Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Балаҕан ыйын 2 күнэ. Ил Дархан бу күн Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр саҥа оскуоланы үөрүүлээхтик арыйыыга кытынна. 4 тыһыынча квадратнай миэтирэ иэннээх саҥа үөрэх кыһата 275 үөрэнэр миэстэлээх. Манна эргэ хаарбах дьиэлэртэн орто оскуола уонна гимназия көһөн киирдилэр. Итини сэргэ саҥа оскуолаҕа оҕо айымньытын кыһатын көһөрүөхтэрэ. «Мукучу оскуолата – Саха сирин биир кырдьаҕас кыһата. Баай историялаах
оскуола. Сэбиэскэй кэмҥэ манна дойду араас муннуктарыттан учууталлар үлэлии кэлбиттэрэ. Бу кыһа эркиннэриттэн Социалистическай Үлэ Дьоруойа Михаил Спиридонов курдук уһулуччулаах дьон үүнэн тахсыбыттара. Кинилэр ситиһиилэрэ үүнэн иһэр көлүөнэ ыччаты үрдүккэ сирдииллэр. Мукучу оҕолоро үөрэххэ уонна спорка үгүс ситиһиилээхтэр. Бу саҥа бэртээхэй оскуолаланан биһигини өссө үөрдүөхтэрэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев Биир кэлим координационнай киин үлэтин боппуруостарыгар мунньах ыытта. Ил Дархан тэрилтэ үлэтин көдьүүһүн үрдэтэр соругу туруорда.

Бастатан туран, тирэх пууннар үлэлэрин бэрээдэктииргэ дьаһал биэрдэ. Манна Саха сирин олохтоохторо, муниципальнай тэриллиилэр уонна тэрилтэлэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга гуманитарнай көмө ыыталлар.

Ил Дархан «Патриотическай» түргэнник сайдыы сирин резиденнэрэ оҥорор тиэхиникэлэрин анал байыаннай дьайыыга тиэрдии тэтимин улаатыннарарга соруйда. Онно барар тиэхиникэ хаачыстыбалаах уонна байыаннай усулуобуйаҕа тургутуллубут, туһалаах буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Биир кэлим координационнай киин үлэтин биир улахан суолталаах хайысхатынан бааһырбыт саллааттарга медицинскэй уонна психологическай көмөнү оҥоруу буолар. Ол курдук, бүгүн Москваҕа «Бэс Чагда» санаторий баазатыгар байыаннайдары чөлгө түһэрэрга аналлаах күннэри-түүннэри үлэлиир стационары
арыйарга бэлэмнииллэр.

Балаҕан ыйын 3 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куоракка үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийии үлэтин хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Үлэһит бөлөх эбийиэги федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэр туһунан сайаапканы оҥорон бүтэрэн эрэр. Докумуону федеральнай кииҥҥэ балаҕан ыйын бүтэһигэр диэри
ыытыахтаахтар. Биһириир түгэннэригэр, Саха сирин кыһата Арассыыйаҕа тэриллэр аан дойду таһымнаах кампустар ситимнэригэр киллэриллиэҕэ.

Бу үлэ чэрчитинэн үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампус архитектурнай уонна научнай-үөрэтэр кэнсиэпсийэтэ оҥоһулунна, итиэннэ бырайыак үп-харчы өттүнэн мадыала торумнанар. Кампус бырайыагынан Дьокуускайга үөрэтэр — лабораторнай тутуулар, социальнай эйгэ, спорт, сынньалаҥ эбийиэктэрэ, итиэннэ устудьуоннарга уонна преподавателлэргэ олорор комплекс дьэндэйиэхтээхтэр. Кампус Саха сиринээҕи  үрдүк үөрэх кыһаларын түмүөхтээх. Ол сыалынан үрдүк технологиялаах научнай-үөрэтэр эйгэни уонна Уһук Илиҥҥэ, дойду Хотугу сиригэр үрдүк таһымнаах специалистары бэлэмниир усулуобуйаны тэрийии буолар.

Балаҕан ыйын 3 күнэ. Ил Дархан Владивосток куоракка сыллата ыытыллар 9-с Илиҥҥи экономическай форумҥа кытынна. Тэрээһин балаҕан ыйын 3-6 күнүгэр буолан ааста. Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, быйылгы форумҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 25 саҥа сөбүлэҥи түһэристэ. Итинтэн ордук улахан суолталаахтара Найба пуордун, Чуумпу акыйааннааҕы тимир суолу тутууга, Өймөкөөн улууһун Усть-Нера бөһүөлэгэр сылааһынан хааччыйыы систиэмэлэрин саҥардыыга, «Арктика Синергията» бырайыагы кэҥэтиигэ, Дьокуускай куорат маастар-былаанын бырайыактарын үбүлээһиҥҥэ сыһыаннаахтар.  Саха сирин сайдыытыгар туһуланар саҥа инвестициялар барыллаан суумалара 163 млрд солкуобай.
«Быйылгы Илиҥҥи экономическай форум өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа саҕахтары арыйда. Бу бырайыактары олоххо киллэрии сүрүн түмүгүнэн Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыы буолар», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Саха сирэ 2015 сылтан ылата Илиҥҥи экономическай форумҥа триллион солкуобай кэриҥэ суумаҕа инвестицияҕа сөбүлэҥ түһэристэ. «Бүгүн Саха сирин олохтоохторо Илиҥҥи экономическай форумҥа баттаммыт сөбүлэҥнэр түмүктэрин күннэтэ көрөллөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс социальнай, инфраструктурнай уонна бырамыысалыннай эбийиэктэр, дьон олорор микрооройуоннара тутуллаллар, уопсастыбаннай тырааныспар саҥардыллар. Бу бырайыактары хас биирдии Саха сирин олохтооҕо билэр. Холобура, «Саюри» тепличнай комплекс, Наука аччыгый академията, «Звезднай»  микрооройуон уонна да атыттар», — диэтэ Айсен Николаев.

Бу күн Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа Индияны кытта үлэлэһиини кэҥэтиигэ, Амур уобалаһыныын салгыы үлэлэһиигэ, Саха сирин улуустарыгар Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыба олохтоох салааларын арыйыыга,
Арассыыйатааҕы устудьуоннар этээрээттэрин кытта сөбүлэҥнэри уонна Хотугу-Илиҥҥи Азия дойдуларын эрэгийиэннэрдээҕи дьаһалталарын ассоциациятын кытта 2025 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ Манчаары оонньууларын чэрчитинэн мунньах ыытар туһунан дуогабар түһэристэ.

Балаҕан ыйын 4 күнэ. Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальковтыын көрсөн, Дьокуускай куоракка үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампуһу тутуу туһунан кэпсэттилэр.

Валерий Фальков бу бырайыак кэскиллээҕин бэлиэтээтэ уонна наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэ Саха сирин федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэр туһунан сайаапкатын көрүөҕэ диэтэ. «Бу бырагыраамаҕа бары субъектар киириэхтэрин баҕараллар. Саха сирин үөрэххэ уонна наукаҕа-технологияҕа улахан кыаҕын учуоттаан туран, Дьокуускайга маннык кампуһу тутуу кэскиллээҕэ көстөр», – диэн эттэ Валерий Фальков.

Айсен Николаев үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампуһу тутууга Саха сирэ үбү-харчыны угарга бэлэмин эттэ.

Ил Дархан Валерий Фалькову Дьокуускайга сэтинньи ыйга буолар «Сыыппара алмааһа» федеральнай форумҥа ыҥырда. Бу чэрчитинэн ыытыллар стратегическай сессияҕа үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампуһу тутууну ырытыһыы былааннанар.

Балаҕан ыйын 4 күнэ. Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ инфраструктураны тутуу боппуруостарыгар мунньаҕар кытынна. «Дьон өр күүппүт, улахан суолталаах Лена өрүс нөҥүө муостаны Дьокуускай таһыгар булгуччу тутуохтаахпыт», – диэтэ Владимир Путин.

Балаҕан ыйын 4 күнэ. Илиҥҥи экономическай форумҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна «РусГидро» хампааньыйа бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Бу докумуон чэрчитинэн Өймөкөөн улууһун Усть-Нера бөһүөлэгэр сылааһынан хааччыйыы систиэмэлэрин саҥардыыга үлэ ыытыллыаҕа. Сөбүлэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата. «Сөбүлэҥ чэрчитинэн Усть-Нераҕа «Квартальнай» хочуолунай саҥардыллыаҕа уонна саҥа ититэр ситимнэр уонна пууннар тутуллуохтара», – диэн эттэ Айсен
Николаев.

Бырайыагы олоххо киллэриигэ энергосервиснай дуогабары туһанарга былаанныыллар. «РусГидро» хампааньыйаттан толорооччунан оройуону сылааһынан хааччыйар «Теплоэнергосервис» тэрилтэ ананыаҕа.

Бу күн Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа «Газпром» хампааньыйа бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Виталий Маркеловтыын Саха сиригэр гааһы киллэриигэ үлэни салгыы ыытар туһунан кэпсэттэ, Алдаҥҥа үлэлиир «Полюс» хампааньыйа 2025 сылга көмүһү хостооһуну икки төгүл улаатыннарар былаанын өйөөтө. Маны сэргэ Айсен Николаев Саха сирин ыраах сытар түөрт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гибриднай энергокомплекстары үөрүүлээхтик арыйыыга кытынна. Ол курдук, автоматизированнай гибриднай энергокомплекстар Өлүөхүмэ Урицкай, Дабаан уонна Саҥыйахтаах сэлиэнньэлэригэр уонна Томпо оройуонун Тополинай нэһилиэгэр үлэҕэ киирдилэр.

Балаҕан ыйын 5 күнэ. Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа Сбербанк бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Грефтиин IT-салааҕа бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэстэ.

Дьокуускайга «Школа 21» салгыы үлэтин уонна эмиэ Сберы кытта үлэлэһии түмүгэр арыллыбыт искусственнай интеллект лабораториятын тула кэпсэтии буолла.

Салайааччылар тэрилтэлэргэ, хампааньыйаларга уонна Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын уорганнарыгар искусственнай интеллект технологиятын киллэриигэ былааннары торумнаатылар. Бүгүн Сбер кэккэ бырайыактары, ол иһигэр искусственнай интеллеги библиотека эйгэтигэр уонна медицинэҕэ туһаныыны үбүлүүр.

Балаҕан ыйын 5 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Илиҥҥи экономическай форумҥа Аллараа Халыма Черскэй бөһүөлэгиттэн Чукотка Билибино куоратыгар 296 км усталаах сибээс волоконнай-оптическай ситимин тутар туһунан сөбүлэҥ түһэристэ. Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, Чукотскай автономнай уокурук губернатора Владислав Кузнецов уонна «АрктикТелеком» тэрилтэ дириэктэрэ Виктор Сергеев илии баттаатылар.

Бу үлэ «Арктика синергията» бырайыак чэрчитинэн ыытыллыаҕа.  Черскэй-Билибино икки ардыгар интернет түргэнэ сөкүүндэҕэ 30 Гб кыра буолуо суоҕа. Бырайыагы Чукотскай автономнай уокурук суотугар олоххо
киллэриэхтэрэ.  Бу күн Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа Хабаровскай кыраайы кытта үлэлэһиини кэҥэтиигэ, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин кытта экэниэмикэҕэ салгыы үлэлэһиигэ, Хабаровскай кыраайы уонна Эльга пуордун кытта Чуумпу акыйаан тимир суолун тутууга сөбүлэҥ түһэристэ.

Балаҕан ыйын 6 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын салаатыгар үлэлиир «Союз Авто» тэрилтэҕэ Арассыыйаҕа оҥоһуллубут 19 Volgabus автобус күлүүһүн туттарда. Саҥа тиэхиникэни «Сбербанк Лизини» кытта дуогабардар чэрчилэринэн атыыластылар. Харчыны аан бастакы угууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүлүннэ, хас биирдии автобуска – 3-түү мөлүйүөн солкуобай.

Автобустар газомоторнай уматыгынан үлэлииллэр, климат-контроллаахтар уонна уонна хамсаналлара хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах аппарельлаахтар.

Балаҕан ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев М.К. Аммосов аатын сүгэр Хотугу — Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаевтыын көрүстэ. Салайааччылар Саха сиригэр ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы уонна бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии уонна үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийии ыйытыыларын дьүүллэстилэр.

Ол курдук, Дьокуускайга балаҕан ыйын 24-27 күнүгэр 5-с Хотугу форум, оттон сэтинньигэ «Билии. Бастакылар» федеральнай сырдатар марафон уонна 3-с «Сыыппара алмааһа» форум буолуоҕа.

«Биһиги Хотугу форумтан наукаҕа уонна олоххо-дьаһахха үгэс курдук улахан суолталаах быһаарыныылары күүтэбит. Тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыытыахтаахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 7 күнэ. Ил Дархан «Злой» диэн ааттаах бэйэлэрин баҕаларынан сулууспалааччылар «Боотур» батальоннарын хамандыырын кытта көрүстэ. Айсен Николаев батальон байыастарыгар бэйэлэрин харыстаабакка сулууспалыы сылдьалларын иһин махталын биллэрдэ. Ил Дархан уолаттарга дойдуларыгар түргэнник, кыайыы көтөллөөх төннөллөрүгэр баҕарда.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтэ байыаннайдары улаханнык өйүүр эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ. Саха сириттэн көмө быстыбакка кэлэ турар, ол иһигэр «Боотурга» эмиэ. Бэйэлэрин баҕаларынан кэлээччилэр эбиллэн иһэллэр. Биһиги бойобуой сорудахтары барытын толорон иһэбит», – диэтэ батальон хамандыыра.

Балаҕан ыйын 8 күнэ. Ил Дархан Астанаҕа үлэтинэн сырыытыгар Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевы кытта көрүстэ. Салайааччылар өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларыгар үлэни кэҥэтии уонна сибээһи бөҕөргөтүү туһунан кэпсэттилэр.
Касым-Жомарт Токаев Саха сирин кытта үлэни араас хайысхаҕа, ол иһигэр бырамыысалыннаска, атыыга-эргиэҥҥэ, IT-салааҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар сайыннарыахха сөбүн эттэ. Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Казахстан икки ардыгар үлэлэһиини кэҥэтии улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
«Кэлиҥҥи 5 сылга Саха сирэ Казахстаны кытта атыытын-эргиэнин кээмэйэ 40 төгүл улаатта. Биһиги бу үлэни салгыы ыытабыт. Бүгүн креативнай индустрия эйгэтигэр үлэлэһиибит сайдар. Кэскиллээх суоллары IT-салааҕа, туризмҥа, спорка, тыа хаһаайыстыбатыгар, сир баайын хостооһуҥҥа уонна үп-харчы өҥөтүгэр көрөбүт», – диэтэ Айсен Николаев.

Афанасий Ноев.

Читайте дальше