Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Атырдьах ыйын 26 күнэ. Ил Дархан  Амма суолун 148-155 килэмиэтирдээҕи учаастагар аспааллааһын үлэтэ саҕаламмытын биллэрдэ.

«Бу улахан уонна дьоһун бырайыак. Эрэгийиэннээҕи «Амма» суол кэлэр сылларга Мэҥэ-Хаҥалас Майа бөһүөлэгиттэн саҕалаан Амма улууһун Чапчылҕан сэлиэнньэтигэр тиийэ аспаалланыахтаах. Манна 17 млрд кэриҥэ суолкуобай ирдэнэр. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит  «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак көмөтүнэн бу сорук туолуоҕа диэн эрэллээхпит. Бу Амма улууһун уонна Илин Эҥэр сайдыытыгар олус улахан суолталаах суол», — диэтэ Айсен Николаев. 2028 сылга диэри Амма суолун 159 килэмиэтирин аспааллыырга былаанныыллар.

Атырдьах ыйын 26 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыайыы» тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Манна Аҕа Дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии ыйытыыларын көрдүлэр.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга барытыгар курдук, бу бэлиэ күҥҥэ бэлэмнэниигэ улахан үлэ ыытыллар. Ол курдук, 2022 сылтан сэрии бэтэрээннэрин олох-дьаһах, медицинэ өттүнэн өйөөһүҥҥэ, кинилэр ааттарын-суолларын, хорсун быһыыларын үйэтитиигэ, ыччаты иитиигэ анал былаан олоххо киллэриллэр. Бүгүн дойдубут эмиэ фашистары кытта охсуһар кэмигэр манна улахан болҕомтону идеологияҕа ууруохха наада. Үүнэн иһэр көлүөнэ историяны билиэхтээх, норуот улуу Кыайыытын суолтатын өйдүөхтээх уонна киэн туттуохтаах», – диэтэ Айсен
Николаев.

Үгэс быһыытынан Кыайыы күнүн көрсө Аҕа Дойду улуу сэриитин бэтэрээннэригэр биирдэ бэриллэр төлөбүрдэр көрүллэллэр. Ил Дархан дьаһалынан 2024 сылтан итинник төлөбүрдэр сэрии оҕолоругар эмиэ көрүллэр буоллулар.

Айсен Николаев бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэттэрин Кыайыы 80 сылыгар үбүлүөйүнэй бэлиэни оҥорон Аҕа Дойду улуу сэриитин бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар туттарар туһунан этиилэрин өйөөтө.

Маны сэргэ, кини сэбиэт этиитинэн, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар Дьокуускайга Уһун үйэлээх буолуу киинин арыйыы боппуруоһун быһаарарга соруйда.

Итини таһынан Ил Дархан Москваҕа баар СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр дойду эрэгийиэннэригэр саха саллааттарыгар өйдөбүнньүктэри, пааматынньыктары тутууга үлэни ыытарга дьаһал биэрдэ.
Атырдьах ыйын 27 күнэ. Булуҥ оройуонун Тиксии бөһүөлэгэр «Ыраас Арктика» федеральнай бырайыак төрдүс түһүмэҕэ саҕаланна. Тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев уонна бырайыак салайааччыта Андрей Нагибин кытыннылар.

Тиксиигэ ыраастааһын үлэтэ 2021 сылтан ыытыллар. Манна иккис сылын федеральнай волонтердар кытталлар. Быйыл Москваттан, Москва, Новгород уонна Ярославль уобаластарыттан кэлбиттэр. Ил Дархан эппитинэн, быйыл Тиксиини таһынан бу үлэ Усуйаана Депутатскай, Анаабыр Сааскылаах, Дьааҥы Баатаҕай уонна Эһэ Хайа бөһүөлэктэригэр ыытыллыаҕа. «Ыраас Арктика» бырайыакка 9-с эрэгийиэн кыттар. Андрей Нагибин ордук көхтөөх үлэни Саха сирэ ыытарын бэлиэтээтэ. Ааспыт үс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ бу бырайыагынан 850 туонна кэриҥэ араас
тимири, бөҕү хомуйан, 31 га курдук сири ыраастаатылар. Сүрүн сыалынан бөҕү-саҕы хомуйуу эрэ буолбакка, Артикаттан тиэйэн илдьии буолар.

Атырдьах ыйын 27 күнэ. Ил Дархан Булуҥ оройуонугар сырыытыгар кытылга турар «Днепр» устар аалы ыраастааһын үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Хараабылга тимир конструкциялары көтүрбүттэр уонна трюмнартан бөҕү-сыыһы хомуйбуттар. Бастакы трюмтан 100 кубометр ниэп бородууксуйатын хачайдаабыттар, үрдүк
баттааһыннаах аппарааттарынан эркиннэри, үрдүн ыраастаабыттар. Ыраастааһын үлэтин «Хоту» научнай-үөрэтэр киин көрүүтүнэн «Газпассервис» тэрилтэ ыытар. Манна дойду наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын ниэп уонна гаас уустуктарын быһаарыыга института кыттар. Айсен Николаев эппитинэн, бу үлэни быйыл тымныы түһүөр диэри түмүктүүргэ былаанныыллар. Ол кэнниттэн устар аалы консервациялыахтара.

«Днепр» экологияҕа улахан уустугу үөскэтэр кутталлааҕа. Уонунан сыллар усталарыгар устар аалы ниэп бородууксуйатын тобоҕун тоҕор сир курдук туһана сылдьыбыттар. Кэлиҥҥи сылларга хараабыл хайыта баран ниэп бородууксуйата пуорт акваториятыгар барыан сөбө. Анал миэрэлэри ылынаммыт бу кутталы суох оҥордубут. Ниэп бородууксуйатын тобоҕун улахан өттүн ыраастаан бүтэрдилэр. Быйыл тымныы түһүөр диэри үлэни түмүктээн, хараабылы консервациялыахтаахтар, оччотугар устар аал туох да куттала суох буолуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.

Атырдьах ыйын 27 күнэ. Ил Дархан Тиксии бөһүөлэгэр Булуҥ оройуонун ыччатын көрсөн Тиксии-Найба агломерациятын сайыннарыы маастар-былаанын туһунан кэпсэттэ.

Айсен Николаев Тиксии уонна Найба – Арктика биир тирэх пууна буоларын бэлиэтээтэ. Манна дириҥ уулаах пуорду тутарга былаанныыллар, ити кэнниттэн сири-уоту барытын сайыннарыахтара. «Найбаҕа дириҥ уулаах пуорду туттахпытына, манна Хотугу муора суолунан сылдьар устар ааллар бары киирэр кыахтаныахтара. Пуорт баар буоллаҕына, билиҥҥи инфраструктура барыта тэриллиэҕэ. Бу бырайыагы олоххо киллэрии түмүгэр оройуон олохтоохторун ахсаана 30 бырыһыан элбиэхтээх, дьон дохуота лаппа үрдүөхтээх» , — диэтэ Айсен Николаев.

Найбаҕа пуорду тутуу хорҕолдьуну, көмүһү, сир сэдэх тимирин хостооһуну сайыннарыаҕа. Күчүс промышленнай кластерын таһаҕаһын бу пуорт нөҥүө аҕалыахтара-илдьиэхтэрэ. Бу улахан көмүс саппаастаах сири баһылааһыҥҥа үлэ саҕаланан эрэр.   Тиксии-Найба агломерациятын сайыннарыы маастар-былааныгар дьон олоҕун
тупсарыыга улахан болҕомто ууруллуоҕа. Ол курдук, ыраах барар-кэлэр сөмөлүөттэр көтөн тахсалларыгар, түһэллэригэр аналлаах балаһа оҥоһулунна уонна аэропорт саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа. Итиэннэ былаан быһыытынан 2026 сылга Тиксиигэ түргэн интернет ситимэ кэлиэхтээх.

Атырдьах ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев Аллайыаха оройуонугар үлэтинэн айаныгар ыраах Арктикаҕа сытар Русское Устье сэлиэнньэҕэ бара сырытта. Нэһилиэк Хотугу акыйаан таһыгар, оройуон кииниттэн – Чокурдаахтан 90
килэмиэтирдээх сиргэ баар. Бүгүн манна 100-чэ киһи олорор. Кинилэр, бастатан турар, манна былыр кэлбит нуучча дьонун уникальнай культурнай-этнографическай бөлөҕүн быһыытынан биллэллэр.

Айсен Николаев олохтоох дьону кытта кэпсэттэ уонна олох-дьаһах эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтэ. Оскуола-саадтарыгар сайын өрөмүөн ыыппыттар, кыһаҕа 21 оҕо үөрэнэр, уһуйааҥҥа 5 оҕо сылдьар. Сэлиэнньэ 40 дьиэтин-уотун, социальнай эбийиэктэрин 2019 сыллаахха үлэҕэ киирбит хочуолунай ититэр, уотунан 2013 сыллаахха тутуллубут ДЭС хааччыйар. Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин салаатынан 2019 сыллаахха Русскай Устьеҕа саҥа фельдшерскай-акушерскай пууну туппуттар. Нэһилиэк эбийиэктэрэ уматыгынан толору хааччыллан олороллор.

«Русскай Устьеҕа сылдьыам диэн уруккуттан былааннааҕым. Ыраах хоту сыттар уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх да буоллар, нэһилиэк сайдан-үүнэн иһэр эбит. Бу кэрэ сир баайа – Новгородтан кэлбит, манна суолу бастакынан тэлбит дьон үтүө сыдьааннара буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин дойдуларын таптыыр, үгэстэрин харыстыыр патриоттар, туруу үлэһиттэр», – диэн санаатын үллэһиннэ Айсен Николаев.

Атырдьах ыйын 28 күнэ. Ил Дархан Аллайыаха оройуонун Чокурдаах бөһүөлэгэр канализациялаах ыраастыыр станцияны тутуу үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Бу эбийиэги тутар туһунан дьаһалы Айсен Николаев биир сыл анараа өттүгэр биэрбитэ.

Станция лизинг механизмынан тутуллар. СӨ ДЬУОКХ уонна «Сбербанк Лизинг» 227 мөл. солкуобай суумманы үбүлүүр туһунан дуогабардаахтар. «Чокурдаахха тутуллар модульнай канализациялаах ыраастыыр станция Арктикаҕа уникальнай эбийиэк буолуоҕа. Лизинг механизмынан Сберы кытта туталлар. Станция бырайыагын Сколково резиденэ – «Альта Групп» хампааньыйа анаан-минээн тымныыны тулуйар гына оҥорбута. Дойдубутугар оҥоһуллар билиҥҥи оборудованиелаах Арктикаҕа бастакы эбийиэк буолар», – диэн быһаарда Айсен
Николаев.

Саҥа станция сууккаҕа 400 кубометр кыамталаах. Бүгүн бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар, тутааччылар акылаатын оҥоро сылдьаллар. Ыраастыыр тутуулар модулларын комплексын быйыл балаҕан ыйыгар уу суолунан аҕалыахтара. Эбийиэги үлэҕэ 2025 сылга киллэрэргэ былаанныыллар.

Атырдьах ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев Аллайыаха оройуонугар Чокурдаах оскуолатыгар сырытта. Быйыл саас кыһа саҥа дьиэҕэ көстө. 2014 сыллаахха саҕаламмыт тутуу бэдэрээччиттэр банкрот буоланнар, уһаан хаалбыта. Ону Ил Дархан дьаһалынан 2020  сылтан «Үөрэхтээһин»  национальнай бырайыак уонна өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн салгыы тутан, үлэҕэ быйыл киллэрдилэр. Икки этээстээх,  5 тыһ. кв. миэтирэттэн арыый кыра иэннээх оскуола 275 миэстэлээх. Бүгүн манна 270 кэриҥэ оҕо үөрэнэр, быйыл бастакы кылааска 19 кырачааннар киирдилэр.

Маны сэргэ Ил Дархан Чокурдаах нефтебазатын үлэтин билистэ. Тэрилтэ ниэп бородууктатын ууран турар емкостной пааркатын резервуардарын, насостарын, турбаларын, автоматикатын оборудованиетын уонна сорох эбийиэктэрин, ол иһигэр административнай дьиэтин, гарааһын, хочуолунайын, тымныы ыскылаатын
саҥардар былааннаах. Бырайыак оҥоһуллан бэлэм, үбүн-харчытын боппуруоһа быһаарылыннаҕына, үлэни 2027 сылга саҕалыахтара.

Атырдьах ыйын 29 күнэ. Бу күннэргэ Ил Дархан судаарыстыбаннай сиэктэр үлэтин чочуйууга туһуламмыт судаарыстыбаннай салайыыга саҥа ыйааҕа таҕыста. Айсен Николаев докумуон сүрүн соруктарын иһигэр салайыы үлэтин култууратын саҥа тиибигэр көһүүнү, судаарыстыбаннай сиэктэр систиэмэтин оҥорон таһаарыытын
үрдэтиини, саҥа инструменнары киллэриини, ол иһигэр ресурсаны сөптөөхтүк тыырыыга искусственнай интеллект технологияларын туһаныыны бэлиэтээтэ. Саҥа ыйаах дьон уйгутун улаатыннарыыга, ол иһигэр судаарыстыбаннай өҥөлөр хаачыстыбаларын үрдэтиигэ туһуланар.

Атырдьах ыйын 29 күнэ. «Саха сирэ, иннибит хоту!» биэриигэ Айсен Николаев  кэлиҥҥи сылларга Арктикаҕа баар оройуоннарга олох-дьаһах 36 бөдөҥ эбийиэгэ тутуллубутун бэлиэтээтэ. Ол курдук, хоту сиргэ 8 саҥа оскуола, доруобуйа харыстабылын – 21, култуура уонна спорт – 7 эбийиэктэрэ дьэндэйдилэр. Маны сэргэ дьиэни-уоту тутуу тэтимэ күүһүрдэ.

Итини таһынан Ил Дархан быйыл Саха сиригэр 40 мөлүйүөн туонна чоҕу хостуур былаан турарын эттэ. Алта ый түмүгүнэн хайыы-үйэҕэ 23,2 мөлүйүөн туонна чох хостонно. Ити былырыыҥҥы бу кэмнээҕи көрдөрүүттэн 33% улахан.

Атырдьах ыйын 30 күнэ. Ил Дархан бу күн Өлүөхүмэ оройуонугар үлэлээтэ. Айсен Николаев Николай Харбин баһылыктаах улуус дьаһалтатын ойуур баһаардарын умуруорууга, сааскы халаан уутуттан көмүскэниигэ үлэтин үрдүктүк сыаналаата. Ил Дархан Өлүөхүмэ куоракка гааһы киллэрии үлэтин саҕаланыытын 2026 сылтан
2025 сылга көһөрөргө дьаһал биэрдэ.

Өлүөхүмэ куоракка маны сэргэ эрэгийиэннээҕи «Умнас» суолга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, оройуоннааҕы киин балыыһа оҕолорго аналлаах поликлиникатын отделенията уонна дьахтар консультацията саҥа дьиэ бастакы этээһигэр көһүөхтэрэ, сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго аналлаах Өлүөхүмэтээҕи социальнай-реабилитационнай киин эмиэ саҥа дьиэҕэ-уокка көһүөҕэ, Өлүөхүмэтээҕи коррекционнай оскуола спортивнай саалата саҥардыллыаҕа. Сааскы халаантан эмсэҕэлээбит Өлүөхүмэ олохтоохторугар федеральнай бүддьүөттэн көмө
оҥоһуллуоҕа. Бу быһаарыныылары Айсен Николаев Өлүөхүмэ оройуонугар сырыытыгар ылыннылар.

Атырдьах ыйын 31 күнэ. Ил Дархан дойду биллэр экспиэртэрин кытта тымныыны туһаныы боппуруостарын ырытыста. Саха сиригэр бу тиэмэҕэ буолбут маҥнайгы стратегическай сессияҕа 100-чэ учуонай, наука үлэһиттэрэ кытыннылар.

Айсен Николаев тэрээһин кыттааччыларын комплекснай научнай бырагырааманы оҥорор туһунан этиилэрин өйөөтө. Манна Саха сирин научнай уонна олоххо-дьаһахха уопута туһаныллыаҕа. Бу үлэҕэ научнай кииннэр,
университеттар, институттар уонна бырамыысалыннай уонна инновационнай тэрилтэлэр кыттыахтара.

Атырдьах ыйын 31 күнэ. Кэлэр сылтан Верхоянскай куоракка халаан уутуттан көмүскүүр гидротехническэй тутууну саҕалыахтара. Ил Дархан бу боппуруоһу эбийиэктэри тутуу уонна реконструкциялааһын суһал ыстаабын мунньаҕар көрдө. Бүгүн эбийиэк бырайыактыыр-сметэлиир докумуона оҥоһуллар уонна экологическай, геодезическэй, геологическай уонна гидрометеорологическай чинчийиилэр ыытыллаллар.

Гидротехническэй тутуу Верхоянскайы халаан уутуттан көмүскүөҕэ. Эбийиэк 9 км тахса уһуннаах.

2022 сыллаахха Верхоянскайга дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта – Уһук Илиҥҥэ Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев кэлэ сылдьыбыта. Онно куоракка халаан уутуттан 442 дьиэ-уот уонна 18 социальнай эбийиэк эмсэҕэлээбиттэрэ. Юрий Трутнев онуоха халаан уутуттан көмүскүүр гидротехническэй тутууну ыытар туһунан этиини өйөөбүтэ.

Балаҕан ыйын 1 күнэ. Билии күнүгэр Дьокуускайга кадетскай интернат-оскуола саҥа куорпуһун үөрүүлээхтик арыйыы буолла. Саҥа дьиэни «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн туттулар. Маннык тутуу Уһук Илиҥҥэ өссө дьэндэйэ илик.

Кадетскай оскуола 20 сыллааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн тутуллубута. «Кадетскай интернат-оскуола Дьокуускайга 2000 сыллаахха аһыллыбыта. Кыһа
материальнай — техническэй баазатын ыйытыылара тэриллиэҕиттэн сытыытык тураллар. Саҥа оскуола бастакы сыбаайатын 2022 сыллаахха – Саха АССР 100 сылыгар туруорбуппут. Бүгүн биһиги бу уникальнай эбийиэги үөрүүлээхтик арыйыыга кытынныбыт», – диэтэ Айсен Николаев.

6,4 тыһыынча квадратнай миэтирэ иэннээх, үс этээстээх интернат-оскуола анал бырайыагынан тутулунна. Ш буукубаҕа майгынныыр куорпус икки блоктан турар. 200 миэстэлээх үөрэнэр куорпуһу таһынан манна 125 миэстэлээх интернат дьиэтэ тутуллар. Эбийиэк быйыл сэтинньи ыйга үлэҕэ киириэҕэ.

Афанасий Ноев

Читайте дальше