Тоҥ сири тобулан үүнэр Саха сирин хорсун сибэккитэ – Ньургуһун күнүн уруйдуу Дмитрий Ананьевич Петров аатынан Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх оскуолатыгар киэҥ хайысхалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи XX «Петров ааҕыылара» научнай-практическай кэмпэриэнсийэ үрдүк таһымнаахтык аһылынна.
«Албан аат» уордьан толору кавалера Д.А. Петров аатынан ааҕыы үөрүүлээх чааһа Таатта улууһа киэн тутта ааттыыр, үүнэр көлүөнэ холобур оҥостор Ытык Дьоруойбут өйдөбүнньүк бэлиэтигэр сүгүрүйүүттэн, сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна.
XX «Петров ааҕыылара» кэмпэриэнсийэ аһыллыытыгар үүнэр көлүөнэ хомоҕой хоһоону аахта, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр өрөгөй ырыата ылланна.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Д.А. Петров аатынан Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэрэ Д.В. Сергеев: «Д.А. Петров курдук саллааттар баар буоланнар биһиги эйэлээх халлааҥҥа олоробут». Оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Денис Горохов: «Саллааттар биһиги өйдүүрбүт тухары тыыннаахтар», — диэн дириҥ суолталаах бэргэн этиилэриттэн саҕаланна.
Оскуолаҕа патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан болҕомто ууруллан, сыллата научнай ааҕыы суолтата үрдээн, оскуола үөрэнээччилэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар муус ылан, мас бэлэмнээн, үтүө холобуру оҥоруу оҕолортон бэйэлэриттэн тахсара үөрдэр.
Бу күн тэрээһин ыҥырыылаах ыалдьыттара, Д.А. Петров төрөппүт кыыһа Азалия Софронова ааҕыы эйгэтэ кэҥээн, суолтата үрдээн иһэрин, патриотическай тыыҥҥа иитии дьиэ иһиттэн саҕаланарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Үүнэр көлүөнэ историяны үөрэтэригэр, хасыһан чинчийэригэр сүбэлээн туран, Азалия Дмитриевна: «Киһи буолан килбэйиҥ, Саха буолан сандаарыҥ!» — диэн үтүө тылын анаата.
Таатта улууһун дьахталларын Сэбиэтин салайааччыта, Петровтар хаан-уруу аймахтара Варвара Будикина чугас дьоно Аҕа дойду уоттаах сэриитин кэмигэр олорон ааспыт олохторун чахчытын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдэ.
Подводник, моряк Николай Колодезников ыччаты Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээн, билиҥҥи кэмҥэ Аҕа дойду сэриитигэр хос эһэлэр, эһэлэр, аҕалар хорсун быһыыларын үрдүктүк туттар ыччат үксүүрүгэр баҕарда. Хас биирдии ыалы аймаабыт алдьархай чугас дьонун тумнубатаҕын кылгастык сырдатта.
«Таатта нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатыттан Александр Шарин хорсун буойун үтүө холобурун сырдатар, Таатта Ытык дьонун үйэтитэр тэрээһиннэр ыытыллаллара улахан суолталааҕын билиһиннэрдэ.
Улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын начальнига Иннокентий Дягилев саха ыччатын Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр, үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар киэҥ хайысхалаах ааҕыы үүнэр көлүөнэ историяны дириҥник үөрэтэн билэригэр туһуламмытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Дьоруой Д.А. Петров аатын сүгэр тэрээһиҥҥэ история умнуллубат кэрдиис кэмнэрэ сырдатылынна.
«Прославим солдат-якутян!» научнай-практическай ааҕыыга үөрэнээччилэр чинчийбит үлэлэрин кэпсээтилэр. «Подвиг юных Героев!» хайысхаҕа оҕолор сэрии кэмин дьоруойдарын хартыынаҕа түһэрдилэр. Оччотооҕу кэм байыаннай тиэхиньикэ макетын оҥорор күрэскэ кытыннылар. Байыанна-патриотическай тиэмэҕэ улуу нуучча уонна Ийэ тылынан өйтөн суруйуу куонкуруһа тэрилиннэ. Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан буктрейлердэри оҥордулар. Быйылгы научнай кэмпэриэнсийэҕэ «Мини-музей из чемодана» диэн үгүһү сэһэргиир сонун хайысха киэҥ биһирэбили ылла. Ону тэҥэ, оскуола үөрэнээччилэрэ Д.А. Петровка аналлаах «Мы этой памяти верны!» маршрутунан экскурсияҕа сылдьан, билиилэрин хаҥаттылар. «Албан аат» уордьан толору кавалера Д.А. Петров оҕолоро олохтообут бириистэригэр пневматическай саанан ытыыга «Сулустаах эстафета» уонна «Ытык-Күөл — Таастаах- Ытык-Күөл» маршрутунан күрэс ыытылынна.
Үүнэр кэнчээри ыччаты иитиигэ, киэҥ билиигэ, бастыҥ сатабылга уһуйар тэрээһин эйгэтэ кэҥии, хайысхата элбии турарыгар баҕарыаҕыҥ.
Мария Павлова.