Дойду Бэрэсидьиэнэ үүммүт сылы Дьиэ кэргэн, Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сылынан бэлиэтээбитинэн Дьокуускай куоракка үлэһит дьахталларын форумнара буолан ааста. Манна идэлээх сойуустар духуобунай сайдыы уонна дьиэ кэргэҥҥэ олоҕуран үс хайысханан арахсан үлэлээтилэр. Ол курдук, доруобуйа харыстабыла, үп-харчы боппуруоһа, социальнай, ол эбэтэр дьиэ кэргэн олоҕор кинилэр сыһыаннарыгар олоҕуран туһааннаах кыһалҕалары быһаарыы боппуруостара көтөҕүлүннүлэр. Форум саҕаланыыта СӨ профсойууһун федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дягтерев форум кыттыылаахтарыгар уонна үлэ үөһүгэр сылдьар профсоюз үлэһиттэригэр эҕэрдэ тылын эттэ.
Үлэһит дьахталлар сэбиэттэригэр сахабыт сирин араас муннуктарыттан идэлээх сойуустар актыбыыстара, ону тэҥэ күөх экран нөҥүө Татарстан курдук ыраах сиртэн тиийэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Хас биирдии кыттааччы форум үлэтин-хамнаһын туһунан санаатын аһаҕастык этэн, ырытыһан, араас кыһалҕалары кэпсэтиһэн, биир санааҕа кэлэн инникитин өссө күүскэ үлэлэһэргэ сыаллаах тарҕастылар.
Мин бу Форумҥа «Дьахтар доруобуйата — омук доруобуйата» диэн ырытыһар былаһааккаҕа үлэлэстим. Кэрэ көстүү, баай-дуол, таптал – дьол туоһута буолар эрээри доруобуйа суох буоллаҕына олохпут сүдү күүһэ уостар кутталланарын бары билэбит. Дьахтар доруобуйатын көрүнэр, тус бэйэтигэр кыһаллар буоллаҕына, доруобай олох салҕанарын хас биирдии кэлбит ийэ бэйэтигэр олус туһалаах иһитиннэриини ылла. Манна бэйэбит санаабытын этэн, табах, арыгы курдук куһаҕан дьаллык киһи олоҕор хайдах курдук охсуулаах буолуон сөбүн, киһи уйулҕатыгар бу кыһалҕа хайдах дьайарын туһунан бэрт интэриэһинэй кэпсэтии ааспыта. «Бу куһаҕан дьаллык илиитигэр киирбит ийэлэрбитин хайдах харыстыыбытый? көмүскүүбүтүй?» — диэн, элбэх этии киирбитэ. Хас биирдиибит бу курдук түмсүүлээх буоллаҕына күүстээх үлэ барара тутатына биллэр. Маннык хабааннаах көрсүһүүлэр хас биирдиибитигэр улахан көмөлөөх. Бу курдук тэрээһиннэр хас нэһилиэк аайы ыытыллан, түмүктээх үлэ бардаҕына, инникитин бу сытыытык турар кыһалҕалары кыайыахпыт турдаҕа.
Татьяна Павлова.