Бу күннэргэ Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин Ытык кырдьаҕаһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕа, »Сир ааттаах Чөркөөх картата», »Өбүгэ сирэ», »Үйэлээх ситим» диэн сонун бырайыактар ааптардара, кыраайы үөрэтээччи Гаврил Гаврильевич Вырдылины кытары Томпо Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Хабаровскай куоракка ыытыллыбыт кэмпэриэнсийэ туһунан кэпсээнин истээри көрүстүлэр.
Дэлэгээссийэ нэһилиэк сирин электроннай картаҕа хайдах киллэрэргэ сүбэ-ама ыллылар.
Үрдүк таһымнаах кэпмпэриэнсийэҕэ кыттыы
Санатар буоллахха, бу дьыл кулун тутар 30-31 күннэригэр Хабаровскай куоракка Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн генеалогиятын үөрэтиигэ туһуламмыт, инники сайдар саҕахтары арыйыыга анаммыт улахан кэмпэриэнсийэҕэ биир дойдулаахпыт Гаврил Вырдылин кыттыыны ылбыта.
Саха сирин дэлэгээссийэтин салайааччыта, төрүччүнү үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай институт дириэктэрэ Константин Ильич Аргунов, ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ, профессор Андрей Саввич Саввинов, «Кэскил» хаһыат редактора Ольга Ивановна Семенова, Таатта улууһуттан Октябрьскай нэһилиэк Ытык сүбэтин салайааччыта Гаврил Гаврильевич Вырдылин, Нам улууһуттан Хатыҥ Арыы музейын дириэктэрэ Афанасий Христофорович Христофоров, Амма улууһунааҕы Сатаҕай орто оскуолатын дириэктэрэ Иванна Ивановна Шишигина, Томпо улууһуттан Мэҥэ Алдан баһылыга Юрий Юрьевич Комиссаров Саха сирин аатыттан бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр, тута ыйытыыларга хоруйдаатылар. Кэмпэриэнсийэ төгүрүк остуолугар Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр, Казахстантан, Санк Петербургтан уопсайа 24 дакылаат оҥоһулунна. Үлэ түмүгэр Саха сиригэр төрүччүнү үөрэтиигэ киэҥ хайысхалаах үлэ ыытыллара, үүнэр көлүөнэни иитиигэ көмөлөөҕө, удьуор утуму үөрэтии Судаарыстыбаннай таһымҥа тахсыбыта, атын эрэгийиэннэргэ маннык үлэ суоҕа бэлиэтэннэ. Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр төрүччүнү үөрэтиигэ Саха сирэ үтүө холобурун Арассыыйаҕа тарҕатар сүбэни-саргыны ылыннылар. Инникитин Дьокуускай куоракка киэҥ хайысхалаах форуму ыытарга былаан ылыннылар.
Кэмпэриэнсийэ кыттыылаахтара үһүс күҥҥэ Хабаровскай куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин көрдүлэр, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ ыалдьыттаатылар. Төрдүс күн Саха сирин (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссээдээтэлин солбуйааччы Афанасий Семенович Владимиров салайааччылаах Уһук Илиҥҥи бырабыыталыстыба салаатыгар Диана Афанасьевна Степанованы кытары көрсүһүүгэ уонна Хабаровскайдааҕы үрдүк үөрэх кыһаларыгар сырыттылар.
Мария Попова.