Балаҕан ыйын 16 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев нэдиэлэ саҥатыгар Бырабыыталыстыбаны, Ил Дархан дьаһалтатын кытары былаанныыр мунньаҕы ыытарыгар быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум түмүгүн таһаарда. Форумҥа далааһыннаах үлэ ыытыллыбытын, улахан суолталаах сөбүлэһиилэргэ илии баттаспыттарын, көрсүһүүлэр буолбуттарын бэлиэтээтэ. Итиэннэ форум түмүгүнэн кэккэ сорудаҕы биэртэлээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ кыстыкка сүөһү, сылгы аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньата түмүктэнэн эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсай былааны толоруу 91% тэҥнэспит. Бурдугу, оҕуруот аһын хомуйуу үлэтэ күүскэ бара турар. Түмүктүүргэ үлэни өссө күүһүрдүөххэ наада.
Дойду Бырабыыталыстыбата булт эйгэтин уонна бултуур сирдэри салайыыга судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһиги тэрийэр туһунан уурааҕы таһаарда. Бу тиһик 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Гостех» кэлим сыыппара платформатыгар үлэтин саҕалыаҕа. «Элбэх булчут баар буолан, Саха сиригэр бу тыын суолталаах боппуруос. Саҥа тиһиги өрөспүүбүлүкэҕэ киллэрэр үлэни ыытарга, булчуттарга киэҥ хабааннаах сырдатар-билиһиннэрэр үлэни ыытарга сорудахтаатым», — диэтэ Айсен Николаев.
Мунньахха ититии сезонун, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраах ытыыга турнирга, Хотугу форумҥа уонна Арассыыйатааҕы энэргиэтикэ нэдиэлэтигэр бэлэмнэнии үлэтин туһунан кэпсэттилэр.
Балаҕан ыйын 16 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэнин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Марина Бахилинаны кытта көрсөн, бу түмсүү салгыы сайдыытын дьүүллэстилэр. Кэмитиэт Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уйулҕа көмөтүттэн саҕалаан юридическайга тиийэ көмөлөһөр, ыстааптар үгүс улууска бааллар. Айсен Николаев Марина Бахилинаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэни ыытарын иһин махтанна. «Кэмитиэт үлэтэ биһиги көмүскээччилэрбит тула уопсастыба түмсүүтүгэр улахан оруоллаах. Көрсүһүүгэ Марина Константиновна биһиги байыаннай сулууспалаахтарбыт уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ сыһыаннаах дьоһун боппуруостары көтөхтө, ону биһиги бииргэ быһаарыахпыт», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан. Маны сэргэ көрсүһүүгэ байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр Саха сирин тирэх пууннарын тэрийэр туһунан кэпсэттилэр.
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Ил Дархан Нам улууһугар үлэлээтэ. Ол курдук, «Нам» өрөспүүбүлүкэтээҕи суолу халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэриини бэрэбиэркэлээтэ. Алтынньы саҥатыгар тутар-таҥар үлэлэри түмүктүүргэ соруйда.
Өлүөнэ өрүскэ сааскы халаан кэмигэр Нам суолун хас да учаастага алдьаммыта. Айсен Николаев Хатырык уонна Маймаҕа сэлиэнньэлэр икки ардыларыгар ордук эмсэҕэлээбит учаастакка сырытта. Манна трасса 118 км-гэр тиэхиньиичэскэй өттүнэн уларытыылары киллэрдилэр. Муоста улаханнык алдьаммыта. Билигин сылдьарга табыгастаах буолла. Кэлин уу хааччаҕа суох ааһарын туһугар ууну аһардар 48 погоннай миэтэрэҕэ 2 м диаметрдаах икки улахан турба ууруллубут. Арыый тэйиччи трасса 119 км-гэр 18 погоннай миэтэрэҕэ 1,5 м диаметрдах гофрированнай турба ууруллубут.
Сааскы халаан муниципальнай суоллары эмиэ алдьаппыта. Алтынньыга диэри Харыйалаах — Сыаганнаах, Кыһыл Сыыр – Ымыйахтаах суолларга үлэ барыаҕа. Граф биэрэгэр тиийэр суолу чөлүгэр түһэрэллэр, ону тэҥэ 2-с Хомустаах, Хатырык, Модут, Бөтүҥ, Хатыҥ Арыы, Үөдэй уулусса-суол ситимин. Национальнай бырайыак чэрчитинэн хас да учаастакка өрөмүөн торумнаммыта. Чуолаан, Хамаҕатта уонна Нам сэлиэнньэлэр икки ардыларыгар 4 км учаастак аспаал-бетон бүрүөһүнүн уларыталлар, Маймаҕаттан Түбэҕэ диэри 10 км усталаах суол оҥоһуллар. 2025 сылтан 2028 сылга диэри Нам улууһугар национальнай бырайыагынан 43 км суол өрөмүөннэниэҕэ.
Салгыы Ил Дархан Хатырык сэлиэнньэтигэр халаантан эмсэҕэлээбит ыалга көмө хайдах оҥоһуллубутун билистэ. Түөрт оҕолоох Дьяконовтар чааһынай дьиэҕэ олороллор. Муосталарыттан миэтэрэ үрдүктээх уу түспүтүн кэннэ дьиэлэрин куурдууга көмөлөспүттэрэ, онтон чөлүгэр түһэриигэ үп биэрбиттэрэ. Ыксаллаах быһыынан-майгынан Дьяконовтарга бүддьүөттэн төлөбүр көрүллүбүтэ. 60 тыһ. солк. кээмэйдээх материальнай көмөнү, баайдарын-дуолларын сүтэрэннэр, 600 тыһ. солк. ылбыттара. Ону тэҥэ биир дойдулаахтара, биирдиилээн дьон көмөлөспүттэрэ, бородуукта, инструменнары, таҥаһы биэрбиттэрэ.
«Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн, биир дойдулаахтарын, аймахтарын көмөлөрүнэн барытын чөлүгэр түһэрдилэр. Онон билигин дьиэ кэргэн сылаастык бэйэтин дьиэтигэр олорор» , — диэтэ Айсен Николаев.
Санаттахха, Нам улууһугар халаантан 16 нэһилиэк эмсэҕэлээбитэ. Олорор дьиэлэр, тырааныспар уонна дьиэ-уот хомунаалынай инфраструктурата, уотунан хааччыллыы, тыа хаһаайыстыбата, үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ эмсэҕээлээбиттэрэ. Ситэриилээх былаас уорганнара олохтоох салайыныы уорганнарын кытта күн аайы субуотунньуктары тэрийбиттэрэ. Сааскы халааҥҥа уопсайа 472 дьиэ хапытаалынай өрөмүөнү ааһыахтаах. Бары эмсэҕэлээбит дьон эрэгийиэн көрүҥнээх ыксаллаах быһыы-майгы түмүгэр төлөбүрү ылбыттара, бу кээмэйэ Айсен Николаев сорудаҕынан биэс төгүл үрдэтиллибитэ.
Айсен Николаев улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар халаан содулун туоратыыга, чөлүгэр түһэриигэ анаммыт сүбэ мунньаҕы ыытта. Сааскы халааҥҥа сылгыларын, сүөһүлэрин сүтэрбиттэргэ көмөҕө 40 мөл. солк. ыытыахтара. Ил Дархан регион бүддьүөтүттэн ыйыллыбыт үп-харчыны көрүү боппуруоһун нэдиэлэ бүтүөр диэри Бырабыыталыстыбатыгар соруйда.
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев Татарстан вице-премьерэ Василь Шайхразиевы кытта көрсөн, эрэгийиэннэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини кэҥэтии туһунан кэпсэттилэр. Ол курдук, туризмы сайыннарыыга хардыылар оҥоһуллалларын, Дьокуускайтан Казань куоракка сөмөлүөтүнэн быһа рейстэр сылдьалларын холобурга аҕалла. Василь Шайхразиев эрэгийиэнэр икки ардыларынааҕы сыһыан үрдүк таһымҥа тахсыбытын, өрөспүүбүлүкэлэр иккиэн 100 сылларыгар Саха сирин күннэрэ Татарстаҥҥа, Татарстан күннэрэ Саха сиригэр буолбуттарын, итиэннэ Татарстан Раиһа сайын Туймаада ыһыаҕар икки сыллааҕыта кэлэ сылдьыбытын санатта. Вице-премьер Казань куоракка «Алтын минбар» диэн ХХ-с норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр саха режиссерэ Алексей Романов «Легенды вечных снегов» киинэтэ гран-при ылбытынан эҕэрдэтин тиэртэ. Доҕордуу сибээс искусство көмөтүнэн бөҕөргөөн иһиэ диэтэ Василь Шайхразиев.
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Уһук Илин тимир суоллара — «Арассыыйа тимир суоллара» филиалын салайааччыта Евгений Вейдены уонна чох хостуур хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ. Саха сирэ уонна «Арассыыйа тимир суоллара» хампаанньа таһаҕас тиэйиитигэр бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгүн ырыттылар, инники былааннарын торумнаатылар. Чоҕу тиэйиигэ сөбүлэһии толоруллан, быйыл 8 ыйга 17 мөл. тахса туонна чох тиэйиллибит. Ону тэҥэ чох таһыы кээмэйин улаатыннарыы уонна РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан толоруллар Илин полигон тимир суолун ситимигэр үлэ кыамтатын күүһүрдүү, улаатыннарыы туһунан кэпсэтии барда.
Балаҕан ыйын 18 күнэ. Дьокуускайга Арассыыйа Дьоруойа Николай Евдокимов кэлбитигэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүһүүгэ Ил Дархан киниэхэ балтараа мөлүйүөн солкуобайдаах харчынан сэртипикээти туттарда. «Биһиги Николай Евдокимов байыаннай дьайыыга хорсун уонна бэйэтин харыстаммат быһыытын дойдубут таһымыгар үрдүктүк сыаналаабыттарынан киэн туттабыт. Кини бойобуой доҕорун быыһыыр туһугар оҥорбут дьоруойдуу быһыыта барыбытыгар холобур буолар. Биһиги Дьоруойбут Саха сирин олохтоохторун, биир дойдулаахтарын өйөбүллэрэ саамай ыарахан тургутууну кыайарга көмөлөспүттэрин туһунан этэр. Арассыыйа Дьоруойун аата – үрдүк чиэс-бочуот эрэ буолбатах, улахан эппиэтинэс. Николай Евдокимов бэйэтин аатын Арассыыйа уонна Саха сирин летопиһыгар киллэрэн, биһиги кыайыылаах аармыйабыт албан ааттаах үгэстэрин чиэстээхтик салгыыр. Кини хорсун быһыыта – Саха сиригэр барытыгар киэн туттуу уонна үүнэр көлүөнэҕэ патриотизм холобура», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.Николай Евдокимов Мииринэй улууһун Удачнай куоратыгар үлэлии сылдьан ыҥырыллыбыта.
Балаҕан ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев «Настаабынньыктааһын бастыҥ быраактыката» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ.
Ил Дархан ыччаты идэҕэ уһуйууга уонна үлэ көдьүүһүн үрдэтиигэ бырайыактардаах түөрт бастыҥ настаабынньыкка наҕараадалары туттарда. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сиригэр настаабынньыктааһыны салгыы сайыннарар тоҕоостооҕун, эдэр көлүөнэни иитиигэ уһуйааччылар оруолларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Түөрт бастыҥ настаабынньыгынан Дьокуускайдааҕы килиэби астыыр кэмбинээт кондитерскай сыаҕын салайааччыта Татьяна Пшенникова, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс дириэктэрэ Изольда Николаева, «Берегиня» дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөлөһөр киин үлэһитэ Наталия Захарова, АЛРОСА персоналы салайар сулууспатын начаалынньыга Антон Потах аттаннылар. Күөн-күрэс национальнай бырайыак чэрчитинэн төрдүс сылын ыытыллар, быйыл 9 тэрилтэ кыттыбыт.
Балаҕан ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан иһинэн билимҥэ, үрдүк үөрэххэ уонна научнай-технологическай бэлиитикэҕэ Сэбиэт мунньаҕын ыытта. Мунньахха өрөспүүбүлүкэҕэ научнай кэлим чинчийии бырагырааматын үһүс түһүмэҕин кэпсэттилэр. Бырагыраама үһүс түһүмэҕэ 2025-2027 сылларга былааннанан турар. Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах. Ил Дархан туһааннаах научнай чинчийии бырагырааматын өссө тупсарарга соруйда.
Сэбиэт мунньаҕар норуоттар икки ардыларынааҕы сэлии киинин концепциятын көрдүлэр. Дьокуускайга сэлии научнай чинчийиилэригэр аныгы аан дойду таһымнаах киини тэрийэри былаанныыллар. Манна криохранилище, научнай-лабораторнай корпус, научнай-чинчийэр полигон, кэтээн көрүү ыстаансыйата, түмэл-оҥорон таһаарар комплекс баар буолуоҕа. Ил Дархан концепцияны көрөн баран, сөбүлэҥин биэрдэ, бэйэтин этиилэрин киллэрдэ. Саҥа киин научнайы кытары, туристическай эбийиэк буолуохтааҕын, тутуллар сирэ уонна архитектурнай быһаарыылара барыта итинтэн сиэттэрэн тахсыахтааҕын бэлиэтээтэ.
Балаҕан ыйын 18 күнэ. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнигэр оҕо быраабыгар боломуочуйалаах Мария Львованы-Белованы кытары көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай тулаайахтарга профилактика боппуруостарынан Бүтүн Арассыыйатааҕы иниспиэксийэ үлэтин түмүктэрин дьүүлэстилэр. Бу үлэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. Мария Львова-Белова Саха сирин үлэтин көрдөрүүтэ бу хайысхаҕа үчүгэйин, дойду үрдүнэн 30 иһигэр киирсэрин бэлиэтээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс өрүттээх үлэ ыытылларын, элбэх оҕолоохтору өйөөһүҥҥэ «Үйэ оҕолоро» бырагырааманы, үһүс уонна онтон кэнники төрүүр оҕолорго эрэгийиэннээҕи дьиэ кэргэн хапытаалын уо.д.а. холобурга аҕалла. Ил Дархан 2028 сылга диэри стационарнай тэрилтэлэргэ оҕо ахсаанын 50% аҕыйатар туһунан ыйааҕын тоһоҕолоон эттэ, итиэннэ кэккэ этиилэри киллэрдэ.
«Этиилэри биһиги хайаан да олоххо киллэриэхпит. 2028 сылга диэри оҕо дьиэлэригэр сылдьар оҕолор ахсааннарын икки төгүл кыччатыахпыт. Хас биирдии оҕо биһиги уопсастыбабыт көмүскэлигэр сылдьыахтаах. Итинэн бары дьарыктаныахтаахпыт — судаарыстыба, эрэгийиэннэр, муниципалитеттар», — диэтэ Айсен Николаев.
Балаҕан ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев бу күн Орто Халыма куоратыгар үлэлээтэ. Улуус киинигэр Кыайыы болуоссатыгар ыытыллар саҥардыы үлэтин көрдө, хаарбах дьиэттэ дьону көһөрүү бырагырааматынан тутула турар таас дьиэҕэ үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
«Орто Халыма куорат табыгастаах куорат эйгэтин оҥорууга Арассыыйатааҕы куонкуруска хаста да кыттан кыайбыта. Ол үлэ түмүгүнэн Орто Халыма куоратын киин болуоссата саҥардылынна. Аны Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыы болуоссатыгар үлэ бара турар. Олохтоох бэдэрээччит болдьох быһыытынан кыраапыгын тутуһан иһэр. Манна Улуу Кыайыыны аҕалбыт дьон сырдык кэриэстэрин ыччаттар өрүү чиэстии сылдьалларыгар эрэллээхпин.
Орто Халымаҕа сүрүн судаарыстыбаннай сорук – гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү көхтөөхтүк олоххо киирэр. Ханна да сырыттарбын, бу бырагыраама төһө олоххо киирэрин хайаан да болҕомтоҕо ылан көрөбүн-истэбин. Арктикаҕа дьиэ тутуута өрүү болҕомтону эрэйэр уустук боппуруос. Сыл бүтүөр диэри түөрт дьиэ тутуута түмүктэниэхтээх. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр: тутуу матырыйаала барыта тиэллибит, үлэһит тиийэр. Бэдэрээччиттэр дьиэлэр бары кэмигэр тутуллан бүтүөхтэрин, дьон саҥа табыгастаах кыбартыыраларга кэмигэр көһөн киириэхтэрин мэктиэлииллэр. Орто Халыма куоратыгар улахан суолталаах бырагыраама, салгыы олоххо киириэҕэ», — диэн Айсен Сергеевич санаатын үллэһиннэ.
Балаҕан ыйын 22 күнэ. Бу күн Саха сиригэр Урбаанньыт күнэ бэлиэтэнэринэн Ил Дархан Саха сирин урбаанньыттарын эҕэрдэлээтэ. Тыйыс айылҕалаах, суола-ииһэ суох киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр бэйэ дьыалатын тэрийэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ араас өҥөнү оҕорон, көмө-өйөбүл буолар урбаанньыттар чахчы хорсун, күүстээх санаалаах дьон буолалларын бэлиэтиир. Санкциялары, бары ыарахаттары аахсыбакка, эрэгийиэн сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэрин иһин махтанна. Бизнес эйгэтигэр сонун хайысхалар арыллаллар, саҥа үлэ миэстэлэрэ тэриллэллэр, бюджекка үп-харчы киирэр. Саха сиригэр дьарыктаах буолуу 25% урбаанньыттар ылаллар, ол эбэтэр 121 тыһ. киһи буолар. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр кылааттара улахан. Дьоҕус, орто урбаан бэрэстэбиитэллэрэ уопсай түмүллүбүт бюджекка 2020 сылтан 27,9 млрд солк. киллэрдилэр. Ааспыт сылга урбааны сайыннарыыга 5,3 млрд солк. көрүллүбүтэ. Бары улуустарга урбаанньыттарга көмөлөһөр кииннэр үлэлииллэр. Саха сирэ дойдуга креативнай эрэгийиэн буоларыгар, айти-эйгэҕэ биир бастыҥ оруоллааҕар урбаанньыттар оруоллара дьоһун. Кинилэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ, биһиги байыастарбытыгар тиһигин быспакка көмөлөһөллөр.
Айсен Николаев бу күн Горнай улууһун урбаанньыта Нюргуяна Сивцеваны холобурга аҕалла. «Нюргуяна — алта оҕолоох ийэ. Кини 15 сыл иитээччинэн үлэлээн баран, кэргэнин Александры кытта урбаанньыт буоларга санаммыттар. Баҕа санааларын толороллоругар диэн бастаан социальнай хантараагы туһаммыттар. Бу ыал дьулуурдаах уонна үлэни таптыыр буолан, судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин туһанан, билигин улахан хаһаайыстыбаны тутан олорор. Быйыл кинилэр «Мин бастакы хамнаһым» пилотнай бырайыакка кыттан, улаатан эрэр 11 оҕону хамнастаан үлэлэппиттэр. Инникитини сүөһүлэрин төбөтүн элбэтэн, сылгы хаһаайыстыбатын тэринэр былааннаахтар. Нюргуяна холобура баҕа санаа туоларын көрдөрөр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит урбаанньыттара — күүстээх санаалаах, сөптөөх быһаарыныылары ылынар, үлэни таптыыр, Саха сирин сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр дьон», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бастакы хаар түһэн , кыһын кэлэр тыына билиннэ, күһүҥҥү үлэни үмүрүтэн, кыстыкка киирэр кэммитигэр чэгиэн туруктаах, этэҥҥэ буолуоҕун!
Афанасий Ноев.