Ахсынньы 4 күнүгэр Уолба нэһилиэгэр саха өрөспүүбүлүкэтигэр норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала буолбут чулуу айымньыбыт Олоҥхо уонна саха норуотун музыкальнай инструмена Хомус күннэригэр аналлаах, ону таһынан биир дойдулаахпыт олоҥхоһут, фольклорист, саха бастакы үөрэхтээх дьахтара М.Н.Андросова — Ионова 160 сыллаах үбүлүөйдээх сылын көрсө Иннокентий, Виктория Боппосовтар сылаас, тупсаҕай оҥоһуулаах балаҕаннарыгар “Олоҥхо омуннаах оонньуута” дьоро киэһэ буолан ааста.
Бу киэһэ тэрийээччилэр уонна балаҕан хаһаайыттара сахалыы сиэринэн аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан, сыалаах саламаатынан айах тутан, боҕуруоскай оту буруолатан сыт таһааран арчылаан, хомус тыаһынан арыаллатан кэлбит ыалдьыттары күн төгүрүк алаадьынан күндүлээтилэр. Нэһилиэк көхтөөх олохтооҕо, саха остуол оонньууларын көҕүлээччитэ Василий Еремеевич Попов кырачаан оҕолору, мустубут ыалдьыттары хабылык, хаамыска оонньуутугар үөрэттэ. Дьэ бу кэннэ, “Ноо!” — диэн доҕуһуоллаах, “Дьэ эрэ!” — диэн сэҥээриилээх олоҥхо истиитэ саҕаланна. Бастакынан “Кэнчээри” уһуйаан кырачаан иитиллээччитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхоһут кыыс-2023” күрэс “Кылаан Чыпчаал” кыайыылааҕа Василина Рахлеева уонна “Чобуо олоҥхоһут” анал аат хаһаайына Амелия Егорова “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан толорууларын иһиттибит. Бу кэннэ, орто оскуола үөрэнээччитэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо Кидс” күрэс “Кырачаан олоҥхоһут” анал аат кыайыылааҕа, “Үс сулус” айымньылаах уонна научнай үлэлэр кииннэрэ Олоҥхо күнүгэр анаан тэрийэн ыыппыт “Олоҥхо — ART” республикатааҕы күрэстэрин лауреата Устя Лазарева П.Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” уонна нэһилиэк “Дьэ-буо” олоҥхо түмсүүтэ М.Н.Андросова — Ионова “Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара” олоҥхону толорууларын ыалдьыттар сэҥээрэ иһиттилэр.
“Олоҥхо омуннаах оонньуута” бэрт сэргэх, сонун тэрээһин нэһилиэк олохтоохторун түмэ тарта, ыалдьыттар саха мааны астаах сандалытын тула олорон сэһэргэһэн, астынан дуоһуйан тарҕастылар.
Ыалдьытымсах, минньигэс астаах балаҕаммыт хаһаайыттарыгар, Уолба оҕолорун сүүрбэттэн тахса сыл устата олоҥхону толорууга ситиһиилээхтик уһуйан үөрэтэр “Кэнчээри” уһуйаан музыкальнай салайааччыта Виктория Всеволодовнаҕа уонна кэргэнигэр Иннокентий Трофимовичка, бары кыттааччыларбытыгар Игнатий Слепцов аатынан НАК үлэһиттэрин аатыттан махталбытын тиэрдэбит.
Виктория Семенова, Игнатий Слепцов аатынан НАК уус — уран салайааччыта, Уолба