Улуус тумус туттар ыалынан Марфа Матвеевна уонна Михаил Михайлович Аммосовтары ааттыыбыт.
Кинилэр эдэр саас эрчимнээх кэмнэригэр устудьуоннуу сылдьан, киэҥ билии храмыгар — бибилэтиэкэҕэ көрсөн, аан маҥнай билсиспиттэрэ. Ол умнуллубат кэрэ кэмҥэ эдэр дьон иккиэн география учууталын идэтигэр үөрэнэллэрэ.
Ыал эрэллээх эркинэ, тулхадыйбат тулааһына Михаил Михайлович 40 сыл устата үгүс көлүөнэни үүннэрэн таһаарбыт үтүө өҥөлөөх. Уопсастыбанньык бастыҥа Марфа Михайловна 5 сыл устата учууталынан бэриниилээхтик үлэлээбитин кэннэ, дьону-сэргэни кытары үлэни көҕүлүүр дьоҕурун таба көрөн, оччотооҕу дьаһалта ыҥырыытынан улуустааҕы дьахталлар Сэбиэттэригэр, онтон дьиэ кэргэн салаатын салайааччытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ытык дьоммут үйэ аҥара кэм устата сүрэхтэрин холбоон, истиҥник санаһан, үлэни өрө тутан, оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэринэн кынаттанан, дьоллоохтук олороллорунан үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолаллар.
Киэн тутта ааттыыр ыалбыт бастакы кыыс оҕолоро күн сирин көрбүт дьоллоох түгэнин уонна уос номоҕор этиллэринии «уол оҕо төрөөтөҕүнэ оннооҕор уот иччитэ үөрэр» диэбиттии уолламмыт күннэрин Дьылҕа Хаан күндү бэлэҕинэн ааҕаллар.
Дьоллоох дьиэ кэргэн үлэни уонна сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээн, үүнэр кэнчээрилэригэр бастыҥ сатабыллары иҥэрэллэр, куруук бэйэ-бэйэҕэ эппиэтинэстээх буолууну өрө туталлар.
Мария ПАВЛОВА.
Видеоматырыйаалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин.