Тааттабыт улууһугар 2023 сылга, ахсынньы 4 күнүнээҕи даннайынан  уопсайа 10 баһаар бэлиэтэннэ, былырыыҥҥы тэҥнэбил — 14. Баһаарга суорума суолланыы — 1, былырыыҥҥы тэҥнэбил — 2. Баһаардар сүрүннээн – чааһынай гаражтарга — 4 түбэлтэ,  чааһынай олорор дьиэлэргэ — 2, суолга массыына умайыыта — 1, тэрилтэ бас билэр трансформатора — 1, сноска барбыт эрээри көтүллүбэккэ турар кураанах дьиэ — 1, ким да олорбот уһаайбатыгар сарай — 1.

Баһаар тахсыбыт сүрүн төрүөттэринэн буоллулар — электрическэй уот ситимигэр холбонор, туттар мал уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу нуормаларын тутуспакка – 4 түбэлтэ, табахтан сэрэҕэ суох туттуу — 1, оҕо уотунан оонньоон баһаарга тириэрдии-1, оттуллар оһоххо баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии — 2.

Бу күннэргэ Тааттабыт улууһугар улахан тымныылар сатыылаан турар кэмнэригэр, хаһааҥҥытааҕар даҕаны баһаартан сэрэхтээх буоларбытын, кэтэбилбитин күүһүрдүөҕүн, диэн ыҥырабыт.

Кырыа кыһынтан абырыыр — оһох барахсаҥҥа —  баһаар алдьархайа  төрүөт буолбатын  туһугар  бу маннык боростуой нуормалары, быраабылалары туһанаргытыгар ыҥырабыт.

  1. Дьиэ кирпииччэ оһоҕо. Оһох иннигэр 50х70 см. размердаах ылтаһын эбэтэр уокка умайбат лиис саайыллыахтаах. Бу тимир лииспит кырааскаланыа суохтаах. Оһох аана алдьаныыта суох, хатанар буолуохтаах. Оһох буруота тахсар турбатын уонна дьиэ үрдүн өһүө маһын икки арда 38 см. эбэтэр үс  ууруллубут  кирпииччэ буолуохтааҕын ситиһин. (противопожарная разделка). Оһох турар сирэ истиэнэттэн 26 см. кырата суох тэйиччи  буолуохтааҕын ситиһин. Өһүө үрдүгэр  турар оһох турбатын маҥан кыраасканан сотуллуохтаах, бу ньыма турба  хайа баран буруолуурун  көрдөрөр.  Кирпииччэ оһох куруунньугун кэмигэр ыраастаан.
  2. Тимиринэн оҥоһуллубут гаражтарга, баанньыктарга  ананар ититэр  оһохтор.  Бу оһохторго турар  миэстэтин  эрдэттэн  оҥоһуллубут  түгэҕэ  бетоннаммыт  эбэтэр тимир  лиис,  ылтаһын тэлгэтиллиэхтээх. Оһох  истиэнэттэн,  атын умайар эттиктэртэн  0,7 м. тэйиччи  буолуохтаах,  дьиэ  ис  истиэнэтэ штукатуркалаах  буоларын ситиһин. Дьиэ үрдүгэр тахсар оһох турбатын төрдүгэр турба уонна дьиэ үрдүн икки ардыгар, маска суоһаабатын курдук тимир лиис саайыллар. Буруо тахсар турбатыгар кыым ыстамматын  наадатыгар кыымы тэйитэр искрогаситель диэн оҥоһук баара ирдэниллэр.
  3. Электричество көмөтүнэн сылытынар оһохтор. Хайаан да заводской нууччалыы инструкциялаах, анал нормативтаах, ирдэбиллээх буолуохтаахтар, ону тутуһан туһаныллар буоллаҕына, куттала суох буолуута үрдүүр. Бэйэ оҥоһуга электрическэй  ититэр оһохторунан туһанар булгуччу бобуллар.

Электрическэй  оһохтору, уокка холбонор күннэтэ туһаныллар прибордары – биир розеткаҕа тройник нөҥүө элбэх прибору холбонуу сатаммат.

Эргэрбит,  онон-манан  салҕааһыннаах уот проводтарын холбонуу, туһаныы – кутталы үөскэтэр.

Розеткалары, рубильниктары уот ситимин самакаанньыйатыттан (короткое замыкание электропроводов) көмүскүүр  предохранителлэринэн, сетевой фильтрдарынан  көмүскэнэри ирдэниллэр.

Күннэтэ туттуллар уот ситимигэр холбонор прибордары баһаарынай нуормаларга толору эппиэттиир буолалларын ситиһэргитигэр.

Оһоҕу оттон баран кэтэбилэ суох хаалларыман, оттуллар оһоҕу кэтииргэ – оҕолору хаалларар табыллыбат.

Оттуллар оһохтору кэтэбилэ суох хаалларыман! Уот ситимигэр холбонор прибордары кэтэбилэ суох хаалларыман! Баһаартан сэрэхтээх буолуҥ, баһаар тахсар төрүөттэрин суох оҥоруҥ!

Ытык Күөллээҕи баһаарынай чаас диспетчерин телефона – 41-211.

Биир кэлим пожарнай диспетчер телефона – 112,   01, сотовайтан 101.

 И.Мартынова, Таатта улууһун баһаары сэрэтэр сулууспа инструктора.

Читайте дальше