“Айыы Кыһата” национальнай гимназия үөрэнээччилэрэ Чөркөөххө уонна Хадаайыга «Айан дьарыкка» сырыттылар

Саха сирин улуустара Дьокуускай куоракка сахалыы үөрэтэр “Айыы Кыһата” диэн гимназия баарын бары да истэллэрэ-билэллэрэ саарбаҕа суох, оскуоланы дириэктэр Лидия Петровна Шамаева төрүттэспитэ. Гимназия куорат оҕолорун саха тылын, сиэрин–туомун билэргэ, саха киhитин тыынын иҥэрэргэ элбэх үлэни ыытар. Оскуолабыт үөрэҕин сүрүн сэһэнэ – Ийэ өйгө баар өй-санаа ситимин уһугуннарыы – «киһини киһиэхэ, омугу омукка төнүннэрии» эбэтэр «саха Саха буолуута». Ол курдук, саха төрүт дьарыктарыгар угуйан, оҕолорбутун үөрэтэбит, сыл ахсын эр дьон учууталлар, аҕалар муҥхаҕа, сааһын куйуурга тахсаллар, сайынын Өймөкөөҥҥө оттоһо барар сирдээхпит, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр «Мандар кыһата» лааҕырга сыллата оҕолорбут баран уһанан, иистэнэн, дьарыктанан кэлэллэр, онтон да атын дьарыктар ыытыллаллар. Биир хайысхабытынан “Айан дьарык” буолар. Куорат оскуолатын оҕолоро тыа олоҕун, олохтоох оҕолору кытта билсэн, музейдарга сылдьан, сороҕор миэстэтигэр субуотунньуктаан элбэх улуустарга сырыттылар. Маннык “Айан дьарыктар” Сахабыт сирин үчүгэйдик билэргэ, таптыырга олук уураллар уонна оҕолору түмсүүлээх буоларга үөрэтэллэр.

Соторутааҕыта балаҕан ыйын 21–22 күннэригэр биһиги үс 11 кылаас үөрэнээччилэрэ, уопсайа 58 оҕо уонна учууталлар Е.Д. Готовцева, Е.Г. Захарова, А.В. Апросимов буолан Чөркөөх уонна Хадаайы музейдарыгар сырыттыбыт. Оҕолорбут бары кэриэтэ Тааттаҕа хаһан да сылдьыбатахтар. Аан бастаан айаннаан кэлэн баран Былатыан Ойуунускай төрөөбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар сырыттыбыт. Үс автобус биир сири сатаан туораабат буолан сатыылаатыбыт, күһүҥҥү айылҕаны дуоһуйа көрдүбүт-иһиттибит. Ойуунускай пааматынньыгар эрдэ уолаттар бэлэмнэнэн кэлбит  “Буурҕа, буулдьа дьылыгар”  хоһоону аахтылар.

Салгыы саҥа муостанан туораан, балаҕаҥҥа көмүлүөк оһоххо уот оттон, хомус тардан, оҕолор иһийэн олордулар. П.А. Ойуунускай туһунан санаа атастастылар, үөрэммит оскуолатыгар паартаҕа олорон хаартыскаҕа түстүлэр. «Олох кырдьык бу сиргэ олорбута дуо?» — диэн итэҕэйбэтэхтии хас да төгүл ыйыппыттара. Киэһэлик тиийбит буолан, халлаан хараҥарыыта муостаны, үрэҕи хаартыскаҕа түһэрии туспа көстүү этэ.

П. Ойуунускай алааһыгар сылдьан баран, Чөркөөх оскуолатыгар тиийэн 10-11 кылаас оҕолорун кытта «Доҕордоһуу биэчэрэ» буолбута. Улахан махталбытын тиэрдэбит минньигэс астаах оскуола остолобуойун үлэһиттэригэр, оскуола дириэктэрэ С.В. Сунхалыровка уонна биһигини көрсүбүт кылаас салайааччыларыгар А.М. Степановаҕа, А.Е. Никифоровка, ону таһынан хонор сирбитин, аспытын дьаһайбыт С.Д. Новгородоваҕа уонна Ю.В. Борисоваҕа. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги иннибитигэр Айыы Кыһатын 10 кылааһын оҕолоро, 60-ча буолан, кэлэн барбыттара уонна Чөркөөх оскуолатыгар хоммуттара. Кинилэр эмиэ улахан махталларын тиэрдэллэр.

Сарсыарда 8 чаастан Хадаайы музейын көрөөрү Ытык Күөлгэ туруннубут. Аара суолбутугар «Оҕо куйуурдуу турар» уонна Ньургун Боотур пааматынньыктарыгар тохтоон хаартыскаҕа түстүбүт. Оҕолор саха литературатын үөрэтэр буолан, бу П.А. Ойуунускай айымньытын үчүгэйдик билэллэр. Онон олус сэҥээрэн, тулалыыр эйгэҕэ Халамнаайы күөл күһүҥҥү кэмҥэ олус кыраһыабайдык көстөрүн бэлиэтээтилэр. Түгэнинэн туһанан, пааматынньык аттыгар баар бөҕү-сыыһы хомуйдулар.

Ытык Күөлгэ биһигини экскурсоводтар М.Н. Туласынова, А.М. Большакова көрүстүлэр уонна музей историятыттан кэпсээтилэр. Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон үс реалист-суруйааччы олорбут дьиэтин көһөрөн аҕалан, норуот умнубакка киэн тутуннун диэн бу музейы тэрийбитин туһунан сэҥэрээн иһиттилэр. Кинилэр тоҕо бу  Таатта сиригэр элбэх суруйааччы уонна биллэр дьон төрөөбүттэрий диэн ыйытыктарыгар толору эппиэти ылан астыннылар. А.И. Софронов — Алампа  көмүс унуоҕа Хадаайыга кистэнэ сытарын саҥа истэн, элбэх ыйытыктары биэрдилэр. Экскурсоводпут Мария Николаевна оҕолор болҕомтолорун тардан истиҥник Алампа туһунан кэпсээтэ. Анна Егорова, бастакы профессиональнай худуоһунньук Иван Попов Тааттаттан төрүттээхтэрин саҥа биллилэр. Аҕабыыт Димитриан Попов үөрэх сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитин иһиттилэр. Музей территорията улахан, үчүгэй көрүүлээх, баай экспонаттардаах буолан, киһи интэриэһин тардар. Экскурсоводтарбыт ону бэйэлэрин кэпсээннэринэн ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Оҕолору кытта алтыһар, кинилэргэ кэпсиир сатабыллара баарын бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын.

Хадаайы музейын кэнниттэн Чөркөөххө П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас уонна “Саха сиригэр политссылка” историко-мемориальнай  музейдарыгар сырыттыбыт.

Улахан өйдөбүлү оҕолор  И.Я. Жерготова ыыппыт экскурсияларыттан ыллылар. Бастаан  Судаарыстыбаннас музейын туһунан  Д.Ф. Кириллина кэпсээтэ, онтон Изабелла Яковлевна интерактивнай көрүҥүнэн экскурсияны ыытан, оҕолору түмэн, кинилэр болҕомтолорун тардан, элбэҕи кэпсээтэ. Бары  сүрдээҕин сөбүлээн интэриэһиргээн иһиттилэр. Салгыы “Саха сиригэр политссылка” историко-мемориальнай  музейыгар бардыбыт уонна оҕолорбут Ытык Таатта Э.К. Пекарскайга тиийэ политссыльнайдар олорбут сирдэрэ эбит диэн соһуйдулар,  кинилэр олох сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбиттэрин өйдөөтүлэр. Таатта улууһун баай историятын кыратык да буоллар билсэннэр, сөхтүлэр-махтайдылар. Изабелла Яковлевна Жерготова  уустаан–ураннаан кэпсиир талааннаах  буолан, оҕолор элбэҕи саҥаны өйдөрүгэр иҥэриммит буолуохтаахтар уонна түгэнинэн туһанан, киниэхэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Бу Ытык Таатта сиригэр кэлбиппит бэйэтэ суоллаах-иистээх. Ол курдук 2021 сылга Чөркөөхтөөҕү музей салайааччыта Н.Е. Попов ыҥырыытынан уонна оскуолабыт дириэктэрэ Л.П. Шамаева салалтанынан 11 учуутал эмиэ күһүн кэлэн барбыппыт. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа төрөөбүт алаастарынан, Чөркөөххө дуоһуйа сылдьан, оҕолору сырыттынарар санааҕа кэлбиппит. Онтон 2022 сылга 3 салайааччы — дириэктэрбит Л.П. Шамаева, дириэктэри солбуйааччы Н.Г. Никитина уонна мин Е.Г. Захарова музей территориятыгар 12 оҕону аҕалан, “Дабайыы” тыл уонна кыраайы үөрэтии оскуолабыт иһинэн лааҕыры тэрийэн, үлэлээбиппит. Чычымахха, Харбалаахха тиийэ сылдьыбыппыт.

Чөркөөхтөөҕү музейы кытта сибээспитин быспакка, салгыы бырайыактары ылынан, кэлэн барбыппытыттан улаханнык астынныбыт уонна музей үлэһиттэригэр, Николай Ефимович Поповка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Таатта улууһун кэрэ-бэлиэ Ытык сирэ Айыы Кыһата оскуола оҕолоругар умнуллубат түгэни уонна өйдөбүлү хаалларда диэн эрэнэбит. Улуу дьоммут төрөөбүт, олорбут сирдэринэн айаннаан, илэ харахтарынан көрөн, тутан-хабан, кинилэр тыыммыт салгыннарынан тыынан, айымньылары айбыт сирдэригэр үктэнэн, ыллыктарынан хааман, өйдөрүгэр-санааларыгар ураты иэйиини бэлэхтээтэ.

Е.Г. Захарова  ”Айыы Кыһата”  оскуола 11 “в” кылааһын салайааччыта. Дьокуускай куорат.

Балаҕан ыйын 21-22 күннэрэ 2023 сыл.

Читайте дальше