Балаҕан ыйын 21 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр дылы Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин «Дьулуур» оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн сойууһа тэрийиитинэн активист оҕолор Чита, Улан Үдэ куораттарынан улахан айаҥҥа сырыттыбыт. Мэнэ Ханалас, Уус Алдан уонна Таатта улууһун Уолба, Уус Таатта, Харбалаах, Ытык Күөл 1-гы нүөмэрдээх оскуолаларын, Тааттатааҕы лиссиэй 35 араас оҕо хамсааһынын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллыбыт.
Биһиги оскуолабытыттан иккиэ буолан, мин уонна “Ил Ситим” оҕо тэрилтэтин председателэ Карина Басова бырайыакка кытынныбыт. Айаммыт Аллараа Бэстээхтэн Чита куоракка диэри икки аҥаар күн буойаһынан саҕаламмыта. Читаҕа тиийэн Забайкальскай кыраай оройуоннара кыттыылаах бэйэлэрэ оҥорор бренд буолбут оҥоһуктарын көрдөрөр улахан фестивалга түбэһэн сырыттыбыт. Чита куорат 49-с нүөмэрдээх СВО геройа С.А.Секеджитскэй аатынан оскуолаҕа, «Карибы» оҕону аралдьытар кииҥҥэ сырыттыбыт.
А.К.Кузнецов аатынан кыраайы үөрэтэр уонна декабристар олохторун сырдатар музейдарын көрдүбүт, СибВО спорт киинигэр баар лазертагка оонньоотубут уонна “Алханай” айылҕа пааркатыгар баар үрдүк хайаҕа тахсан элбэх үһүйээни иһиттибит, олохтоохтор итэҕэллэрин биллибит.
Мин бу сырыыбыттан ордук Алханайга тахсыыны сөбүлээтим. Забайкальскай кыраайга былыр эстибит «АЛХАНАЙ» диэн ааттаах булкаан хотугу буддизм үс ытык чыпчаалларыттан биирдэстэрэ буоларын биллим. Ардах аннынан да буоллар бу территорияҕа олорор норуоттар историяларын, культураларын уонна үгэстэрин гидпыт Оксана Николаевна көмөтүнэн толорон ааспыппыт. Киниэхэ махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын, истиҥ- иһирэх, сөҕүмэр кэпсээнин, дириҥ билиитин иһин.
Читаҕа туристар базаларыгар үс хоннубут. Киэһэ ахсын “Океан”, “Орленок” лааҕырдарга үлэлээбит баһаатайдар Иван уонна Юрий кэлэн оонньуулары, трениннэри ыытарга үөрэттилэр. Эмиэ буойаһынан Улан Үдэҕэ тиийбиппит. Буряттар традиционнай астарын, культураларын, сиэрдэрин-туомнарын уо. д. атыны биллибит — көрдүбут.
Мин саамай өйдөөн хаалбытым диэн семейскэйдэр диэн нуучча сириттэн көһөрүллэн кэлэн олохсуйбут аймах уһаайбатыгар сылдьыыбыт буолар. Иһинэн-таһынан араас дьэрэкээн өҥнөөх кыраасканан сотуллубут дьиэлэрэ, оһуордаах олбуордара, ыраас уулуссалара, ырыалара, үҥкүүлэрэ, үтүө үгэстэрэ киһини умсугутара үгүс. Бурят омук олоҕун, дьарыгын, национальнай оонньууларын, көстүүмнэрин, норуоттарын Йохар диэн үҥкүүтүн, номохторун, сиэрдэрин “Степные кочевники” уһаайбаларыгар тиийэн тэҥҥэ кыттан чугастык билистибит. Оҕо аймах таптаан дьарыктанар айымньыларын дьиэтигэр сахалыы ыллаатыбыт, үҥкүүлээтибит, оһуохайдаатыбыт, оҕолору кытта билистибит. Мин бурят омук үрдүк сыанатыгар тахсан сахалыы норуот ырыаларынан попуррины ыллаабыппыттан, оһуохайдаабыппыттан олус долгуйабын уонна киэн туттабын.
Уонча күн бииргэ сылдьан оҕолор элбэххэ үөрэннибит, биллибит олус чугастык доҕордостубут, дойдубутугар кэлэн арахсарбыт курус буолла. Инникитин да билсэ, оскуолабыт көхтөөх олоҕун сонуннарыттан үллэстэ туруохпут дии саныыбын. Маннык сонун ис хоһоонноох элбэххэ үөрэтэр, сайыннарар бырайыагы тэрийбит салайааччыбытыгар Геннадий Иванович Охлопковка, оскуолабыт учууталларыгар, илдьэ сылдьыбыт учууталбытыгар Анна Петровна Боппосоваҕа, үбүлээн ыыппыт төрөппүттэрбитигэр, аймахтарбытыгар, Аллараа Бэстээххэ дылы айанныырбытыгар уонна кэлэрбитигэр автобуһунан хааччыйбыт улууспут үөрэҕин управлениетын үлэһиттэригэр, начальник Владимир Владимирович Кривошапкиҥҥа, суоппардарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Алина Таппырова, Уолба орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.