Үлэ киһитэ үйэлээҕи түстүүр, үлэнэн чиэстэнэр

Үлэ киһитэ үлэттэн дьоллонор.

Киһини үлэ, үөрэх туругурдарын курдук үлэ киһитэ түбүктээх үлэ үтүө түмүгүттэн дьоллонор, кэскиллээҕи оҥорбутунан, үйэлээҕи түстээбитинэн дуоһуйар.

Уус Амма нэһилиэгэр өр сылларга тыа сирин сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрбит, сүрэҕин этиитинэн нэһилиэк кэнчээрилэриттэн саҕалаан, аҕам саастаах ытык дьонун кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр нэһилиэк биир тутаах үлэһитинэн Галина Митрофановна Попова буолар.

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, нэһилиэк көмүс тарбахтаах иистэнньэҥинэн, үйэтитиигэ үлэни түмээччинэн биллэр. Нэһилиэк иистэнньэҥнэрин «Алгыс» түмсүүтүн чилиэнэ Галина Митрофановна таҥас кырадаһынынан тигиигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк таһымнаах күрэстэр дипломаннарынан ааттанан, төрөөбүт дойдутун дорҕоонноохтук ааттаппыт Таатта улууһун норуотун маастардарыттан биирдэстэрэ.

ЫТЫК ДЬОН ЫЧЧАТА, ТӨРҮТ ДЬОН ТӨРҮӨҔЭ

Митрофан Ефимович Попов

Аҕата Митрофан Ефимович Попов тимир көлөнү дэгиттэр баһылаабыт оройуон бастакы механизатордарыттан биирдэстэрэ. Кини сахалыы мындыр өйүнэн, тобуллаҕас толкуйунан, модун санаатынан барыны кыайа-хото тутара, сатаабата диэн суох этэ. 1945 c. тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэммитэ. МТС үлэлии киирэн, Баайаҕа, Дьүлэй, Игидэй нэһилиэктэринэн сири таҥастыыллара. Ыал аҕата кэскиллээҕи түстүүр үтүө баҕатынан Уодай дулҕалаах ходуһаларын, көбдүргэн сирдэри туһаҕа таһаарыыга күүскэ үлэлэспитэ. Кыһынын пиэрмэҕэ от таһара. 1955-58 cc. социалистическай куоталаһыыга үрдүк көрдөрүүтүнэн оройуоннааҕы «Бочуот дуоскатыгар» киирбитэ.

Митрофан Ефимович уонна Игнатий Васильевич Протопопов

Бастыҥ тырахтарыыс МТС-ка үлэлиир кэмигэр агро-бөһүөлэги тутууга дьоһун кылаатын киллэрбитэ, үүт собуотугар маастары солбуйааччынан, үрүҥ илгэни үрүлүтэн, сыыры оҥоруу технологиятын баһылаан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Анаммыт идэтигэр бэриниилээх, үтүө суобастаах, эппиэтинэстээх үлэһит саха киэнэ сайаҕаһа, урааҥхай киэнэ килбиэннээҕэ буолан, дьон-сэргэ кутун тутара. Билигин оҕолоро, сиэннэрэ кини идэтин утумнаан, үһүс көлүөнэ ситимэ салҕанар.

Прасковья Иннокентьевна Попова

Ийэтэ Прасковья Иннокентьевна Попова 1927 c. Чурапчы улууһугар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн, саас сир хорутан, оҕус сиэтэн, сайын от мунньан, бурдук ыраастаан, ыһыыга үлэлээбитэ. 1953 c. Уус Амма нэһилиэгэр МТС тырахтарыыһынан анаммыта. Дьоллоох дьиэ кэргэн Проня, Гоша, Галя, Кеша диэн түөрт оҕоломмуттара. Дьиэ хаһаайката кытыгырас, ыраас, чэбэр туттунуутунан, минньигэс аһынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэтэрэ, үгүс ыалдьыт сылдьар, хоноһо астына хонор ыалынан буолаллара. Ордук, үгүс ыалдьыт амсайбыт «Боккуойа үөрэтэ» уос номоҕор киирбитэ. «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Сэбиэскэй Сойуус маршала Жуков», «Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сыла» мэтээллэр хаһаайкаларынан буолбута. Митрофан Ефимович Попов уонна уолаттара бары тырахтарыыс бастыҥнара буолан, Прасковья Иннокентьевна тыраахтар чааһын эндэппэккэ билэрэ, кэргэнин тыраахтарын тыаһын араарара. Дьиэ кэргэн оҕолорун истиҥ тапталынан үлэттэн толлон турбат, модун санаалаах буоларга ииппиттэрэ.

Ыал аҕата Митрофан Ефимович, ийэлэрэ Прасковья Иннокентьевна Поповтар

Ыал аҕата тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буолан, уолаттара Егор, Иннокентий тимир көлөнү эрэллээх доҕор оҥостон, солбуллубат тырахтарыыстарынан буолбуттара. Иннокентий Митрофанович өр сылларга Камаз массыынанан чох таһыытыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Галина Митрофановна 20 сыл миинискэй матасыыкылы, ардыгар кэлээскэтэ суох юпитеры миинэр миҥэ оҥостубута, кыргыттара Паша, Айта, Виталина бары тиэхиньикэни ыыталлар. Уола Митрофан тырахтарыыс, суоппар идэлээх таайа Иннокентий Митрофановичтан тиэхиньикэни баһылыырга уһуйуллубута.

Прокопий Митрофанович Попов

Егор Митрофанович Попов

 

Иннокентий Митрофанович Попов

УОДАЙ – ОҔО СААС БИҺИГЭ

Умнуллубат оҕо саас

Галина Митрофановна 1960 сыллаахха кулун тутар 29 күнүгэр айылҕа биир маанылаан айбыт кэрэ сиригэр, Уодай учаастагар Прасковья Иннокентьевна, Митрофан Поповтарга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ ыарыһах буолан, доруобуйата мөлтөҕүттэн, төрүүрүгэр быыһаныа суоҕа диэн, балыыһаҕа илдьибэккэ дьиэтигэр кэлэн төрөппүттэрэ. Дьолго, ийэ киһи этэҥҥэ оҕолонон, саҥа дьиэҕэ киирэн, ыал дьон үөрүүлэрэ икки бүк үрдээбитэ. 1962 с. дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон Кеша төрөөбүтэ. Оччолорго өҥ-быйаҥ хочолоох Уодай сиригэр балыыһа, кулууп, лааппы, дьааһыла, үүт собуота, типовой хотон, баанньык, гараж баара, үөрэх кыһата эрэ суоҕа. Улахан дьиэ кэргэн оҕолорун алын кылааска үөрэттэрээри Уус Аммаҕа кыстыыллара, сааһын Уодайга сайылыыллара. Галина Митрофановна умнуллубат ойор-тэбэр оҕо сааһа Уодайга ааспыта. Улахан дьиэ кэргэн тумус туттар киһитэ Галина Попова «сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх» дииллэринии билигин тапталлаах Уодайыгар өбүгэ сирин тилиннэрэн, дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатын тэнитэллэр.

ҮЛЭҔЭ УҺУЙУЛЛУУ

Галина Митрофановна алтыс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, эдэр сааһыгар аҕалара ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Онон соҕотох ийэ санныгар оҕолорун иитии кыһалҕата сүктэриллибитэ. Элбэх оҕо ийэтэ Прасковья Иннокентьевна ыарыһах буолан, үлэтэ суоҕа. Сүөһүтүн тутан хаалан, оҕолоро сиртэн сэрбэйиэхтэриттэн үлэлии үөрэммиттэрэ. Өҥүрүк куйааска сайыны быһа оттообут отторун 10% аахсан, сүөһүлэрин кыстаталлара. Кыра отчуттар сайын устата уонча кэбиһиини туруораллара. Ону тэҥэ, ийэлэригэр көмөлөһөн, сарсыарда ынах хомуйуута, үүт астааһына, дьиэ, таҥас сууйуута, иһит-хомуос хомуйуута, сир астааһына, килиэп буһарыы, дьиэ бүппэт түбүгүн күннэтэ эндэппэккэ толороллоро. Дьиэ кэргэн истиҥ эйгэтигэр улааппыт оҕолор кыра эрдэхтэриттэн ийэ, аҕа үлэлиир үөрүйэхтэригэр көрөн үөрэнэн, үлэҕэ уһуйуллубуттара.

ХОМСОМУОЛ ЫЙАР СУОЛУНАН

Үлэ бастыҥнарын сүлүөтэ

Галина Попова 1977с. оскуоланы бүтэрэн, комсомольскай путевканы тутан, «Коммунизм» сопхуос Чымынаайытааҕы отделениетыгар ыанньыксытынан киирбитэ. Бу күнтэн саҕалаан, күргүөмнээх үлэ күөстүү оргуйбута. Эдэр үлэһит дьонтон хаалсымаары сарсыарда 3ч. 30м. туран үлэлии тиэтэйэрэ. Тиийээт, хотону күрдьэн, сүөһүлэрин эбии аһатан, ынахтарын ыан үүтүн туттарара. Онтон күнүскү, киэһээҥҥи ыам тиһигин быспакка кэлэн, быыһыгар ньирэй көрүүтүн түбүгэр түһэн, күн биллибэккэ ааһара. Онтон оҕуруокка хаппыыста, иҥэмтэлээх суудараһыҥҥа күөх маассаны үүннэрэрэ.

Уопсастыбаннай үлэ

Кини эдэр эрчимнээх сааһыттан уопсастыбаннай үлэ, спорт эйгэтигэр теннис, сүүрүү, араас таһымнаах күрэс көхтөөх кыттааччытынан буолара. Ол да иһин, ийэтэ, «Кыһыл ахтыып» диэн таптаан ааттыыра. Бастыҥ үлэһит бороон, субан сүөһүнү көрөр отделение бастыҥ үлэһитэ буола үүнэн, хаһыат сирэйиттэн түспэт этэ.

Үөрүүлээх тэрээһин көхтөөх кыттааччылара

Онтон Галина Попова учуот секторынан үлэлээн, взнос хомуйар эппиэтинэстээх эбээһинэстээҕэ. Кэнники кыстыкка киириигэ биригээдэнэн бэдэрээккэ үлэлээбитэ, биригээдэни салайбыта, онтон үлэтин үрдүк көрдөрүүтүнэн биригэдьииринэн анаммыта. Салайааччы ыанньыксыттар уустук үлэлэрин чэпчэтэргэ кыһаллара. Көхтөөх комсомолка Галина Попова Таатта чулуу ыччаттарын ортотуттан үлэтэ сөптөөхтүк сыаналанан, Cаха хомсомуолун XXXII кэмпэриэнсийэтигэр дэлэгээтинэн талыллар чиэскэ тиксибитэ.

Хомсомуол 90 сыла

Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна тыа сирин сайыннарыыга үлэтин ыһыктыбакка күн бүгүнүгэр диэри күүһүнуоҕун ууран, төрөлкөй төрүөҕү тэнитэргэ, үрүҥ илгэни үрүлүтэргэ үлэлэһэр.

ҮЛЭ КИҺИТЭ

«Дьон иннигэр сүүрэрбин сөбүлүүбүн»

Галина Попова.

Тыа хаһаайыстыбатыгар эҥкилэ суох үлэлээн баран, Галина Митрофановна 2 сыл оҕо саадыгар асчытынан үлэлии киирбитэ. Онтон сэбиэдиссэйи хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан көһөрбүттэригэр сайынын оҕурсу, помидор үүннэрэн, кырачааннары сибиэһэй оҕуруот аһынан күндүлүүллэрэ. Сайыннары 70 оҕо хонуктаах уһуйааҥҥа сылдьара.

Сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕыр тэрээһиниттэн

2001 с. «Эрэл» дьиэ кэргэн киинин Чымынаайытааҕы филиалыгар уонтан тахса сыл үлэлээбитэ. 2015 сыллаахтан социальнай харалтаҕа үлэлиир. Социальнай эйгэҕэ үлэ бары хайысхатыгар социальнай өттүнэн кыаммат ыаллары кытта, онтон саастарын ситэ илик оҕолору чөлүгэр түһэриигэ, билигин аҕам саастаах биир дойдулаахтарын көрөристэр эппиэтинэстээх үлэлээх.

Оҕо-аймаҕы сомоҕолуу түмэр лааҕыр

Маҥнай утаа, «Эрэл» реабилитационнай киин иһинэн сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырын салайара. Волонтер оҕолору кытта нэһилиэк иһин, Амма өрүс кытылын ыраастыыр волонтердар хамсааһыннарын тэрийэрэ. «Боотурдар» спортивнай лааҕырдарын үлэлэтэн, улуустан тириэньэрдэри аҕалтаран, иитиллээччилэри эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга оҕо-аймах дуоһуйа сынньанар эйгэтин тэрийэрэ. Үтүө үгэс быһыытынан нэһилиэк баһылыга бириис олохтоон, сэргэх күрэһи тэрийэн, нэһилиэккэ сонун хамсааһыны таһаараллара. Учуутал идэлээх иитээччи Саргылана Эдуардовна Саввинаны кытары оҕо өйгө суоттуур дьоҕурун сайыннарыыга дьарыгы ыытан, оҕо-аймахха умнуллубат кэмнэри бэлэхтииллэрэ. Үлэлээх буолуу киинин кытары дуогабар түһэрсэн, үтүө баҕатынан нэһилиэнньэҕэ бэргэһэ, унтуу тигэргэ, кыл-сиэл кууруһун ыытара. Бар дьон итэҕэлин ылбыт үлэһит реабилитационнай киин иһинэн үлэлиир кэмигэр үс Амманан сылдьан, үгүс кыһалҕаны быһаарара.

Үлэни сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээн

Күрэс тыҥааһыннаах түгэниттиэн

2006 сыллаахха социальнай үлэһитинэн ананан, Уус Амма нэһилиэгэ халаан уутун содулуттан үөскүүр кыһалҕалары туоратар туһуттан, нэһилиэк кырдьаҕастарыгар дьиэ, уһаайба докумуоннарын оҥотторууга сүүрэн-көтөн, бэйэтэ кэпсэтиһэн, сүүстэн тахса ыалга үтүө өҥөнү оҥорбута, ону таһынан, 40 ыал докумуонун регистрационнай палаата нөҥүө туоһу суругу ылалларын ситиспитэ. Кини дьоҥҥо үтүө суобастаахтык көмөлөһөрү, чиэһинэй быһыыны, киһи үтүө хаачыстыбатын өрө тутар үлэһитинэн буолар.

ДЬОЛЛООХ ДЬИЭ КЭРГЭН

Галина Митрофановна олоҕун аргыһа Виталий Николаевич Поповтуун 1990 сыллаахха ыал буолан, 4 оҕолонон, көлүөнэни салгыыр сиэннэрдээхтэр. Галина Митрофановна кэргэнин өйөбүлүнэн социальнай үлэһит үөрэҕин бүтэрбитэ, кини үтүө сүбэтинэн-аматынан үгүскэ үөрэммитин күндүтүк саныыр.

Агроном идэлээх Виталий Николаевич Попов тыа сирин сайыннарыыга холкуос, сопхуос үлэтигэр эриллэн, биригэдьиир кытаанах бурҕалдьытын кэтэн, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Салайар үлэһит бастыҥ үөрүйэҕэ, тиэхиньикэҕэ сыһыана, оччотооҕу кэмҥэ отделение үлэтигэр сыаналаммат үтүө өҥөнү киллэрбитэ. Галина Митрофановна кэргэнинээн хаһаайыстыба тэринэн, 10 сыл бааһынай хаһаайыстыба салайааччытынан үлэлээбитэ. Улахан кыыстара Прасковья Витальевна анестезиолог-реаниматолог, сэдэх идэлээх неонатолог быраас. Кэргэнэ Гаврил Павлов МЧС сулууспатын водолааһа, билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар, икки уоллаахтар. Митрофан Витальевич Дьокуускай куоракка чааһынай тэрилтэҕэ улахан уйуктаах массыынаҕа суоппардыыр, кэргэнэ Оксана Руслановна математика уонна информатика учууталынан үлэлиир, икки оҕолоохтор. Айталина Витальевна экэнэмиис-бухгалтер идэлээх. Виталина Витальевна бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, «Саха сирин пиэрмэрдэрин хамсааһына» анал бэлиэ хаһаайката, «СӨ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин» Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта.

Түмсүүлээх дьиэ кэргэн оҕолорун кытта күргүөмүнэн хотоҥҥо ынах ыан, хортуоппуйга үөрэ-көтө үлэлииллэрин көрбүт эрэ барыта астынар, хайгыыр буолара. Оччолорго хортуоппуй хомууругар дьиэ кэргэн үтүө үгэһинэн идэһэ туттан, көмө дьонун маанылыылларын дьон-сэргэ күн бүгүнүгэр диэри үтүө тылынан ахтар. Көмүс күһүн күндү бэлэҕиттэн 120 куулу көмө дьонугар аныыллара.

Истиҥ эйгэлээх дьиэ кэргэҥҥэ баар суруллубатах сокуонунан оҕолор кыра эрдэхтэриттэн анал эбээһинэстээхтэрэ. Улахан кыыс Прасковья дьиэ иһинээҕи үлэни толороро. Айта кыра эрдэҕиттэн тэҥҥэ ынах ыан, сибиинньэ аһатан, куурусса көрсөрө. Галина Митрофановна кыра кыыһа Виталина оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр «Оҕону үлэнэн иитиигэ» дакылаат суруйтарара. Билигин дьиэ кэргэн үтүө үгэһин урбаанньыт Виталина Витальевна салҕаан, инники көлүөнэни билиигэ уһуйар үөрэх кыһатын үөрүүлээх үбүлүөйүгэр 100 куул хортуоппуйу, үүнэр Саҥа сылга аҥардас төрөппүттээх оҕолорго, элбэх оҕолоох ыалга сэмэй бэлэхтэри оҥорор. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ уһуйуллан, билигин дьиэ кэргэн сүөһү тутан, сайынын оттоон, араас оҕуруот аһын олордон, 16 гааҕа хортуопуй, бурдук олордон үлэ күөстүү оргуйар. Хаһаайыстыбаларыгар билигин 30 тахса ынах сүөһүнү туталлар. Галина Митрофановна быраата, тырахтарыыс бэрдэ, суоппар идэлээх Иннокентий Митрофанович, «үлэ диэн баран муннукка ытаабыт» киһи буоларын быһыытынан, дьиэ кэргэн төһүү көмөлөһөөччүтүнэн буолар.

ҮЙЭТИТИИГЭ ҮЛЭ

А.И. Маркова уонна Г.М. Попова архыып уонна хаһыат матырыйаалларыгар, кинигэлэргэ тирэҕирэн, дьон ахтыыларыгар олоҕурбут, нэһилиэк туруу үлэһит дьонун сырдатан, «Үтүө-мааны дьоммут олохторуттан үлэһит дьону үйэтитэн» диэн ахтыы кинигэни таһаартаран, биир дойдулаахтарын сырдык ааттарын үйэтиппиттэрэ. Кинигэ матырыйааллара Уодай сиригэр аһыллыбыт түмэл истиэндэлэригэр тиһиллэн, иккис тыыннанан, үүнэр көлүөнэҕэ олорон ааспыт үлэ дьонун сэһэргии, билиһиннэрэ турар үйэлээх үлэнэн буолла. Кинигэҕэ Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи устуоруйа чахчыларын сэргэ, хары күүһүнэн үлэлээн ааспыт биир дойдулаахтара, элбэх оҕолоох ийэлэр, Уодай сирин баай историята түмүллүбүтэ.

О.Р. Попова уонна Г.М. Попова Улуу Кыайыы 70 сылыгар аналлаах үс туомнаах «Кыайыы кынаттаах. Албан аат — тыыннаах» (Таатталар Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ), «Кыайыы кынаттаах. Албан аат — тыыннаах» (Тыылга кыайыыны уһансыбыттар) II т., «Кыайыы кынаттаах. Албан аат — тыыннаах» (Сэрии сылын оҕолоро) III т. кинигэни хомуйан, история биир кэрдиис кэмигэр уоттаах сэрии кыттыылаахтарын, нэһилиэк төһүү үлэһиттэрин, дьоһун дьонун-сэргэтин ааттаппыттара.

 «Коммунизм» сопхуос тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах кинигэ ааптарын быһыытынан, дириҥ историяны түмэн, үгүс матырыйаалынан көмөлөһөн, Георгий Михайлович Артемьев үрдүк сыанабылын ылбыта. Иистэнньэҥнэр «Алгыс» түмсүү чилиэннэрин кытта иис маастара Галина Митрофановна кырадаһынынан норуот айымньытын дьиэтигэр «Уус Амма нэһилиэгин дьаралыгын», нэһилиэк дьаһалтатыгар «Ат толору симэҕин», Б.Ф. Неустроев — Мандар Уус Моҕол ураһатыгар ситии хатан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга үйэлээх бэлэҕи ууммуттара.

 

Уус Амматааҕы «Алгыс» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ

Уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр

Галина Митрофановна кинигэ оҥоһуутун курдук үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр үлэтэ нэһилиэк историятын түмэринэн, үйэтитиигэ үлэ бастыҥ холобурун көрдөрөр.

Ол курдук төрүт өбүгэ олорон ааспыт дьоһун дьонун сырдык аатын тилиннэрии, нэһилиэк Ытык дьонун аатын үйэтитиигэ бигэ тирэҕи уурда. Галина Митрофановна үлэнэн киэркэйбит олоҕо, үйэлээҕи оҥорбутунан айхаллана, үтүөнү түстээбитинэн уруйдана туруохтун!

Мария Павлова.

Читайте дальше