Айсен Николаев Тааттаҕа байыас дьиэ кэргэнин кытары көрүстэ (ВИДЕО)

От ыйын 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Тааттаҕа сырыытыгар байыас дьиэ кэргэнин кытары көрүстэ. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сири­гэр Оҕо саас сылыгар буолбут умнул­лубат көрсүһүүгэ үрдүкү салалта анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ хайдах олорорун били­стэ. Элбэх ыал ийэтэ тустаах көмөнү туһаммытын, олорор усулуобуйаны тупсарыыга ХВС киирэрэ табыгаста­ах буолуо диэн сүрүн кыһалҕатын бил­лэрбитэ. Бурнашевтар оҕолоро умнуллубат көрсүһүүгэ билиигэ сирдиир, сайыннарыылаах оонньуулаах  «Айар» кинигэ кыһатын бэлэҕин тутан үөрүүлэрэ муҥура суох.

Туйгууна уонна Дайаана Бурнашевалар

Николай уонна Александра Бур­нашевтар ыраас таптал иэйиити­гэр куустаран, 2021 сыллаахтан дьиэ куортамнаһан бииргэ олорбуттара. Сыл-хонук дииллэринии дьоллоох эдэр дьон Александра Борисовна этэри­нии: «Аҕабытын кытта биир өйүнэн-санаанан салайтаран, тэҥ долгуҥҥа уйдара сылдьар буолан, күн-дьыл бил­либэккэ ааспыта», — диэн бэлиэти­ир. Ыал аҕата Николай Аркадьевич Алдан нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кини «Төлөн» чох разреһыгар машинист-бульдозериһынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Элбэх оҕо ийэтэ Алексан­дра Борисовна бухгалтер-экономист идэлээх, билигин «Сулусчаан» оҕо са­адыгар үлэлии сылдьар. Кини куо­ракка үөрэҕин бүтэрэн, «Саха Кредит» потребительскай кэпэрээссийэҕэ специалиһынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Анал байыаннай дьайыы саҕалам-мытын кэнниттэн биир үтүө күн алтын­ньыга аҕалара бэбиэскэ тутан кэлбитэ. Сарсыҥҥы күнүгэр ыал аҕата Ийэ дой­дутун көмүскүү Уссурийскай куоракка көппүтэ. Тустаах миэстэтигэр тиийэн, кини дрону салайар анал кууруһу ааспы­та. Хорсун байыас, эрдэ анал байыаннай дьайыыга барыан иннинэ, түөрт сыл хантараагынан сулууспалаабыта. Били­гин Хан инники кирбиигэ Ийэ дойду­тун көмүскээн, Ытык иэһин толоро сыл­дьар. Байыас Уссурийскайга учебкаҕа сырыттаҕына, бииргэ сулууспалыыр доҕотторо үсүһүн оҕолонор үөрүүнү бу­руолаах шашка көмөтүнэн гендер-пати оҥорон биллэрэн соһуппуттара. Төһө да таптаһар сүрэхтэр тус-туспа дойдуга сырытталлар, уолланар дьолун биир күн тэҥҥэ билбиттэрэ.

Эдэр ыал Уһук Илиҥҥи ипотеканы туһанан чааһынай дьиэ атыыласпыт­тара. «Сулусчаан» оҕо саадын эр дьонун көмөтүнэн көһүү сүпсүлгэнин кыһалҕата суох ааспыттара, кырыа кыһыны туоруур мууһунан хааччыллыбыттара. Нэһилиэк, улуус дьаһалталара, «Төлөн» чох разреһа матырыйаалынай көмөнү оҥорбуттара. Кырачааннар төрөппүттэрэ үлэлиир тэ­рилтэлэриттэн оҕо-аймах күүтүүлээх бырааһынньыгар Саҥа дьылга, Аҕа дой­дуну көмүскээччилэр күннэригэр бэлэх тутан, үөрүүлэрэ үксүүр.

Элбэх оҕолоох ыал аҕата ыам ыйыгар анал байыаннай дьайыыттан уоппу­скатыгар кэлэ сылдьан, хас биирдии күнүн толору туһанан, саҥа дьиэтигэр сиппэтэҕи ситэрэр, оҥоһуллары оҥорор үөрүүлээх түбүккэ түһэн, дьиэ кэргэ­нигэр бары усулуобуйаны тэрийбитэ. Олоҕун аргыһа Александра дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ, таптыыр кэргэнэ эппит тылыттан тахсыбатын, үлэһит бастыҥа буолан, бэйэтэ көрө сылдьан барыны дьаһайа, оҥоро сылдьарын сөҕөр.

Эдэр ыал аҕыс саастаах Туйгууна, ал­талаах Дайаана, биирдээх Дархан диэн оҕолордоохтор. Дьиэ кэргэн кырачаан­нар төрөөбүт күннэригэр оҕо саас умнул­лубат кэрэ түгэннэрин бэлэхтээн, дьолу­нан толорон бэлиэтиир үтүө үгэстээхтэр.

Билигин Дойду үрдүнэн анал байыан­най дьайыы кыттыылаахтарыгар улахан болҕомто ууруллар. Онон байыаннай дьайыы бэтэрээнин дьиэ кэргэнэ комму­нальнай өҥөҕө чэпчэтиилэри туһанара ордук көмөлөөх буолуо эбит.

Мария Павлова.

Читайте дальше