Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара

Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы «Воспитание лич­ности в едином образовательном пространстве» диэн тиэмэлээх мунньахха 5976 педагог көхтөөх кыттыы­ны ылла.

СӨ үөрэҕирии уонна билим министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн сүбэ мунньах чэрчитинэн уопсайа 59 тэрээһин ыытылынна. Ол иһигэр, 11 стратегическай сессия, 10 методическай семинар, 6 төгүрүк остуол, 4 бырайыактыыр сессия, 4 ма­старыскыай үлэлээтэ, форумнар, дискуссиялыыр былаһааккалар тэрилиннилэр, 21 үөрэх таһымын үрдэтэр куурустар, 15 спутник-тэрээһиннэр, кэн­сиэрдэр, сайыҥҥы үлэ түмүктэринэн «Мое лето» бэстибээл, «Урожай-2024» быыстапката ыыты­лынна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Ни­колаев «О развитии единой системы образова­ния Республики Саха (Якутия) со сроком до 2030 года» ыйааҕын толоруу стратегическай сессия сүрүн тэрээһининэн буолла. Педагогтар атырдьах ыйынааҕы тэрээһиннэригэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна РФ Дьоруойа Игорь Юргин кыт­тыылаах пленарнай мунньахха өрөспүүбүлүкэ баһылыга быйылгы үөрэх дьылын сүрүн саҥа соруктарын туруорда. Быйылгы 2024-2025 саҥа үөрэх сылыгар оскуолаларга кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, үөрэхтээһиҥҥэ икки саҥа биридимиэт: «Основы безопасности и защита Родины» уонна «Үлэ» киириэхтэрэ. Үлэ биридими­этэ начальнай кылаастан саҕалаан, онтон ОБЗР – орто уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр ыытыллыахтара.

ОБЖ уруога “Основы безопасности и защита Родины” диэн саҥа биридимиэккэ уларыйыаҕа. Саҥа биридимиэккэ алын байыаннай бэлэмнэ­нии кууруһа киэҥ хабааннаахтык хабыллыаҕа. Ол курдук, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин үөрэтэр бырагыраамаҕа “ОБЗР” кууруһун икки барыйаа­на киирдэ. Бастакы баазовай куурус күннээҕи олоххо-дьаһахха, тырааныспарга, уопсастыбаҕа, айылҕаҕа сэрэхтээх буолууга, ону тэҥэ, судаарыстыба, обору­она уонна сүрүн байыаннай сулууспа туһунан сүрүн өйдөбүллэри иҥэрэргэ туһаайылынна. “ОБЗР” кууруһун иккис барыйааныгар “Элементы начальной воен­ной подготовки” туспа муодуль быһыытынан киирдэ. Манна үөрэнээччилэр строевой хаамыы, байыаннай­дыы эҕэрдэлэһии, пехота саллаатын сэбин-сэбир­гэлин сөпкө туһана үөрэниэхтэрэ. 10-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ бастакы көмөнү оҥоро үөрэниэхтэрэ уонна бэйэни харыстанар сатабылы баһылыахтара. Бу биридимиэттэри үөрэтэр учууталлар анал эбии кууру­стары аастылар.

Оҕону уопсастыбаннай үлэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ, оскуолаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга иитэр инниттэн үөрэнээччилэр уопсастыбаннай, туһалаах үлэнэн дьарыктаныахтара, ол иһигэр бэтэрээннэр­гэ көмөлөһүөхтэрэ. Бу барыта үлэнэн иитии биир көрүҥүнэн буолуо. «Үлэ» биридимиэтэ хас да модуль­тан турар. Ол иһигэр аныгы олох ирдэбилинэн оҕону олоххо бэлэмниир сыалтан «Производство и техно­логии», «Компьютерная графика. Черчение», «Робото­техника», «3D-моделирование, прототипирование и макетирование», ону сэргэ талан ыларга «Животно­водство», «Растениеводство» модулун талан үөрэтии киирэр.

Быйылгы үөрэх дьылыттан история биридимиэ­тин саҥа учуобунньугар «Төрөөбүт дойдум истори­ята» куурус модуль быһыытынан киирдэ. Ону сэргэ 0-11 кылаастарга «Семьеведение» уруоктара баар буо­луохтара. Кэлэр кэнчээрилэрбит «Человек, семья, об­щество», «Мои родственники-похожие и разные», «О семейном уюте и не только», «Важней всего — погода в доме», «Современная семья и право» бырагыраамалар нөҥүө эппиэтинэстээх сыһыантан саҕалаан, сиэрдээх ыал буолууга, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин сыаналыыр­га, ытыктыырга үөрэниэхтэрэ.

Атырдьах ыйынааҕы учууталлар мунньахтара 4 хайысханан ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, иитии хайысхатын иһинэн бастакытын гражданскай уонна патриотическай иитиигэ аналлаах «В приоритете — воспитание» үөрэхтээһин форума тэрилиннэ. Форум иһинэн «Өксөкү сиэннэрэ» (перевод программы социальной активности младших школьников «Орлята России» на якут­ский язык) учебно-методическай комплекс биһирэмэ буолла. Саҥа саҕалааһын быйыл А.Е. Кулаковскай –Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт сириттэн Тааттаттан саҕаланыаҕа.

Быйылгы үөрэх дьылыттан уруок кэмигэр мобиль­най төлөпүөнү туттуу Федеральнай сокуонунан ха­аччахтанна, ол эрэн, үөрэнээччи төрөппүттэрин кытары сибээскэ баар буолуоҕа.

Мира Луковцева.

Читайте дальше