Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут, уос номоҕор киирбит хатыҥнардаах, чараҥнардаах, саха чулуулара уутуйан үөскээбит тоҕус томтордоох Чурапчы туонатыгар бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна политическай деятель 70 үбүлүөйдээх сааһын көрсө «РФ сенатора Егор Афанасьевич Борисовтыын биир күн» пресс-тур буолан ааста.
Бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһин ыҥырыылаах ыалдьыттарын Чурапчы дьоно-сэргэтэ охсуллубут от сыттаах тэлгэһэлээх «Арчы дьиэтигэр» арыылаах алаадьынан күндүлээн, саха мааны саламаатынан маанылаан, үрүҥ илгэнэн айах тутан көрүстүлэр.
Пресс-тур кыттыылаахтарын Одьулуун нэһилиэгин олохтооҕо, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, алгысчыт Иван Ильич Попов үтүө тылы амалыйан, «Сардаҥа» түмсүү Далбар Хотуттарын кытта арчылаан, Аал уоту оттон сиэри ситэрдилэр, туому толордулар.
Алгыс тылынан айхалламмыт, үтүө тылынан уруйдаммыт пресс-турга Саха сиринээҕи хаһыат, араадьыйа, тэлэбиидэнньийэ үлэһиттэрэ төрөөбүт норуотун сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит, саха омук олоҕун уйгута тупсарыгар дьаныардаахтык үлэлэһэр Е.А. Борисов тэлэһийэн улааппыт тэлгэһэтиттэн саҕалаан, олоҕун кэрдиис кэмнэрин, үлэһит үтүөтэ, киһи киэнэ кэрэмэһэ, сатабыллаах салайааччы буола үүммүт тэрилтэтин көрдүлэр, үлэтин-хамнаһын сырдатар архыып-бибилэтиэкэҕэ сырыттылар, бөдөҥ салайааччы тус көҕүлээһининэн туттарбыт култуура киинин иһинээҕи хартыына галереятыгар ыалдьыттаатылар.
Биһиктээбит тэлгэһэтэ
Бу күн сырдатар эйгэ үлэһиттэрэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн, СӨ аграрнай-продовольственнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕа баайын туһаныыга Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит, Саха сирин инники кэскилэ сайдарыгар олук уурсубут бастакы Ил Дархан Е.А. Борисов олоҕун суолун устун бииргэ хардыылаан, модун санаалаах бөдөҥ салайааччы биһигин ыйаабыт тэлгэһэтигэр үктэнэн, орох тэппит оҕо сааһын, иитиллибит истиҥ эйгэтин кытары билистилэр.
Хас биирдии киһиэхэ Ийэ кута иҥмит иитиллибит иэримэ дьиэтэ, тирэхтээбит тэлгэһэтэ, оҥкулу уурбут уһаайбата, тулалыыр чугас дьоно киһи буолан килбэйэн тахсарыгар улахан сабыдыаллаах.
Чурапчы Арҕаа баһыттан үүнэн-сайдан тахсыбыт Егор Афанасьевич аҕата Афанасий Егорович айылҕаттан бэриллибит механизатор талааннааҕа. Оччотооҕу кэмҥэ ыал аҕа баһылыга аан маҥнайгынан оройуоҥҥа дьиэни радиаторынан оттор ньыманы тобулан, саҥа, сонун сүүрээни киллэрбитэ. Кини уолун кыра эрдэҕиттэн булталт абылаҥар уһуйбута, тиэхиньикэҕэ сыһыарбыта. Бииргэ төрөөбүттэр үксүлэрэ оччотооҕу кэмҥэ үөрэҕэ суох, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас аҕаларын үөрүйэҕин батан, техническэй үөрэхтэри баһылаабыттара. Ийэтэ Прасковья Ильинична ылыннарыылаах үтүө тылынан, истиҥ, эйэҕэс майгытынан үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдээбитэ.
Бу кыра дьиэ, уруккута Сыланныыр суол төрдүгэр турар буолан, үгүс ыалдьыт сылдьара, хоноһо хонон-өрөөн ааһара. Аҕыс оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ Егор Борисов ыал улахан оҕото буоларын быһыытынан төрөппүттэриттэн эппиэтинэстээх буолуу бастыҥ хаачыстыбалары иҥэриммитэ.
Билигин үс салҕааһыннаах дьиэ бастакы салҕааһыныгар Егор Борисов биһигин ыйаан, ичигэс тыыннаах эркиҥҥэ дьоллоох оҕо сааһа ааһан, иитиллэн тахсыбыта. Кини кыра эрдэҕиттэн саха киһитин сиэринэн төрүт өбүгэ саҕаттан үтүө үгэс буолбут булт-алт абылаҥар ылларан, Арҕаа баска маҥнайгы туһаҕын иитэн, бастакы куһун бултаан, тыа оҕотун бары сатабылыгар уһуйуллубута. Дьол уйатын биһиктээбит тэлгэһэҕэ төрүт дьон төрүөҕэ, ытык дьон ыччата Егор Афанасьевич олоҕун аргыһа Прасковья Петровнаны кытары сүрэхтэрин холбоон, ыал буолбуттарын туоһулуур сэргэлэрэ турар.
Бу дьиэттэн саҕаламмыта норуоттан тахсыбыт үлэһит үтүөтэ, салайааччы бастыҥа буола үүнүүтэ, Саха сирин бастакы Ил Дархана буолар киэҥ аартыга арыллыбыта. Боростуой норуоттан тахсыбыт үрдүкү салайааччы олоҕун устата дьиэ кэргэниттэн иҥэриммит үс бириинсиптэринэн салайтарар: киһи тус эппиэтинэһин сүгүү, нэһилиэк уонна өрөспүүбүлүкэ интэриэһин инники күөҥҥэ тутуу, күн күбэй ийэтин үтүө үөрэҕинэн ханнык да түгэҥҥэ дьон туһунан куһаҕаны санаама, дьон туһунан куһаҕаны саҥарыма, кимиэхэ даҕаны куһаҕаны оҥорума диэн сөптөөх суолу тутуһан үлэлээн-хамсаан, төрөөбүт норуотун туһугар улахан эппиэтинэһи чиэстээхтик сүгэр. РФ сенатора Егор Борисов уһаайбатын аҥарын ыччаты иитиигэ туһалаах буоллун диэн улуус бас билиитигэр анаан турар. «Чурапчы улууһа» МО дьаһалтата киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахтарын үлэтин-хамнаһын үрдүктүк сыаналаан, олохтоох каадыры үүннэрэр сыалтан кэскиллээх бырайыактары үлэлэтэр былааннаах. Инникитин биир улахан салайааччыбыт үлэтэ-хамнаһа өссө да дириҥ хорутуулаахтык үөрэтиллэн, үүнэр кэнчээри ыччаты кэскиллээх олоххо сирдии, инникилээх салайааччылары үүннэрэ туруоҕа.
Дархан кыһата
Салгыы пресс-тур кыттыылаахтара норуот иннигэр улахан эппиэтинэһи ылынан үлэлээбит салайааччыны киэҥ билиигэ сирдээбит, үтүөҕэ-сырдыкка уһуйбут, үтүөкэн учууталлардаах үөрэммит оскуолатыгар ыалдьыттаатылар.
Егор Борисов төрөөбүт дойдутугар кэллэҕин ахсын үөрэх кыһатыгар көтүппэккэ сылдьар, оскуола күннээҕи олоҕун кытары куруук билсиһэр үтүө үгэстээх.
Дархан кыһатын үөрэнээччилэрэ попечителлэригэр уонна ыалдьыттарга анаан, ахсыс кылаас үөрэнээччилэрэ Виолетта Горохова, Настя Сокольникова уонна оҕо хамсааһынын бастыҥ лиидэрдэрэ экономическай билим дуоктара Егор Борисов олоҕун кэпсээнин, үлэһит буолбут маҥнайгы хардыыларын, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна политическай деятель быһыытынан үүммүт үлэтин, олоҕун кэрчигин сырдаттылар.
Чурапчы улууһун кэлэр кэнчээритэ, кэнэҕэски көлүөнэтэ сүгүрүйэ ааттыыр биир дойдулаахтарын үлэтин үөрүйэҕиттэн үтүө холобуру ыла үүнэллэрэ хайҕаллаах. Урукку кэмҥэ үгүс көлүөнэни иитэн таһаарбыт учуутал Анна Егоровна Гордеева оскуола сайдыытын кэрэһэлиир матырыйааллары хомуйан, хаартыскалары чөмчөппүтүттэн саҕалаан төрүттэммит оскуола түмэлигэр сырыттылар.
Түмэл салайааччыта педагогическай үлэ бэтэрээнэ Татьяна Кононовна Матвеева Дарханнары уһуйбут үөрэх-билии кыһатыгар алгыс тылынан саҕаламмыт саха литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, саха бастыҥнара уһуйуллан тахсыбыттарын сэһэргээтэ.
РФ сенатора үөрэнээччилэри кытары көрсүһүүтүгэр суруналыыстар аһаҕас кэпсэтиигэ кыттан, үгүс сыл салайааччынан үлэлээбит Егор Борисов киэҥ эйгэҕэ биллибэтэх хаачыстыбаларын арыйдылар, оскуолатааҕы үтүө кэмнэрин туһунан биллилэр. Ол курдук Егор Афанасьевич техническэй үөрэххэ дьоҕурдаах буолан, 10 кылааһы бүтэрэн баран физмат оскуолаҕа ыҥырыы туппутун, орой мэник оҕо эрдэҕиттэн тобуллаҕас толкуйунан дьээбэлээх-хооболоох үтүө кэмнэрин ахтан-санаан ылла. РФ сенатора күн бүгүнүгэр диэри киэҥ билиини сомсон, үлэһит үтүөтэ буоларыгар үөрэппит-такайбыт учууталлара үтүө сыһыаннарынан тулхадыйбат тулааһын буолан, олох оскуолатыгар уһуйбуттарын, үтүө киһи буола үүнэригэр куорсун анньыбыт ытыктыыр учууталларыттан үгүс үөрэҕи, бастыҥ иитиини ылбытын, оскуолатааҕы умнуллубат кэрэ кэмнэрин күндүтүк саныырын биллэрдэ. Уран тыл маастара, история кэрэһитэ, киэн тутта ааттыыр учуутала В.С. Яковлев — Далан кыһамньылаах сыһыанынан тус олоҕун быыһаабыт түгэниттэн сырдатан, учууталыгар күн бүгүнүгэр диэри муҥура суох махталлааҕын биллэрдэ.
Оскуола боруогун атыллаабыт кэмигэр оҕо быһыытынан мэниктээтэҕинэ, маҥнайгы кылааска үөрэппит учуутала Матрена Петровна Эверстова тохсунньу тымныытыгар мэниктээн буруолуу олорор уолу ыҥыран, төбөтүттэн имэрийэн, сымнаҕастык үөрэтэрин-такайарын, норуот сирдьитэ В.И. Ленин олохтон туораабытын кэннэ Хоту оройуонтан кэлэн айымньылаахтык үлэлии сылдьар учууталы көрөн, тас дьүһүнүн майгыннатан: «Ленин тыыннаах!» диэбит көрдөөх түгэнин көрсүһүү кыттыылаахтарыгар сэргэх кэпсээнин сэһэргээтэ.
Тэрээһин кыттыылаахтара Дархан кыһатыттан уһуйуллан тахсыбыт бастакы Ил Дарханы кытары дуоһуйа кэпсэтэн, оччотооҕу оскуолатааҕы кэм быыһын тэҥҥэ сэгэтэн, бэйэлэригэр саҥа арыйыылары оҥордулар, үгүһү иҥэриннилэр.
«Сельхозтехника» улахан тэрилтэтигэр уһаарыллыбыта
РФ сенаторын кытары пресс-тур кыттыылаахтара «Сельхозтехника» тэрилтэтигэр ыалдьыттаатылар. Манна оройуоҥҥа кэлбит маҥнайгы тиэхиньикэлэр, көмүс илиилээх бастакы механизатордар испииһэктэрэ ааспыт кэм чахчыларын эргитэн, билиҥҥи сайдыылаах олоххо история биир туоһутун кэрэһэлииллэр.
Бу тэрилтэҕэ Егор Афанасьевич амарах аҕата үлэлээн ааспытын туоһулуур өйдөбүнньүк бэлиэ турар. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга улахан уолун эрдэттэн тиэхиньикэҕэ сыһыаран, тырааныспары хаамтарар сатабылы иҥэрэн, билигин хос эһэлэрин утумун салҕаан, оҕолоро-сиэннэрэ бары тиэхиньикэни баһылыыллар. Ол курдук оччотооҕу кэмҥэ Чурапчы оройуонун биир тутаах тэрилтэтигэр Егор Борисов үлэлии киириэҕиттэн, туохтан да иҥнэн-толлон турбакка үлэтин слесарьтан саҕалаан, ыстаал курдук хатарыллан, «Сельхозтехника» бөдөҥ тэрилтэ салайааччытыгар тиийэ үүммүтэ. Салгыы Новосибирскай куоракка тыа хаһаайыстыбатын институтугар инженер-механик идэтин ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Дэгиттэр талааннаах бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин баай үөрүйэхтэриттэн сомсон, бэйэтин үлэтин эндэппэккэ толорон, бүтүн оройуону хааччыйан олорор тэрилтэ салайааччытынан анаммыта. Кини кэллэктииби түмэр, бииргэ сомоҕолуур дьоҕурунан аҕам саастаах үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн умнуллубат тэрээһиннэри ыыталлара, манна киэҥ хайысхалаах үлэ күөстүү оргуйара.
Салайааччы туохха барытыгар эппиэтинэһи уонна бэрээдэги ирдиирэ, үлэһиттэрин тэҥҥэ тутар уратылааҕа. Бу кэмтэн ыла кини күүстээх санаатынан, ыгылыйбакка, кыһалҕаны тута быһаарар, туруоруммут сыалын ситиһэр бастыҥ сатабыллары ылыммыта. Быйыл Егор Афанасьевич Борисов суоппар быһыытынан «С» категорияны ылбыта үйэ аҥара буолан, икки бүк үбүлүөйдээх даатата.
Кэм кэрэһитэ
Ыалдьыттар Е.А. Борисов аатынан архыып-бибилэтиэкэҕэ экскурсиялаан, РФ сенаторын олоҕун-дьаһаҕын чахчыларын, попечитель быһыытынан үлэтин-хамнаһын туһунан билистилэр, аһаҕас кэпсэтиигэ кытыннылар. Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Ил Дарханын аатын сүкпүт Егор Борисов Арассыыйа биир бөдөҥ эрэгийиэнин салайар кэмигэр ыччаттар ортолоругар «Миниистир» дьыалабыай-оонньууну төрүттээбитэ. Чурапчы дьаһалтата бырайыагы салгыы сайыннарар сыалтан быйыл каадырдары бэлэмниир туһуттан эдэр ыччаттарга «Старт» дьыалабыай-оонньуу ыытан саҕалаата. Бырайыак эйгэтэ кэҥээн, бибилэтиэкэҕэ салайааччылары иитэр киин аһыллыбыт.
Өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара архыып-бибилэтиэкэҕэ попечитель Егор Афанасьевич хаартыскалар кэпсииллэринэн судаарыстыбалар салайааччыларын, үрдүк сололоохторун кытта тэҥҥэ алтыһан бииргэ үлэлэспитинэн, киэҥ билиигэ сирдиир сэдэх кинигэлэри, үгүһү сэһэргиир энциклопедиялары, ураты эйгэни үөскэтэр хартыыналары, сувенирдары бэлэхтээбитэ дириҥ иитэр суолтатынан РФ сенатора үлэтэ-хамнаһа төрөөбүт дойдутун баайынан-дуолунан буолбутун көрдөрдө.
Олоҕу киэҥник көрөр таһымнаах салайааччы тус көрүүтүн, ис санаатын истэн астынныбыт. Егор Афанасьевич суруналыыстары кытары аһаҕас кэпсэтиигэ бырамыысыланнас сайдыы төрдө буоларынан эдэр көлүөнэ дьон бу хайысхаҕа үлэлиир соругу тутуһуохтааҕын, сир баайын толору туһаҕа таһаарарга үлэлэһиэхтээҕин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар туһуттан ыччаты тыа сиригэр тардыы, тыа сиригэр олоруу рейтинин үрдэтии, үлэһит илиини таба туһаныы, Саха сиригэр кэпэрээссийэни көдьүүстээхтик тэрийэн, аграрнай бизнеһи сайыннарыыга о.д.а. санаатын үллэһиннэ.
Ону таһынан сөптөөх инормацияны ылар уопсастыба түргэнник сайдарын бэлиэтээн туран, Саха норуотун саргылаах инникитэ сайдарын туһугар үүнэр көлүөнэ холобур тутта үүнэрин туһугар тыа сиригэр олорон ааспыт киэҥ эйгэҕэ тарҕамматах сэрии кыттыылаахтарын, үлэлии-хамсыы олорор Үлэ Дьоруойдарын холобурдаан сурукка тиһэргэ сүбэ-саргы биэрдэ.
Умнуллубат пресс-тур кыттыылаахтара Егор Борисов көҕүлээһининэн тутуллубут култуура киининээҕи Афанасий Мунхалов аатынан хартыына галереятыгар сылдьан, норуот кэскиллээх инникитин түстээбит РФ сенаторын кытары биир күнү атааран, дуоһуйа астыннылар, үгүһү иҥэриннилэр.
Мария Павлова.
Видеоматериалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин.