Валентин Потапов: «Быйыл күүстээх үлэ күүтэр»

Тааттатааҕы РЭС тэрилтэтэ улахан хабааннаах саҥардыы үлэтин тохтоло суох ыытар. Манна хас биирдии үлэһит бүтүн Тааттабыт улууһун олохтоохторо уотунан эрэллээхтик тохтоло суох хааччыллалларын туһугар үлэлиир. Сыл ахсын саҥардыы үлэтэ сыллааҕы былааҥҥа олоҕуран, ону тэҥэ быйыл «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэр сыалтан ыытылынна. Манна уот ситимнэрин кичэйэн көрөн, хапытаалынай үлэтин таһынан күннээҕи өрөмүөҥҥэ эмиэ быыс булан үлэлэһэллэр. Бу курдук РЭС маастардара, электромонтердара туох алдьаныы, саахал тахсыбытынан, түүннэри-күнүстэри, өҥүрүк куйааска, томороон тымныыга, арыт сынньалаҥа да суох күүстээхтик үлэҕэ түһүнэллэр. Онон бу олус элбэх сыраны эрэйэр, ирдэбиллээх үлэ буолар. Сарсыарда 8 чаастан эбийиэккэ барыахтарын иннинэ суоппардар, маастардар аан маҥнай доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлэнэн баран, көҥүл бэрилиннэҕинэ үлэҕэ бараллар. Ону тэҥэ сэрэхтээх буолуу инструктаһын аныгы олох ирдэбилинэн мультимедийнэй муннукка ыарырҕатар ыйытыктаргын холбоон үөрэтиэххэ, билиэххэ сөп.
Валентин Иванович Потапов — Тааттатааҕы РЭС эдэр кэскиллээх маастара үлэ былаанын кылгастык сырдатта:
«Бу буолаары турар «Манчаары оонньуутугар» бэдэрээтчиттэр көмөлөрүнэн быйыл СХТ, ДРСУ уонна оскуола уотун ситимигэр уларытыы киирдэ. Кэлэр 2024-2025 сылга 0,4 кВ линиятыгар үлэлиибит, ол аата Ытык Күөл иһинээҕи уот ситимигэр өрөмүөн үлэтэ уонна уларытыы киириэҕэ, ону тэҥэ Дьохсоҕон, Уолба, Чөркөөх нэһилиэктэригэр эмиэ уот ситимин уларытыы үлэтэ барыаҕа. «Манчаары оонньуутунан» сибээстээн улууспутугар саҥа тутуулар киирдилэр, манна бөлөхтөрүнэн тохтоло суох үлэ бара турар. Быйыл былаанынан 10 Трансформатор фундаменнарын ситтибит уонна 8 трансформатор оҥоһуллан миэстэтин булла.

Читайте дальше