“Биир күн дьылы быһаарар” диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы.
Халлааммыт быйыл сайын бастаан курааннаан, онтон аны алыс ардаан, отчуттарга уустук балаһыанньаны үөскэттэ.
Ол гынан баран саха киһитэ табыгастаах күнү куоттарбакка эрдэттэн от үлэтигэр бэлэмнэммитин түмүгэр кыстык отун дьаһанар идэлээх.
Быйылгы оттооһун хаамыыта хайдаҕын билсээри Уус Амма нэһилиэгэр баран, ходуһаларынан сылдьан, “Поповтар” диэн Виталина Витальевна Попова бааһынай хаһаайыстыбатыгар тиийдибит. Виталина кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ такайбыт таайа Иннокентий Митрофанович Поповтуун уонна быйыл тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанардыы санаммыт ыаллара Эдуард Куприяновтыын оттоон номнуо сыл тахсар отторун булуммуттар. Рулон бөҕө кэчигирэтиллибит. От үүнүүтүн көрдөххө, кырдьык даҕаны, мөлтөҕө киһи хараҕар тута быраҕыллар. Отчуттар бэйэлэрэ кэпсииллэриттэн иһиттэххэ, сорох сирдэриттэн былырыыҥҥы от аҥаарынан аҕыйах оту рулоннаабыттар. Ол эрэн окко сөпкө бириэмэтигэр тахсаннар, бириэмэлэрин аттарынаннар бэйэлэригэр сөп буолар оту хааччыммыттар, аны атыыга диэн оттуу сылдьаллар.Техниканан толору хааччыммыттар, аны “Кормопроизводство” программанан сир оҥорор Новосибирскайтан айаннаан иһэр трактордарын күүтэллэр. Дьэ ол трактор кэллэҕинэ оттуур сирдэрин көннөрөн, үлэ былаана өссө кэҥиир чинчилээх.
Виталина “бастаан бааһынай хаһаайыстыба буоларга санаммыппар дьонум бары кыайыаҥ суоҕа диэн саарбахтаабыттара эрээри, билигин ылыннылар. Саамай тирэнэр киһим аҕам Виталий Николаевич , ийэм Галина Митрофановна уонна таайым Иннокентий Митрофанович Попов буолаллар. Бааһынай хаһаайыстыба буолан үлэлиирбэр улахан хотон наада этэ, онно хотон тутуутугар таайбын кытта тыаҕа тоҥуу хаары кэһэн, мас мастыы, мастары суулларан, хатырыктаан дьиэбитигэр тиэйэн киллэрбиппитин олох умнубаппын” диэн кэпсиир. Эдэр кыыс тыаҕа эр киһилии үлэҕэ да сырыттар санаатын булгуруппатах. Оскуолаттан саҕалаан, эмиэ таайа үөрэтэн, аан бастаан “Владимировец” тракторы ыыппыт, ол кэннэ күн-дьыл, үлэ-хамнас эрийэн, билигин “Виталина ыыппат техниката ханныгый?” диэбит курдук. Билигин Виталина “Дьахтар сатаабата суох” диэн бигэ санаалаах.
Эдэр үлэһит дьарыгын эйгэтин кэҥэтэн иһэр айылгылаах. Кини аҕата Виталий Николаевич Попов саҕалаабыт дьыалатын – хортуоска олордуутун – сөргүппүт, билигин сиэмэлээх хортуосканы тохтобул кэнниттэн ыспыта номнуо үһүс сыла. Былырыын анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр анаан сүүстэн тахса куул хортуосканы бэлэхтээн турар.
Виталина Поповтар дьиэ кэргэн кыра оҕолоро, эдьиийэ Парасковья Витальевна Дьокуускай куоракка М.Е.Николаев аатынан 1 нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа саҥа төрөөбүт кырачаан эһээкэйдэргэ анестезиолог, реаниматолог, интенсивнай терапия бырааһа уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин иһинэн Медицина соһумар быһылааннарыгар (Медицина катастроф) өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин анестезиолог, реаниматолог бырааһа, бу күннэргэ дойдутугар сынньана кэлэ сылдьан, бэйэтин баҕа санаатынан үлэтин сүнньүнэн улуус быраастарыгар, сиэстэрэлэригэр эһээкэйдэри реанимацияҕа көрүүгэ маастар кылаас биэрэн барда. Иккис эдьиийэ Айталина Витальевна куоракка чааһынай тэрилтэҕэ сүрүн бухгалтерынан үлэлиир. Убайа Митрофан Витальевич урбаанньыт, чааһынай тэрилтэҕэ суоппардыыр.
“Витамед” диэн этикеткалаах пластмасс иһиттээх мүөттэри улууска үгүс киһи истэн, көрөн, боруобалаабыт да буолуохтааххыт. Ити Виталина өбүгэлэрин төрүт сирдэригэр Уодайга — ийэтэ Галина Митрофановна быраатынаан Иннокентий Митрофановичтыын оҕо буолан сүүрбүт-көппүт, дьиэ – уот үлэтигэр мискиллэн улааппыт сирдэригэр — үс сиринэн тойон ыҥырыалары иитэн туруорар пасекатын мүөтэ. Мүөттэрин оҥорор тойон ыҥырыаларын уйалара бэйэлэрэ да сибэкки курдук араас өҥнөөх мас хоруопкалар, олор истэригэр турар пластиналарга ыҥырыалар мүөттэрин таһаараллар, олору таһааран мүөттэрин иһиттэргэ сүөкээн ылаллар. Дьэ ону сэпэрээтэр курдук анал медогонка диэн тэрилгэ кутан, мүөт түһэрэллэр.
Быйыл өссө тупсаран пасекатын сиригэр … мүөттээх сибэккилэри ыһан үүннэрбит.
Айылҕа баайыттан сомсо, үлэлии-хамсыы сылдьар Виталина бултуурун эмиэ сөбүлүүр. Ол курдук, кустууругар анаан тэлгэһэтигэр анал кустары – хаастары ыҥырарга туһуламмыт көҕөттөрү, сиэрэй хаастары ииппит, онон тэлгэһэ иһигэр харабыл ыты , сымыыттыыр кууруссалары, ньирэйдэри кытары кустар, хаастар хаамса , аһыыр ас былдьаһар – тараһар аатыгар сылдьаллар. Онуоха эбии тэлгэһэттэн тэлэһийбит оҕолордоох куһу көрдөөһүн, ыаммыт үүтү туттарыы, хотону ыраастааһын, үүт иһитин, үүтү ыыр аппарааты сууйуу, тыыннаах дууһалары аһатар астарын бэлэмнээһин – күнтэн күн бүппэт түбүк. Быыһыгар тыыраахылар да “ыалдьыттаан” ааһаллара баар эбит. Онон Поповтар тэлгэһэлэрэ киһи саараама чуҥкуйбат тэлгэһэтэ.
Манна кырачаан сиэннэр бастакы тыллара ”трактор” диэнтэн салаллар, кыракый сиэнчээни кэлээскэтигэр баайан ынаҕы ыаһын, борбуйдарын туппут кыракый уолаттары номнуо трактордары ыытарга үөрэтии, өрүскэ балыктата илдьэн, бастакы сордоҥнорун бултатыы, кустуурга үөрэтии саҕаламмыт.
Бу улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Виталий Николаевич Поповтуун анаан-минээн сэһэргэһэн аастым. Кини Ленскэй куораттан төрүттээх, эдэр сааһыгар күтүөттээн Тааттаны булбут, манна силис тардан, оҕо – уруу тэнитэн, төһө даҕаны билигин кырдьыы бэрээдэгинэн үлэлээбэккэ олордор, дьиэ кэргэнин кыһалҕатын, үлэтин-хамнаһын ааҕа-суоттуу олорор, сыа-сым көрүллэр ытык кырдьаҕас. Кини урукку кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар биригэдьииринэн, биир кэмҥэ нэһилиэккэ управляющайынан үлэлээбит киһи. Бэйэтэ кэпсииринэн биэнсийэҕэ тахсаат да бэйэтин хаһаайыстыбатыгар үлэлииргэ санаммыта билиҥҥи буола турар балаһыанньаны өтө көрбүккэ тэҥнээх дии саныыбын. Ол да иһин билигин Виталина үлэтэ аҕатын үтүөтүнэн чиҥ силистээх-мутуктаах.
Ыал ийэтэ, эбээтэ Галина Митрофановна дьиэ кэргэн Аанньала диэхпин баҕарабын. Үтүөкэннээхэй, сырдык санаалаах туруу үлэһит, Ийэ, Эбэ социальнай үлэһит түбүктээх үлэтиттэн быыс булан, дьиэтин кыһалҕатынан муҥурдаммакка төрөөбүт нэһилиэгэр урут олорон ааспыт биир дойдулаахтарын сырдык ааттарын үйэтиппит улахан, сылтан сыл өссө улаатан иһэр өҥөлөөх. Ол “ Үтүө-мааны дьоммут олохторуттан үлэһит дьону үйэтитэн» диэн ааттаах кинигэни бэйэтин аатыгар баантан иэс ылбыт үбүнэн бэчээттэтиитэ буолар.Маннык бэриниилээх, дьон туһугар ис санаатыттан кыһаллар киһи төрөөбүт нэһилиэгэр үтүөтэ сыаналаныан наада дии саныырбын биллэриэхпин баҕарабын.
Бу иллээх дьиэ кэргэн оҕолорун үлэнэн иитэн, билигин туох да ыарахантан толлон турбат, сатабыллаах туруу үлэһиттэр. Онон кинилэр олохторун бэйэлэрэ эрэ оҥостоллорун толору өйдүүр, онно өйөбүл буолар чугас дьоннордоох буолан эрэллэрэ улахан.
Оттон саамай кыралара сиргэ тирэхтээх, кэскиллээх дьыаланан дьарыктанар Виталина эйгэтэ кэҥиир, салгыы агротуризмынан дьарыктанаары грааҥҥа анньыһар. Бу көрүҥҥэ федеральнай программаҕа Саха сириттэн төрдүө эбит буоллахтарын,а биирдэрэ биһиги оҕобут. Кини билиҥҥи барыллаан былаанынан агротуризмҥа интэриэстээх дьону агрокомплексыгар үлэнэн саататан, сынньатар баҕалаах. Ким хортуоска олордуһан, хайдах үүннэриллэрин көрүө, ким ынах ыаһыа, ким өрүскэ моторнай лодканан да сылдьан балыктыа, ким техникаҕа олорон, от оттуур үлэни билсиһиэ, ким куһу – хааһы иитиһиэ, оттон сорохтор пасекаҕа сылдьан айылҕа мүөтэ хайдах оҥоһулларын интэриэһиргиэ. Оттон туристар олорор сирдэринэн Поповтар төрүт өбүгэлэрин сирдэрэ Уодай буолуоҕа. Уодайга база туттуута – Виталина аҕата Виталий Николаевич ситэрбэтэх баҕа санаата, ону кыыһа ситэрэр сыал туруорунна.
Билиҥҥи туругунан Виталина Витальевна грант бастакы түһүмэҕин ааста. Бу күннэргэ иккис түһүмэҕэ ыытыллар. Ол түмүгүн күүтэбит.
Дьэ ити курдук ытык Таатта биир тирэхтээх, үлэһит ыала Поповтар дьиэ кэргэн күнтэн күнү бэрсибэккэ тэппини ыһыктыбакка үлэни эрэ өрө тутан, сайдар, чэчириир, кэҥиир-хаҥыыр.
Кинилэргэ, харыны ньыппарынан туран үлэлиир дьоҥҥо, үтүөнү эрэ баҕарыаҕыҥ.
Анна Посельская