Балаҕан ыйын 8-14 күннэригэр «Мандар Уус» кыһата эдэр уус кыргыттар уонна иистэнньэҥнэр өтүйэлэрин тыаһынан лыҥкыныы оонньоото.
Ольга Леонидовна Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, бэйэтин эйгэтигэр ураты буочардаах биллэр ювелир буолар. Кини Таатта Баайаҕатыгар тимир ууһа, ойууһут Борис Федорович Неустроевка-Мандар Ууска үөрэнэ, билиитигэр билии эбинэ кэлэн барда. Саха омуга киэн туттар тумус киһитин Мандар Уус тимиргэ, ойууга-бичиккэ сэһэннэрин атах тэпсэн олорон иһиттэ, үөрэннэ.
Үөрэнэрин таһынан, Ольга Леонидовна олоҕун анаабыт идэтигэр баҕалаахтары үөрэттэ. Алтантан (латунь), мельхиортан киэргэллэри, харысхаллары, сахалыы таҥастарга тигиллэр анал бэлиэлэри оҥорууга дьарыктары ыытта.
Ювелир мындыр сүбэтинэн оскуола үөрэнээччилэрэ Сандаара Потапова, Дайаана Протодьяконова, мындыр иистэнньэҥнэр П.В.Макарова, Н.И.Дедюкина, А.В.Неустроева, П.П.Бурнашева илиилэрин сылааһын иҥэриммит сиэдэрэй оҥоһуктары оҥорон үөрдүлэр, астыннылар.
Ювелир О.Л.Золотарева айар командировката туһалаахтык ааспытыгар «Мандар Уус» киин үлэһиттэригэр, Борис Федоровичка махтанар.
«Мандар Уус» АуоА киинин пресс-киинэ.