Чычымахтар таһаарбыт кинигэлэригэр Афанасьевтар 14 ыал баар эбит. Үгүстэрэ биһиги урууларбыт, аймахтарбыт буолуохтаах. Онтон билэр урууларбын ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым.
Балтым Валентина Викторовна, бырааппыт Артём Викторович саахыматчыттары — убайдарын Владимиры, Михаилы, эдьиийин Аннаны, быраатын Володяны республикаҕа, Россияҕа Сэбиэскэй Сойууска үгүстүк саахымакка оонньоон кыайан–хотон кэлбиттэрин умнубакка, саатар төрөөбүт түөлбэбитигэр көрдүнэр диэн стендэ туруорбуттарыгар мин, тыыннаах эдьиийдэрэ, улаханнык үөрэн туран балтыбар, бырааппар махтанабын, баһыыбалыыбын. Убайдарбыт Владимир, Михаил саахыматынан өлүөхтэригэр дылы куруутун оонньоон ааспыттара, ис сүрэхтэриттэн таптаан оонньуур этилэр, наар кыайаллара.
20-с үйэҕэ саахымат оонньуута наһаа үгүс буолара, онно ыҥырдахтарына бара турарбыт. Оройуоммут чиэһин, республика чиэһин, Россия чиэһин, барытын көмүскүүрбүт. Магадантан ыла Станислав диэн Украина куоратыгар тиийэ оонньообуппут. Үчүгэй да кэмнэр этилэр, оччолорго Сэбиэскэй Сойууһу ким да, хаһан да кыайыа суоҕа диэн үөрэр буоларбыт. Дойдубутунан наһаа киэн туттар этибит. Союзнай республикалар бары наһаа үчүгэй сыһыаннаах буолаллара.
Михаил Намҥа олорон саахымат тренерэ буолан, элбэх оҕону үөрэтэн, республикаҕа элбэх биллэр саахыматчыттары таһаарбыта, чемпионнара элбээбитэ. Миигин эмиэ убайдарым үөрэтэннэр Россияҕа тыа сирин дьахталларын кыайаммын чемпионнаабытым, онон РСФСР хамаандатыгар киллэрбиттэрэ. Михаиллыын иккиэн Азовскай муора таһыгар баар дэриэбинэҕэ хомуурга хаалбыппыт. Убайдарым республикабытыгар бастыҥ саахыматчыттар этилэр. Владимир 4 төгүл, Михаил 7 төгүл, мин 5 төгүл республика чемпионнара буолбут эбиппит. Түгэнинэн туһанан саахыматы өйүүр, Таатта улууһун күүстээх саахыматчытыгар, тренергэ Степан Степанович Соровка эмиэ махталбын, баһыыбабын тиэрдэбин уонна доруобуйаны, салайар үлэтигэр үрдүк ситиһиини баҕарабын.
Афанасьевтар оҕолорун оҕолоругар саахыматчыттар эрэ баар буолбатахтар, араас талааннаах оҕолор төрөөн-үөскээн олороллор эбит. Үгүс учууталлар, медиктэр, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрэ, атын үтүөлээх үлэһиттэр элбэхтэр. Холобура мин эдьиийим Анастасия Федотовна кыыһын Елизавета Андреевна оҕолоро Лидия, Евдокия, Октябрина – бары медицина үтүөлээх үлэһиттэрэ. Анастасия – потребкооперация үтүөлээх үлэһитэ. Людмила – социальнай көмүскэл үлэтин үтүөлээх үлэһитэ. Розалия – тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Ыал оҕолоро бары үтүөлээх үлэһит буолбуттарын уонна билбэтим. Эдьиийим оҕолоро бары үтүөлээх үлэһиттэр. Мин наһаа үөрэбин, кинилэринэн киэн туттабын.
Балтыларым ураты үчүгэй оҕолор, бэйэ бэйэлэригэр, аймахтарыгар, оҕолоругар, кырдьаҕастарга сыһыаннара үчүгэйэ, киһи көрө-көрө үөрэр дьоно. Кинилэргэ мин инбэлиит эмээхсин сайын аайы тиийэн Чымынаайыга сайылыыбын, кыра оҕо курдук балтым Людмила Гаврильевна биэбэйдиир. Түгэнинэн туһанан балтыбар Людмилаҕа махталбын тиэрдэбин, барыгытыгар үчүгэй доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын.
Убайым Владимир Куприянович кэргэнинээн Татьяна Еремеевналыын биэс оҕоломмуттара: Александра – Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх экономиһа, Татьяна – фармацевтика туйгуна, Ольга – Саха АССР үтүөлээх учуутала, Антонина – зооинженер идэлээх, Владимир – Ригатааҕы авиационнай институту бүтэрбитэ, онтон кэлин Нижнэй Новгородка байыаннай академияны бүтэрэн, ГКСБК үлэһитэ буолбута. Икки төгүл РКСБК туйгун сулууспатын иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта, В.В.Путинтан чаһыы бэлэх туппута. Ити курдук үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьан, хомолтолоохтук бу олохтон туораабыта.
Убайым Виктор Куприянович кэргэнинээн Татьяна Артемьевналыын сэттэ оҕоломмуттара. Артем – советскай-партийнай үлэһит, уһун кэмнэргэ Орто Халымаҕа үлэлээбитэ, элбэх хоһоону суруйан кинигэ таһаарбыта. Анна – Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, улуус бочуоттаах маастара. Валентина – норуот үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ. Александра – учуутал идэлээх, элбэх хоһоон автора. Изабелла – ССРС культураҕа туйгуна, «Таатта улууһугар общественнай хамсааһын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката. Юрий – сварщик идэлээх. Рудольф – эдэр сааһыгар өлбүтэ. Ити курдук убай Виктор Куприянович оҕолоро эмиэ бары үчүгэй үлэһит, олоххо активнай позициялаах дьон буолан бар дьон махталын ылаллар.
Убай Михаил Куприянович үс оҕолоох. Анна – прокуратура үлэһитэ, үрдүк үөрэхтээх юрист. Архип, Михаил –суоппардар.
Улахан убайбыт Петр Васильевич Афанасьев учуутал үөрэҕин бүтэрэн уһуннук учууталлаабыта, директордаабыта. Тааттаҕа Сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыта. Үчүгэй үлэтин иһин үс төгүл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун Бочуотунай грамотатынан, 1952 с. Ленин орденынан наҕараадаламмыта, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбута. 1958 с. Ытык Күөлгэ олорон олохтон туораабыта. Кини кэргэнинээн Мария Зосимовналыын 9 оҕоломмуттара. Никтополеон суоппар идэлээх, Люба эмчит, Ада учуутал, Марианна врач, Валя инженер, Светлана, Женя, Луиза, Вася анал идэлээх үлэһиттэр.
Петр Васильевич олоҕун билигин 50 сиэнэ, үгүс хос сиэнэ салгыыллар. Кинилэр ортолоругар араас идэлээх үчүгэй үлэһит дьон элбэхтэр. В.И. Афанасьев кыыһа Варвара Васильевна Чычымахха олорон кырдьан ыалдьан олохтон туораабыта. Кини кыра Вера өр сылларга холкуоска үлэлээбитэ. Вера кыыһа Варвара Иннокентьевна Чередниченко уһун сылларга «Коммунизм” совхоз Чычымахтааҕы отделениетыгар ыанньыксытынан үлэлээн оройуоҥҥа чемпион аатын ылбыта. Ферма коллектива социалистическай куоталаһыыга Сойууска кыайан Кыһыл знамянан наҕараадаламмыта.
Афанасьевтар удьуордарыттан улуус салайааччыларыттан биирдэстэрэ Иван Николаевич Афанасьев буолар. Кини 1927-35 сс. нэһилиэк сэбиэтин секретарынан үлэлээбитэ. Маҥнайгы колхоз тэриллиитигэр активнайдык кыттыбыта. 1930 с. Төрүт, Үрүҥ Хайа учаастактарыгар Кыһыл Хайа колхоһу тэрийбитэ. 1936-1940 сс. нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Үс сыл райпотребсоюзка директордаабыта. 1948–1954 сс. “Чычымах” колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, кэлин сельпо бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Иван Николаевичтаах 6 оҕоломмуттара. Оҕолор бары үчүгэй үлэһиттэр. Афанасьева Татьяна оҕолоро Елена Пантелеймоновна – учуутал, Рустам, Зараб колхозка, совхозка төһүү үлэһиттэр этилэр. Оҕолордоохтор, сиэннээхтэр.
Афанасьева Агафья Николаевна үс оҕолоох эбиттэр, кинилэр бары учууталлар. Зинаида Степановна, Аграфена Степановна, Николай Степанович. Зинаида Степановна 20 сыл учууталлаан баран, Саха Республикатын радиокомитетыгар литературнай редакторынан үлэлээбитэ, соҕотох уола үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран эдэр сааһыгар өлбүтэ. Аграфена Степановна Дарбасов Г.А. кэргэн тахсан, оҕолоро Гаврил Гаврильевич, Таисия Гаврильевна врач идэлэрин талбыттара, кыра уол Агит Гаврильевич инженер–механик идэтин ылан, ”Коммунизм” совхозка механиктаабыта, СПТУ-18 преподавателинэн үлэлээн, РФ үөрэҕин туйгуна аатын ылбыта.
Николай Степанович Варвара Николаевналыын түөрт оҕоломмуттара. Аиза Николаевна САССР үтүөлээх учуутала, Зинаида Николаевна учуутал идэлээх, уолаттар Женя, Саша эдэр саастарыгар олохтон туораабыттара.
Афанасьев Егор Иванович оҕолоро Демьян, Егор диэн этилэр. Демьян оҕолоро: Юлия Ытык Күөлгэ олорор, медицинаҕа уһуннук ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Наталья чох карьерыгар үлэлээбитэ. 34 сааһыгар өлбүтэ, 2 оҕолоох. Лилия үөрэҕирии туйгуна, оскуолаҕа музыка учуутала, мелодист, элбэх ырыалардаах, үс оҕолоох. Саша суоппар, 2 оҕолоох. Марианна иистэнньэҥ, 2 оҕолоох. Михаил суоппар этэ, 24 сааһыгар өлбүтэ. Анна худрук, биир оҕолоох. Коля МЧС үлэһитэ, 5 оҕолоох.
Егор Егорович Афанасьев (Канаев) 3 оҕолоох. Гоша наһаа үчүгэй ырыаһыт уонна баянист этэ. Оҕолоро: Аграфена үрдүк үөрэхтээх, социальнай сулууспа туйгуна. Олимпиада музыка учуутала, ырыаһыт. Анна үрдүк үөрэхтээх лингвист, тылбаасчыт.
Афанасьев Егор Федотович “Кыһа” артыал бастакы бэрэссэдээтэлэ. Онтон Чычымах холкуос тэриллиитигэр биригэдьииринэн буолбута. Кэлин холкуоһугар хонуу үлэтигэр, кадровай булчутунан үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар кэргэнинээн Мария Алексеевналыын производственнай ситиһиилэрин иһин иккиэн “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээли ылбыттара. Кини икки кэргэнтэн 13 оҕоломмута. Билигин 2 оҕото эрэ баарбыт.
Быраатым Данил Егорович Чычымаҕар олорор, тыа хаһаайыстыбатын орто анал үөрэхтээх специалиһа. Отделениетыгар биригэдьииринэн, управляющайынан үлэлээбитэ. 1991 сылтан бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн хортуоппуй олордуутунан дьарыгырар. Биир гектартан 240 ц үүнүүнү ылан өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыта. Талааннаах алгысчыт, ырыаһыт, хоһоонньут, байанайдаах булчут, балыксыт, тамада. Дьоҥҥо үтүөнү эрэ оҥорор үтүө киһи. Миэхэ кырдьаҕас эдьиийигэр көмөтө баһаам, онон киниэхэ махтанабын. Кэргэнинээн Александра Иосифовналыын 6 оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр, оҕолор бары үлэһиттэр.
Бу барыта урууларым-аймахтарым, Чычымахха төрөөн-үөскээн олорбут Афанасьевтар оҕолоро, сиэннэрэ, Таатта улууһун, Саха сирин, нэһилиэктэрин сайыннарбыт, үлэһит үтүөтэ дьонтон мин наһаа үөрэбин. Кинилэргэ барыларыгар кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри.
Суруйуубун талааннаах ыччаттарбыт хоһооннорунан түмүктүүм дуу…
Артем Викторович Афанасьев
Улуу дьалҕаан иһэр
Норуоттар ытыллар кэмнэрэ
Сир ийэ түллэҥниир
Тииһигэ киирбитин биллэрэ.
Хараан бырдаҕыныы үөскээбит
Тотор тугун быһаарбат
Икки атах аймах
Аймаатаҕа ийэ кутун
Тугунан диэлийэр бу үйэ
Айылҕа барахсан быһаарыа
Ким ханна хааларын
Ким күдэҥҥэ көтөрүн
Үөн үөскүүр кэмнээх
Онтон аччыыр аналлаах
Киһи да үөн буоллаҕа
Арай өтө айар дьоҕурдаах.
Киһи сиик буолбатах
Симэлийэн суох буолбат
Улуу тургутуу түһүмэҕин
Аһары ыстанан эмиэ куоппат
Өй, санаа түмүллэр
Кут, сүр ыллыктанар
Ытык дьыллара кэллилэр
Киһи аймах туһугар
Төннөн кэллим дойдубар
Төрөөбүт алааспар дьиэбэр
Өр даҕаны сырыттым
Дойдубуттан ыраах тэлэһийэн
Астым күрүөм аанын
Сүллүгэһэ кырдьан синньээбит
Түөрт мастаах күрүөбүт
Муох отунан түүлэммит.
Тэлгэһэбит ото сүрдэммит
Арай былыргы ыллыктар
Биһиги баарбыт диэннэр
Омоонноро син биллэр.
Оонньоон тардыалыыр хатыҥым
Олус улааппыт лаглайан,
Үүммүттэр саҥа хахыйахтар
Киһи суоҕун билэннэр.
Дьиэм турар иһийэн
Тымныы уораанын ыһыктыбакка
Ахтыбыт курдук чуумпуран
Кэлбиппин итэҕэйбэтэхтии туттан
Оһохпун отуннум толору,
Уотун аһаттым дьохсойон.
Итии салгын илгийдэ
Дьиэм тиллэн кэллэ.
Дойдум, дьиэм салгына
Тымырым устунан уһунна.
Онтон астынан дуоһуйан
Дууһам холкутаан налыйда.
Күн үтүөтэ күөрэйдэ
Күөх да күөх халлааҥҥа
Көттө сиик оттон
Көҥүл салгын буолан.
Күөх айылҕабыт чуумпуран
Көрүстэ саҥа күнү,
Көтөр ырыата үксээтэ
Киһи аймаҕы көнньүөртэ
Эҕэрдэ эйиэхэ эҕэрдэ
Эрчимнэ эбиҥ бу күнтэн
Үчүгэйиэн күнү көрсөр
Үчүгэйиэн чугас дьонноох,
Үчүгэйиэн эҕэрдэ ылар,
Үчүгэйиэн олох олорор
Сыаналыаҕыҥ ааһар түгэни
Сыаналыаҕыҥ истиҥ сыһыаны,
Сыаналыаҕыҥ күннээҕи түбүгү
Сыаналыаҕыҥ кыра да сүбэни
Дьоллоохпут аһыыр астаахпытынан
Дьоллоохпут дьоннуун алтыһарбытынан
Дьоллоохпут тугу эрэ туһалыырбытынан
Дьоллоохпут аҥаардас тыыннаахпытынан
Үөрүөххэ бүгүҥҥү күнүнэн
Үөрүөххэ сарсыны кэтэһэрбитинэн,
Үөрүөххэ инникигэ ыралаахпытынан,
Үөрүөххэ үөрүү баарыттан.
Александра Викторовна Афанасьева
Үтүө сарсыарданан дьонум-сэргэм!
Чөл буоллун турукпут
Эйэлээх буоллун эйгэбит,
Тупса турдун тулабыт!
Туола турдун баҕабыт
Кэрэ буоллун кэскилбит
Дьоллоох буоллун олохпут!
Сырдыгы ыралыаҕыҥ,
Үчүгэйи эрэ ыҥырыаҕыҥ!
Саҥа күн сандаарыйан
Тахсыбытынан эҕэрдэ!
Күнтэн күүс ыламмыт,
Айыыларбыт алгыстарын иҥэринэн
Эн өбүгэлэрбит өйөбүллэринэн
Күрүөлэнэн-хаһааланан,
Харысхаллаах, көмүскэллээх буолуоҕуҥ!
Үүммүт үрүҥ күммүт
Үтүөтэ үксээтин
Кэрэтэ кэккэлээтин,
Барыта эриэ-дэхси буоллун!
Дом!
Баҕар үөрүөҥ, хомойуоҥ,
Баҕар кыраттан тырыттыаҥ.
Баҕар сүөм түһүөҥ, хоргутуоҥ.
Баҕар өрөгөйдөөн өрө көрүөҥ.
Олох эмиэ суол кэриэтэ
Элбэх эбээт, түһүүтэ-тахсыыта.
Саҥа сарсыарданан, дьонум-сэргэм!
Суолбут көнө буоллун
Көхсүбүт киэҥ буоллун
Ырабыт ыраас буоллун,
Иннибит сырдык буоллун!
Дьоллоох буолуоҕуҥ!
Хас биирдии күн
Хатыламмат дьиктилээх
Дьылҕа дьикти бэлэҕэ
Олор ону сыаллаахтык,
Халтайга ыыппакка.
Дуоһуй тулалыыр эйгэҕинэн
Дуоһуй чугас дьонуҥ
Этэҥҥэ аттыгар баалларынан
Бүччүмнүк үтүөҕэ эрэнэ,
Бүгүҥҥү күнү көрсүөххэ
Сэмэйдик кэрэҕэ эрэнэ,
Саҥа бу күнтэн үөрүөххэ
Саҥа күнүнэн дьонум-сэргэм!
Санаа хоту салаллар
Саргылаах күн буоллун!
Дьоллоох буолуоҕуҥ.
Күндэлэс күн,
Сылаас сыһыан
Эйэлээх эйгэ,
Чэгиэн турук
Сырдык итэҕэл,
Сарсыҥҥыга эрэл
Онтон ордук туох кэлиэй
Бу орто дойдуга олоххо?!
Саҥа сарсыарданан дьонум-сэргэм,
Саха самныбат саргылаах
Урааҥхай уйуһуйбат уйулҕалаах
Этэҥҥэ буолуоҕуҥ
Аламай маҥан күнүнэн бар дьонум
Саха аргыый наллаан
Сааһылыыр санаатын
Онтон дьэ турунна да
Толорон баран тэйэр
Ньоҕойдоһон, туруулаһан
Баччаҕа кэллэхпит,
Бур-бур буруо таһааран
Саханы саха дэттэхпит.
Кырабытын көрүмэҥ,
Бүрэбитин сиримэҥ,
Айылҕаттан ситимнээх
Айыы дьоно буолабыт.
Киирбэт күннээх, үрүҥ түүннээх
Кэрэ кыраай дьонноро
Толору дьоллоох буолуоҕуҥ.
Сэргэх күн үүннэ
Сүүрүү-көтүү, барыы-кэлии,
Үлэ-хамнас, кэпсэтии-ипсэтии,
Барыта табылыннын
Барыта астыныыны эрэ
Аҕаллын ыал аайы
Махтал, таптал, эрэл
Аргыстастын эһигинниин.
Баҕарабын күннэтэ
Бар дьоммор эһиэхэ
Барҕара сайдыыны,
Барыта табыллыыны,
Байылыат олоҕу,
Бары үтүөнү, дьолу
Үтүө күнүнэн дьонум-сэргэм!
Эрэлбит күүстээх,
Тирэхпит бигэ буоллун
Дьоллоох буолуоҕуҥ.
Тиийэн кэллэ ээр-сэмээр,
Атырдьах ыйа – Далбар Хотун
Тардыаҕа быйаҥнаах остуолун
Маанылыаҕа барыбытын
Махталлаах буолуоҕуҥ мэлдьитин
Амарах айылҕа ийэбитигэр,
Атырдьах ыйа үүммүтүнэн бар дьонум
Күн суоһа мөлтөөбүт,
Сөрүүдүйбүт халлааммыт
Тыыныахха чэбдигиэн
Күөх халлаан ырааһыан
Дойдубут кэрэтин
Көрөргө дьэ тоҕоостоох
Күүтүүлээх да кэмнэр
Үмүөрүһэн кэллилэр.
Чэйиҥ эрэ доҕоттоор
Төрөөбүт дойдугут кэрэтин
Сүрэххэ-быарга иҥэринэн
Уһун кыһыҥҥы кэмнэргэ
Кэрэ кэпсээн гынаарыҥ.
Ийэ күнтэн сылааһын
Аҕа халлаантан алгыһын ылан
Үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ
Ыйбыт бүтэһик күнүн
От ыйбытыгар
Махталбытын этиэҕиҥ
Сырылас куйааһынан,
Этиҥнээх ардаҕынан
Сирин аһынан
Өлгөмнүк күндүлээбитигэр
Үүнэр ыйбыт өссө үчүгэй буолуохтун.
Данил Егорович Афанасьев
Күн киириитэ
Күн уотун бүтэһик сырдыга
Саҕахха кытара киириитин
Сайыһа хаалабын өрүүтүн,
Эргийбэт сүтүккэ тэҥниибин.
Оргууйдук им сүтэн барыытын
Уһуннук одуулуу олорон,
Ол кэмҥэ саныыбын ааспыты,
Ийэлээх аҕабын бу баардыы.
Олооркут эһиги дьоллоохтук
Дьоһун ыал аатыран алааска
Киирэр күн кэриэтэ эһиги
Саҕахха саспыккыт ыраатта.
Өтөххүт буруота сүппэтэ,
Олоххут салҕанан бардаҕа.
Ааккытын ааттатан солбуйан
Кэнчээри ыччаккыт турдаҕа.
Букатын кэлбэккин бу сиргэ,
Олохпут ыйааҕа кытаанах,
Бэртэрэ буолаҥҥын куоппаккын,
Үйэттэн уһаабыт аҕыйах.
Арҕаалыы санньыйда мин күнүм,
Ааһара түргэнин сыл-хонук,
Кэнники кэмсиммэт олоҕу
Олоруох күн көрөр кэмигэр.
Хомуур
Сайынын дьулуһан
Үүннэрбит үүнүүбүн
Хомуйар түбүктээх
Күһүҥҥү күн үүннэ
Айылҕам айманан
Курулас ардаҕа
Үрдүгэр суккуйан
Санаабын түһэрдэ.
Түүнүгэр хаһыҥнаах
Сулуһун аахтарда
Чалбаҕын тоҥорон
Кырыанан бүрүйдэ.
Сарсыарда саҕахтан
Сайаҕас бэйэлээх
Саҥа күн барахсан
Сандааран таҕыста.
Күнүһүн ылааран
Көхсүбүн сылытта
Санаабын көтөхтө
Сайыны санатта.
Күһүҥҥү халлааны
Эрэнэр сатаммат.
Кубулҕат майгытын
Көннөрөр кыаллыбат.
Бу турбут халлааны
Туһанан хаалыахха,
Айылҕа быйаҥын
Хомуйа охсуохха.
Анна Егоровна Афанасьева
Чымынаайыларга балтыларбар
Балтыларым барахсаттар
Үгүс элбэх үлэлээххит
Сылайары да билбэккэ
Сыралаһан үлэлиигит.
Үлэҕит түмүгэ тахсыылаах буоллун
Үрдүк үүнүүнү ылаҥҥыт.
Бар дьоҥҥутун барытын
Үөрдүҥ-көтүтүҥ.
Балтыларым барахсаттар
Үгүс элбэх оҕолооххут.
Эһигини солбуйар
Эдэр ыаллар буолуохтара.
Оҕолоргут оҕолоро
Эмиэ элбээн истиннэр
Бу маннык үчүгэй олоххо
Үүнэ-сайда турдуннар
Олус үчүгэй сиргэ
Амма кытылын үрдүгэр
Дьиэ-уот туттан эһиги
Олохсуйан олороҕут.
Олоххут барыгытыгар
Дьоллоох-соргулаах буоллун.
Баҕарабыт бука бары
Уһун үйэни, доруобуйаны.
Үлэҕитигэр үөрүүнү
Дуоһуйууну эһиги ылыҥ
Бар дьоҥҥут махталын
Баһыыбатын эһиги тутуҥ.
Балтыларым барахсаттар
Үгүс элбэх үлэлээххит
Сылайары да билбэккэ
Сыралаһан үлэлиигит.
Биһиги сельхозтар буолабыт
Хаһан эрэ үчүгэй үлэлээхпит
Күннэри-түүннэри үлэлиирбит
Үлэттэн салгыбат этибит.
Ол бэйэбит кырдьан хааламмыт
Үлэтэ суох буолан хааллыбыт
Ол эрээри олохтон хаалсыбаппыт
Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсабыт
Кырдьар диэн кырыыс дииллэрин
Эппитинэн-хааммытынан биллибит
Үйэбит өссө уһаатар.
Дойдубут чэчирии сайыннын
Үлэтэ суох киһи суох буоллун
Үлэни эрэ өрө тутуҥ
Аһы-үөлү дэлэтиҥ.
Дойдубутугар куттал суох буоллун
Сэрии уота суолһаабатын
Эйэ эрэ туругурдун
Үлэ-хамнас элбээтин.
Биһиги сельхозтар буолабыт
Бэйэ бэйэбитин умнубаппыт
Үбүлүөй аайы ыҥырсабыт,
Үөрэн-көтөн көрсүһэбит.
Сиэннэрбэр
Оҕолорум оҕолоро
Улахан дьон буоллугут
Мантан инньэ эһиги
Бэйэҕитин көрүнэҕит.
Бу маннык үчүгэй олоххо
Үөрэ-көтө олоруҥ.
Үрүҥ күн сырдыга эһиэхэ
Дьолу эрэ тосхойдун
Үлэҕитигэр ситиһэн
Дьоҥҥутун үөрдүҥ-көтөтөҥ
Кырдьаҕастаргытыгар кыһаллан
Үйэлэрин уһатыҥ
Оҕолорум оҕолоро
Бэйэ бэйэҕитин өйөһүҥ
Биирдэ бэриллэр олоххо
Урууларгытын умнумаҥ.
Анна Афанасьева, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо.