Балаҕан ыйын 30 күнэ. Ил Дархан Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенконы кытта көрсүһүүтүгэр бииргэ үлэлээһин кэскиллээх хайысхаларын дьүүллэстилэр. Чуолаан атыы-эргиэн кээмэйин улаатыннарыы, аһынан-үөлүнэн уонна улахан кыамталаах тиэхиньикэлэринэн быһаччы хааччыйыы туһунан кэпсэттилэр. Саха сирин уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар табаары эргитии түөрт сыл устата 8,2 төгүл улааппыт. Итиэннэ өрүттэр успуорт, култуура, үөрэхтээһин, иһитиннэрэр-биллэрэр технологиялар эйгэлэригэр бииргэ үлэлээһиҥҥэ интэриэстээхтэрин туһунан бэлиэтээтилэр.
Балаҕан ыйын 30 күнэ. Айсен Николаев уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа Боломуочуйалаах посола Борис Грызлов Минскэйгэ оробуочай көрсүһүүлэригэр Арассыыйа уонна Беларусь сыһыаннаһыыларын бөҕөргөтүүгэ Саха сирин оруолун дьүүллэстилэр. Саха сирин уонна Беларусь Бырабыыталыстыбаларын икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһии чэрчитинэн бииргэ үлэлээһин түмүктэрин, инникитин сибээһи кэҥэтии туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан бырамыысыланнаска, тыа хаһаайыстыбатыгар, эргиэҥҥэ, успуортка уонна да атын салааларга бигэ сибээс баарын бэлиэтээтэ. Үөрэхтээһиҥҥэ, билимҥэ, креативнай индустрия эйгэтигэр, санаторийга-куруорка сынньаныыга уонна эмтэниигэ уопуту атастаһыы туһунан, үүнэр көлүөнэни патриотизм тыыныгар иитии боппуруостарын кэпсэттилэр.
Балаҕан ыйын 30 күнэ. Айсен Николаев Минскэйгэ Кыайыы монуменыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. Аҕа дойду уоттаах сэриитин сылларыгар Белоруссияны босхолооһуҥҥа Саха сириттэн 3,5 тыһ. тахса киһи кыттыбыта, 500-кэ буойун сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубута. Федор Попов ураты хорсун быһыыны көрдөрөн, сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылбыта. Кини көмүс уҥуоҕа Белоруссияҕа Гомель уобалаһыгар көтөҕүллүбүтэ.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Cаха сирин олохтоохторун аан дойдуга Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 191 тыһ. кэриҥэ аҕам саастаах дьон олорор, кинилэр истэригэр — 100 тыһ. тахса үлэ бэтэрээнэ. Саха сиригэр былырыын киһи үйэтин уһуна 73,55 сылга тиийэн, аан бастаан Арассыыйатааҕы көрдөрүүнү куоһарбыта. 2030 сылга киһи үйэтин уһунун 80 сылга тиэрдэр сыал-сорук туруорулунна. Аҕам саастаахтар күннэрин көрсө уһун үйэлээхтэри чиэстээн, 100 саастарын туолбут дьоҥҥо төлөбүр сууматын 100 тыһ. солкуобайтан 1 мөл. солкуобайга диэри үрдээттэ. Бу биирдэ бэриллэр төлөбүрү 2025 сыл тохсунньутугар диэри хас биирдии «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэлээх киһи ылыаҕа. Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ аһыллыаҕа.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев Минскэйдээҕи тыраахтыр уонна массыына собуоттарын салалталарын кытта көрсүһүүтүгэр тыа хаһаайыстыбатын уонна таһаҕас тиэйэр тиэхиньикэни Саха сиригэр аҕалары элбэтэр туһунан кэпсэттэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ хаачыстыбалаах тиэхиньикэҕэ наадыйыы улаатарын бэлиэтээтэ. МТЗ тыраахтардар тыа сиригэр киэҥник туһаныллаллар. Онтон массыына собуотугар оптуобус 15 көрүҥүн, самосваллары, таһаҕас тиэйэр массыыналары, бырыссыаптары оҥороллор. «МАЗ» тиэхиньикэтэ суола-ииһэ суох, бадарааннаах сирдэринэн айанныыр кыахтаах.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Ил Дархан уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Виктор Лукашенко бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев оҕо спордун сайыннарыыга, мас-рестлинг көрүҥүн аан дойдуга тарҕатарга күүһү түмэн, бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырда. Виктор Лукашенко «Азия оҕолоро» оонньуулар олус үчүгэй санааны, өйдөбүлү хаалларбыттарын, бу күрэхтэһиилэртэн саҕалаан, Беларусь хамаандата ыччакка да, улахан дьоҥҥо да Азия турнирдарыгар кыттар буолуоҕа диэн эттэ.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев БЕЛАЗ собуотугар сылдьан, хампаанньа салалтатын кытары сир баайын хостооһуҥҥа туһаныллар, карьерга үлэлиир тиэхиньикэни тириэрдиини элбэтии боппуруостарын кэпсэттэ. Тиэхиньикэни хайдах бырайыактыылларын, оҥорон таһааралларын, көрөллөрүн-истэллэрин көрдө, ону тэҥэ сыахтар үлэлэрин кытта билистэ.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Минскэйгэ сырыытын чэрчитинэн «Хоту» научнай-үөрэтэр киин уонна «Улуу Таас» диэн Белоруссия-Кытай индустриальнай паарка салалталара кытта үрдүкү технологиялар эйгэлэригэр бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. Бииргэ үлэлэһии сүрүн хайысхалара — биотехнология, саҥа матырыйааллары оҥоруу, медицина буолуохтара.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев Минскэйгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын судаарыстыбаннай түмэлигэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Федор Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аатын иҥэрбит Ыйааҕын куоппуйатын туттарда.
Алтынньы ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Минскэйгэ сырыытын кэмигэр Арктикатааҕы агротехнологическай университет уонна Белоруссия аграрнай тиэхиньиичэскэй университет билим уонна үөрэх эйгэлэригэр бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. Өрүттэр бииргэ чинчийиилэри ыытыахтара, студеннары атастаһыахтара, преподавателлэр стажировканы ааһыахтара, үөрэх бырагыраамаларын бииргэ олоххо киллэриэхтэрэ.
Алтынньы ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовы кытта көрүстэ. Саха сирин олохтоохторун аатыттан хорсун байыаһы үрдүк наҕараадатынан эҕэрдэлээтэ, биир дойдулаахтара кининэн киэн тутталларын туһунан эттэ уонна сулууспатын иһин махтанна.
Алтынньы ыйын 3 күнэ. Ил Дархан Росморречфлот салайааччыта Андрей Тарасенконы кытта Аллараа Бэстээххэ оҥоһуллар тырааныспар ситимин бырайыагын дьүүллэстилэр. Итиэннэ «Джалинда-Мохэ» норуоттар икки ардыларынааҕы тырааныспарынан туорааһыны уонна Булуҥ оройуонун Найба сэлиэнньэтигэр пуорду тутуу боппуруостарыгар тохтоотулар. Өрүс флотун сайыннарыы, өрүс таһынааҕы нэһилиэктэри дебаркадерынан хааччыйыы, өрүһү дириҥэтэр үлэлэри ыытыы туһунан кэпсэттилэр.
Алтынньы ыйын 4 күнэ. Айсен Николаев Учуутал күнүн көрсө бастыҥ настаабынньык-педагогтарга Ил Дархан бириэмийэтин туттарда. Аһаҕас куоластааһын түмүгүнэн бары улуустартан уонна куорат уокуруктарыттан 36 киһи бириэмийэни ылла. Маны сэргэ үөрэх эйгэтигэр Михаил Андреевич Алексеев аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала» уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах ааттары, Ил Дархан грамоталарын туттарда.
Алтынньы ыйын 4 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан 9 стратегическай ыйааҕа олоххо киириитин хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Докумуоннар чэрчилэринэн бырайыактар бартыбыалларын оҥорууну түргэтэтэргэ, алтынньы 15 күнүгэр диэри бартыбыалы бигэргэтэргэ сорудахтаата, дьаһайда.
Алтынньы ыйын 4 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ 19 улууһун 40 нэһилиэгэр киинэни көрдөрөр сааланы биир кэмҥэ арыйыы сиэригэр-туомугар кытынна. Маннык саалалар мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үбүлээһининэн, улахан тиэхиньиичэскэй уларыта тутуута суох оҥоһуллаллар. Оборудованиетын «Экстра синема» хампаанньа сыаҕар таҥаллар. Билигин Саха сиригэр итинник 70-ча киинэ саалата баар. Бастакы 6 тыһ. көрөөччү Михаил Лукачевскай «Кыталык үҥкүүлүүр сиригэр» киинэтин босхо көрдө.
Алтынньы ыйын 4 күнэ. Айсен Николаев харбааһыҥҥа Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастара, ХIII Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, аан дойду уонна Европа элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ Анастасия Диодорованы улахан успуортан атаарыы тэрээһинигэр кытынна. Анастасияҕа хорсунун, дьулуурдааҕын, тыһыынчанан дьоҥҥо холобуру көрдөрөн, паралимпийскай успуорду сайыннарыыга улахан кылаатын иһин махтанна. Билигин доруобуйатыгар хааччахтаах Саха сирин хас үһүс олохтооҕо адаптивнай физкултууранан, успуордунан утумнаахтык дьарыктанарын бэлиэтээтэ. Анастасия Диодороваҕа Ил Дархан грамотатын туттарда.
Алтынньы ыйын 5 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин учууталларын, үөрэх эйгэтин бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Саха сирин үөрэхтээһинин эйгэтигэр 30 тыһ. тахса учуутал үлэлиир. 36 бастыҥ педагог-уһуйааччыга Ил Дархан бириэмийэтэ туттарыллар. Ону таһынан олимпиадаларга, куонкурустарга, чинчийэр үлэлэргэ үрдүк көрдөрүүнү ситиспит үөрэнээччилээх 100 бастыҥ учууталга 100 тыһ. солк. бириэмийэ туттарыллар. Арктикаҕа уонна хотугу улуустарга 5 сыл үлэлээбит учууталларга олорор усулуобуйаларын тупсарыыга социальнай төлөбүр көрүллэр, ол курдук 4 сыл устата өйөбүлү 103 киһи ылла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 3 сылга диэри ыстаастаах эдэр учууталлар хамнастарын акылаатыгар 75% эбии ылар буоллулар. Улуустарга тиийэн үлэлииргэ дуогабардаспыт 35-гэр диэри саастаах учууталлар үс акылаат саҕа тус көмөнү ылаллар, бу көмөнү 14 учуутал тутта.
Алтынньы ыйын 5 күнэ. Айсен Николаев Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оскуола саҥа дьиэтэ аһыллыбытынан, кэлэктииби, үөрэнээчилэри, Бэс Күөл олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Саҥа оптуобус сэртипикээтин туттарда. 150 миэстэлээх оскуола Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тутулунна. Бэрэсидьиэн быһаарыытынан оскуоланы тутууга Уһук Илин биир кэлим субсидиятын тыырбыттара. Эбии үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ. Онон уопсай үбүлээһин кэриҥэ 567 мөл. солк. тахса буолбута. Манна успуорт уонна аактабай саалалар, бибилэтиэкэ, остолобуой, мэдиссиинэ кэбиниэтэ, мастарыскыай, лаборатория, дьаһалта хосторо бааллар. Оскуола миэбэлинэн, үөрэтэр лаборатория оборудованиетынан, компьютерынан, интерактивнай дуоскаларынан хааччылынна. Оскуола тиэргэнигэр успуорт былаһаакката уонна футболлуур хонуу оҥоһуллубут.
Алтынньы ыйын 5 күнэ. Ил Дархан Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр элбэх хайысхалаах сынньалаҥ киин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ уонна сыл бүтүөр диэри үлэни түмүктүүргэ сорудахтаата. 2022 сылга саҕаламмыт саҥа киин тутуута Владимир Путин сорудаҕынан биир кэлим Уһук Илиҥҥи субсидияттан үбүлэнэр. Тас үлэлэр бары кэриэтэ түмүктэннилэр. 2 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх саҥа кииҥҥэ аактабай, успуорт саалаларв, тренажернай уонна хореографическай саалалар, бибилэтиэкэ, быыстапкаларга уонна сиэр-туом ыытарга аналлаах хостор, ону тэҥэ уопсастыбанньыктар уонна урбаанньытар хосторо, фотостудия баар буолуохтара.
Саха сирин олохтоохторо! Кыстыкка бэлэми үмүрүтэр, сүөһү-ас бэрийэр, ас-үөл хааһанар түбүктээх кэммитигэр бары чэгиэн туруктаах, этэҥҥэ буолуоҕун!
Афанасий Ноев