамсааһыҥҥа үтүө суобастаахтык көмөлөһөр Далбар Хотуттар үлэлииллэрин көрөн, ийэлии истиҥ сырдык санаалаах иистэнньэҥнэр хаачыстыбалаах үлэни өрө тутан, кичэллээхтик тигэллэриттэн элбэххэ үөрэммитин бэлиэтиир. Сыах түмсүүлээх, тулуурдаах, дьулуурдаах кэрэ аҥардара сомоҕолоһон, бары биир тыынынан бириэмэни сөптөөхтүк а т т а р а н үл э л и и л л э р и н сөҕөр. Уопсастыбаннай үлэҕэ ылсыһан, билигин улуустарга тэриллибит сыах филиалларыгар түүннэри-күннэри үтүө сүбэтинэн көмөлөһөр волонтер, ардыгар, «олоххо бэйэтин миэстэтин булуммут» курдук сананар.

 

Сусанна Нахова сыах үлэтин салгыырын өйөөн, «Тыараһа нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин олохтоох дьаһалтата иистэнэргэ сөптөөх миэстэни анаата.

Онон «Илии сылааһа» сыах Далбар Хотуттара саҕалаабыт үтүө дьыалаларын эйгэтэ кэҥии турарыгар баҕарыаҕыҥ!

Мария ПАВЛОВА.

Киэҥ далааһыннаах үлэни кэпсиир хаартыскалар 

Читайте дальше