Арассыыйаҕа Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ, Харбалаах бөһүөлэгэ тутуллубута 60 сылыгар ананар Амма, Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин үгэс буолбут көрсүһүүтэ атырдьах ыйын 23 күнүгэр буолан ааста.
Бу үгэскэ кубулуйбут Үс Амма тэрээһини Орто Амма нэһилиэгин дьаһалтата, общественнай тэрилтэлэрэ ыыттылар. Олус сэргэх, тэрээһиннээх көрсүһүүгэ «Дьол уйата- иллээх дьиэ кэргэн» күрэһэр Уус Амма киэн туттар ыала Августина Николаевна, Олег Иннокентьевич Арылаховтар – Кылаан аатын ыллылар. Маны таһынан «Үйэлэртэн ситимнээх сахам мандар таҥаһа»- саха таҥаһын күрэһэ, «Үлэни уруйдуу туойабын!» ырыа куонкуруһа, спортивнай күрэхтэһии, быыстапка, атыы-тутуу дьаарбаҥката буолла. Далбар эбэлэр дьаһалта баһылыгар Альберт Кулачиковка олус кэрэ панно туттардылар, аны Колотинскайдар дьиэ кэргэнэ ийэлэрин Татьяна Владимировнаны мэтириэтин уруһуйдатан, Местниковтар дьиэ кэргэн Иннокентий мэтириэтин олохтоох картиннай галереяҕа бэлэх туттардылар.
Бу курдук олус тэрээһиннээх 60 сыл бииргэ эйэлээхтик үлэлээн-хамсаан кэлбит бэтэрээннэр, үөрэн – көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, оонньоон-көрүлээн, дуоһуйан тарҕастылар.
Кэлэр сылга Чычымах бөһүөлэгин кэрэ көстүүлээх Дьаам сиригэр-уотугар көрсүөхтэрэ.
Елена Слепцова.