“Олох хас биирдии күнүн Дьылҕа бэлэҕин курдук ылыныахтааххын” диэн истэҕин, ааҕаҕын. Киһи сырдык ыралаах үчүгэйкээн киһини көрсөрө эмиэ дьолго тэҥнээх.

Бүгүн мин оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан билэр оҕобун көрсөн, өтөрүнэн астымматахпын астынным, үөрүү долгуна мин дууһабын кууста. Кэпсэтэр сыалым дьиҥинэн кини улахан ситиһиилээх оҕотун туһунан дьоҥҥо билиһиннэрбит киһи диэн этэ да, кэпсэтэ олорон, “Ыал — ийэтинэн” диэн санааҕа салалынным. Уонна ол өттүнэн суруйдахпына бары өттүнэн ордук буолсу дии санаатым: Ийэ, Оҕо, Дьиэ кэргэн, общество диэн өйдөбүллэр сиэттиһэ, иллэһэн омук кэскилэ, судаарыстыба тутула диэҥҥэ салаллаллар.

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим Надежда Александровна Павлова – Ильина. Кини Ытык Күөлгэ улааппыт, Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбит оҕо. Надежда олоҕун бэйэтин күүһүнэн тэлинэрин 2006 сыллаахха “Абитуриент” штабка үлэлии сылдьан хайдахтаах курдук дьаныардаахтык ХИФУ физкультурнай салаатыгар туттарсан киирбитинэн билэбин. Ол кэннэ сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ Надежда туруу үлэһит, ыал кыһамньылаах ийэтэ, эрэллээх кэргэн буолбутун, дьоҥҥо-сэргэҕэ өй-санаа угар кыахтаммытын көрөн, үөрдүм. Саас сааһынан суруйдахха, Надежда, аата да этэринии, төһө да судургута суох оҕо саастаах эбитин иһин, Эрэли өрө тутан, олоҕун олус сөпкө салайынан иһэриттэн үөрэҕин. Кини таптыыр кэргэннээх, үс уол оҕолоох, ону таһынан тулаайах бырааттарын иитэллэр. Билигин Дьокуускай куоракка оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиир. Быйыл олохторун уйатын – саҥа квартира — ылынаннар үөрүүлэрэ өссө үксээбит.

Надежда кэргэнэ бары бэркэ диэн билэр, кини талааныгар сүгүрүйэр уонна үөрэр биир дойдулаахпыт, ырыаһыт, хоһоонньут, ырыа айааччы, мелодист, уруһуйдьут Андриан Павлов, аны билигин төрөппүт аҕатын Спартак Васильевич Павлов суолун тэлэн, сварщик идэтин баһылаан, “Анаабыр алмаастара” хампаанньаҕа ваахтанан үлэлиир. Кэлин кэмҥэ хит буолбут “Аҕам миэнэ аттыбар” ырыатын бары да долгуйа истибит буолуохтааххыт. Эп-эдэркээн, 36 эрэ саастаах Надежда олоҕу көрүүтэ кэскиллээх. Билиҥҥи сорох эдэр ийэлэр курдук күннээҕи кылабачыҥныыр арҕаа дойду моһуонугар сөп түбэһэр олоҕу батыспакка «Ийэ оҕотун туһугар олоруохтаах, кини сайдарыгар усулуобуйа тэрийиэхтээх, оҕолорун талааннарын арыйарга, сайыннарарга бары кыаҕын, сатабылын ууруохтаах, кэргэнигэр үтүө сүбэһит буолуохтаах“ диэн бигэ санаалаах. Ол да иһин икки улахан уолаттара спордунан сөбүлээн утумнаахтык дьарыктаналлар. Кинилэр номнуо добуччу ситиһиилэммиттэр.

Иитэр бырааттара Луковцев Дмитрий быйыл Дьокуускайдааҕы технологическай техникуму бүтэрэн, повар-кондитер идэтинэн үлэҕэ киирэн үлэлээн эрэр. Бу 2024 сылга республикатааҕы “Абилимпикс” диэн кондитердар күрэхтэригэр, Красноярскай куоракка ситиһиилээхтик кыттан 1 миэстэни ылан, Саха сирин көмүскээн кэллэ.

Көҥүл тустууга РФ спордун маастарыгар кандидат, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ 16 саастаах улахан уоллара Антон Голиков соторутааҕыта олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин бирииһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэҕэ бастаата. Кини быйылгыттан Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай резервэ училищетыгар үөрэнэр, дьарыктанар, билигин Россиятааҕы көҥүл тустуу күрэхтэһиитигэр бэлэмнэнэн Хаҥаласка эрчиллэр. Кини кыра эрдэҕиттэн тустуутун видеоҕа уһултаран баран хайаан да эргиллэн, алҕастарын булар, инникигэ ырыҥаланар идэлээҕин, итиэннэ тустуу историятын хасыһан үөрэтэр дьарыктааҕын эттэ. Билиҥҥи кэмҥэ куйаар ситиминэн оҕолор бэйэлэригэр туһалааҕы төһө баҕарар билиэхтэрин сөптөөҕүн Антон холобуругар эмиэ көрүөххэ сөп. Бастакы тустууга тренерэ бары билэр, киэн туттар биир дойдулаахпыт көҥүл тустууга Сэбиэскэй сойуус маастара, Аан дойду бэтэрээннэрин 2003 сыллаах чөмпүйүөнэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Семенович Кочкин. Иннокентий Семенович Антону 7 сааһыттан эрчийбит, билигин да иитиллээччитин ситиһиилэрин кыраҕытык кэтиир. Антон туһунан Иннокентий Кочкин бу курдук тиэрдэр: “Быйыл үгэскэ кубулуйбут олимпийскай чөмпүйүөн, Аан Дойду 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус үтүөлээх маастара Павел Павлович Пинигин аатынан күрэхтэһии бастакытын 2007-2008 сыллаах төрүөх спортсменнарга Норуоттар икки ардыларынааҕы турнир киэбинэн ыытылынна. Манна Россия араас республикаларын таһынан, тас дойдулартан кытта барыта 200-н тахса 18-гар дылы саастаах уолаттар күрэхтэстилэр. Күрэхтэһиини Москва куораттан аан дойдутааҕы категориялаах хамыыһыйа Цыренов А.Н. салалтатынан дьүүллээтэ. Бу улахан күрэхтэһиигэ Дьокуускай куорат 3 нүөмэрдээх Оҕо көҥүл тустууга анал оскуолатыттан 45 киилэҕэ 2008 сыллаах төрүөх мин бастакы кылаастан дьарыктыыр Тааттаттан тардыылаах иитиллээччим Антон Голиков бастаата. Бу иннинэ 2022, 2023 сылларга 3 миэстэлэри ылаттаабыта. Антон сылтан сыл ахсын ситиһиилэрэ — кини тренердэрэ Никита Николаевич Никифоров, Михаил Михайлович Каженкин, норуоттар икки ардыларынааҕы Россия маастара, чөмпүйүөнэ Николай Григорьевич Яковлев, эдэрдэргэ Россия хас да төгүллээх призера, маастара Вячеслав Александрович Кривошапкин түбүктээх үлэлэрин түмүгэ. Антон 45 киилэҕэ 18 кыттааччыттан, ол иһигэр Дагестан, Бурятия, Забайкалье, Монголия, Кыргызстан, бөҕөстөрүн кэннигэр хаалларан инники түстэ. Антон кэнники сылларга ситиһиилэриттэн сороҕун сэмэйдик билиһиннэрдэхпинэ, Бүтүн Россиятааҕы турнирдарга Дагестаҥҥа (2022 с.) 3 миэстэни, Чечняҕа (2022 с.) 2 миэстэни, Улан Үдэ куоракка (2024 с.) 1 миэстэни, Владивостокка 3 миэстэни, Смоленскайга “Юность России” күрэхтэһиигэ ( 2022 с.) 1 миэстэни, Саха сирин чулуу тустууктарын Василий Гоголев (2022 с.) , Дмитрий Данилов ( 2023 с.), Николай Тарскай (2024 с.) сырдык ааттарын үйэтитэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ тустааҕынан 1, 1, 3 миэстэлэри, Хабаровскайга Уһук Илин уокурукка (2023 с.) 1 миэстэни, Брянск куоракка (2024 с.) 1 миэстэни, Стайки Оппен Белоруссияҕа ( 2024 с.) 3 миэстэни, үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар (2023 с.-2024 с.) 2-3 миэстэлэри ылары ситиспитэ.

Маны барытын Антон Голиков бэйэтин сыралаах дьарыгынан, баҕатынан, дьаныарынан, тустууга бэриниилээҕинэн, спортивнай режими тутуһуутунан, тренердэрин үөрэтиилэрин толорорунан ситиһэн иһэр. Инникитин өссө күүстээх дьаныардаах дьарыктар, күрэхтэһиилэр, күүстээх утарсааччылар күүтэллэр! Онно барытыгар бэлэм буолуохха! Бэрээдэк, Дьарыктар, Күүстээх Санаа, Дьулуур кыайыыга тириэрдиэ! Ону ситиһэргэ төрөппүт оҕотун дьарыгар сөптөөх сыһыана, көмөтө эмиэ улахан суолталааҕа биллэн турар.

Оҕолор ийэлэрэ Надежда Александровна, аҕалара Андриан Спартакович ону бу сыллар усталара сөпкө өйдөөн бу ситиһиилэргэ эмиэ улахан кыттыгастаахтар! Төрөппүттэргэ махтал!» Павловтар орто уоллара Тимур 13 саастаах. Кини дуобакка 2 спортивнай разрядтаах, оҕолорго дуобакка өрөспүүбүлүкэҕэ хас да төгүллээх чөмпүйүөн, призер. Тренерэ (сир да кыараҕас!) дуобакка олохторун анаабыт, элбиих элбэх саха оҕотун мындыр толкуйга дуобат нөҥүө уһуйбут, кэнчээрилээх үтүө дьыалалара сайда чэчирии турар, Аан дойду 85 чөмпүйүөнүн уонна призердарын, 86 Европа уонна 491 Россия чөмпүйүөннэрин ииппит РФ, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренердэрэ Николай Николаевич Кычкин I, Мария Никитична Бырдыннырова дьиэ кэргэннэрин кийииттэрэ РФ спордун маастарыгар кандидаата, Россияҕа нуучча дуобатыгар элбэх төгүллээх чөмпүйүөн, Европа призера Матрена Петровна Кычкина!

Кыра уол Спартак 4 саастаах, детсаат иитиллээччитэ. Ийэтэ кыратын уруһуйдуур уонна ыллыыр талааннааҕын этэр, кинини ол өттүнэн дьарыктыырга толкуйданар. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитэр-такайар, санаа астыга буолар ситиһиилэнэллэрэ биир күнүнэн кэлбэтэ чуолкай. Манна ситимнээх ыра санаа, эбиитин оҕону күрэхтэһиигэ ыытарга, репетиторствонан дьарыктаннарарга барытыгар эбии үп эмиэ ирдэниллэр.

Бу өттүнэн эдэр ийэ Надежда Александровна сыта-тура толкуйдаан, эбии дохуот булунарга суол арыммыта туһугар эмиэ эдэр ийэлэргэ үтүө холобур буолуон сөп. Кини балтараа сыл анараа өттүгэр Дьокуускайга маастар кылааска үөрэнэн, сахалыы киэргэллэри оҥортоон атыылаан, харах таһаарынар. Ханнык баҕарар киһи олоҕо түһүүлээх-тахсыылаах. Олоххо көрсүллэр моһоллору тургутуу быһыытынан ылынан, сүнньэ этэҥҥэ дьон сиэринэн чиэстээхтик аһарыныы дии саныыбын. Бу туһунан Надежда санаата: «Кыайыы-Хотуу, бу диэн эттэххэ, Чэпчэкитик кэлбэт. Олоххо Араас Моһоллору туораан, Түһүүнү-Тахсыыны барытын тулуйан, оҕолорбут биһиги инники Кэскиллэрбит диэн өйдөөн, нууччалыы эттэххэ, «Дети — это Вклад в Наше Будущее» диэн Кэргэмминээн Андрианныын Оҕолорбут тустарыгар Үлэни Өрө тутан, Сиэттиспитинэн иннин Хоту баран иһиэхтээхпит. Биһиги кыайыыбыт ол буолуохтаах!”

Бу Ийэ туһунан ыстатыйабын эдэр ийэлэргэ үтүө холобур буолаарай диэн суруйдум. Билигин үгүс эдэр ийэлэр оҕолорун иитиилэригэр утумнаахтык ылсан, оҕолорун дьоҕурдарын сайыннарыыга биир сүбэнэн, тус тосхол оҥостон, үлэлэһэллэрэ буоллар, дьиэ кэргэҥҥэ олох араас моһоллорун сиэрдээхтик туоруурга Ийэ киһи инникини анаарар толкуйунан суолталааҕын быһаарыыга, Аҕаны кытта бииргэ буолууга, Аҕа оруолун үрдэтиигэ дьулуһууга, оҕо интэриэһин өрө тутууга туһаайаллара буоллар инникигэ бигэ эрэллээх буолуохпут этэ.

Анна Посельская.

Читайте дальше