Күндүтүк саныыр биир дойдулаахтарым, убаастабыллаах сэрии-тыыл ветераннара, сэрии сылларын оҕолоро, күндү дьоммут!

Бука барыгытын ис сүрэхпиттэн Улуу Өрөгөй күнүнэн, улуу Кыайыы күнүнэн Сир дойду үрдүнэн иллээх олох туругурбут дьоллоох күнүнэн — ыам ыйын 9 күнүнэн итиитикистиҥник эҕэрдэлиибин.  Күннэр-дьыллар ааһан истэхтэрин ахсын Аан дойду үрдүнэн оччотооҕу кэмнэри, улуу Кыайыы, Эйэлээх олох хайдахтаах курдук сүҥкэн улахан сиэртибэнэн кэлбитин кэпсиир, кэрэһэлиир, санатар күндү дьоммут, улуу Кыайыы сырдык өйдөбүллэрэ бу дойдуттан баран, сүтэн истэхтэрин ахсын мүлүрүйэн иһэргэ дылы. Киһи хомойоро баар —  сорох дойдуларга историяны токурутан, түөрэ атын өйдөбүллэри олохтоон, онно бүтүн көлүөнэлэри иитэн таһаарбыттарын көрөҥҥүн бэркиһиигин, кэлэйэҕин. Аҕа дойду улуу сэриитин дьиҥ историятын бары билиэх кэриҥнээхпит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сыа-сым курдук тутан тиэрдэн иһиэхтээхпит! Биир да өйдөбүл өлбөөдүйүө суохтаах! Бу биһиги хас биирдиибит ытык сорукпут! Биһиги өйдүүрбүт тухары, өлүүнү кыайбыттар өлбөттөр. Ытык иэс толоруллуохтаах фроҥҥа уонна тыылга улуу Кыайыыны уһансыбыт күндү дьоммут сырдык кэриэстэригэр.  Умнумуоҕуҥ улуу Кыайыы күнүн, оҕолорбут, сиэттэрбит өйдүүллэрин, ытыгылыылларын, Эйэлээх көҥүл олоҕу харыстыылларын уонна сыаналыылларын туһугар. Кыраттан кыйыттыбат, дуона суохтан сынтарыйбат, кыраны-кыамматы аһынар, аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар үтүө киһини иитэн таһаарар туһуттан.  Үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин Сэбиэскэй норуот улуу Кыайыыта, сырдык сарыаллаах ыам ыйын 9 күнэ. Үүнэн-үрдээн иһиэҕиҥ, үүнэнсайдан иһиэҕиҥ, хас биирдии үүнэр күнтэн үөрүөҕүҥ, көҥүл күнү уруйдуу, эйэлээх олоҕу эҕэрдэлии — өбүгэ дьоммут оччолорго, эдэр буойун уолаттарбыт билиҥҥи кэмҥэ ситэ олорботох олохторун салҕыы, кинилэр сырдык кэриэстэрин толоро!

Эҕэрдэни кытта норуот депутата Прокопий Рахлеев.

Читайте дальше