Аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөх түмэлин кындалыгар 1912 сыллаахха улэҕэ киирбит Ньукуола таҥаратын дьиэтэ дьэндэйэн, көмүс солотуулаах купола күн уотугар ыраахтан оонньоон ыҥырар-угуйар. Бу мантан чугас аҕабыыттар олорбут дьиэлэрэ турар. Бу саха бастакы профессиональнай худуоһунньуга Иван Попов орох тэппит, оҕо сааһын көмүс ньээкэ уйата буолбут сирдэрэ. Маннааҕы сир-дойду, от-мас иччилэрэ кинини Ванчюра диэн аатынан өйдөөн эрдэхтэрэ.
Араас кэмнэргэ Чөркөөх музейыгар биирдиилээн сөбүлээн устааччылартан саҕалаан уус-уран художественнай киинэлэр эмиэ уһуллаллар. Олортон биирдэстэринэн режиссер Любовь Борисова «Кэрэни көрбүт» («Не хороните меня без Ивана») художественнай киинэтэ буолар. Бу Чөркөөххө күн сирин көрбүт саха бастакы профессиональнай художнига Иван Васильевич Попов олоҕун кэпсиир, көрдөрөр киинэ. Таҥара бэриниилээх улэһиттэрэ Дмитриан Попов такайбыт сиэнэ, Василий Степанович Попов туйаҕын хатарар уола Ванчюра дьонугар көмөлөһөн иконостас уруһуйдаан улааппыта. Онон оҕо сааһыттан таҥараҕа сыллаппыт оҕо.
Киинэни Чөркөөх түмэлигэр сайын саамай үгэннээн, от-мас ситэн торолуйан турар кэмигэр уһулбуттара. Аммаҕа сыылкаҕа олорбут В.Г.Короленко дьиэтин (копия, ред.) таһыгар киинэ биир эпизодун үлэтин хаартыскаҕа туһэрэн ааспытым. Манна бэлиэтээн эттэххэ, түмэл билиҥҥи сирэ – кыра Ванчюра (Иван Попов, ред.) сүүрбут-көппут, аҕата Василий Степанович аҕабыытынан Ойуун ууһун чосуобунатыгар үлэлээбит сирэ буолар. Онон махталлаах саҥа көлүөнэ айар-тутар дьоно худуоһунньук историческай сирин таба тайаммыттара хайҕаллаах суол. Нэһилиэк олохтоохторо киинэ уһулларын туһунан улаханнык билбэтэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго аан дойдуну аймаабыт ковид ыарыыта «былааһы ылан» турар кэмэ этэ. Ол иһин режиссер киэҥник биллэрбэккэ, этэргэ диэри тыаһа-ууһа суох чуумпутук үлэлээбиттэрэ.
Музейга кэлэ-бара сылдьан көрдөххө, киинэ эпизодугар уһуллар дьон сүрүннээн Чөркөөх уонна Ытык Күөл олохтоохторо этилэр. Олохтоох народнай театр артыыстарыгар уонна уу сахалыы дьуһуннээх дьоҥҥо кастинг биллэрбиттэрэ. Маныаха тыа сирин дьоно киинэ индустриятыгар кыттан, үлэлиэххэ сөбүн билбиттэрэ. Кастинҥа эргилиннэххэ, эпизодка оонньообут дьон ортотугар Ытык Күөлтэн «Кустук» оҕо театрын салайааччыта Татьяна Захарова кыттыбыта. Татьянаттан киинэ туһунан аҕыйах тылынан ахтан-санаан ааһарыгар көрдөстүм.
— Режиссер Любовь Борисова хамаандатын кытта кэлэн киинэҕэ уһулларга кастинг биллэрбиттэрэ. Онно «Кустук» театрыгар дьарыктанар оҕолорбун илдьэ барбытым. Бэйэбин көрөн баран: «Уһуллуоххун баҕарбаккын дуо?», — диэбиттэрэ. Ол эрээри хааспын оноһуу, татуаж эбит диэн иҥнибиттэрэ. Киинэҕэ уһуллар баҕаттан хааспын төттөрү урукку чөлүгэр түһэртэрбитим. Кастинҥа Чымынаайыттан, Дэбдиргэттэн игин бааллара. Биһиги дьиэ кэргэнтэн эдьиийбин талбыттара, этэргэ дылы сахалыы дьүьүннээх дьону ылбыттара. Дьүөгэм оҕолоро киинэ биир геройугар оонньуур артыыс Иннокентий Луковцев «оҕолорун» оонньообуттара.
Киинэ аата этэринии олох кэрэ, сырдык сыдьаайдаах. Киһи хаттаан көрдөҕүн аайы, саҥаттан саҥаны бэйэҕэр аһан иһэҕин. Мин киинэни төрдүс төгүлүн көрдүм. Бииртэн биир кэрэни арыйан иһэбин. Киһини улаханнык ыкпат, сылаппат, бэйэтиттэн төрөөн, тахсан иһэр. Норуокка чугас киинэ дии санаатым. Тааттабыт кэрэ айылҕата, сирэ-уота, айылҕабыт ситэн-тупсан турар кэмэ, мэҥэ өйдөбүнньүктэрбит, түмэллэрбит, талба талааннаах норуот артыыстара кыттыспыт киинэлэрэ бутун дойду үрдүнэн көстөрө биир историческай түгэн курдук ылынабын, сыаналыыбын», — диэтэ.
Быйыл Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сыла. Онон бэлиэ сылыгар федеральнай каналга кини туһунан киинэ тахсара хас да төгүл долгутуулаах, бүтүн дойду олохтоохторугар көстөрүттэн киэҥ туттабыт. Кырдьык да, таҥара сыллаабыт киһитэ саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга – Иван Попов.
Светлана Халгаева.
Хаартыскаларга: С.ХАЛГАЕВА «Кэрэни көрбүт» киинэ эпизодуттан түһэрбит түгэннэрэ.