Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр СӨ «Дьулуур» ХIV Спартакиадата «ДЬУЛУУР» дьулуурдаахтар күрэхтэһиилэрэ

Кэлин сылларга СӨ салалтата, ФК уонна спортка Министиэристибэтэ спорт адаптивнай көрүҥнэрэ сайдарыгар улахан болҕомтотун уурар, өрөспүүбүлүкэ иһинэн элбэх чөмпүйүнээттэри, күрэхтэһиилэри ыытар. Бастыҥнары Аан дойду, Европа, Арассыыйа таһымнарыгар тиийэ ыыталыыр. Манна Степанида Артахинова, Анастасия Диодорова, Василий Стрекаловскай, Владимир Балынец уо.д.а бастыҥ спортсменнар ааттарын ааттаталыахха сөп. Эрдэ адаптивнай спорт көрүҥнэрэ СӨ норуоттарын Спартакиадатын чэрчитинэн киллэриллэн, холбуу ыытыллан кэллилэр. Быйылгыттан араарыллан, туһунан Спартакиада тэриллэн от ыйын 12-16 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллаары турар. Онон бастакы улахан тэрээһин буолаары турарын, «Саха» НКИХ рекламатыгар күн аайы көрдөрөр буоллулар.

Аммаҕа ыытыллар адаптивнай спорт көрүҥнэригэр СӨ «Дьулуур» ХIV Спартакиада «Спорт-олохпут нуормата» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уонна Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылыгар ананар.

Спартакиадаҕа Саха сирин бары муннуктарыттан 26 хамаанда кыттара былааннанар. Олор истэригэр 977 спортсмен, 138 тириэнэр, 183 бэрэстэбиитэл бааллар. Спартакиаданы 85 судьуйа, 130 тэрийээччи, 100 волонтер салайан, иилээн-саҕалаан ыытыахтара.

Бу улахан спорт түһүлгэтигэр Таатта 60-тан тахса киһилээх хамаандата айаннаары, бүгүн 11 чаастан уолаттарга Аан дойду маҥнайгы чөмпүйүөнэ Илларион Федосеев таас мөссүөнүн таһыгар атаарыы сиэрэ-туома ыытылынна. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Карл Христофоров аал уотун оттон, арыылаах алаадьынан, саламаатынан айах тутта, үөһээ айыылартан көрдөһөн хамаанданы алҕаата, арчылаата, ситиһиилэри баҕарда. Улууспут аҕа баһылыга Михаил Соров, улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Валентин Охотин, социальнай управление салайааччыта Михаил Тарасов, улуустааҕы спорт салайааччыта Ньургун Сабарайкин, инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Надежда Белолюбская баҕа санааларын эттилэр, ситиһиилэри баҕардылар. Атаарыы сиэрин-туомун култуура отделын салайааччыта Гаврил Вырдылин ыытта.

Спартакиадаҕа барааччыларга улууспут былааҕыгар  маарыӨныыр дьүһүннээх спортивнай форма түҥэтиллэн, спортсменнар улуус салалтатыгар махталларын биллэрдилэр. Быйыл форма табыллыбыт, кроссовкатыгар, шортигар, футболкатыгар, панаматыгар тиийэ толкуйдаммыт. Кырдьык спортивнай форма спортсмен настырыанньатын көтөҕөр, кыайыыга угуйар уонна саамай кылаабынайа хамаанданы сомоҕолуур күүстээх. Сырдык от күөҕэ формалаах Таатта хамаандата уопсай хаартыскаҕа түһүү кэнниттэн, сыыдам сырыылаах массыыналарга олорон, Аммалыыр суолу туттулар. Биһиги кинилэргэ сымнаҕас айаны уонна спортивнай ситиһиилэри баҕара хааллыбыт.

Автор: Анатолий Мурунов

https://t.me/taattagazeta/14738

Читайте дальше