Сыл-хонук дииллэрэ кырдьык эбит. Учууталбыт барахсан Надежда Федоровна Габышева 100 сааһын туолбутун истэн, олох саҥардыыта эрэ оскуоланы бүтэрэн, тарҕаһар күммүт үүммүтүн санаан кэллим…

Биһиги кылаас олус дьоллоох эбиппит. Оччотооҕу кэмҥэ Игидэй оскуолатыгар үлэлэригэр олус бэриниилээх, оҕо туһугар олохторун анаабыт чулуу учууталларга үөрэммит дьоллоохпут! Учууталларбыт бары олус кыраһыабай, бары өттүнэн кэрэ дьон этилэр. Кинилэртэн биирдэстэринэн Надежда Федоровна Габышева буолар. Кини биһигини бэһис кылаастан саҕалаан, оскуоланы бүтэттэрэн, олох киэҥ аартыгар атаара турара бу баарга дылы. Олус да наҕыл-холку майгылааҕа, кэрэ дьүһүннээҕэ, уурбут-туппут курдук чочуонай быһыылааҕа-таһаалааҕа. Биһиги кинини көрөөт да, олус таптаабыппыт, учууталбытынан куруук киэн туттарбыт. Учууталбыт саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэтэрэ. Надежда Федоровна кэпсээниттэн улуу суруйааччылар тустарынан бастакы билиилэри ылбыппыт, маҥнайгы уус-уран кинигэҕэ тапталы иҥэриммиппит. Учууталбыт кэпсиирэ интэриэһинэй буолан, олох умсугуйан олорон истэрбитин билигин да умнубаппын. Үөрэтэр биридимиэтигэр учууталбыт ааҕарбытын ирдиирэ, олус элбэҕи ааҕар этибит. Оччотооҕу кэмҥэ билиҥҥи курдук ыһылла сытар кинигэ да суоҕа. Ол да буоллар, син булан-талан ааҕан кэлэрбит. Ол кэмнэ учууталбыт үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлиирэ. Бука, олох солото суоҕа эбитэ буолуо да буоллар, кылаас салайааччытын быһыытынан интэриэһинэй бэсиэдэлэри, ураты көрсүһүүлэри тэрийэрэ. Ол саҕана Игидэй оскуолата  учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт тирэх оскуолатын быһыытынан өрөспүүбүлүкэ  учууталларыгар араас сэминээрдэри тэрийэн, үөрэх үлэһиттэрэ аһаҕас уруоктары ыытан, бастыҥ үөрүйэхтэрин атастаһаллара. Онно биһиги учууталларбыт чаҕылхай уруоктары көрдөрөн, ситиһиилээхтик үлэлииллэрин кэлин учуутал буолан баран элбэхтик истэр этим. Оччотооҕу кэмҥэ Игидэй оскуолатыгар үлэлии сылдьыбыт учууталлар кэлин инспекторга тиийэ үүнэн, сэминээрдэри тэрийэллэрэ. Ол курдук министиэристибэ аатырбыт инспектора Иосиф Иосифович Чарин, ЯРИУУ инспектора Николай Васильевич Егоров бааллара. Мин кууруска үөрэнэ сырыттахпына Николай Васильевич Егоров миигин көрсөн, Игидэй оскуолатын ыйытан анаан кэпсэтэрэ уонна миигин «Игидэй кыыһа» диэн ааттаатаҕына дойдубунан, учууталларбынан киэн туттарым. Николай Васильевич үлэлээбит оскуолатын ол курдук өрө тутара.

Надежда Федоровна биһиэхэ оҕо эрдэхпититтэн нэһилиэк историятын үөрэппитэ уонна чинчийэр үлэҕэ сыһыарбыт үтүөлээх. Бэһис кылаастан саҕалаан биһиги нэһилиэк кырдьаҕастарын кэрийэ сылдьан маҥнайгы холкуос тэриллиитин, бастакы комсомолецтар, ревком чилиэннэрин туһунан матырыйааллары хомуйарбыт. Биhиги онтон бэйэбит ортобутугар баар Гоша Марков аҕата, Аня Ордахова ийэтэ, Маша Пахомова эһэтэ историяҕа киирбит дьон буолалларын туһунан элбэҕи билбиппит. Надежда Федоровна нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Оччотооҕу кэмҥэ учууталлар араас сырдатар үлэни тэрийэн, полит-тэрийээччи, нэһилиэк Сэбиэтин дьокутааттара буолан, үлэ оргуйар үөһүгэр сылдьаллара. Култуурунай-сырдатар үлэҕэ учууталбыт араас инсценнировкаҕа, пьесаҕа кыттара. Онно Семен Ефимович Егоров, Васильев Иннокентий Григорьевич, Надежда Федоровна сүрүн оруолларга оонньуур артыыстарынан буолаллара. Кинилэр кулууп сыанатыгар оонньуулларын олох дьиҥнээхтик сүрэхпитинэн-быарбытынан ылынарбыт. Биирдэ Николай Якутскай «Көмүстээх үрүйэ» сэһэниттэн быһа тардан көрдөрбүттэрин субу баар курдук үчүгэйдик өйдүүбүн. Кэлин учуутал буолан баран, айымньыны үөрэтэрбэр Надежда Федоровна Арапааһы, Семен Ефимович Опарин атыыһыты оонньообуттара харахпар көстөн кэлэрэ, ол курдук норуот артыыстара оонньообуттарын күүскэ ылыммыппын сөҕөбүн. Онон учууталбыт ханнык баҕарар үлэҕэ да, тэрээһиннэргэ кыттыытынан, айымньылаах үлэтинэн олох хас биирдии үөрэнээччигэ, нэһилиэк олохтооҕор биллэр суолу-ииһи хаалларбыта саарбаҕа суох. Кини төһөлөөх оҕону үөрэтэн, сөптөөх идэни баһылыылларын туһугар утуйар да уутун умнара диэтэххэ сымыйа буолбата буолуо. Олох солото суох сылдьан, үөрэххэ киирэрбитигэр бэлэмнээн, эбии дьарыктыыра. Ол курдук 10 кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, ким ханна үөрэнэ барарын эрдэ чуолкайдаан, онно сөптөөх үлэни тэрийэрэ. Холобура, миигин, Нюта Прокопьеваны уонна армияттан кэлбит мин убайбын Борис Никифоровы саха тылыгар, литературатыгар бэлэмнээн, күнүн-дьылын ыыппыта таах хаалбатаҕа. Биһиги ол сайын улахан куонкуруһу ааһан, 200 оҕоттон 25 миэстэ иһигэр хапсан, СГУ саха салаатыгар ситиһиилээхтик туттарсан, Борис биһикки үөрэххэ киирэн дьолломмуппут. Оттон Нюта Прокопьева Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа саха тылын, литературатын преподавателинэн таһаарыылаахтык үлэлээн, Анна Петровна Козлова диэн аатынан киэҥник биллэр учуутал буола үүммүтэ. Быйыл мин оскуолаҕа учууталым Надежда Федоровна үрдүк аатын өрө тутан, Ийэ тыл учууталынан 40 сыл үлэлээн, университеты бүтэрбитим 50 сыла буолла. Бу буолар мин учууталым Надежда Федоровна 100 сааһыгар дьоһун бэлэҕим. Учууталым үөрэппитин-такайбытын курдук биэс кылааһы кылаас салайааччытын быһыытынан выпусктаан, олох киэҥ аартыгар атааран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Бу сыллар тухары мин үөрэммит оскуолабын санаабатах күнүм суох, учууталларбын ааҕа ааттаан туран барыларыгар: Пётр Георгиевич Нестеревкэ, Елена Иннокентьевна Марковаҕа, Надежда Федоровна Габышеваҕа, Филипп Никифорович Марковка, Анна Яковлевнаҕа, Иван Николаевич Пахомовтарга, Андрей Васильевич Андросовка, Афанасий Константинович Ивановка, Василий Егорович Большаковка, Клавдия Ивановна Егороваҕа о.д.а. барҕа махталлаахпын.

 Надежда Федоровна Филипп Никифоровичтыын ыал буолан, элбэх оҕолонон, дьоһун мааны ыал үрдүк аатын ылан, үтүө холобур буолаллара. Оттон Филипп Никифорович туһунан эмиэ туспа кэпсээн суруйуохха сөп. Филипп Никифорович историк быһыытынан олус үчүгэй учуутал этэ. История курдук киэҥ хабааннаах биридимиэти хас биирдии оҕоҕо тиэрдиэх диэтэххэ, манан аҕай дьыала буолбатах. Сөҕөрүм диэн, кини олус интэриэһинэйдик кэпсээн иһэн, тиэмэбитин дьэ ылсан эрдэхпитинэ, «дьиэҕитигэр салгыы ааҕыҥ, аныгыскыга эһиги кэпсиэххит» диир буолара. Оннук интэриэһи тардар ньыманы туһанан, хайаан да ааҕарбытын ситиһэрэ. Аны Филипп Никифорович сыл ахсын туризм куруһуогар кылаастартан оҕолору ылан бэлэмниирэ. Сайын саҕаланыыта хонууга илдьэн от-мас аатын үөрэтэн, туохха туһалааҕын кэпсиирэ. Геология хайысхатыгар таастары чопчу билиэхпитигэр диэри быһаарара. Компаһынан ханнык да хайысханы буларга, муммат да, мунаарбат да сатабылы сайыннарары ситиһэрэ. Аны «семафор» диэн былааҕынан төһө баҕарар уһун этиини өйдүүр дьоҕуру баһылыырбыт. Ону таһынан похуокка Петр Алексеев музейыгар сатыы сылдьар этибит. Онно Петр Алексеев олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын сиһилии кэпсиирэ. Дьиэрэҥ-нээххэ Э.К. Пекарскай бала-ҕаныгар да сылдьарбыт. Оҕо сылдьан Э.К. Пекарскай картотекатын көрбүппүн уонна «Русский вестник» хаһыат баайыллан сытарын олох өйдөөн хаалбытым. Бука, Пекарскай бэйэтэ баайан хааллардаҕа дии саныырым. Ити похуокка баран иһэн, Филипп Никифорович «Всадник без головы» айымньыны олус интэриэһинэйдик кэпсиирин таттаран туран истэр этибит, тохтоон хааллаҕына, өссө салгыытын кэпсээ диэн хаайар буоларбыт. Кэлин устудьуоннуу сылдьан, куоракка ол киинэ буолбутун көрөн баран, сиһилии да кэпсээбит эбит диэн сөҕө санаабытым. Дьэ, ити курдук Надежда Федоровна холоонноох доҕоро эмиэ үөрэнээччи кутун туппут, дириҥ билиини иҥэрбит оҕо тапталлаах учууталынан буолан, бэйэтин биридимиэтин эҥкилэ суох үөрэтэрин таһынан, хас биирдии үөрэнээччигэ кинигэҕэ тапталы иҥэрдэҕэ, төрөөбүт дойдуга, сиргэ-уокка сылдьар сатабылын иҥэрэн, айылҕа дьиктилэрин билэ сатыырга уһуйан, оҕо дэгиттэр сайдарын ситистэҕэ. Кэлин учууталлыы сылдьан үөрэнээччилэрбэр эмиэ туризмҥа тапталы иҥэрэн, кылааһым оҕолоро бириистээх миэстэттэн түспэт этилэр. Ол учууталым Филипп Никифорович уһуйуута таах хаалбакка, идэбэр күүс-көмө буолбутун туоһута.

Надежда Федоровна Тааттаҕа кэлиэн иннинэ маҥнай үөрэҕин бүтэрэн баран, Горнай оройуонугар үлэлээбитин  ахтара. Онно кини Савва Тарасовы, Петр Аввакумовы үөрэппитин астына кэпсиирэ, кэлин иккиэн биллэр суруйааччы буолбуттарын өрүү сырдатара. Ол курдук Савва Тарасов норуодунай суруйааччы буола үүммүтүн учууталбыт барахсан билбэккэ Орто дойдуттан бараахтаабыта буолуо. Оттон талааннаах суруйааччы Петр Аввакумов редактор буолан, сахалыы хаһыат сайдыытыгар сыратын-сылбатын ууран, кинигэ бөҕөнү бэчээттэтэргэ олоҕун анаан, норуот тапталлаах суруйааччыта буолбутун киэн тутта ааттыыбыт. Ол курдук биирдэ Павловскайга бу икки суруйааччы көрсүһүүгэ кэлбиттэригэр мин кинилэри көрсөн, үөрэн-көтөн туран, мин учууталым Надежда Федоровна эһигини үөрэппитин биһиэхэ куруук кэпсиир буолара, эһигинэн киэн туттара диэн этэн турардаахпын. Онно иккиэн олус долгуйбуттара, ол өрдөөҕү кэми санаан-ахтан, махтанан ааспыттара. Оччолорго Надежда Федоровна эдэркээн сааһыгар үлэлээбитин, бэйэтин бэлиэ суолун хаалларбытын сэһэргээн, букатын миигин учууталбыт оҕото эбиккин диэн ураты харахтарынан көрөн, учууталыҥ туйаҕын хатарар үтүөкэннээх учуутал буол диэн алҕаабыттара. Тапталлаах учууталбыт Надежда Федоровна хас да көлүөнэ ыччаты үөрэппитэ, ииппитэ, үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдээбитэ үйэлэргэ салҕана туруохтун.

Оҕо сааспыт биир бэлиэ умнуллубат түгэнин ахтары наадалааҕынан ааҕабын. Ол учууталбыт Надежда Федоровна биһигини 9 кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, кыһыҥҥы сынньалаҥҥа дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка экскурсияҕа илдьэ сылдьыбыта. Онно төрөппүттэрбит барахсаттар айан харчытын булан, туттарга туспа хармаан харчылаан күүлэйдэтэ ыыппыттара. Дьокуускайга тиийбиппитигэр учууталбыт үөрэнээччитэ Савва Тарасов сүүрэн-көтөн, Москваҕа көтөр билиэппитин атыылаһарга көмөлөспүтэ. Онон туох да хаайтарыыта, мэһэйэ суох Москваҕа көтөн тиийэн, араас музейдары көрөн, театрдарга кэнсиэргэ сылдьан, устуоруйа кэрэ миэстэлэринэн дуоһуйа күүлэйдээн, Бородино панораматын сөҕө көрбүппүтүн олох умнубаппыт. Оччотооҕу кэмҥэ учууталбыт Дьокуускайга да сылдьа илик оҕолору Улуу Москва куоракка илдьэн көрдөрбүт түгэнин оҕо сааспыт биир саамай күндү, дьоллоох кэминэн ааттыыбыт.

Билигин санаатахпына, Надежда Федоровна биһигини оскуоланы бүтэттэрэн баран, нэһилиэк олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Онно да кини олус таһаарыылаахтык үлэлээн, үгүс сыратын биэрбитэ. Ол кэмҥэ кини доруобуйатын харыстаабакка улахан сынньалаҥа суох үлэ үөһүгэр сылдьан, эрдэ олохтон туораабыта. Билигин сааһыран олорон санаатахпына, олоҕун барытын нэһилиэгин туһугар, үөрэх сайдыытыгар, кэнчээри ыччат кэскилигэр, нэһилиэк материальнай-духуобунай баайа хаҥыырыгар анаабыта.

Дьэ, итинник этэн туран, САССР уонна РСФСР үтүөлээх учуутала Надежда Федоровна Габышева  биһиги тапталлаах учууталбыт, кылааспыт салайааччыта 100 сааһын туолбутун бэлиэтээн туран, баарыгар эппэтэх махталбын хаһыат нөҥүө тиэрдэбин. Учууталым үрдүк аатынан салайтаран, мин 40 сыл Мэҥэ Хаҥаласка уонна Анаабыр улууһугар саха тылын уонна литературатын үөрэтэн, ыччакка төрөөбүт тылбыт барҕа баайын иҥэрэн, киһи быһыытынан кэрэ дьону иитэн, дьон-сэргэ махталын, үөрэнээччи тапталын, билиниитин ылан, «Педагогическай энциклопедия» 4 туомугар бастыҥ учуутал быһыытынан ааттанан, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Учууталларын учуутала, СӨ үөрэхтээһинин бочуоттаах бэтэрээнэ буолбутум.

Өр кэтэспит баҕа санаам туолан, учууталбыт Надежда Федоровна Габышева  быйыл 100 үбүлүөйдээх сылынан кинигэ бэчээттэнэн тахсарыттан үөрэн туран,  кини киэҥ далааһыннаах үлэтэ, олорбут олоҕо киэҥник сырдатыллан, нэһилиэк култуурунай олоҕор, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһиҥҥэ хаалларбыт сүдү суола-ииһэ бэлиэтэнэн, историяҕа киирэр Сүдү Учуутал сырдык аата ыччакка холобур буола турарыгар баҕарабын.

Елена Гаврильевна ГЕРМОГЕНОВА.

Читайте дальше