“Умсулҕан-2023” литератуурунай лааҕыр быйыл сүүрбэ үһүс сылын үлэлиир. Лааҕыры төрүттээбит Оксана Прокопьевна Андросова ис сүрэҕиттэн кыһаллан-мүһэллэн туран үлэлэттэ. Хаһан да буоларын курдук саха тылын уонна литератууратын билиэн-көрүөн баҕалаах оҕо сырытта.
Үөрэтэр-чинчийэр айан
Иитиллээччилэр чинчийэр маршруту бэйэлэрэ оҥорон, Таатта, Амма, Алдан өрүстэринэн кыйа сырыттылар. Айылҕа ситэн-хотон турар кэмигэр Таатта Төрдүгэр баар Кучаайы сирин-уотун кытары билистилэр. Уу-чуумпу нуурал айылҕалаах, Алдан кытылыгар баар аатырбыт-сураҕырбыт “Бивень” палеонтологическай лааҕырга хас да хонон, бэйэлэрэ эрэ баһылаан-көһүлээн, дуоһуйа сынньаннылар. Сэлии курдук симэлийбит кыыл булумньу экспонаттарын кичэллик уураары, көһөрөн аҕалбыт киэҥ чааһынай дьиэтин иһигэр, генерал илэ бэйэтиниин, Петр Дмитриевич Максимовтыын ирэ-хоро кэпсэтиһии буолла. Кини Аан дойдуга саамай үҥэр таҥарата — Ийэ сир, бу сиргэ биһиги сылдьар ыалдьыппыт, хонор хоноһобут диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Систэрин этэ ситэ, бууттарын этэ буһа илик уолаттар утуйар ууларын умнан, утаппыттыы, сордоҥ, алыһар, тэҥили, хаахынай балыктары спиининнээн хаптаран, Омоллоон олоҕо олохтонно. Кыргыттар көҥдөй луук үргээн, балык тууһаан, кутаа уокка үтэн күннээтилэр. Тиит хатырыгынан бүрүллүбүт отууларга, үүтээҥҥэ утуйан турдулар.
Айар куттаахтартан уһуйуллуу
Буор сыбахтаах балаҕан иһигэр Николай Винокуров – Урсун, Василий Тарабукин, Федор Постников – Арчы, Александр Постников – Сындыыс айымньыларын ырытыһыы буолла. Доҕор-атас үтүөтүн, сылаас сыһыанын этэҥҥэ сырыттаххына өйдүү, махтана барбаккын, бэйэҥ эрэ үтүөҕүнэн, бэркинэн олорор курдук санананаҕын, киэмсийэҕин, оттон кыһалҕаҕа кыһарыттардаххына, эрэйгэ эриттэрдэххинэ киһи киһиэхэ салгын курдук наадатын дьэ өйдөөн үөһэ тыыммат гына олоруохтааххын диэн санаа киирдэ. Адан эбэ киэҥ-куоҥ киэлитигэр айылҕа баай-талым бэлэҕэ, тыынар-тыыннаах үөскүүр, торолуйар ытык туонатыгар хонон-өрөөн, айылҕаны күндү ийэлии харыстыыр киһи куһаҕаны, сидьиҥи оҥорботун өйдөөн-дьүүллээн тарҕастылар.
Төрөөбүт тыл түһүлгэтэ
Чурапчыга XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи бэдэгэгиичэскэй дьаарбаҥкаҕа төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтигэр “Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо”, “Сахалыы саҥа”, “Саха тылын дьылҕата” тыын ыйытыктарынан сирдэтинэн Горнай, Аллараа Бэстээх, Дьокуускай, Чурапчы оҕолорун кытары төрөөбүт тылы харыстыырга санааларын атастастылар. Тобуллаҕас толкуйдаах биэс оҕо “Өркөн өйгө” өс хоһооннорун, сомоҕо домохтору ситэрдилэр. Дьокутаат Феодосия Габышева дакылаатыттан национальнай концепция дьылҕатын туһунан иһиттилэр. Аны күһүн “Күн” сийиэһин ыытарга болдьостулар. Сахалыы саҥа сатарыырын, ийэ тыл иитиэхтэнэрин утаҕа силимнэһэн, эриллэн, модьураан үс куттаах саха ыччата уу сахалыы айылгытынан алтыста.
Умнуллубат көрсүһүү
Ытык Күөлгэ Хадаайы түмэлигэр сайыҥҥы күн чаҕылын бэлэҕэ икки сойуус суруйааччыларын көрсүһүүлэригэр ил-эйэ холуубун кынаттара буоллулар. Суруйар сойуус Далбар Хотуна Наталья Харлампьева поэзия диэн муҥура биллибэт баайыттан-дуолуттан санаатын тоҕо-хоро кэпсээбититтэн туораахтар буолан тиһилиннилэр. Елена Слепцова – Куорсуннаах, Анатолий Слепцов, Петр Самсонов – Бүөтүр Хара прозаҕа хайдах кимэн киирэргэ сүбэлиир-амалыыр тылларыттан-өстөрүттэн эмиэ да чаҕыйан умса көрөн ыллылар, эмиэ да саҕыллан харахтарыгар кырачаан уоттар оонньоотулар. Уйан лиирикэ амарах хотуна Наталья Михалева – Сайа долгулдьуйан хаампыт, чуораан кэриэтэ лынкыначчы туойбут салгыныгар олорсон ыллылар. Алампаны киэҥник ааттаппыт, литературовед Валентина Семенова лоп-бааччы эйгэтиттэн, уус-уран айымньыны аахпыт эрэ киһи тыыллан-хабыллан туруохтаах диэн өйдөбүл киирдэ. Саҥарар-иҥэрэр холбука сулуһа Георгий Белоусов кэлэн түһүлгэни киэргэттэ, сэргэхситтэ. Айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай хос сиэнэ Алексей Кулаковскайы, кини ийэтин Лариса Реасовна Кулаковскаяны кытта чыпчылҕан кэриэтэ алтыһыы ураты тыыны биэрдэ. Оҕолор “Айар Куттартан” суруйар идэни баһылыыргар хайа да саас бэриммэтиттэн эрэл кыыма умайда. Уус-уран ааҕыы куонкуруска кыттан “Улуу ааты үйэтитээччи” анал аат кыайыылааҕа буолан, үөрүү амтаннааҕын билллилэр.
Айылҕалыын алтыһыы
С.Р.Кулачиков – Эллэй аатынан орто оскуолатын бас билэр Унньуулалаах сиригэр хатыҥ чараҥ тулалаах сиэдэрэй отунан симэммит тоҕойугар лааҕыр кыынньар олоҕо оҕо-аймах саҥатынан чугдаарда. Бу иннинэ “Ситим” бастакы түһүмэх оҕолоро кииһилэ, үөрэ ото, боҕоруоскай, кучу чэй, дөлүһүөн сибэккилэрин, бэс эриэхэлэрин хомуйбуттар. Иккис түһүмэххэ “Күн” оҕолоро куораттан кэлбит учуонайдар түөрт хайысханан элбэххэ үөрэппиттэр. Этимологияҕа үүнээйи аата туохтан үөскээбитин билбиттэр. Орнитологияҕа көтөр чыычаахтар тустарынан суруммуттар. Сарсыарда эрдэ туран, ыраахха диэри көтөллөрүн бэлиэтэммиттэр. Ботаникаҕа от үүнээйи тэнийиитин, гидрологияҕа уу араҥатын чинчийбиттэр. Наука өттүттэн хабан дакылаат суруйбуттар.
Уран тылга уһуйуллуу
“Умсулҕаннарга” Оксана Андросова, Лалита Саввина сомоҕо домоҕун үөрэтэн, иитиллээччилэр өс хоһооннорунан, олук тылларынан күннээҕи туттар тыллара буолбута үөрдэр. Куйаар ситимэ быстар, төлөпүөнэ суох кэпсэтэр-ипсэтэр эйгэ үөскээбититтэн доҕордоһуу, лааҕыр дьиэ кэргэнин илгэлээх тыыныгар сырыттылар. Чугас тайаан сытар Дьаам диэки Иустин, Луиза Кулаачыкаптар балаҕаннарыгар ыалдьыттаатылар. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” өс хоһоонунуу тутуллубут баараҕай балаҕан эбит. Сайыҥҥы өҥүрүк куйааска ытык сиргэ олохсуйан, лачыгыратан, уҥуох тутан, эмтиир эйгэлээх, айар уһанар уйулҕалаах норуоттан тахсыбыт талааннаах киһибит Иустин Вячеславович биир кэм бокуой булбакка, өттүгэстээн сыппакка, хамсана, киирэ-тахса сырытта. Ынах муоһуттан саҥа үнүөхтээн сыылла сылдьар оҕоттон саҕалаан, мастан эриэккэс оҥоһуктары айан-тутан таһаарбыт. Хас биирдии оҥоһуга бэйэтэ туспа кэпсээн. Дьыл уон икки ыйдааҕын кэриэтэ Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларынан өйдөбүнньүктэри Амма эбэ кытылынан кэчигирээн тураллара эриэккэһин эбитин! Луиза Саввичналаах тустарынан сахалыы-нууччалыы хоһоон кыттта айылынна. Оҕолор бэйэлэрэ “Далбар Хотун мөссүөнүн бараммат кистэлэҥэ” диэн бырайыак толкуйдаан хас да кэрэ аҥаары кытта көрүстүлэр. Бастакынан, үйэлээх мал күндүтүн мунньан-тараан, наардаан суулаах хаппардара барамматын сөҕөҕүн. Дьиэлээх хаһаайка Мария Софронова олоҕун барытын Сэбиэскэй кэми туоһулуур таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу, минньигэс ас сууларын кичэмник ууртаалыырга анаабыт. Сыты тупсарынар духуулартан “Красная Москва” сыта-сымара үчүгэйин дьиктиргээтилэр. Лаврентьевна кыра сылдьан араас өҥнөөх таас өстүөкүлэ тааһын бытархайын, кэмпиэт суутун арааһын атастаһартан саҕалаабыт. Үс сүүстэн тахса бэчиэнньэ таһа, Таатта үрдүнэн, киниэхэ эрэ баар. Кырылаан турар бугуллардаах, сибэккинэн киэргэммит тиэргэнигэр “Араҥас Сулус” айар түмсүү салайааччыта, Чычымах кийиитэ Маргарита Иванова – Дайар Суһум күндүчээнэ ыалдьыт буолан мичилийдэ. Бэйэтэ “Дойдум барахсан” диэн биэриинэн улаханнык биллэ сылдьыбыта. Бары да уустук олохтоох айар интеллигенция түмсэн, саҥа тахсыбыт кинигэлэрин уоттаах-төлөннөөх, сытыы кылыс тылынан чыпчаххайдаах күүстээхтик ырыталлар эбит. Араас майгылаах-сигилилээх дьону түмэ тардан, Таатта аатын аатттатар түмсүү тэриллэригэр Решетниковтар дьиэ кэргэн дьиэлэрэ тирэх буолбут. Алексей Саввин хокку ньыматынан философскай көрүүлэрин анаарбыта болҕомтоҕо уурулунна. Мария Николаева – Санаайа көрбүөччүтүн, албакаатын таһынан ырыаҕа ылланар хоһоонноро, кэпсээннэрэ дьырылатар муусукалаахтар. Мария Алексеева – Арылы Дуйдаах эттээх-сииннээх айымньылаах олоҕо оһуордаах. Александр Постников – Сындыыс суруналыыс, прозаик быһыытынан эрэ буолбакка, спорт эйгэтигэр сыһыамах. П.Е.Самсонов – Бүөтүр Хара абааһылаах кэпсээннэринэн сытыырхайар. Сандаара хоһоонноро дьэдьэн амтаннаахтар. Борис Павлов суруналыыс “Көмүөл” кинигэ кыһатын таһаарар чааһынай тэрилтэлээх диэн билиһиннэрдэ. Туора Күөлтэн төрүттээх Роберта Миронова уруучука, чаһы эгэлгэтин мунньар. Аатырбыт артыыстар хаартыскаларын мөссүөннэрин өстүөкүлэ таас түннүгүнэн күн бытархайа дьэргэлдьитэ ыста. Бу боростуой сэмэй тыа дьахтара олус да истиҥник көрсөн, утаппыт оҕолорго муорус утаҕын иһэрдэн, сып-сымнаҕас алаадьыны амсатан, минньигэс кэмпиэтинэн остуол тардан түбүгүрбүтүн көрөммүт уйадыйан ыллыбыт. Клавдия Михайлова – Айылҕаана отоһут, сахалыы эмчит олорон ааспыт олоҕор уруһуйдаан хаалларбыт хартыыналарынан кыыһа Валентина Антоева галерея тэрийбитин сылдьан астына-бастына көрдүбүт. Ханнык эрэ итии салгыннаах муора отунуу долгулдьуйар долгунугар куустаран ыллыбыт. Биир дьоһун-мааны ыалдьыппыт Чычымах бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Култууратын Туйгуна Анна Канаева “Туйаара” уһуйааныгар куукула түмэлин кырачааннарга аналлаах хоско оҕо сааспытыгар түстүбүт. Бу саха норуотун бэйиэтэ “Туйаара” диэн бэйиэмэтинэн ааттаммыт. Хоту дойду хорсун кыыһын туһунан персонажжтарынан инсценировка туруоран, нойосуус этэн, ис хоһоонун билэн тахсаллар. Эллэй кыыһа Наталья Серафимовна плюшевай оонньуурдара туспа полкаҕа бааллар. Манна эҥинэ бэйэлээх сахалыы, омуктуу саҥарар кыраһыабай кыргыттар “миигинниин оонньооҥ” диэбиттии чэмэлиһэн тураллар. Нэһилиэк түс-бас ыала Ефимовтар дьиэ кэргэн бэлэҕэ — үс көлүөнэ онньуур сахалыы симэммит дьиэ кэргэн дьоно; эһэ-эбэ, ийэ-аҕа, кыыс-уол саха буолалларыттан киэн туттан тураллар. Нүөл салгыҥҥа дуоһуйа хаамартан ордук дьол суох. Кыра сылдьан куукуланан, массыынанан оонньооботох оҕолор элбээн эрэллэриттэн оонньуур историяҕа киирдэ. Ооннуур диэн бэйэтэ туһунан бэлиитикэ. Сэбиэскэй кэминээҕи саҕаттан баар оонньуурдары Отут биэс сыл устата хомуска тардан кэлбит. Сахалар тырыыҥка маһынан оонньоон хомуһу баар гыммыттар. Эһэ маһы тырыымпайдаан хомуһу үөдүппүт. Саха философиятынан иитиллиэххэ, үөрэниэххэ. “Ночь в музее” хараҥаҕа гирлянда уотугар таҥха кэмигэр оонньуурдара тиллэллэр. Үстээх-түөртээх кырачаан уолаттар ытыы-ытыы көрдүүр мастан оҥоһуллубут тааҥкалар, массыыналары илиилэригэр ыллахтарына уоскуйан хаалаллара дьиибэргээтибит. Аҕа оҕотугар күүстээх тапталын туоһута Анна Ивановна Васильева пиэрибэй кылааһы бүтэрбитигэр, аҕата 1946 сыллаахха, маҕаһыынтан атыылаһан биэрбитин аҕалан, анаан-минээн бэлэх туттарбыт саамай былыргы куукулата музей мааны кыыһа буолар. Куукула музейа тэриллибитигэр биэс сылын туолбутугар нэһилиэк дьаһалтата араас омук куукуларары бэлэхтээбит. Урукку кэм ойуулук дьоруойдара чебурашка, крокодил Гена, Карлсон о.д.а., эрэһиинэ оонньуурдар, музыкальнай инструменнар дэлэйэ. Үс устуука европейскай куукулалаах. Хомустарын хоонньоһо сытан, араастаан оонньуур. Сүүрбэччэтэ Мандар хомуһа, отучча устууката атын омук хомустара уонна биэс уончата араас устар оҥоһуктара. Сахалыы бастакы оҥоһуктары Чычымах олохтоохторо оҥорбуттара. Биир өттүгэр кынат уолун Алексейы хара маҥнайгыттан куорат үһүс ыһыаҕар тойугунан куоракка батыһыннара сылдьан, куонкуруска кытыннарбыт. Үс хатыҥ уутун хоһуйбут. Хараҕа уоттанан илэ ыллаабыта. Онно кувшин бэлэх ылбыттар. Анна Николаевна бэйэтэ саха таҥаһыгар бастаабыт. Хоттабыч оҕонньор кувшинын мээнэҕэ ылбатыбыт, баҕа санаабытын толорон, оччоттон аан дойдуга аатырыахпыт диэбитэ туолан, 700 тыһыынчаҕа тиэрдибитэ чахчы. Алексей Николаев быйылгы олоҥхо ыһыаҕар муҥутуур кыайыылаах буолбутуттан киэн туттар. Лааҕыр оҕолоругар тутан-хабан, сүгэн-көтөҕөн, хааман-сиимэн сылдьалларыгар сүбэлээтэ.Оҕолор чуумпуран, иһийэн иһиттилэр. Эллэй аймаҕын хоһоонньут Валентина Кулачикованы кытта көрсүһүү нэһилиэк түмэлигэр буолла. Манна музейы сүрүннээччи оскуола социальнай педагога Феврония Попова биир биэс харчыта суох үлэлиирин билэн баран оҕолор хамнас төлөнүөхтээх диэн баҕа санааларын эттилэр. Оҕолор Чычымах дьонун-сэргэтин, айылҕатын олус сөбүлээтилэр. Чуолаан, оскуола тойонугар Андрей Мироновка, асчыппытыгар Мария Ивановаҕа, эмчиппитигэр Татьяна Гуляеваҕа кыһамньыларыгар, сылаас сыһыаннарыгар махтал маанытын анаатылар. Баҕа өттүлэринэн “Үс муннук таптала” диэн киинэни устудьуоҥка Анастасия Винокуровалыын сүбэлэһэн уһуллулар. Арчын Охотин “Умсулҕан Бөҕөс” уолаттарга аналлаах күрэхтэһиитэ тыҥааһыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик ааста. “Умсулҕан Куо” куонкуруһугар уолаттар дьүүллүүр сүбэ буоланнар, кыргыттар олус кыһаллан бэлэмнэнэн, ас арааһа астанна, айылҕа таҥаһа табылынна, ырыа-үҥкүү дьиэрэйдэ. Күн аайы сарсыарда туран баран күннээҕи былааны ырытыһыы, күнүс дуоһуйа кэпсэтии, утуйуох иннинэ истиҥ-иһирэх ыанньыйбыт санааны тоҕо тэбээһин буолан, сиэрдээх кэпсэтиһии элбээтэ.
“Сосновый бор” оҕо сынньалаҥын киинин дириэктэрэ Я.Н. Иванова, республикатааҕы оҕо сынньалаҥын уонна чэбдигирдии тэрийэр ресурснай киин отделын начальнига, С.П. Васильева, кини солбуйааччылара В.П.Бетюнская, Н.Э.Колесова; үөрэх министиэристибэтиттэн биир дойдулаахпыт, отдел старшай методиһа Ульяна Чупрова, отдел методиһа Н.А.Егорова айар бөлөҕө оҕолор лааҕырдыы сылдьалларын көрөн астыммытттарын биллэрэн, лааҕыр үлэһиттэригэр махтаннылар, сүбэ-ама биэрдилэр. Сир симэхтэрэ кыргыттар уонна талах курдаах дьөһөгөй уолаттара алгыстаах түһүлгэлэригэр айбыт хоһооннорун уонна бэйэлэрэ үргээн хатарбыт дыргыл сыттаах, алгыс тыллардаах боҕоруоскай отторун бэлэх ууннулар. Умсулҕаннар айар алыпка ылларан хоһоон айбыттара сүрэхтэригэр сөҕүрээбэт далаһа буолан үрдүккэ кынаттаатын!