”Ыллаа-туой, уол оҕо” республиканскай бырайыак 2000 сылтан саҕалааан республика араас муннуктарыттан элбэх оҕону ырыа кэрэ эйгэтигэр кынаттыыр. Бу бырайыак авторынан буолар, Саха республикатын үөрэҕириитин, эдэр ыччат политикатын туйгунуна, биьиги бары билэр убаастыыр киьибит Лугинова Зинаида Петровна. Бу бырайыак чэрчитинэн Таатта улууьугар “Ыллаа-туой, уол оҕо” курэх тиьигин быспакка 2007 сыллаахтан Туора-Куэл орто оскуолатын базатыгар ыытыллар.
Сылын аайы ортотунан 70-80 кыттаачы сыллата буолар.
Быйылгы күрэх олунньу 24 күнүгэр «Эрчим» аа5ыыларын кытары дьүөрэлэһэн 70 уолан уолаттары хабан үрдүк таһымҥа ыытылынна. Тааттатааҕы лицейтан,Чөркөөх, Уус-Таатта, Баайаҕа, Дьохсоҕон, Хара-Алдан, Чычымах, Уолба, Ытык-Күөл 1 оскуолатыттан кыттыыны ыллылар.
Луковцева Мира Николаевна- Таатта улууһун үөрэҕин салаатын методическай арыаллыыр киинин салайааччыта бэрэссэдээтэллээх үрдүк таһымнаах жюри састаабыгар улэлээтилэр:
-Салгынова Изабэлла Иннокентьевна- Тааттатаа5ы о5о музыкальнай оскуолатын преподавателя;
-Максимова Варвара Николаевна- Туора-Күөл оскуолатын уһуйаанын музыкальнай салайааччыта;
-Новгородова Мария Афансасьевна- Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо сайдыытын киинин эбии үөрэхтээһинин педагога;
-Кузьмин Арсен Афанасьевич- Дьоккуускайдаа5ы культура колледжын 4 курсун студена,”Ыллаа-туой, уол оҕо” күрэх Гран-При хаһаайына;
“Соло” номинация5а 2 бөлөҕүнэн 13 уол. “Дуэт”, “Трио” 2 нүөмэр уонна 8 ансамбль күөн күрэстэстилэр.
Хайысхаларынан кыайыылаахтарынан буоллулар:
«*Соло» (7-11 саастаахтарга)*
Лауреат: Кузьмин Ваня, сал. Кузьмина Анна Ивановна (Туора-Күөл орто оскуолата)
1 истиэпэннээх дипломант: Тарасов Лева, сал. Слепцова Мария Афанасьевна (Ытык-Күөл 1 орто оскуолата)
2 истиэпэннээх дипломант: Алтынсариев Даниэль, сал. Назарова Надежда Всеволодовна (Уус-Таатта орто оскуолата)
3 истиэпэннээх дипломант: Тарасов Арылхан, сал. Харова Арина Николаевна (Баайаҕа орто оскуолата)
3 истиэпэннээх дипломант: Постников Алексей, сал. Назарова Надежда Всеволодовна (Уус-Таатта орто оскуолата)
«*Соло» (12-14 саастаахтарга)*
Лауреат: Эляков Тимур, сал. Васильев Геннадий Кононович (Туора-Күөл орто оскуолата)
Лауреат: Егоров Эрчим, сал. Салгынов Станислав Семенович (Ытык-Күөл 1 орто оскуолата)
2 истиэпэннээх дипломант: Собакин Руслан сал. Егоров Леонид Арсентьевич (Уолба орто оскуолата)
3 истиэпэннээх дипломант: Щукин Дьулустаан , сал. Салгынов Станислав Семенович (Ытык-Күөл 1 орто оскуолата)
«*Дуэт» «Трио» *
Лауреат: Трио Туора-Күөл оскуолатын 2 кылааһын уолаттара: Васильев Эльдар, Егоров Мичил, Варламов Георгий, сал. Васильев Геннадий Кононович (Туора-Күөл орто оскуолата)
«*Ансамбль» (кыра бөлөх)*
Лауреат: «Дохсуннар», сал. Васильев Геннадий Кононович (Туора-Күөл орто оскуолата)
1 истиэпэннээх дипломант: Тааттатаа5ы лицей 3«А» кылааһын уолаттара, сал. Сивцева Сардана Дмитриевна, Жиркова Айыллаана Алексеевна(Тааттатааҕы лицей)
«*Ансамбль» (улахан бөлөх)*
Лауреат: «Тоҕус Тойон», сал. Васильев Геннадий Кононович (Туора-Күөл орто оскуолата)
1 истиэпэннээх дипломант: «Уолбан» сал. Егоров Леонид Арсентьевич (Уолба орто оскуолата)
2 истиэпэннээх дипломант: «Тоҕус Тойон», сал. Васильев Геннадий Кононович (Туора-Күөл орто оскуолата)
3 истиэпэннээх дипломант: «Чөркөөх чугдаарар чуорааннара», сал. Решетникова Анна Филипповна (Чөркөөх орто оскуолата)
3 истиэпэннээх дипломант: «Уолан», сал.Харова Арина Николаевна (Баайаҕа орто оскуолата)
*Күрэх түмүгүнэн 7 анал аат иҥэрилиннэ.*
-«Чуор куолас»- Чупров Айхал (Туора-Күөл орто оскуолата);
— «Саамай кыра кыттааччы»- Козлов Аман (Баайаҕа орто оскуолата);
-«Бастын патриотическай ырыаны толорооччу»- Кычкин Алексей (Чычымах орто оскуолата)
— «Бастын аныгы ырыаны толлорооччу»- «Уоланнар» ансамбль (Дьохсо5он орто оскуолата)
— «20 уйэ ырыатын бастын толорооччута»- Матаннанов Коля (Хара-Алдан орто оскуолата)
-«Бастын салайааччы»- Васильев Геннадий Кононович (Туора-Күөл орто оскуолата);
— *Гран-при үрдүк аатын ылла «Андайым» дуэт (Туора-Күөл орто оскуолата);*
Күрэх дьүүллүүр сүбэ баҕа санаалаах тылларынан, Гран-при хаһаайыттарын ырыаларынан, көрөөччүлэр дохсун ытыс тыастарынан түмүктэннэ.
Бар5а махтал тылларын тириэрдэбит ырыаьыт уолаттарбытыгар бириис туруорбут спонсордарбытыгар:
Таатта улууьун культура салаатын директорыгар Вырдылин Гаврил Гаврильевичка,
Туора-Куэл нэьилиэгин « А5а субэтин» салайааччытыгар Чупров Петр Романовичка,
Туора-Куэл « Дохсун» эр дьоннорун ансамблыгар,
« Уйгу» магазин салайааччытыгар Никифорова Ванда Владимировна5а.
Дьолу,доруобуйаны ба5аран туран эссэ да инники кэскиллэрбитин эйуу туралларыгар эрэнэбит.
Ыллаа туой, уол оҕо!
Сүрэгин сылааһын бар дьоҥҥор тириэрдэ
Ыллаа- туой , уол оҕо!
Күүстээх сүргүнэн бар дьоҥҥун кынаттыы!
Ыллаа- туой, уол оҕо!
Олох оҥкулун үүннүү- тэһииннии!
Айанын аргыардаах аартыгар
Уол оҕо, охтума
Аккыттан сууллума!
Ыллаа- туой , уол оҕо ,олоҥхо дойдутун оҕото!