Айылҕа дьиктитин харыстааҥ

Төрөөбүт төрүт сирим
Дьикти кэрэ көстүүлэрин
Мин бүгүн көрөммүн
Сүргэбин көтөхтүм.

Туруук таас хайаттан
Хотойдуу сананан,
Санныбын даллатан,
Хотойум куорсунун буламмын
Баттахпар туруору иилинним,
Күөх халлаан ньууругар
Санаабар мин көттүм.

Хомуһум дорҕоонун санатар,
Курулуу кутуллар уутугар,
Атахпын илитэн,
Сылаабын сайҕаатым,
Күлүмнүүр таммаҕын ыһыахтаан,
Күрүлүүр күүс ыллым.

Курааны, куйааһы билиммэт
Муус болгуо бүрүммүт үрэҕим,
Көй сөрүүн салгын күүһүнэн
Сөрүүкээ диэбиттии,
Тоҥунан илгийэн,
Мууһунан бүрүллэн,
Биир дьикти түгэни
Биһиэхэ бэристэ.

Уот куйаас быыһыгар
Уоскутта, сойутта.

Айылҕа анаан бэрсибит,
Оҥорбут олоҕун сыаналааҥ,
Махтана санаатым,
Мин бүгүн, төрөөбүт дойдубар.
Харыстааҥ, доҕоттоор,
Бу баары, бу дьикти көстүүнү.

Үйэлэр тухары уҥуордаан,
Сүүтүк саҕа да буоллар
Сүтэн- оһон хаалбакка
Кэпсии, көрдөрө турарын.

Салгыы харайан, киэргэтэн,
Харыстааҥ, доҕоттоор, харыстааҥ!

Ефросиния Попова.
20.07.2022 с.

Читайте дальше