Ытык Күөлгэ Герой Охлопков паарката тупсаҕай көрүҥнэннэ

Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр «Формирование современной городской среды» бырагыраам­ма сүнньүнэн 58 мөлүйүөн солк. үп көрүллэн, паарканы саҥардыы үлэтэ ыытыллан, бу күннэргэ, үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киирии сиэрэ-туома ыытылынна.

Дьон сынньанар зонатын бы­райыагын «Градо» тэрилтэ са­лайааччыта Иван Кычкин уонна дизайнер Кыыдаана Игнатье­ва толкуйдаан оҥорбуттар. Ки­нилэр саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэ­стэрэ А.И.Софронов-Алампа «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» хоһоонуттан үрүҥ туллук бэлиэ­тин туһаммыттар.

Тутуу үлэтин урбаан­ньыт Семен Филатов бэс ый­ыттан саҕалаабыта. Бырайы­ак быһыытынан дьон-сэргэ сылдьарыгар уонна велосипед тэбээччилэргэ аналлаах тротуар оҥоһулунна. Сыл устата үлэлиир улахан павильоннаах смотровой былаһаакка тутулунна.

Сынньанар зона аһыллыытыгар Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов: «Паарка өссө ситэ­риллиэ, кэҥиэ, үлэ тохтообот» — диэн туран, тутуу бэдэрээччитигэр уонна үлэһиттэргэ махтал тылын анаан, наҕараадалары туттартаата.

Нэһилиэнньэ олохтоохтору­гар үөрүүнү бэлэхтиир паарка­быт үрүҥ туллук бэлиэтин кэ­риэтэ сырдыгынан сыдьаайан, ыалдьыттары көрсө туруо. Олохто­охтор дьон сынньанар сирэ элбээн, күрэхтэһиилэри тэрийэр зоналар үксүү туруохтара диэн эрэллээх­тэр

Елена Слепцова.

 

Читайте дальше