Оксана Мировна Слепцова оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, саха тылыгар туттарсан, биэс сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Тапталлаах Тааттатыгар талаһан, Дьохсоҕон орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэтин саҕалаабыта.

Салгыы улуус дьаһалтатын тэрийэр салаатын испэсэлииһинэн үлэлии сылдьан, Дьохсоҕон оскуолатыгар үөрэх саабыһынан анаммыта. 2012 сыллаахха Тааттатааҕы лицейгэ ыҥырыллан, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан Ытык Күөлгэ үлэлии кэлбитэ. Уон иккис сылын үөрэх сайдыытыгар сэмэй кылаатын уҕараабакка киллэрсэр. Ол курдук гимназияҕа Иван Пудович Жегусов аатын иҥэриигэ, үйэтитиигэ үгүстүк үлэлэһии кэнниттэн айымньылаах олоҕор бараммат үөрэх аартыгар күүскэ үлэлэспитэ. Айдарыылаах ахсаанньыт Аиза Николаевна Миронова этиитин ылынан, саҥа сүүрээннэри киллэрсэн, үөрэх кыһатын суолунан айаннаабыта. Улуус методическай үлэтин-хамнаһын сүрүннээбитэ. Таатта хамаандата биир күүстээх өй-санаа кыһатын быһыытынан биллэнкөстөн барбыта. Үгүс сыл устата улуустааҕы метотур хамаандатыгар тренердээн кэллэ. Ол курдук өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан ыытыллар методическай турга 2016-19 сылга диэри бириистээх миэстэттэн түспэккэ Таатта аатын ааттаппыттара. «Сыл бастыҥ учуутала» профессиональнай күрэскэ, мээнэ киһи ылыммат тэрээһинигэр, ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран тэрийсибитэ. Бу сыллар тухары Таатта учууталлара үрдүк таһымнаахтык кыттан кэлиилэригэр Оксана Мировна улахан оруолу ылар. Уол оҕону иитиигэ улахан болҕомтотун ууран, ааҕыы сатабылын баһылыырга, саҥарариҥэрэр дьоҕурдарын сайыннарыыга үлэлэһэр. Үтүмэн сценарийдары, дьүһүйүүлэри суруйан, оҕолору оонньотон, бэлэмниир, туруорар. Оҕолор олус сөбүлээн дьарыктаналлар. Тус бэйэтэ олус киэҥ билиилээх, элбэх литератураны хасыһан ааҕар. Ол да иһин буолуо, улууска ыытыллар тэрээһиннэр сценарийдарын суруйар, методическай копилкатынан баай. Махтал суруктар ис хоһооннорун талбыт суруйар, саҥа тахсар кинигэлэри иҥнибэккэ эрэдээксийэлиир. Биир кэлим эксээмэҥҥэ хас да сыл устата ииччэҕин-бааччаҕын билэр буолан, эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык докумуоннары толорор. Оҕолор идэ ылыыларыгар ийэлии истиҥник сыһыаннаһан, сүбэ-ама биэрэр. Эдэр учууталларга аҕа сүбэһит быһыытынан дакылаат, араас таһымнаах куонкурус буоллун, идэ таһымын үрдэтиигэ ыйан-кэрдэн биэрэр. Үлэтин үрдүктүк тутар үлэһиккэ ханнык баҕарар мунаарбыт ыйытыгы биэрэн, сөптөөх эппиэти ылан, астынан тахсаҕын. Киһи сөҕөр эрэ, кини билиитэ дириҥинэн, толкуйа тобуллаҕаһынан эт мэйиитинэн эллээн, иҥэриммит билиитин аныгы технологиянан табыгастаахтык туттар уратытын үөрэнээччитэ Айсен Пономарев дакылаата «Наукаҕа бастакы хардыылар» Бүтүн Арассыыйатааҕы НПК-ҕа кыайан-хотон кэлбитэ да үгүһү этэр. Ити курдук сыллата оҕолору тиһиктээхтик дьарыктаан, дакылаакка, олимпиадаҕа бэлэмниир. Суос-соҕотох күҥҥэ көрбүт мааны кыыһын Марияны Хабаровскай куоракка үөрэттэрдэ. Мария кэриэй тылыгар оҕолору уһуйан, үөрэтэр оҕолоро дэбигис өйдүүллэрэ, кини ийэтин утумнаан, учуутал талаанын ылыммытын көрдөрөр. Кыыһа билигин Санкт Петербурга олорор. Оксана Мировна ыал улахан оҕото буолан, быраатыгар, кини дьиэ кэргэнигэр мэлдьи тулхадыйбат тулааһын, энчирээбэт тирэх буолар. Аҕам саастаах эдьиийдэригэр сылаас сыһыанынан көх-нэм буолаллара сөхтөрөр. Эдьиий киһи сүөһү көрсөн, өҥүрүк куйааска от оттоон ыарахан үлэттэн чаҕыйан турбат.

Ити курдук, үөлээннээхтэригэр истиҥ дьүөгэ, чугас аймахха үлэһит үтүөтэ, кэллиэгэлэригэр бастыҥ сүбэһит. Манна төрөппүт ийэтин Анастасия Михайловна Слепцова алын кылаас учууталын ахтан-санаан ааһабын. СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, бэриниилээх Учуутал. Эһэтэ Николай Иосифович Слепцов Алампаны үйэтиппит, мин аҕам доҕоро, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, элбэх хоһоон ааптара саха тылын-өһүн амтаһыйбыт ааттаах суруксут. Онон сиэрдээхтик дьонун утумнаан, «Таатта улууһун үөрэҕириитигэр кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Оксана Мировна үөрэххэ саҥаны киллэриигэ, саҥа саҕахтары арыйсар.

Оксана АНДРОСОВА – САНДААРА.

Читайте дальше