От ыйын 12-16 күннэригэр Амма сэлиэнньэтигэр адаптивнай спорт көрүҥнэригэр СӨ «Дьулуур» ХIV Спартакиадата ыытыллан түмүктэннэ. Спартакиада сүрдээх үчүгэйдик барыаҕын, айылҕабыт барахсан мэһэйдэһэн, Амма илгэлээх дойду буоларын көрдөрөн, күнү көтүппэккэ ардаата. Үөрүүлээх аһыллыытын этиҥнээх ардах мэһэйдээн, сибээс уонна уот баран, нөҥүө күнүгэр күнүс ыыттылар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кэлэн, бэйэтинэн Спартакиаданы аста. Арассыыйа паралимпийскай Комитетын вице-президенэ Иван Потехин, Арассыыйа адаптивнай спорт көрүҥнэригэр Федерациятын вице-президенэ Иван Васильев бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сырыттылар. Аммалар Спартакиада аһыллыытын буоларын курдук, кыайа-хото тутан ыыттылар.
Ону «Саха» НКИХ быһа биэриитигэр көрбүт буолуохтааххыт. Үөрүүлээх аһыллыытын кэнниттэн, сөбүн тулуйан турдум диэбиттии, ардахпыт салгыы түспүтэ. Сүүрүктэр ардаҕы быыһынан, үөрэммит дьон быһыытынан күрэхтэспитинэн барбыттара. Сүүрэр суол инчэҕэй буолан, атахтарынан мөлтөх дьоҥҥо (ПОДА) сүүрэллэригэр уустуктар үөскээннэр, охтуу элбэх буолла. Кэлээскэлээхтэр эмиэ халтарыйан, харсыһан ыллылар. Ол да буоллар, ким хайдах сатыырынан биэтэги буллулар. Ойоҕостон көрө туран, киһи сүрдээҕин аһына көрөр. Доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнары, айылҕабыт өссө төгүл тургутан көрдө, онуоха кырдьык да тулуурдаах, дьулуурдаах, олоххо тардыһыылаах дьон буолалларын көрдөрдүлэр.
Доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнар ПОДА (илиилэринэн-атахтарынан хааччахтаахтар), ВОГ (мөлтөхтүк истээччилэр), ВОС (мөлтөхтүк көрөөччүлэр) диэн, үс бөлөххө араарыллан күрэхтэстилэр. Чэпчэки атлетика тосхолугар 100, 200, 400, 800 миэтэрэ сиргэ сүүрүүлэр уонна ядро анньыыта киирэллэр. Бу көрүҥнэргэ биһигиттэн 15 спортсмен кытынна. Ядрону анньыыга, Арассыыйа чөмпүйүөнэ Яков Максимов кимиэхэ да иннин биэрбэккэ эрэллээхтик бастаан, кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Арассыыйа Кубогын призера Екатерина Никитина (иккиэн ПОДА) үрүҥ көмүс мэтээли ситистэ. 200 м сиргэ сүүрүүгэ былырыыҥҥы Бороҕоннооҕу Спартакиада призера Андрей Винокуров (ВОГ) иккис миэстэҕэ таҕыста. Андрей 100 м кыһыылаахтык төрдүс буолан хаалбыта, онтугун 200 м ситистэ. Атын да сүүрүктэрбит куһаҕана суохтук кытыннылар. 800 м Арассыыйа призера Леонид Душкевич (ПОДА) дистанция улахан аҥаарын үһүс сылдьан баран, биэтэк кыайтарбакка төрдүс миэстэ буолла. Көрбөттөргө Альберт Никифоров батыһыннарааччыта (лидерэ) Айтал Алексеевтыын эмиэ кыл мүччү төрдүс буоллулар. Евгений Горохов 100 м алтыс, Терентий Халыев (иккиэн ПОДА) 200 м алтыс, Жанна Слепцова (ВОС) сэттис миэстэлэргэ тахсаннар, хамаандаҕа наадалаах очукуолары аҕаллылар.
Теннискэ кэрэ аҥаардарга Валентина Антипина, Светлана Дорофеева (ПОДА) бэркэ кииристилэр. Валентина утарсааччыларын барыларын хотон, хамаандаҕа бастакы кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Светлана Дорофеева уонна Яков Максимов аҕыс бастыҥ иһигэр кииристилэр. Теннискэ ПОДА-лар хамаанданан төрдүс, ВОГ-тар онус миэстэ буоллулар. Олорон эрэ волейбол бэйэтэ туһунан быраабылалаах, оонньуур площадката кыра. Хамаандаҕа биир доруобай киһи оонньуура көҥүллэнэр. Манна эр дьоннор сэттис, кыргыттар ахсыс миэстэлэргэ таҕыстылар. Уолаттарга Амма, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, кыргыттарга Мэҥэ, Дьокуускай, Чурапчы хамаандалара бириистээх миэстэлэри үллэһиннилэр. Ытыы көрүҥэр бэстилиэтинэн ыттылар. Улуус чиэһин Дария Габышева, Альберт Попов (ВОГ) көмүскээтилэр, хамаанданан 11 миэстэ буоллулар. Биирдиилээн түмүккэ Альберт 6-тыс миэстэҕэ тахсан, үчүгэй көрдөрүүлэннэ.
Көрбөттөргө (ВОС) голбол диэн оонньууну киллэрэн күрэхтэһиннэрдилэр. Хамаандаҕа үс киһи оонньуур. Бары биир уһун воротаны көмүскүүллэр. Саала иһэ олох уу чуумпу буолуохтаах. Хардары-таары тыаһыыр мээчиги воротаҕа сиринэн төкүнүтэн быраҕаллар. Ону утарсааччы тыаһынан истэн тутан ылыахтаах, киллэттэрдэҕинэ гол ааҕыллар. Быраабылата элбэх, пенальти буоллаҕына, воротаны биир киһи көмүскүүр. Саҥа көрүҥү сорох улуустар күүскэ баһылаабыттар. Олох күүстээх дьарык наада эбит, бэйэ-бэйэни чуолкайдык өйдөһөр буолуохха диэри. Уолаттарбыт ахсыс, кыргыттарбыт тохсус миэстэлэргэ таҕыстылар. Саҥа көрүҥү баһылаабыт хамаандалар Дьокуускай, Үөһээ Бүлүү, Нам — уолаттарга, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Сунтаар – кыргыттарга, инники бириистээх миэстэлэри ыллылар.
Дуобакка ПОДА бөлөҕөр 20, ВОГ бөлөҕөр 16 хамаанда оонньоото. Күрэхтэһии швейцарскай систиэмэнэн сэттэ турдаах барда. Бастакы бөлөххө Василий Цыпандин, Герман Егоров, Мария Чаҕалысова олус үчүгэйдик оонньоон, 5 хамаанданы кыайан, 2-ни кытта тэҥнэһэн инники тахсыбыттара. Хамаандабыт бастаата диэн, үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут, үөрүүбүт уһаабата. Спартакиада балаһыанньатынан, ким элбэх очукуолаах буолбакка, түмүгү ким хаһыс миэстэни ылбытын эбэн таһаардылар. Хаһан да буолбатах түгэн буолла, күрэхтэспитим тухары маннык түмүк таһааралларын истэ илик этим. Ол түмүгэр биһиэннэригэр 6:0 ахсаанынан хотторбут, Мэҥэ Хаҥалас хамаандата бастаан таҕыста, Үөһээ Бүлүүлэр иккис, Таатта үһүс миэстэ буоллулар. Кыайыыбытын уордарбыт курдук сананныбыт. Дуоскаларынан түмүккэ, 1 дуоскаҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Василий Цыпандин үһүс, 3 дуоскаҕа дуобат бэтэрээнэ, элбэх ситиһиилэрдээх Мария Чаҕалысова иккис миэстэлэри ыллылар. ВОГ бөлөҕөр Ньургун Дягилев, Алексей Варламов, Анна Юнчанова биирдэ эрэ тэҥнэһэн атыттары барыларын хотоннор, хайдах баҕарар ааҕыынан холкутук бастаатылар. Нам, Чурапчы хамаандалара үс бастыҥ иһигэр киирдилэр. Алексей Варламов, Анна Юнчанова дуоскаларыгар бастааннар, түөстэригэр кыһыл көмүс мэтээли кэттилэр. Манна дуобат устуоруйатыгар киирэр, дьикти түгэн буолла. 92 саастаах ытык кырдьаҕас Егор Петров (Нам) 1 дуоскаҕа икки гроссмейстеры кэннигэр хаалларан, биир да кыайтарыыта суох, чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ! Кыахтаах кырдьаҕас диэтэҕин!
Уопсай хамаанданан түмүккэ биһиги бөлөххө 36 очукуолаах Ньурба 1-кы, 45 очукуолаах Үөһээ Бүлүү 2-кис, 49 очукуолаах Амма 3-һүс миэстэлэргэ таҕыстылар. Таатта хамаандата 66 очукуолаах, 8 (4 кыһыл, 3 үрүҥ, 1 боруонса) мэтээллээх 7-тис миэстэ буолла. Бастакы бөлөххө Дьокуускай (35 очукуолаах), Мэҥэ Хаҥалас (43 очукуолаах), Бүлүү (78 очукуолаах) бириистээх миэстэлэри ыллылар. Мантан көрдөххө Таатта 1-кы бөлөххө баара буоллар, үһүс бириистээх миэстэҕэ тахсыа эбит. Улуус хамаандата Чурапчылары, Хаҥаластары кытта бииргэ 2№-дээх таас оскуолаҕа олоро, онно бэйэтигэр аһыы сырыттыбыт. Үчүгэйдик көрсүбүт, минньигэстик аһаппыт оскуола кэллэктиибигэр махталбытын тиэртибит. Улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон Уопсастыбалара (бэрэссэдээтэл Белолюбская Н.С) Спартакиадаҕа кыттыыларыгар улахан көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин, улуустааҕы спорткэмитиэккэ (салайааччы Сабарайкин Нь.М.) улахан махталларын тиэрдэллэр, үлэлэригэр ситиһиилэри баҕараллар!
Спартакиада кэмигэр буоларын курдук элбэх култуурунай тэрээһиннэр буоллулар. Ол иһигэр Д.Н.Трифонов аатынан ипподромҥа ат сүүрдүүтэ тэрилиннэ. Манна биһиги аттарбыт соргулаахтык сүүрдүлэр, 2000 м сиргэ Блэк Грек бастакы миэстэни ылан, үс убаһаны сэтиилэнэн барда. 3200 м сиргэ Голд Фарт иккис миэстэҕэ тахсан, харчынан бирииһи тутта. Манан спорт адаптивнай көрүҥнэригэр ХIV «Дьулуур» Спартакиада түмүктэннэ. Аныгыскы ХV Спартакиада Бүлүү улууһугар ыытыллара быһаарылынна. Амма эбэлиин быраһаайдаһан, Бүлүү эбэҕэ көрсүөххэ диэри диэн баран, дойдубут суолун туттубут!
Анатолий Мурунов, 2003-2007 сылларга улуус спордун
салайааччыта.
Автор: Анатолий Мурунов