Үҥкүү абылаҥар уйдаран

Ахсынньы томороон тымныыта күүһүрэн турар кэмигэр «Сэргэлээх уоттара» культура киинигэр Саха Республикатын  үтүөлээх, народнай  уонна Россия үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев дьоро киэһэтэ буолан ааста. Ону көрөөрү ох курдук оҥостон кэрэ эйгэ киинигэр тиийдибит.

Кэнсиэр саҕаланаатын кытта Афанасий бэйэтэ сценаһа таҕыста. Дьоро киэһэ кини айымньылаах олоҕун кэрчик кэмнэрин көрдөрөр гына туруоруллубут. Афанасий алтынньы ый 18 күнүгэр Ытык  Күөлгэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүт. Кыра оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүнэн бастаан Бүтэйдээххэ дьарыктаммыт. Кини ийэтэ 1972 сыллаахха оҕолорунаан Ытык–Күөлгэ көһөн кэлбит. Онно Афанасий үҥкүү ансаамбылыгар эдэркээн Августина Кликиноваҕа уһуйуллубут, дьаныардаахтык дьарыктаммыт. Афоня үҥкүүһүттэри кытары Саха Сирин элбэх оройуоннарыгар, киин куоракка, Магаданҥа, Иркутскайга тиийэ гастролга сылдьыспыта көстөн ааста.

Дьоллоох Дьокуускай куоракка 1979 сыллаахха саҥа тэриллэр үҥкүү ансаамбылыгар конкурс биллэриллибит. Афоня онно бастыкынан улахан конкурсу ааһан Ленинград куоракка барар чиэскэ тиксибит. Устудьон дьоллоох, мүччүргэннээх сыллара олус интэриэһинэйдик, бэһиэлэйдик ааспыттар. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн баран саҥа тэриллибит ансаамбылга үлэҕэ киирбит. Дьэ манна саҕаламмытара үҥкүү абылаҥын кистэлэҥнэрэ, тиритиилээх-хорутуулаах дьарыктара, сындааһыннах, долгутуулаах эрэпэтииссийэлэрэ.

Концерт саҕаланыытыгар Афоня үҥкүү былааһыгар киирэн баҕа санаатынан үөһээ халлааҥҥа кубалары кытта тэҥҥэ көтүһэн дьоһуннаахтык үҥкүүлээн көрдөрдө. Ол кэнниттэн армияҕа сулууспалыы сылдьарын, дойдутугар ытык иэһин төлүүрэ көстөн ааста. Армия кэнниттэн ансаамбылыгар төннөн үлэтин ситиһиилээхтик саҕалаабыта бэрткэ тиһиллэн үҥкүүлэннэ. Афанасий манна солист быһыытынан «Якутяночка», «Подснежники», «Смотрины», «Король танца» үҥкүүлүүрэ тэтимнээхтик көрдөрүлүннэ.

Уол 1986 сыллаахха дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москваҕа култуура институтугар үөрэнэ киирэр. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Дьокуускайга национальнай үҥкүү театрыгар үлэлиир. Оттон ыла Афоня үҥкүүһүт быһыытынан араас элбэх  үҥкүүнү үҥкүүлээн  кэллэҕэ.

Испэктээк кэмигэр Афанасий саҥа састаап үҥкүүһүттэрин кытары тэҥҥэ хамсанна, сценаҕа ити олус долгутуулаахтык көһүннэ. Лауреат буолбут «Ламбада» үҥкүүтүн туспатык, өрө көтөҕүллүүлээхтик толордулар. Саалаҕа мустубут дьон ытыс тыаһын харыстаабакка бэлэхтээтилэр. Бу киһи кэрэхсиир, умнуллубат дьоро киэһэтин  эдэр туруорааччы режиссер Антон Бутаков, художник Екатерина Шапошникова, үҥкүү туруорааччы Мария Сайдыкулова ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Афанасий өссө да өр сылларга көрөөччүлэрин үҥкүү кэрэ абылаҥар  угуйа турарыгар баҕарабыт. Мин тус бэйэм олус үөрдүм, дуоһуйдум,  үҥкүү дьоро киэһэтигэр иэйии күүстээх санаатыгар куустаран  ылбыппыттан астынным.

Екатерина Григорьева.

Читайте дальше