Күндүтүк саныыр биир дойдулаахтарбыт, бар дьонум!
Бука барыгытын дьылбыт түмүктэнэн самаан сайыммыт саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Үүммүт сайыммыт өҥ-быйаҥ буолуохтун, оппут-маспыт, сирбит аһа өлгөмнүк үүнүөхтүн, оҕуруоппут аһа дэлэйиэхтин, сүөһүбүт-аспыт төлөһүйүөхтүн, үлэһит киһи эрэйэ тиллиэхтин. Уот турбатын, кураан сатыылаабатын, аһара ардаабатын — Саха саныаҕынан санаа хоту салаллан иһиэхтин.
Күндү доҕоттор, быйылгы дьылбыт тахсыыта олус кытаатан биэрдэ, ол курдук өрөспүүбүлүкэбит кэккэ улуустара сааскы халаан уутун алдьархайыттан улаханнык эмсэҕэлээтилэр, аата-ахсаана суох кыһалҕаҕа түбэстилэр. Онон, халаан уутуттан ордук улаханнык эмсэҕэлээбит Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар, бу судургута суох кэмнэригэр өйөбүл буолар санааттан Төлөн АО Харбалааххтааҕы чох разреһын коллектива биир санаанан сүбэлэһэн, мунньахтаан баран (протокол общего собрания коллектива N1 от 21.05.2024 г.) биирдии күннээҕи хамнаспытын 174 000 солкуобай үбү икки улууска тэҥинэн арааран расчетнай счеттарыгар ыытарга, ону сэргэ Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар, ыам ыйын 21 күнүнээҕи N 498п бирикээскэ олоҕуран, иккиэннэригэр 500 000 солкуобайдаах материальнай көмөнү оҥорорго диэн быһаарыы ылынныбыт.
Ааспыт сылларга Амма эбэбит халааныттан Харбалаах бөһүөлэгэ улаханнык эмсэҕэлии сылдьыбыт буолан ууга барар хайдаҕын илэ билэр буоламмыт бар дьоммутун, тэрилтэлэри туора турбакка, төһө кыаларынан ууга барбыт улуустарбытыгар күүс-көмө, өйөбүл, бөҕө тирэх буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын.
Бары үтүөнү кытта норуот депутата Прокопий Рахлеев.