Туора Күөл орто оскуолатыгар Учуутал уонна Уһуйааччы сылын түмүктүүр педагогическай декада иһинэн «На ступеньках роста» эдэр педагогтар куонкурустара үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Таатта улууһун оскуолаларыттан уопсайа 13 эдэр учуутал үс түһүмэҕинэн бэйэлэрин дьоҕурдарын, үлэлэрин үөрүйэҕин көрдөрдүлэр.

«Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрэ» анал ааты — В.А. Кириллин  физкультура учуутала (Дьохсоҕон ОО);

«Кэллиэгэлэр билиниилэрэ» анал ааты — М.А. Борисова (Тыараһа);

«Уруок» түһүмэххэ:

1 миэстэни — А.Е. Миронов (Тааттатааҕы лиссиэй);
2 миэстэни — Т.П. Слепцова (Харбалаахтааҕы ХОК);

3 миэстэни — Е.А. Малышева (Чычымах ОО);

«Кэллэктиибинэн айар дьыала» түһүмэҕэр:

1 миэстэни — М.А. Борисова (Тыараһа ОО);

2 миэстэни — Н.Э. Марков (Тыараһа ОО);

3 миэстэни — В.В. Дьяконова (Чөркөөх ОО);

«Учууталга ыйытык» түһүмэххэ:

1 миэстэни — А.Е. Миронов (Тааттатааҕы лиссиэй);
2 миэстэни — Г.В. Мигалкин (Хара Алдан ОО);

3 миэстэни — В.В. Дьяконова (Чөркөөх ОО);

Муҥутуур кыайыылааҕынан А. Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй историяҕа учуутала А.Е. МИРОНОВ ааттанан, Харбалаахтааҕы «Төлөн» ААУо сүрүн бирииһин тутары ситистэ.

Үөрүү өрөгөйө талааннаах салайааччы, улахан Учуутал, методист Аиза Николаевна Миронова сырдык аатыгар декадаҕа сиэн быраата кыайан, барыбыт уруйа улаатта. Учууталлар династияларын удьуора салҕанан, утумнанан, убайдарын, эдьиийин ситиһиитин салҕаан, ситэрэн биэрбитэ үөрүүлээх.

Күрэһи тэрийбит, кыттыбыт кэллиэгэлэргэ, бэлэмнээбит уһуйааччыларга истиҥ махталы тиэрдэбит, ситиһиилэри баҕарабыт

М.Н. Луковцева.

Читайте дальше