Үлэҕэ сүрэхтээх буолуохха…

Суол бадарааныгар ооннь оон булумахта- нар    оҕолор ортолоругар биир уол ордук улаханнык бирилиирбарылыыр, мас тыраахтара батыллан эрэйдиир, ол да буоллар, оборчо бадараантан таһааран, кыайыылаах- тык туттархаптар. Бу 66 сыл анараа өртүгэр кырачаан киһи бүтүн олоҕун илгэтин оонньоон көрдөрбүт эбит. Кини кимий?

Суол ба- дарааныгар ооннь оон булумахтанар    оҕолор ортолоругар биир уол ордук улаханнык бирилиир-барылыыр, мас тыраахтара батыллан эрэйдиир, ол да буоллар, оборчо бадара- антан таһааран, кыайыылаахтык туттархаптар. Бу 66 сыл анараа өртүгэр кырачаан киһи бүтүн олоҕун илгэтин оонньоон көрдөрбүт эбит. Кини кимий?

Бу «РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх механизатора» үрдүк наҕараадалаах, бырааттыы механизатор Потаповтар династияларын биир тумус үлэһиттэрэ Георгий Иосифович Потапов-I буолар.

Ийэтэ Екатерина Семенов- на, аҕата Иосиф Романович сэрии, суткураан алдьархайын санныларыгар сүкпүт, кэргэттэрин сүтэрбит огдообо дьон, икки өртүттэн сүбэлэһэн, сөбүлэһэн ыал буолбуттара. Иосиф Потапов балаҕаныгар түргэнтарҕан туттунуулаах Кэтириис киирэн, быр курдук ыал буолан, оҕолор бэйэбэйэлэрин билсэннэр, убайбыраат дэһэ түспүттэрэ.

Саҥа Олоххо унаар буруо унаарбыта. Ахтар Айыыһыттара, Эдьэн Иэйэхситтэрэ бу ыалы айыы хараҕынан көрөн, төрөтөр оҕону төлкөлөөбүтэ, иитэр сүөһүнү күрүөлээбитэ. Бастакы уол Семен кэнниттэн Георгий-I, Иосиф, Георгий-II, онтон игирэ уолаттар Василий, Юрий төрөөбүттэрэ. Роман, Николай буолан, 8 уоллаах, Варвара диэн эдьиийдээх «Уоһук Потаповтаах дуо?» дэтэр лиҥкинэс уолаттардаах ыал буолбуттара. 9 оҕону Кэтириис уонна Уоһук харыларын күүһүнэн үлэлээн, бултаан-алтаан атахтарыгар туруорбуттара, үлэһит оҥорбуттара, алаһа дьиэни тэрийбиттэрэ.

Бу улахан дьиэ кэргэнтэн бу сыллаахха от ыйын 9 күнүгэр Ге- оргий Иосифович Потапов-I сэттэ уон сааһын томточчу туолла.

Георгий-I Саҥа Олох пиэр- мэлэринэн кыстаан, сайылаан, көлүччэлэригэр сөтүөлээн, кус оҕолоон, куула тыатыгар куобахтаан, оччотооҕу оҕо сиэринэн оҕо сааһа ааспыта. Аҕалара кэлин оҕолор оскуолаҕа киирэннэр, Саҥа Олоҕуттан Томторго көһөн киирэн, дьиэ-уот туттубуттара.

Георгий ахтар: «Кыра сааспытыттан аҕабыт үлэҕэ уһуйбута, кус оҕотун курдук батыһыннаран, сайынын оттуурбут. Саас улахаттар мас эрбииллэрэ, хайыталлара, кыралар саһаанныыллара. Арыый борбуйбутун көтөхпүппүт кэннэ, булка илдьэ сылдьар буолбута. Куобахха туһах иитэрбит, быһыт оҥороругар көмөлөһөрбүт. Элбэх оҕолоох буолан, быыс буллар эрэ бултуура. Бастакы булт абылаҥнааҕын бары билэбит. Ба- стакы чыркымайбын өлөрбүппүн билигин да астынан туран саны- ыбын. Сааһыран да баран, куска, булка өрө көтөҕүллэн туран барабын».

Георгий-I техникаҕа сыһыамаҕа оскуолаҕа үөрэнэр сылла- рыттан биллибитэ, дэриэбинэҕэким тыраахтара барарын-кэлэрин эндэппэккэ билэрэ. Биир эмэ ты- раахтарыыс уруулу туттардаҕына, киниттэн ордук дьоллоох киһи суох буолара. Биһиги, бииргэ үөрэммиттэр, математика эҥэр, эбэтэр тыл өттүгэр үөрэҕин салгыыра буолуо дии саныырбыт. Георгий-I барытыгар дэгиттэр үөрэнэрэ, оннооҕор немец тылын үөрэппит нуучча учуутала Анна Николаевна Синицина омук тылыгар үөрэниэххин сөп эбит диэбитэ. Соһуйуохпут иһин, уолбут 9-с кылаас кэнниттэн сопхуоска үлэлии тахсабын, механизатор буолабын диэн табаарыһынаан Василий Бе- лолюбскайдыын отделениеҕа гарааска үлэлии тахсыбыта.

Ол   кэмҥэ   өрөспүүбүлүкэҕэ

«Ыччат, техниканы баһылаа!» диэн хамсааһын саҕаламмыта. Георгий-I оробуочай уолаттары кытта сопхуос киин уһаайбатыгар тыраахтарыыс идэтин биэрэр кууруска үөрэнэн кэлэн, ыра оҥостубут баҕатын толорбута. Отделение салалтата үөрүүнэн МТЗ 82 мааркалаах тыраахтары туттаран кэбиспитэ.

Биһиги оскуолаҕа үөрэнэн мүлүктүү   сырыттахпытына, уолбут от-мас тиэйэн, тыраах- тарынан чыһыырдан ааһара, сапсыйан эрэ хааларбыт. Онон кылааһынньыкпыт Георгий-I олоҕун суолун, үлэтин биографиятын ити курдук тыраахтар уруу- луттан саҕалаабыта.

Сыл хонук. Эдэр саас сыллара үлэ үөһүгэр түргэнник, илим хотоҕоһунуу субуллан, ааспыттара. Георгий Иосифович Потапов-I тыа сиригэр төрөөн, тыа киһитин бүппэт түбүгүн биэс тарбах курдук билэр. Баайаҕа отделениетын

сайдыытыгар сыратын биэрбит киһинэн буолар.

Георгий Иосифович П.Алек- сеев аатынан сопхуоска, агрофирмаҕа, «Баайаҕа» про- изводственнай     кооперативы- гар барытыгар биир тэҥник сыһыаннаһан, дьону салайан үлэлээбитэ.

«Киһи үлэтин түмүгэ дьон-сэргэ өйөбүлүнэн, кини көмөтүнэн оҥоһулларын бэйэби- нэн билэн кэллим. Уопсайынан, биһиги, бырааттыылар, үлэһит буолуубутугар отделениебыт са- лалтата улахан көмөлөөх. Бири- гэдьиир П.П.Винокуров-Саллаат, управляющай Е.И.Луковцев, на- ставниктар С.П.Неустроев, А.Ф.Андросов, С.Д.Мандаров, П.П.Слепцов уо.д.а. үлэҕэ- хамнаска,                                олоххо-дьаһахха сүбэлэрэ, көмөлөрө муҥура суох. Дьиҥнээх аҕа табаарыстар этэ, кинилэр сэмэлээтэхтэринэ да астык буолара», — диэн кинилэр суолларын салҕаабыт настаабын- ньык кэпсиир.

Георгий Иосифович Пота- пов-I салайар биригээдэтин отделениеҕа ханна ыарахан, уустук, саҥа саҕалааһын баар сиригэр быраҕаллара. 1986 сыллаахха сопхуоска кормоцехтар диэн тэриллибиттэрэ, дириэктэр С.Г.Жирков, управляющай Г.Д.Никонов куоратынантыанан сүүрэккөтөн анал оборудование- лары булбуттара. Биригээдэ чилиэттэрэ уонна сопхуос мехзвенота начаас тардан, оҥорон кормоцеҕы бүтэрбитэ.   «Чэчир»    пиэрмэҕэ үс толору механизированнай хотоҥҥо, Куула, Искра, Кэскил хотонноругар тыһыынчанан сүөһү кыстыыра. Онно күн аайы 12,6 тонна тупсарыллыбыт бастыҥ хаачыстыбалаах эбии аһылыгы оҥорон таһааран, сүөһүгэ тиэрдэ- рэ.

Маннык эппиэттээх учаастакка биир өйдөөхсанаалаах дьон түмсэн үлэлээбитэ Георгий Иосифович салайарыгар олус көмөлөөх этэ. Ол кэмнэри билигин оччотооҕу салайааччы ытыктабылынан     сэһэргиир:

«Семен Гаврильевич олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар салайааччы буолара, дойду ыытар политикатын үлэтигэр таба сыһыаран, сопхуос да, агрофирма да эрдэххэ, элбэҕи ситиспитэ. Үлэм        сүнньүнэн

Семен Гаврильевичтыын   элбэхтик алтыспытым, с үб э лэ с питим. Б а р ы саҕалааһыннарбын

өйөөбүтэ, тирэх буолбута. Махталбын тылынан эппэт буолам- мын, үлэбинэн тиэрдибитим».

П.Алексеев аатынан сопхуоска өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан сири кытта үлэҕэ анаан,

«Үрдүк үүнүү» звенолара тэриллибиттэрэ. Быһаччы үлэлиир салайааччы санаата хоппот, кыайбат, сатаабат буоллаҕына, ханнык баҕарар үтүө саҕалааһын түмүгэ мөлтөх буолара биллэр суол. Дьэ, ол иһин бу звенолары салайан үлэлэтиигэ дьоҥҥо тылларын ылыннарар, дьиҥ айылҕаттан лиидэр хааннаах уолаттар талыллан анаммыттара. Уолбаҕа Давид Винокуров, Баайаҕаҕа Георгий Потапов-I, Уус Тааттаҕа Ефим Большаков, Анатолий Бочуров. Бары да дэгиттэр механизатордар, олус эппиэтинэстээх үлэһиттэр буолаллар. Бу уолаттар бэйэлэрин тула тыл аҥаарыттан өйдөһөр, ыарахаттартан чаҕыйбат үлэһиттэри түмпүттэрэ.

Баайаҕа отделениетыгар хоту талах, ыарҕа үүммүт сирдэрин туһаҕа таһаарыыга уһун кэмнээх былаанынан үлэ бөҕө ыытыллыбыта. Баайаҕа соҕуруу өттүгэр Маттаҕа үрэҕин төрдүттэн Ойуун Күөлүн тулата, Холлоҕостоох, Сэргэлээх сирдэрэ барыта, дэриэбинэ хоту өттүгэр Сиэр Ат сонуогуттан саҕалаан, Солкуобай Өтөҕүнэн, Мөҥүрүөнүнэн Үрэх Төрдүгэр Атырдьах Тииккэ тиийэ сир бөҕө оҥоһуллубута, элбэх сыллаах от ыһыллыбыта, отделение от бөҕөнү оттообута. Сири оҥороллорун таһынан сайын устата 1300-тэн тахса туонна бастыҥ хаачыстыбалаах оту, тыһыынчанан туонна сиилэһи, сенаһы уонна бурдугу бэлэмнээн, Баайаҕаны таһынан атын отделениеларга кытта көмөлөһөн олорбуттара.

Сүөһү аһылыгын базата оҥоһуллубута. База баар буолла да, саҥа идея төрөөн тахсар эбит. Г.И.Потапов-I күһүҥҥү уотууга 303 сүөһүнү ылан, аһатыыга киллэрбитэ. Бу үлэҕэ сүөһү аһылыгын нуорматын уонна аһатыы эрэси

Төһүү үлэһит

Георгий Иосифович Потапов-I

имин специалистар Наталья Васильевна Хочоенова, Анна Иннокентьевна Бурнашева, Мария Петровна Андросова сатабыллаахтык ааҕансуоттаан оҥорон, хонтуруоллаан үлэлииллэрэ. От, сиилэс баар, аһатыы эрэсиимин уонна ирдэбилин тутуһан, күҥҥэ аҕыста аһатан, хас биирдии сүөһү

334 киилэни үктүүрүн ситиспитэ. Сопхуоска, оройуоҥҥа ылыллыбатах ситиһии уонна кирбии этэ. Баайаҕатааҕы мехбойняҕа өлөрүллүбүт сүөһүлэр тоҥ эттэрин ыйаан тута сылдьан, Семен Афанасьевич Варламов: «Отучча сыл эти туттум ини, туппатым ини, биһиги дойдубутугар оҕус борооскулар хос сыаламмыттарын бастаан көрөбүн», диэн саҥа аллайбыта билиҥҥэ диэри номох буола сылдьар.

Георгий Иосифович Потапов-I звенотун   уолаттара   былааннаах үлэлэрин таһынан, бэйэлэрин инициативаларынан, киһи сиир сэлиэһинэйин сиэмэтин бэйэлэрэ булан, үүннэрэн, Чөркөөх миэлиҥсэтигэр таттаран, Баайаҕа бэкээринэтигэр килиэп астатан, олохтоохтору күндүлээбиттэрэ баар суол. Мантан да көстөрүнэн, уолаттар наада   буоллаҕына, киһи сиир бурдугун бэйэҕэ да үүннэриэххэ сөбүн көрдөрбүттэрэ диэн сыаналыахха сөп.

Георгий Потапов-I звенотун уолаттара төрөөбүт Баайаҕаларын нэһилиэгэ дэлэччи ходуһа, бааһына сирдэнэн, кэнэҕэһин да, сылгы, сүөһү ииттэргэ бөҕө акылааттаах буоларыгар бары да чахчы сыраларын ууран үлэлээбиттэрэ. Дэлэҕэ да, Потапов звенотун үлэтин атыттарга көрдөрөөрү, тыа хаһаайыстыбатын миниистирдэрэ сыллата, утуусубуу Ю.Д.Трофимов, Е.А.Борисов, И.С.Сивцев, П.С.Иванов уопут атастаһа, өрөспүүбүлүкэ атын хаһаайыстыбаларын батыһыннаран аҕалан көрдөрүөхтэрэ, үөрэтиэхтэрэ дуо?!

Олоҕун, үлэтин тыа сиригэр анаабыт Георгий Иосифович Потапов-I туһунан суруйуубун кини бэйэтин тылларынан түмүктүүбүн: «Олохпут укулаата төрдүттэн уларыйан, ыһыллыы буолбута. Онно күнүс олорбок- ко, түүн утуйбакка, үлэлээбит үлэбит сыыйабаайа ыһыллан, уостан барбыта   барыбытыгар ыарахан. Онно ким да буруйа суох, дойду балаһыанньата оннук иэҕиллибитэ.

Билигин эдэр дьоҥҥо үлэлииргэ, сайдарга кыах толору баар, сүрэх быраап диэбит курдук. Үлэҕэ сүрэхтээх буоллаххына, өбүгэлэрбит этэллэринии, хайаны да сууһарыахха сөп. Эдэрдэр, кытаатыҥ!».

Автор: М.Р.ЕГОРОВА, РФ

Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Баайаҕа Томторо.

Читайте дальше