От ыйын 22 күнэ. Ил Дархан үрдүк үөрэх кыһаларыгар кампуһу тэрийии боппуруоһугар сүбэ мунньаҕы ыытта. Айсен Николаев Саха сиригэр бу улахан суолталаах бырайыак буоларын бэлиэтээтэ, итиэннэ федеральнай бырагырааманан университет хампаанньаларын тиһигэр киирэргэ үлэни түргэтэтэргэ сорудахтаата.
Кини Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитигэр дойдуга 40 кампустаах аан дойду таһымнаах кампустары тэрийии бырагырааматын үбүн-харчытын 2030 сылга диэри 400 млрд солк. суумаҕа диэри улаатыннарарга сорудахтаабытын санатта. 2021-2022 сылларга бастакы 17 бырайыак олоххо киириитэ быһаарылынна. Билигин Саха сирин Бырабыыталыстыбата аныгыскы куонкуруска бэлэмнэнэр, ол түмүгүнэн 8 бырайыак бигэргэтиллиэҕэ. «Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускайга сырыытын кэмигэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар кампуһу тэрийии бырайыагын билиһиннэрбитим. Бу бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай тыын суолталаах сорук. Кампуһу тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ бары барыстара учуоттаныахтара, ол курдук сиртэн хостуур салаа уонна креативнай индустрия күүстэрэ. Технологическай урбааҥҥа туһуламмыт саҥа университет тэриллэрэ былааннанар», — диэн Саха сирин баһылыга бэлиэтээтэ. Бырайыагынан үөрэтэрлабораторнай куорпустары, социальнай уонна успуорт-аралдьытар эбийиэктэрэ, ону тэҥэ устудьуоннарга уонна преподавателлэргэ олорор дьиэ комплексын тутуута көрүллүбүтэ. Бырайыагы олоххо киллэрии «Наука уонна университет» национальнай бырайыак научнай чинчийиилэргэ уонна кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ инфраструктураны сайыннарыы федеральнай бырайыак чэрчитинэн концессионнай бииргэ үлэлээһин быһыытынан барыаҕа. Бырайыак 60%-нын федеральнай грант көмөтүнэн оҥоһуллуон сөп. Куонкуруһу дойду Бырабыыталыстыбата быйылгы сыл бүтүөр диэри ыытар былааннаах. От ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев «Азия оҕолоро» VIII-с оонньуулары бэлэмниир уонна тэрийэр кэмитиэт түмүгү таһаарар мунньаҕын ыытта. Кини Саха сирэ бу сылга оҕолорго аан дойду үрдүнэн саамай бөдөҥ бырааһынньыгы тэрийээччи быһыытынан у л а х а н э п п и э т и н э һ и сүгэн, Арассыыйаны үрдүк таһымнаахтык көрдөрбүтүн бэлиэтээтэ. Оонньуулары ыытыыны дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтэ. Бу дьоһун соругу аҕыс сыллаах тохтобул кэнниттэн холбоһуктаах үлэ түмүгэр чиэстээхтик толорбуппутун Ил Дархан тоһоҕолоон эттэ. Айсен Сергеевич элбэх дойду оҕолоро кыттыылаах түһүлгэ түстэниитин өйөөбүт, кыттыыны ылбыт, тэрийбит, кылааттарын киллэрбит бар дьоҥҥо махталын биллэрдэ. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт оҕо успуордун сайыннарыыга уонна «Азия оҕолоро» оонньуулары ыытыыга уһулуччулаах кылааты киллэрии иһин уордьан олохтоото. Бастакы уордьанынан өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ, «Азия о ҕ о л о р о » о о н н ь у ул а р ы төрүттээбит Михаил Ефимович Николаев наҕараадаланар туһунан быһаарыыны кэмитиэт ылынна. Бу саҥа наҕараада Михаил Ефимович дьиэ кэргэнигэр бэриллэн, биһиги кини сырдык аатыгар сүгүрүйүүбүт уонна үйэлээх махталбыт бэлиэтэ буолар. От ыйын 22 күнэ. Дьокуускайга Каландаришвили уонна Марк Жирков уулуссаларын быһа охсуһууларыгар, былыргы мас тутуу оннугар ыытыллыбыт археологическай хаһыыга туос кырааматалар көһүннүлэр. Уһук Илиҥҥэ көстө илик бастакы ураты булумньуну Киров устудьуона Виталий Татаринов булбут. Бу туһунан Ил Дархан биллэрдэ. Кини иһитиннэрбитинэн, көстүбүт XVII үйэтээҕи тоҕус кырааматаҕа дьаһаах хомуйуутун туһунан чэриниилэнэн суруллубут. Билигин сүрүн сорук — бу сэдэх булумньулары төрүт көрүҥүнэн хаалларыы. Археологтар сабаҕалыылларынан 1700 сыллаахха баһаар кэмигэр былдьаммыт воеводскай кэнсэлээрийэ архыыбыгар сыһыаннаах буолуон сөп. От ыйын 23 күнэ. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Арассыыйа Федерациятын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хайысхаларыгар Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай сэбиэтин хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрин аныыр туһунан ыйаахха илии баттаата. Владимир Путин Айсен Николаевы РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетика» хайысхатыгар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаата. Бу хайысха үлэтин Кемерово уобалаһын баһылыга Сергей Цивилев сүрүннээбитэ, кини быйыл дойду энергетикаҕа миниистиринэн анаммыта. Госсэбиэт 21 хамыыһыйатын бэрэссэдээтэллэринэн Арассыыйа эрэгийиэннэрин салайааччылара буоллулар, кинилэр хамыыһыйаларга уопсастыбаннай төрүккэ үлэлэһэллэр. От ыйын 23 күнэ. Бе-200 үһүс салгын аала Саха сиригэр ойуур уотун умуруорууга үлэлии бу күннэргэ кэлэрин туһунан Ил Дархан ойуур баһаардарын утары охсуһар ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕар эттэ. Ордук уустук балаһыанньа Өлүөхүмэ, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү уонна Абый улуустарыгар бэлиэтэнэр. «Сүрүн сорукпут — нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар, доруобуйатыгар куттал суоһуо суохтаах. Ойуу баһаардарын умуруорууга үлэ салҕанар», — диир Айсен Николаев. От ыйын 23 күнэ. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Дьокуускайга Федор Кузьмич Попов искибиэрэ оҥоһуллуоҕа. Искибиэргэ пааматынньык туруорар туһунан сорудаҕы өрөспүүбүлүкэ баһылыга биэрдэ. «Саха норуотуттан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Федор Кузьмич Попову үйэтитэн, кини аатын сүгэр уулуссаҕа өйдөбүнньүк туруоруохпут», — диэтэ Айсен Николаев. Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһини көрөргө ыйда. Санатар буоллахха, былырыын Мэҥэ Хаҥалас уопсастыбаннаһын көҕүлээһининэн Федор Поповка искибиэр оҥорууну өрөспүүбүлүкэ 9 тыһ. олохтооҕо куоластаан өйөөбүтэ уонна федеральнай бырагыраамаҕа хапсан, Дзержинскэй уонна Федор Попов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар оҥоһуллуоҕа. От ыйын 24 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьевы кытта көрсөн, улуус билиҥҥи туругун, социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын дьүүллэстилэр. Алексей Иннокентьев от үлэтин хаамыытын кэпсээтэ. Кини этэринэн, быйыл улуус сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ былаанын нуорманы таһынан толорор кыахтаах, 28 тыһ. туонна оту бэлэмниэҕэ. От үүнүүтэ үчүгэй. Маны тэҥэ улуус баһылыга сааскы халаантан тахсыбыт хоромньуну хайдах туораппыттарын иһитиннэрдэ. Халаантан эмсэҕэлээбит 29 киһиттэн 28-һа биирдэ бэриллэр харчынан көмөнү ылбыт, 9 киһи федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэлэртэн харчынан көмөнү туппуттар. Чугастааҕы кэмҥэ улуус суолларын эбийиэктэрин чөлүгэр түһэрэргэ харчы киирэрин кэтэһэллэр. Хоромньу суумата бу күннэргэ СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин хамыыһыйатынан быһаарыллыбыт. Айсен Николаев төһө кыалларынан суһаллык халаан уутун хоромньутун туоратар, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө оҥоһуллара наадалааҕын эттэ. Салгыы Ил Дархан кыстыкка киириигэ улуус ОДьКХ эбийиэктэрэ төһө бэлэмнээхтэрин, 2027 сыллаахха ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын IX спортивнай оонньууларыгар бэлэм үлэтигэр болҕомтону туһаайда. От ыйын 24 күнэ. Эрэгийиэн баһылыга ойу ур баһаардарын утары охсуһар ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕар ыарахан балаһыанньалаах улуустарга, чуолаан Абый, Дьааҥы улууһугар үлэни өссө күүһүрдэргэ тустаах сорудахтары биэрдэ. Кэмигэр сөптөөх миэрэлэр ылылланнар уонна ардах түһэн, Абыйга баһаар өрө туруута тохтотулунна. Дьааҥыга Токума учаастакка ардах түспүт, оттон Сайдыыга баһаары утары үлэлии сылдьар дьоҥҥо эбии куораттан баһаарынайдар, быыһааччылар тиийдилэр. Ил Дархан авиация үлэтигэр дизель оттугун тириэрдии боппуруоһун быһаарыыга сорудах биэрдэ уонна олохтоох дьаһалта сайаапкатынан Бырабыыталыстыба резервэтиттэн мотопуомпалары, баһаары умулларар ранецтары тиксэриэхтэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ дизель оттугун тиэрдиини эмиэ болҕомтоҕо ылла. От ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихоновы кытта көрсөн, оттооһун үлэтин, национальнай бырайыактары үлэлэтии боппуруостарын таарыйдылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 42 тыһ. туонна оту уонна эбии аһылыгы бэлэмниир былааннаахтар. Ардахтар кэннилэриттэн от үүммүт, ол эрээри кэккэ нэһилиэккэ билигин да куураайы. Онон 18 мобильнай биригээдэ тэриллибит. Онон сыллааҕы от былаанын толорууга туруммуттар. Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн улууска 16 нэһилиэккэ 25 эбийиэк тутулла турар. Айсен Николаев тутуу хаачыстыбата аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээҕин, кыраапык булгуччу тутуһуллуохтааҕын, үлэ хаамыыта күүстээх хонтуруолга ылыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Д м и т р и й Т и х о н о в иһитиннэрбитинэн, быйыл улууска эбии үөрэхтээһин хайысхатынан айти-к уб аһыллыаҕа. Ил Дархан оҕолору сыыппара үөрэҕэр үөрэтэри таһынан, идэҕэ туһаайар үлэни күүһүрдүөххэ наадатын, айтиисписэлиистэри эрэ буолбакка, агробырамыысыланнай комплекска, оҥорон таһаарыыга, о.д.а. үлэһиттэри бэлэмниир мастарыскыайдары арыйар наадалааҕын ыйда. От ыйын 26 күнэ. Айсен Николаев Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцову кытта көрсөн, улууска халаан уутун содулларын туоратыы, чөлүгэр түһэрии үлэлэрин, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хаамыытын, улуус сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. «Биир кэмнээх матырыйаалынай уонна үпхарчы өттүнэн көмө барыта нэһилиэнньэҕэ тиэрдилиннэ. Билигин улууска социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллар. Наадалаах докумуоннары бэлэмниир, үбүлээһин боппуруостарыгар федеральнай биэдэмистибэлэри кытта үлэ барар. Оттооһун хаамыыта этэҥҥэ баран иһэр. Ону таһынан «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак эбийиэктэрин тутуу боппуруостарын, чуолаан оройуон киинигэр 450 миэстэлээх оскуола тутуутун дьүүллэспиттэрин туһунан Ил Дархан иһитиннэрдэ. От ыйын 26 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Альфа-баан салайааччыта Владимир Верхошинскайы уонна Альфа-баан дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Сысуевы кытта баан Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактарга кыттыыны ыларын туһунан кэпсэттилэр. «Биһиги бииргэ үлэлэһиибит өссө да сайдан иһиэ диэн эрэллээхпин», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. От ыйын 27 күнэ. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Судаарыстыбаннай сэбиэт президиумун састаабын уларытта. Ол курдук састаапка Саха сирин баһылыга Айсен Николаев, Ставропольскай кыраай губернатора Владимир Владимиров, Рязанскай уобалас губернатора Павел Малков уонна да атын регионнар баһылыктара киирдилэр. Госсэбиэт дойду ис уонна тас бэлиитикэтин стратегическай сыалын-соругун оҥоруутугар кыттар. Санатан эттэххэ, Владимир Путин Айсен Николаевы РФ Госсэбиэтин «Энергетика» хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн анаабыта. От ыйын 27 күнэ. Саха сиригэр Аллараа Бэстээххэ диэри тимир суолунан сырыы арыллыбыта 5 сылын туолла. 2019 сыл от ыйын 27 күнүгэр, биэс сыл анараа өттүгэр Аллараа Бэстээххэ диэри АЯМ магистралынан сырыы саҕаламмыта. Бу үөрүүлээх күнүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Ил Дархан эҕэрдэлээтэ. «Саха сирин тимир суоллара» акционернай хампаанньа быйыл алта ый устата 204 тыһ. тахса киһини таспыт. Бу көрдөрүү былырыыҥҥыттан 12% үрдүгэ бэлиэтэнэр. Хампаанньа өҥөтүн сайыннарар итиэннэ географиятын кэҥэтэр сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Күндү Саха сирин олохтоохторо! Билигин от үлэтин үгэнэ, бары күүһү түмэн, сүөһүбүтүн-сылгыбытын энчирэппэт туһугар, мындыр саха киһитин сатабылынан күөх быйаҥы сомсуоҕуҥ.
Афанасий Ноев.