Истиҥ таптал уйатын
Биһиктээбит дьиэ кэргэн.

Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырыгар Дьиэ кэргэн сылынан улуус киэн туттар бастыҥ ыалларын бары өттүттэн арыйар сэргэх тэрээһин буолан ааста. Бу күн үс түһүмэхтэн турар улуустааҕы «Бастыҥ дьиэ кэргэн» түһүлгэтигэр 7 ыал көхтөөх кыттыыны ылла.

Үөрүүлээх тэрээһин үгүһү кэпсиир, элбэҕи сэһэргиир «Уйгулаах саха ыалын сатабыла» айар быыстапканан, бэйэ бородууксуйатыттан атыы-тутуу дьаарбаҥкатынан саҕаланна.

 

Дьүлэй нэһилиэгиттэн Сардана, Анатолий Никитиннэр дьиэ кэргэн уран тарбахтарынан нарылаан тикпит ыаҕайаларын, оҕуруонан брошкалары, киэргэллэри, алмаас мозаикатыттан хартыыналары, оҕолорун бастыҥ
ситиһиилэрин, ону тэҥэ дьиэ кэргэн нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттыытын, күннээҕи олоҕу сырдатар хаартысканан
истиэндэлэрэ киэҥ сэҥээриини ылла.

Алдантан Валерия, Ярослав Чириковтар бэлэххэ аналлаах сувенирдары, оҕону сайыннарар Саха сирин каартатын,
алтыа бэйэлэригэр анаммыт дьиэ кэргэн дьаралыгын, аныгы ньыманан оҥоһуллубут кэрэ аҥардар ытарҕаларын
көрдөрөр сэргэх быыстаапканы туруордулар.

 


Дьүлэй нэһилиэгиттэн Сардана, Петр Чупровтар Баай Байанай бэлэҕэ кустаах, көмүс хатырыктаах соболоох, хатта, убаһа эттээх, оҕуруот астаах ураһалара, саха ыалын тэлгэһэтин иһигэр көмүлүөк оһох тулатыгар саха мааны аһа
саламааттаах, арыылаах алаадьылаах, чорооҥҥо кутуллубут үрүҥ илгэни киэргэтэн туруорбуттар. Ону таһынан тулалыыр айылҕаттан чэй арааһын, күөх харыйа оонньуурдарын, умнуллубат түгэни кэпсиир хаартыскалары, кыайыы өрөгөйүн туоһулуур дипломнары, мэтээллэри туруорбуттар.

Илгэлээх Игидэй сириттэн Любовь, Егор Захаровтар аныгылыы сиэрдээх, ураты көстүүлээх бэлэх оҥоһуктара
дьон-сэргэ улахан болҕомтотун тарта. Биэс оҕолоох дьиэ кэргэн кыыстара быыстапканы минньигэс амтаннаах «Бельта» тордунан киэргэттэ.

Дьүлэй дьоһун ыала Валерия, Александр Потаповтар дьиэ кэргэн төрүт өбүгэ туос оҥоһуктарын тилиннэриигэ
үлэлэһэр бастыҥ оҥоһуктарын, үтүө үгэс быһыытынан олохсуйбут, үгүс төрөппүккэ туһалаах сүбэлэри биэрэр
«Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии кистэлэҥнэрэ» хаартысканан сырдатыллыбыт истиэндэни туруордулар.

 

Уус Амма нэһилиэгиттэн Галина, Алексей Варламовтар быыстапкаҕа кэрэ аҥар уонна эр киһи кыл сэлээппэтин, хабахтан, тирииттэн уонна баайыы саптан тигиллибит суумка арааһын, тирии кырадаһыныттан уонна таҥас
олбохторо киэҥ биһирэбили ылла.

Улуустааҕы «Бастыҥ дьиэ кэргэн» күрэс төлкөлөөх түһүлгэтэ Иван Иванов үтүө тылын амалыйбыт алгыһынан
аһылынна.
«Бастыҥ дьиэ кэргэн» түһүлгэ маҥнайгы түһүмэҕэр хараҕы манньытар, сүрэҕи үөрдэр дьоһун ыалларбыт
дьиэ кэргэни толору арыйар бэйэни билиһиннэрии тургутугун аастылар. Хас биирдии дьиэ кэргэн бары сатабылларын киллэрэн, хомоҕой тылынан уустаан-ураннаан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, дириҥ суолталаах «Дьиэ кэргэн дьаралыгын», төрүт өбүгэ саҕаттан тэнийбит төрүччүлэрин сырдаттылар. Ону тэҥэ көрөөччүлэри
сонурҕатар дьиэ кэргэн кэрэ кэпсээнин сэһэргиир туруорууну көрдөрдүлэр, ылбаҕай ырыаларын, сүргэни көтөҕөр
үҥкүүлэрин бэлэх ууннулар. Бу түһүмэххэ саха музыкальнай инструменын уонна хомус дьүрүскэн дорҕоонун доҕуһуолунан тойуктаан да ыллылар, минньигэс аһынан күндүлээтилэр, сэргэх видеопрезентациянан дьиэ кэргэттэрин сырдаттылар.
Ол кэннэ дохсун ытыс тыаһынан биирдиилээн дьоһун-мааны ыалларбыт талба талааннарын көрдөрдүлэр.
Үс түһүмэхтээх улуустааҕы бастыҥ дьиэ кэргэн күрэс түмүгүнэн:

«Бастыҥ сахалыы таҥас» анал аат — Захаровтарга (Игидэй нэһилиэгэ)

«Иллээх дьиэ кэргэн» анал аат — Никитиннэргэ (Дьүлэй нэһилиэгэ)

«Өбүгэ үгэһин утумнааччылар»  анал аат — Потаповтарга (Дьүлэй нэһилиэгэ)

«Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн» анал аат — Чириковтарга (Алдан нэһилиэгэ)

«Айар куттаах дьиэ кэргэн» анал аат — Варламовтарга

«Эдэр дьиэ кэргэн» анал аат — Шестаковтарга

«Тыа сирин бастыҥ ыала»Чупровтарга туттарылынна.
Улуус дьоһун ыалларыгар нэһилиэк дьаһалтатын сэмэй бэлэхтэрэ, сэртипикээттэр ананнылар.
Улуустааҕы күрэс дьүүллүүр сүбэтин быһаарыытынан Чириковтар (Алдан нэһ.), Потаповтар (Дьүлэй нэһ.), Шестаковтар (Таатта нэһ.), Чупровтар (Дьүлэй нэһ.) дьиэ кэргэттэрэ салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи
күрэскэ кыттар чиэскэ тигистилэр.

Мария Павлова.

Читайте дальше